Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эбэтэ буулабыта
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эбэтэ буулабыта
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
27.06.2018 11:35
Борутта уол кыра сааһыгар төрөппүттэрэ өлөннөр, эһэтигэр – Сааба Боппуокка – иитиллибитэ. Кини ойор-тэбэр оҕо сааһа Мордьоҕо диэн алааска ааспыта. Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, ииппит эһэтэ кырдьан, бытааран барбыта. Онуоха эбии баар-суох кыайар-хотор киһилэрэ, эбэлэрэ Даарыйа эмээхсин, сэбиргэхтэтэн үс-түөрт эрэ хонон хаалаахтаабыта. Ол кэннэ уоллаах эһэ олохторо огдолуйан, ыараан барбыта. Эбиитин, эбэлэрэ Даарыйа илэ-бодо биллэн ааһыталыыр буолбута. Биир сайын уоллаах эһэ Мэлигир диэн сайылыктарыттан 5-6 биэрэстэлээх Мордьоҕо диэн төрүт алаастарыгар хоно-өрүү сытан оттоору кэлбиттэр. Мааны ампаар дьиэлэрэ улахан балаҕаны кытта силлиһэ турара, кэтэҕэриин диэки соҕотох орон эрэ батан турар чуулаан хостооҕо. Биирдэ, дьэ, ол дьиэлэригэр утуйардыы тэриммиттэр. Оҕонньор чуулааныгар киирэн оронугар сыппыт да, муннун тыаһа барылыы түспүт. Киирэр аан таһыгар сыппыт Борутта итииргээн, кумаарданан хойукка диэри утуйбакка сыппыт. Сайын буолан син сырдыга үһү. Бу сыттаҕына эһэтин саҥата чуулаан иһигэр: “Тоҕо кэлэ тураҕын, киэр бар! Киһини сүгүн утут!” – диэн өрө баргыйа түспүт. Борутта соһуйан, хараҕын аһан тулатын көрбөхтөөбүт да, туох да баар сибикитэ биллибэтэх. Уол утуйар-утуйбат икки ардынан сыттаҕына, арай, кини аттыгар чэпчэки атах тыаһа сурдурҕаан кэлэн утуйарыгар устубут этэрбэстэрин кэтэр тыаһа иһиллибит уонна быатын бааммакка соспутунан балаҕаҥҥа киирэр аан диэки сырдыргыы турбут. Борутта уһукта биэрэн, муодарҕаан, сытан эрэн этэрбэстэрин уурбут сирин харбыалаан көрбүтэ – этэрбэстэрэ суохтар. “Сирэҕэс, тоҕо киһи этэрбэһин илдьэ бардаҕай, ханна гынар буоллаҕай?” – дии саныы-саныы ойон туран силлиһэ турар балаҕаҥҥа көтөн түспүт. Ону-маны тиҥсирийбит даҕаны, тугу да булбатах. Онтон өй ылан, эркини кыйа турар орон биир баһыттан киирэн нөҥүө өттүгэр диэри ат буола сылдьан көрдөөбүт, балаҕан, дьиэ таһыгар тахсан тула хаама сылдьан көрүтэлээбит. Тугу да булбатах. Борутта этэрбэһин булбакка эбэтин үөҕэ-мөҕө, кырыы-таныйа сылдьан оронугар кэлэн төттөрү сыппыт. Эһэтэ уһуктаҕас сытар эбит: “Нохоо, туох буоллуҥ, иһиҥ ыарыйда дуо? Тугу сүтэрдиҥ, балаҕаҥҥа тахсан тугу көрдүүгүн?” – диэн ыйыппыт. Уол ким эрэ кэлэн этэрбэһин анньынан барбытын кэпсээбитигэр, оҕонньор саҥата: “Тугун баҕас дьиктитэй... Сирэҕэс кэлэн ыллаҕа дуу, суостаах дьыала эбит. Аата сүрүн!” – диэбит. Тохтуу түһэн баран оҕонньор бу аат дойдута быйыл сайын сүгүннүүр кыаҕыттан ааспытын туһунан саҥарара иһиллибит. Борутта утуйан барбыт. Бу сыттаҕына этэрбэһин баамматах тыас төттөрү сырдырҕаан кэлэн этэрбэһин устар, онтон кини оронун таһыгар тамныыр тыаһа иһиллибит. Уол оронун аннын бигээн көрбүтэ, этэрбэстэрэ оннуларыгар кэлэн сыталлар эбит. Ону кытта эбэтин саҥата бэрт чуолкайдык: “Этэрбэстэргин харай! Үөхпүккүн-үтүрүйбүккүн иэстэһэрим, ситиһэрим буолуо!” – диирэ иһиллэн хаалбыт. Сарсыарда аһыы олорон оҕонньор: “Бу дойдубут быйыл сайын сүгүн-саҕын оттоторо биллибэт. Бөөлүүн эмээхсиним кэлэн бэйэлээх бэйэм дьиэбиттэн холдьоҕон барда. Эн этэрбэскин да мээнэҕэ ылбатах буолуохтаах. Онон сайылыктан сылдьан оттуурбутугар тиийэбит. Киэһэ сөпкө барыахпыт”, — диэбит.
Ити сайын кинилэр сайылыктарыттан сылдьан оттообуттара. Ыаллара, ыраах-чугас амйахтара: “Быйыл оҕонньорбут өтөҕөр хоммот буолбут, арааһа, куттаммыт”, — диэн сэрэйэн кэпсэтэллэрин мин элбэхтик истибитим. Оҕонньор ол кэнниттэн өтөҕөр букатын да сылдьыбат буолан хаалбыта. Оттон Борутта холкуоска биригээдэҕэ барбыта... Борутта уол кэлин Мордьоҕо алааска чугас кэллэ да, ыалдьартан атыны билбэт буолара. Ол, кини бэйэтэ этэринэн, былыр өлбүт эбэтэ моһуоктуурун кытта сибээстээҕэ. Кини биирдэ ити дойдуга олус кутталлаах быһылааҥҥа түбэһэн турардааҕа: өйүн сүтэрэн тоҥон өлө сыспыта. Ол маннык этэ. Биир күһүн кини Мордьоҕо эҥээригэр куобахха туһахтаабыт. Кэмэ суох элбэх куобахтаах дьыл эбит. Нэдиэлэҕэ үстэ-түөртэ кэрийэн туһахтарыттан уончалыы куобаҕы ылар буолбут. Эмистэрэ, улахаттара сүрдээҕэ үһү. Ол курдук биирдэ бэркэ тууһугуран уһун күнү быһа сылдьан хойутаан хаалбыт. Алта-сэттэ куобаҕы сүгэр манааҕатыгар тобус-толору кэлгийэн дьиэлээн испит. Халлаан хараҥаран эрдэҕинэ Мордьоҕо алааһыгар көтөн түспүт. Алааһы ортолоон иһэн, былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт эбэтэ уун-утары иһэрин көрө биэрбит. Ону көрөн, куттанан, Борутта күрүөҕэ киирэн кэбиһиилээх от кэннигэр сөрүөстэн саспыт. Эбэтэ эмээхсин хараҕынан улахан мөлтөх, харалҕан этэ. Онно эрэммит буолуохтаах. Ол курдук турбахтаан баран, уоран көрөөрү отун кэнниттэн өҥөс гыммытыгар, субу манаан турар “эмээхсин” ытыһынан сирэйин саба охсубут. Борутта олус соһуйан, куттанан өйүн сүтэрэн уҥан хаалбыт. Бу сытан тыын былдьаһан кулуннуу мөхсүбүт. Мөхсөрүгэр бэргэһэтэ уһуллан хаалан кулгаахтара тоһута тоҥмуттар, манааҕалаах куобахтарын үлтү мэлийэн кэбиспит. Хата, өлөр ыйааҕа суох буолан, өйдөнөн кэлбит. Ол кэннэ уонча биэрэстэлээх олорор-үлэлиир ферматыгар Тыымпыга тоҕус сорунан арыычча тиийбит. Ол кэннэ ый курдук суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытан турбут... Кэлин Борутта сааһыран, оҕолонон-урууланан “айыбыын, Уйбаанабыс дуо?” дэтэр гына көммүтэ. Ол да гыннар, киниттэн эбэтэ Даарыйа эмээхсин ааһан-араҕан быстыбатаҕа. Илэ көстө сатаан баран, түүлүттэн-бититтэн да төлө түспэт буолан испитэ. Ол былаһын тухары: “Оҕобун, Боруттабын илдьэ барар баҕалаахпын. Миигиттэн ханна да куотар кыаҕыҥ суох. Төһөнөн эрдэ сөбүлэһэҕин да, соччонон оҕолоргор, дьоҥҥор-сэргэҕэр ордук буолуо”, — диэн үрүт-үрдүгэр салгыбакка хатылыыра үһү. Тиһэҕэр кини хара дьайдаах санаатын ситиспитэ. Борутта-Уйбаан Уйбаанабыс эдэрчи сылдьан оттуу сылдьан сөрүүкээри сөтүөлүүбүн диэн ууга былдьамммыта. Баҕар, ол кини быата-туһаҕа буолуо. Кырдьаҕастар “ууһут киһи ууга өлөр” диир буолаллара. Борутта хайдахтаах да дириҥ, улахан күөлтэн иҥнибэккэ уҥуор-маҥаар харбыыр, уһаты-туора умсар улахан ууһут быһыытынан аатырара. Кыракый баҕайы күөлү уҥуор умсаары уу түгэҕэр сыппыт тиит аннынан тахсан иһэн төбөтүн мутукка анньан эбэтэр кыбыллан хаалан өлбүт этэ. Барахсан, бэртээхэй киһи орто дойуга кэлэн бараахтаабыта. Еремей Попов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан