Кэпсээ
Войти
Регистрация
Түүлээх киһи
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Түүлээх киһи
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.06.2018 15:35
Бу түбэлтэни урут кимиэхэ эмэ кэпсээбитим диэн суоҕа. Бука, итэҕэйиэхтэрэ суоҕа дии санаатаҕым. Мин да урут итинниккэ холооннооҕу истэр этим да, соччо кырдьыктанааччым суох. Уонча сыллааҕыта куоракка биир кыбартыыраны куортамнаһан, көһөн киирдим. Соҕотох киһи, малым-салым соччо элбэҕэ суох буолан, дуогабардаспыт күммэр тута көһөн кэлбитим. Маҥнай утаа дьиэм дьиэттэн туох да атына суох, киһи кута-сүрэ тохтуур баҕайы курдуга. Онтон кэлиҥҥинэн бэйэбиттэн ураты атын өссө туох эрэ баар сибикитин эппинэн-хааммынан сэрэйэн барбытым. Маҥнай утуйар уум бутуллбута. Сотору-сотору баттатар идэлэммитим. Биир түүн утуйар-утуйбат ыккардынан сыттахпына, арай ким эрэ хаамар тыаһа иһилиннэ. Мин буоллаҕына ким хаамарын көрөөрү өндөйө сатыыбын да, ол кыаллыбат. Өр буолбата, атах тыаһа адьас аттыбар чугаһаата. Онтон ким эрэ кэлэн кэккэлэһэ сыппытын биллим. Оччолооҕу билэн баран, туох баар күүспүнэн өрө мөхсөн син уһугуннум. Ити кэннэ туох уута кэлиэй, сүрэҕим биир кэм битигирэс, көлөһүн бөҕө аллыбыппын. Сарсыныгар сыттыгым анныгар кыптыый уктан утуйдум. Хаһааҥҥытааҕар да сынньалаҥнык, баттаппакка эҥин утуйан турбутум. Ити итинэн ааста. Түүн ким да кэлэн сытыспат буолла. Онтон туран, дьиэбиттэн көһөн биир ыалга хос куортамнаабытым. Хоһум кыра да буоллар олорорго табыгастаах этэ. Ол хоско маҥнай хонорбор үүт-үкчү, били кыбартыырабар курдук хартыына хатыланна. Хас түүн аайы аттыбар ким эрэ кэлэн сытыһарын билбитим. Ол абааһы дуу, туох дуу наар утуйар икки нуктуур икки ардынан сыттахпына кэлэр эбит этэ. Ол кэлэн сороҕор үрдүбэр ытта сатаан эрэй-муҥ бөҕөтүн көрдөрбүтэ. Ыксаан, сыттыгым анныгар кыптыый да уктан көрөбүн, быһаҕы да сыттана сытабын – син биир кэлэ турар. Биир түүн эмиэ үрдүбэр тахса сатаата. Мин буоллаҕына кини сирэйин көрөөрү мөхсө сатыыбын. Санаабар, дьүһүнүн көрдөхпүнэ куотуо диэн сылыктыыбын. Ол сытан этин суоһун, бүтүннүү бар түү эбитин билбитим. Ону кытта абааһым билбиппин сэрэйбиттии сүтэн хаалбыта. Мин сарсыныгар ыксааммын, кумааҕыттан кириэс кырыйан оронум үрдүгэр ыйаабытым. Ол кэннэ түүлээх абааһым ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Кэлин дьаарханан, хойукка диэри уум кэлбэт буолбута. Хата, ити түбэлтэ кэнниттэн ол харамай биллибэтэҕэ. Онон барыта орун-оннугар түспүтэ. Итиннэ хабааннаах түбэлтэлэри урут да, билигин да син истэбин. Киһи дьиктиргиэҕэ диэн, түүҥҥү абааһы соҕотох олорор дьахталлары, эр дьону буулуур идэлээх буолар эбит. Ол атын аартыктаах, абааһы айылгылаах айыы дьонун тоҕо муокастыыра эбитэ буолла? Билбит суох. Мария Охлопкова, Дьокуускай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан