Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьэҥкир оҕонньор

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьэҥкир оҕонньор

K
22.06.2018 15:26
Бу түбэлтэ отучча сыллааҕыта буолбута. Ол саҕана биһиги, оскуолаҕа үөрэнэр кыргыттар, пиэрмэҕэ үлэлии тахсыбыт сайыммыт этэ. Аҕам сопхуоска арыыһыттыыра. Мин киниэхэ көмөлөһө диэн титииккэ тахсыспытым. Миигин кытта дьүөгэм сылдьыһара. Биир үтүө күн аҕабытыгар үлэтин бүтэрсэн баран, бостуук уоллуун ынахтары киэһээ ыамнарыгар аҕала бардыбыт. Ынахтарбыт мэччийэр сирдэрэ ыаллыы сытар алааска буолааччы. Бу алааска урукку пиэрмэ тутуулара: титиик, ыанньыксыттар олорбут дьиэлэрэ уо.д.а. — самналлан тураллара. Биһиги оҕо дьон сиэринэн күө-дьаа күлсэ-күлсэ хааман истибит. Биир эргэ хотон аттыгар талах бөҕө үүммүт этэ. Арай ол диэки чугаһааппытын кытары кыыспыт: “Көрүҥҥүтүүй, биир оҕонньор биһигини көрөн баран турар дии”, — диэн сибигинэйии былаастаах саҥарда. Мин кини ыйарын хоту көрбүтүм, талахтар быыстарыгар миэтэрэни эрэ үрдүнэн уҥуохтаах ньахчаҕар оҕонньор биһигини тонолуппакка одуулаһа турар эбит. Сөҕүөхпүт иһин, ол оҕонньорбут киһи курдук эттээх-сииннээх буолбатах этэ. Били, киинэҕэ, кэпсээҥҥэ ойууланар абааһы курдук дьэҥкир таһаалааҕа. Ол оҕонньору курдаттыы кэннинээҕи ойуур көстөрө. Дьиктитэ диэн, уоттаах хараҕа киһини адьас тобулу көрүөх курдуга. Бостуук уолбут оччолооҕу көрөн дөйөн турар кыргыттары өйдөөбөтөхтүү көрбүтэ: “Ханна? Ханна баар оҕонньору этэҕин?” – дии-дии тула олоотообута. Биһиги эмискэ эппит сааһа аһыллан дьар гына түспүтэ. Хаамарбытын кубулуппакка балай да барбалаан баран, ким эрэ хамаандалаабытыныы, сонно биир кэмҥэ буут быстарынан титиикпит диэки түһүнэн кэбиспиппит. Ити түгэн кэнниттэн кэлин ыйыталаһан билбиппит, ити алааска дөрүн-дөрүн дьон дьикти кыра оҕонньору көрөллөр эбит этэ. Ол курдук, биир киһи (аатын чопчуласпатахпын) ити сайылыкка үлэ-хамнас үгэннээн турар кэмигэр тутууга үлэлии сылдьыбыт. Биир киэһэ табаарыстарыттан хойутаан кэлэн кыра дьиэҕэ соҕотоҕун аһыы олорбут. Арай ол олорон көрбүтэ, ойоҕолуу соҕус, кыра баҕайы уҥуохтаах билбэт оҕонньоро олороро үһү. Киһи ыксаан «хайдах-хайдаҕый, киммит кэлэн хааллаҕай?» диэн, иккиһин көрөөрү гыммыта, туох да суох буолан соһуппут. Итиниэхэ хабааннаах ол оҕонньор абааһытын туһунан кэпсээн син дэлэй этэ да, сорохторун умнуталаан кэбиспиппин. Арай биир аһаҕас эттээҕинэн биллэр кыыһы ити икки кэккэлэһэ сытар алаас абааһыларыттан улаханнык сордоммут үһү диэн кэпсииллэрэ. Ол кыыс алааспытыгар пиэрмэ хотонун үрдүгэр сүүрэкэлиир кыһыл таҥастаах эмээхсини көрбүт. Били, эмээхсинниҥи харамай, силигин ситэрэн, саҥа таһааран күлэрэ үһү. Биһиги биирдэ эмиэ оннукка маарынныыры ити алааска көрөн турабыт. Алаас саҕатыгар үүнэр моонньоҕону хомуйан сии сырыттахпытына, дьүөгэм ыйан көрдөрө сатаабыта да, мин булан көрбөтөҕүм. Кини кэпсииринэн, кыһыл таҥастаахха дылы эмээхсин ааһан эрэрэ үһү. Ити икки хоонньоһо сытар алаастар кистэлэҥнэрин билбит суох. Абааһылара хаһааҥҥыттан илэ сүүрбүттэрин билэр киһи эмиэ суоҕа, биллэн турар, хомолтолоох.
kyym.ru сайтан