Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ньукулай кэпсээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ньукулай кэпсээнэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
11.06.2018 14:46
Киһини билэр буолуохпуттан орой мэникпин. Онтукам кырдьыахпар диэри ааспат эбит. Сыыһатын билэбин да, оҥорон баран биирдэ өйдөнөбүн. Айылҕаны кытта сибээстээх өбүгэ сиэрэ-туома тутуһуллара сиэрдээх. Улахан булка бараары олорон биирдэ тылы сыыһа саҥардаххына, охсуулаах буолар. Аҕыйах хонукка булт ханнар. Бииргэ сылдьар дьонуҥ онтон эмиэ эрэйдэнэллэр. Бэйэтин дойдутун оҕотугар тугу да оҥоруо суоҕа диэн сыыһаны-халтыны үрүт-үрдүгэр оҥоро турарыҥ, тугу көрбүккүн-истибиккин эбэн-сабан онон көөчүктэнэриҥ сыыһата биллэр. Былыргылар алҕас туттунууларын кэпсээбэккэ, бэйэлэрин кытта илдьэ бараллара, ол да буоллар... Суор Кыһын. Хараҥанан эргийэр кэм. Дьиҥинэн, баччаларга бүтэй чуумпу күн-дьыл туруохтаах этэ да, бу аҕыйах хонукка хаардаан, тибэн ылла. Суор хаалбыт сириттэн суол таһаара сатаан уһаатым. Үс хонуктааҕыта күн үчүгэйдик да саҕаламмыта. Биирин туола илик уолум таба тэллэххэ аҕыйах хардыыны оҥороро – улахан үөрүү. – Аҕаҕар бар эрэ, – диэн баран, ийэтэ уолун илиитин сэрэнэн ыытар. Оҕо аҕыйах хардыыны оҥороот, мин тутан ыларбын билэр – ыытынан кэбиһэр. Биһиги үөрэрбитин билэр, тэҥҥэ үөрсэр. Мин хаамтара туруохпун ийэтэ оҕо сылайыа диэн тохтотор. Кылгас күннэргэ таба ыыра кыарыыр, бүтэн турар. Тэйиччи турар сиргэ табаны көрө бардым. Суолу-ииһи таһынан хайан баран төннүөх курдук тумул үрдүнэн хаамтаран иһэн, син ыраахтан суордар көтө-көтө түһэллэрин көрөн, бөрүкүтэ суох буолбутун сэрэйдим. Чугаһаан истэхпинэ, икки суор, саҥара-саҥара көтөн тахсан, хаппыт тииккэ олордулар. Тыһы таба төбөтө хамсыыр, аҥаар хараҕын тэспиттэр, түүтүн тула ыспыттар, ойоҕоһунан тэһэн, бүөрүн-быарын тоҥсуйбуттар, кэннин орообуттар. Табаны таба кэйэн, кэбирэх сирин таарыйбыт. Дэҥҥэ итинник буолааччы. Таба өлөрүгэр тиийбэккэ, кыамматынан туһанан суордар кэбилээтэхтэрэ сүрүн. Таба эрэйдээх сүнньүн быһаҕынан анньаат, суордар диэки туһаайаат, ыттым. “Таптарбын” диэбэтэҕим да, биир суор тарыкынайан түстэ. Ытым бараары гыммытын буойдум. Кынатын тосту ыттарбыт суор кирийбитэ буолан, төбөтүн ньыкытан хаарга олорорун уучах тайаҕынан аспыппар, саҥара-саҥара хаампытынан барда. Мин, табабын аһыммыт абаккабар, саҥаран бардым: “Эйигин көтөрдөртөн эрэ сүдүлэрэ, эр бэрдэ буолан сылаас дойдуга барбакка, биһиги сирбитин таптаан, төрөөн-ууһаан олордоҕо диирим. Ханна баарый. Айыы табатын ити курдук кэбилиигин. Ама да, ас наадатын иһин, саатар, өлбүтүн кэннэ тыытыаххын...” Суорум этиһэр курдук, биир кэм саҥара олорор. Табаны эрэйдээбит аньыытыгар суорбун арыы ортотугар өлөрбөккө тыыннаахтыы хааллардым. Икки суор хаһыыта ыраатыахпар диэри кэннибэр иһилиннэ. Дьиэбэр тиийбитим, дьонум ытаһа олороллор. – Оҕобут эмискэ туох эрэ буолла, таһырдьа мас мастыы сырыттахпына, холорук тыал кэлэн ааста. Олус соһуйдум. “Баччаларга холорук түһэр эбит дуу?” диэн санаан истэхпинэ, оҕом сарылыы түстэ, – диэн кэпсээннээх тоһуйда кэргэним. Дьэ, мантан инньэ туймарҕаннаах олох саҕаланна. Оҕо көтөхтөн түспэт, үс күннээх түүн чүмэчи курдук өрө тута сырыттыбыт. Утуйуу да, киһилии аһааһын да суох. Бастаан утаа сэниэлээх эрдэхпитинэ, этиһиэх курдук этибит да, ол кэлин мэлийдэ. Дьахтар наар
ытыырга барда. Оҕо нукаай буолан хаалаахтаата. Көтөхтөн түспэт. Күн-түүн бутулунна. Киирэ-тахса сылдьан санаабар эбитэ дуу, суор саҥатын истэргэ дылы гынным. Саҥата-иҥэтэ суох хомуммутунан бардым. Хаһан да арахсыбат ытым бу күннэргэ күрүө намыһахтыы мөҕүллүбүт, таарыллыбыт быһыылаах, батыһыах курдук буолан иһэн, хааллар хаалан, кутуругун кумуччу туттан, дьиэтин диэки хайыста. Ыҥыран көрдүм да, кутуруга субуруйа турда. Суор хаалбыт сириттэн суол таһаара сатаан мэлийэрбэр тиийдим. “Кэлбитэ буоллар, суор суолун булуо этэ” диэн, ыппын мөҕөбүн. Үс күн утуйбатах киһи төбөм куу-хаа курдук, тугу гыныахпын да билбэт курдукпун. Суор саҥатын иһиттим. Хараҥаран эрэр халлааҥҥа көрбүтүм, нөҥүө тумулга тииккэ суор олорор. Онно баран иһэн көрдөхпүнэ, сатыылаабыт суор кынатын соһон сыылбыт суола дьэ көһүннэ. Сыгынах анныгар киирэн өлбүт. Хайдах эрэ хараҕым сырдаан кэллэ. Уот оттон чэй оргутуннум. Билэрбинэн-билбэппинэн сир иччилэрин алҕаатым. Урукку өбүгэлэрим бары ахтылыннылар. Сыыспыппын билинним, күүс-көмө буолалларыгар көрдөстүм. Суорум тумсугар сыа кыбытан, тириигэ суулаан баран, тиит төргүү мутугар ыйаан кэбистим. Иккис суорга сылаас эт хааллардым. Сэрэнэн, тыаһы-ууһу иһиллии-иһиллии, балааккабар кэлбитим – уу чуумпу. Оһох турбатыттан кыым тахсыбат, хабыс-хараҥа. Кэлбиппин биллэрэн, обургу соҕустук ыппын мөхпүтэ буолан, тыастаахтык тэбэнэн балааккабар киирбитим, оһох үрдүгэр турар күөс-чэй сойбута ырааппыт, чүмэчи умайан бүппүт. Саҥа чүмэчини уматтым, оһохпун тыастаах соҕустук аһан-сабан отуннум. – Оҕобун эмтэрэ олорон олус күүскэ утуйбуппун. Хайдах сыппыппын өйдөөбөппүн, – диэтэ кэргэним. Кэргэммин сыллаан ыллым, онтон уолум сүүһүгэр төҥкөйдүм. – Оҕону уһугуннараайаҕын, – диэн кэргэним мөхпүтэ буолаахтаата. Оргуйбут чаанньык хаппаҕа омуннаахтык лабыгыраан барда. Чачархай баттахтаах оҕо Оҕолор үөрэхтэрэ саҕаланан, оскуолалаах сиргэ – Томторго олохсуйдум. Саас эрдэ субан сүөһү сайылыыр сиригэр тахсар. Оҕустаах сыарҕаҕа утуйар таҥас, иһит-хомуос, өйүө сыыһын, от уурунан биир киһи инникилиир. Элбэх сүөһү буоллаҕына, икки киһи атынан үүрэр. Атын-атын хотонтон тахсыбыт сүөһүлэр бастаан туора-маары ойуоккалаан, сүгүн үүрүллүбэттэр. Бөһүөлэктэн тэйэн истэх аайы айан суола сүнньүн дьэ булар. Сотору-сотору тохтоон, табахтаан бусхатабыт. Сүөһү үүрүөхтээх уолаттар уокка кээһэргэ ымсыыран тулуппаттар, түгэҕин көрдөхтөрүнэ биирдэ тохтууллар. Тиийиэхтээх сирбитигэр син тиийэн, кураанах чэй иһэн, тарҕаһыы буолар. Оҕустаах ат төттөрү төннөллөр. Соҕотоҕун хаалан, олорор ампаарбын оҥостон барабын. Кэлбит сирим – бастакы холкуостааһын саҕана пиэрмэ турбут сирэ, улахан күөллээх. Хоройо улаатан эрэр уолум сөп буола-буола кэлэн, хонон барар. Ийэтигэр дьиэҕэ көмөлөстүн уонна үөрэҕин кичэйдин диэммин, кэлэрин-барарын аччатаары сүөһү тириитэ ыйанан турар кэрэх тиитин, дьон уҥуохтарын көрдөрөбүн. Салыннын диэн абааһы, чөчүөккэ туһунан өйбүттэн оҥорон кэпсиибин. Бөһүөлэккэ баран хонуталаан кэллим. Аттаммаппын. Аттаннахха, ону сылгылыахха наада. Сатыыта судургу курдук. Кэлэн иһэн, маҕаһыыҥҥа киирэн тахсабын. Сир киһитэ бытархайы ыларым көстөр. Арыгы ас кырыы-кырыытынан, испэт да киһи ылыах курдук. Уоппун аһаппатаҕым быданнаабытын өйдүүбүн. Суолга кими эмэ көрсөбүн – аһым бүттэҕэ
ол. Соҕотох да буоллахпына, иһиппин арыйдым да, кыһыл сыыһын бүтэрэ охсобун. Саатар, бэйэм “чэ, аныгыскыга хайаан да күндүлүөм” диэн, алы гынан иһэбин. Уотум да эрэйэр курдук. Куйаас баҕайы күн бөһүөлэктэн таҕыстым. Хаамтахха, бүппэт уһун суол тыргыллан сытар. Утатыы алдьархайа. Тулуйа сатаан баран кыһылбын арыйдым. Элбэхтик сынньанан син ампаарбар тиийдим. Ороммор сынньана сыттым. Аан аһаҕас, көрө сытабын. Арай эмискэ чачархай баттахтаах атах сыгынньах оҕо куобах курдук икки атаҕын холбуу тутан ыстанан ампаар ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Иккис ыстаныытыгар түөспэр кэлэн лах гына олоро биэрдэ. Үтэ сатаатым да, хамсаан көрбөт. Кинини төттөрү үтэйэ сатааммын күүһүм-сэниэм баранна. Миигин көрө-көрө күлэн ырдьайар. Эмискэ илиилэрбин ыһыктааппын кытта оҕом ампаар ортотугар олоро түстэ, иккис ойуутугар төбөтө эрэ күкээрис гынан хаалла. Төрүт да мөлтөх атахтаах киһи, ампаарым ортотугар түөрт атах буола түстүм. Илиилэрим нукаай курдуктар. Алтахтаан тиийэн оһохпун хаһыспытынан бардым. Бу да буолларбын, аһым сыыһыттан уокка бэрсэ тураммын холуочукпар тэптэрэн: “Аата, сирим-дойдум барахсан, өтөх иччилэрэ аһынныгыт. Кырбас курдук оҕолордоох киһини харыһыйан чачархай баттахтаах оҕоҕутун ыыттыгыт. Бэйэҕит кэлбиккит буоллар, миигин кус оҕотун курдук тутан сиэ эбиккит...” – диэн, тугу саныырбын эттим. Уотум барахсан эрэйэрин биллэрдэҕэ. Дьиэттэн холдьоҕуллуу 1984 сыл. Нөксөлгөн. Таба ыстаадата. Кыһын. Сылга биирдэ, билсэ диэн ааттаан, нөҥүө үрэхтэн булчут Николай Неустроев кэлэн аҕыйах хонон барар. Табаһыттар хоноһоҕо үөрсэбит, сонун истэбит, уруккуну-хойуккуну ахтыһабыт. Ньукулай кэпсиир: – Кыһын табанан бултуур сирбэр тахсан иһэбин. Аара хас да сиргэ хонобун. Икки ааннаах, ортотунан быыстаах бараак дьиэҕэ хонордуу тиийдим. Ыйдаҥалаах. Табаларбын чэҥкээйилээн ыыппытым, чугастар. Дьиэ аҥаарыгар бэлэм оһохтоох, кэлэр-барар табаһыттар, булчуттар хонор дьиэлэрэ. Аҥаара түннүгэ-үөлэһэ аһаҕас турар. Тыас-уус иһиллэр диэн, ким да хоммот. Ытым таһырдьа. Оһох оттон, чаанньыкпын, хочулуокпун оһоххо ууран, утуйар таҥаспын ириэрэ таарыйа, сылаабын таһаара мас ороҥҥо өттүгэстээн сыттым. Сылайбыппын. Ааным аһылынна. Сайыҥҥылыы таҥастаах нуучча кыыс дьахтара оргууй аҕай киирэн кэлэн: «Уходи, убираться буду», – диэн баран, тахсан барда. Итини кэпсээтэххэ уһун. Соһуйан, мах биэрдэрэн эрэ хааллым. Ытым таһырдьа үрбэккэ да хаалла. Хомуннум. Сылайбыт табалар ырааппатахтар. Икки табаны тутуннум. Ыйдаҥанан ойууртан мас мастаан, дьиэ ортотугар кыстаатым. Айаннаары гыммыппын билэн, ытым үөрэн, илэмэ-салама көппүтэ сүрдээх. Син өр бодьуустастым, уоскуйа майгытыйдым. “Тоҕо миэхэ эрэ көһүннэ, нуучча буола-буола... Тоҕо миигин түүннэри үүрдэ? Дьон-сэргэ хонон ааспыт дьиэтэ, куттаҕастара мин эрэ буолан уоттаан эрдэҕим”, – диэн санаа киирдэ. Тохтоотум. Түүннэри олох сыарҕанан сис нөҥүө табаһыттарга түһүнэн кэбистим. Табаһыттарга туох да диэбэтим. Икки хонон баран кэлбитим, дьиэ туох да буолбатах. Суол-иис суох. Көтөл сыарҕалара тураллар. Хаалбыт табалар ырааппатахтар. Мастаабыт маспын оһох таһыгар тарыйан кэбистим. Табаларбын тутан салгыы айаннаатым. “Олохпор туох эрэ уларыйыы буолаары гыннаҕа”
диэн ый, сыл, хас да сыл кэтэнним да, дьолго, туох да улахан уларыйыы тахсыбата. Кэлин ол дьиэҕэ дьону кытта хаста да хоммутум. Туох да биллибэтэҕэ. Ол курдук биирдэ холдьоҕуллан турабын диэн, – кэпсээнин түмүктээтэ. Биһиги, истээччилэр, хаһан эрэ тиийиэхтээх, охсуллан ааһыахтаах дьиэбит. Салынныбыт быһыылаах: эбии ыйыталаспатыбыт. Уопсайынан, нууччалар көмүс көрдөөн, хостоон, сууйан онно-манна дьиэлэри тутан хаалларбыт сирдэрэ. Сэрии иннинэ-кэннинэ хаайыылаахтары да үлэлэппиттэрэ. Хайдах тоҥон-хатан үлэлээбиттэрэ биллибэт... Василий Юмшанов-Хонтой Уола Боруулаах, Үөһээ Дьааҥы.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан