Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьоруой кистэлэҥ таптала

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьоруой кистэлэҥ таптала

K
edersaas.ru Категорията суох
08.12.2023 10:50
1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр Фашистскай Германия Сэбиэскэй Сойууска уоран саба түһүүтүн утары Аҕа Дойду уоттаах сэриитэ саҕаламмыта. Аҕа дойду сэриитигэр сүүрбэттэн тахса саха буойуннара өстөөҕү кытары хабыр хапсыһыыга холобур буолар хорсун быһыыны оҥорон Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Саха норуотуттан бу албан ааты бастакынан Днепр өрүс уҥа биэрэгин босхолооһуҥҥа эр санаа холобурун көрдөрбүт Федор Кузьмич Поповка иҥэрбиттэрэ. Федор Кузьмич Попов Мэҥэ Хаҥалас оройуонун II Баатара нэһилиэгэр 1921 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду сэриитигэр 1942 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллан барбыта. 1943 сыл күһүнүгэр байыаннай үөрэҕи ааһан, Украина Любеч куоратыгар тиийбитэ. Алтынньы 2 күнүгэр Федор Попов автоматчигынан сулууспалыы сырыттаҕына, 81-с стрелковай дивизиятын 467-с полкатыгар Днепр өрүһү туораан өстөөҕү тохтоторго бирикээс кэлбитэ. Алтынньы 3 күнүгэр өстөөх күүскэ атаакалаабыта. Днепри туораан иһэр кыһыл ротаны уҥа биэрэккэ фашистар тоһуйан тураллара. Рядовой Попов Днепри бастакынан харбаан туораан, өстөөх траншеятыгар күүппэтэх өттүлэриттэн соһуччу киирэн уоту аспыта. Ботуруона, гранатата бүппүтүн кэнниттэн, илиинэн хапсыһыыга барыта 23 өстөөх саллаатын суох гыммыта, өстөөх траншеятын соҕотоҕун былдьаабыта. Федор ньиэмэстэр ручной бүлүмүөттэрин уотун аһан, бэйэтин ротатыгар туоруур кыаҕы биэрбитэ. Докумуоннарга сурулларынан, бу хапсыһыыга кини 50-тан тахса өстөөх саллаатын суох оҥорбута. Бу хапсыһыы кэнниттэн Белоруссия сиригэр Глушец дэриэбинэтигэр улаханнык бааһыран, 1943 сыл алтынньы 13 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта. Федор Попов холобура суох хорсун быһыыта дизизия хамаандалыыр састаабын сөхтөрүөн сөхтөрбүтэ, онно кини 21 саастаҕа. 1944 сыл тохсунньу 15 күнүгэр ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан Днепр өрүһү туорааһыҥҥа бойобуой сорудаҕы хорсуннук толорбутун, холобур буолар дьоруойдуу быһыытын иһин Федор Кузмичка Ленин уордьанын уонна “Кыһыл көмүс сулус” мэдээли анаан туран, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Ол сыл үөрэммит оскуолатыгар, биригэдьииринэн үлэлээбит “Октябрь” холкуоһугар “Герой Попов” аатын иҥэрбиттэрэ. Сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыт Ф.К. Попов аата бүтүн норуот киэн туттуута буолбута. 2005 сыллаахха дьоруой балта Марфа Попова-Филатова “Убайым Сүөдэр бар дьонум сүрэҕэр” диэн ахтыы-кинигэтин Улуу Кыайыы 60 сылыгар таһаарбыта. Дьоруой бииргэ төрөөбүттэрин, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит, Федор Попову кытары көннөрү алтыспыт дьон ахтыыларынан, баар хаартыскалартан, докумуоннартан бэртээхэй кинигэ тахсыбыта. Дьоруой Попов хорсун-хоодуот, көнө майгылаах эдэр сааһыгар олоҕун толук уурбут саллаат кими да таптаабатаҕа диир кыаллыбат. Үгүс айымньыларга хорсун быһыытын эрэ туһунан суруллар буоллаҕына, ахтыыларга көрдөххө кинини сөбүлээбит уонна кини эмиэ сүрэҕин туттарбыт кыыһынан кинилэргэ дьукаах олоро сылдьыбыт Варя Шергина буолар. Бу туһунан сиһилии “Ох курдук оҥостон” арамааҥҥа суруллар. Арамааҥҥа Варя уонна Федор сыһыаннара сиһилии көстөр, дьиҥ чахчыга олоҕурбут уонна литературнай айымньы быһыытынан, эбэн-сабан суруллубута ахтыылары кытары араастаһыытыгар көстөр. Ахтыы кинигэтигэр Федор Кузьмич доҕорунаан Прокопий Васильевич Захаровтыын Варяны көрсө Табаҕаҕа бара сылдьыбыттарын ахтар. Бу кистэлэҥи кини бэйэтэ кэнники, дьоруой суох буолбутун кэнниттэн биирдэ арыйар. Варяны көрдө эрэ долгуйарын, иккиэйэх хааллахтарына бэйэ-бэйэлэриттэн симиттэн тугу да кэпсэппэттэрин Варя ахтар. Ол саҕанааҕы умнуллубат тэрээһиннэринэн кистэлэҥ быыбардааһыны, маассабай оонньуулары, Сүөдэрдиин бииргэ үлэлээбиттэрин сэһэргиир. “Эн ааккын ууруубун” диэн ахтыыга Варя бэйэтин санаатын, кистэлин кэпсиир буоллаҕына, Федор аатыттан Прокопий Васильевич Захаров диэн доҕорун “Сүрэх кистэлэҥэ” диэн ахтыытыттан Федор кистэлэҥин билэбит. Прокопий кэпсииригэр “Сүөдэр олох кэпсээн оҥостумаар” диэн тылбын ылбыта диэн баран, “Ол гынан эйиэхэ кэпсиирбит баалыа суоҕа дуу” диэн кинигэ ааптарыгар, дьоруой балтыгар Марфаҕа бэрт сиһилии кэпсээн биэрэр. Сэриигэ ыҥырыы тутан баран, хомуналларыгар бэриллибит күҥҥэ Федор көрдөһөн Боруонньалыын атынан Суолаҕа бараллар. Боруонньа туохха баран иһэллэрин өйдөөбөккө туоһуласпытын: — Санаа муҥурдуу саатар баран көрөн, көрсөн, быһаарсан барыам этэ, хайа да күҥҥэ ким эмэ эйигин күүтэрэ үчүгэй буолуо дии. — Ол кимий? — Өргөннөөхтөн от сии көһөн түһэр дьон биһи өтөхпүтүгэр хоммуттара дии, өйдүүр инигин? Онно Сиэргин Ньукууһа сиэнэ кыыс баара, — диэн доҕоругар кимиэхэ даҕаны эппэтэх сүрэҕин кистэлин арыйар. Тиийбиттэригэр кимин тугун туоһулаһан баран олохтоох эмээхсин: “Суох, Балбаара диэн кыыс манна суох, ханнатын билбэппин”, — диэн дьиэс-куос эппиэттиир. Сүөдэр сиэбиттэн кумааҕы таһааран, сурук суруйан баран хайаан да тиэрдэллэригэр көрдөһөн хаалларар. “Доҕоор, сурукпун туттаҕына Варя Майаҕа киириэ. Онно көрсүөм. Кини иһиттэр эрэ бара сатыаҕа”, — диэн эрэх-турах санаалаах дойдуларыгар төннөллөр. Ити түгэни Варя маннык ахтар: “Дьылҕа-хаан оҥоһуута олус улахан быһыылааҕа. Мин суораппын ылан төннөн иһэн, суол арахсыытыгар кэлэн икки суолга үктэнэн туран, хаста да алааһы ортотунан барыахча буола-буола, сөрүүн буолаарай диэтэҕим эбитэ дуу, алааһы эргийэ тыа суолунан бара турдум. Баҕарбыт күлүктээх суолбунан кэлиибэр быраатым Баанньа: “Олох соторутааҕыта бардылар, эйигин хос-хос күүтэ сатаатылар да, ханна сырыттыҥ?” — дии тоһуйда. Киһитэ кимин сэрэйэр буолан туоһулаһа барбатым “Ханан бардылар?” диэн эккирэтиэхпин да, үөгүлүөхпүн да билбэккэ, таалан туран хааллым. Кэлин хаһан даҕаны ол суолунан сылдьыбатаҕым, кини буруйдааҕын курдук”. Биир түгэҥҥэ Варя Сүөдэр суоҕуна кэлбитин, дьоно хонноро сатаабыттарын, ыанньыксыт кыыс сүөһүлэрин быраҕан, төһө да баҕарбытын иһин, хаалар кыаҕа суоҕа: байыаннай кэм холкуостааҕар сокуон кытаанаҕа турдаҕа дии. Тулаайах кыысчааҥҥа суос-суодал элбэҕин, оччотооҕу кэм дьоно бэркэ өйдүүллэрэ. Федор балта Дьэбдьиэй Бүтэйдээххэ үөрэнэ сылдьан Варяны көрсөн, убайа киниэхэ Варяттан биир да эппиэт кэлбэтэҕэ диэн хомойорун суругар эппитин кэпсиир. Варя суруктар сүппүттэриттэн олус хомойор. 1944 сыл тохсунньутугар саха киһитэ дьоруой буолбутун бэлиэтиир үөрүүлээх миитиҥҥэ тиийэн, Сүөдэр суох буолбутун истэн айманар. Дьукааҕа эмээхсин: “Бу эйиэхэ сурук кэлбитэ, ону сүтэрэн кэбиһэн бараммын нэһиилэ буллум,” — дии-дии үс муннуктаах харандааһынан суруллубут, бэркэ элэйбит, киртийбит суругу биэрэр. Кыыс долгуйан, хараҕын уутун туппатах. Өр күүппүт суругун ис хоһооно маннык: «Дорообо, күндү Варя! Этэҥҥэ сылдьабын. Манна киһи атаакаттан таҕыстаҕына, таҕыстым диир. Сэрии диэн олус суостаах. Мин эйиэхэ элбэхтэ суруйбутум да, харда тута иликпин. Варя, мин эйигин олус күүскэ таптыыбын, ону эн бил уонна өйдөөр. Кими да уураабатах уоспунан эн ааккын ууруубун. Умнума. Күүт. Сүөдэр. 1943 с», — тиһэх суругар син билинээхтээбит диэн эмиэ да үөрэн, хомойон, кыһыйыы-абарыы үүйэ тутар санаатыгар ылларар. Кыыһы көрөн долгуйара, сэриигэ бэбиэскэ тутарын билэ-билэ сүрэҕин кистэлин сатаан арыйбатаҕа, ийэтэ төһө эмэ этэ сатыырын үрдүнэн кэргэн ылбакка, баҕар төннүөм суоҕа диэн кыыһы харыстаабыта эмиэ туспа дьоруойдуу быһыы. Кини бэйэтин эрэ туһунан санаабакка, кыыһы харыстаабыта дьиҥнээх эр киһи быһыыта. Варвара Шергина ахтыытыгар Сүөдэрдээх Варя эдэр дьон сыһыаннарын толору, хайдах баарынан арыйар. Ахтыы уонна уус-уран айымньы уратыта онно сытар. Сүөдэр төһө даҕаны кыыска кутун-сүрүн туттардар, эргилиннэхпинэ кэргэн ылыам, ыал буолуом диэн ыра санаалаах сэриигэ барар. Дьылҕа бииргэ буолбат дьону онно эмиэ Эбэ күөл икки өттүнэн ыытар. Сүөдэр доҕорунаан көрсө кэлэн күүтэ сатаан төннөрүгэр Варя күөл куула өттүнэн баран хардарсан хаалаллар. Саатар били бүтэһик суругу Варя дьукааҕа эмээхсин тиэрдибэккэ, этэҥҥэ биир даҕаны сурук аадырыһын булбатах. Арай, кэлин Сүөдэр хорсун быһыыны оҥорон, олохтон арахсан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбутун кэнниттэн эрэ бүтэһик суругун тиэрдэллэр. Онно сүрэҕэр иитэ сылдьыбыт кистэлин Варяҕа арыйан, “кими да ураабатах уоспунан эйиигин ууруубун” диэн суруйбутуттан көстөр. Кэлин Варвара Семеновна Савва Попов диэн фронтовикка кэргэн тахсан, ыччат сиэн оҕолордоммутун туһунан, Сүөдэри кэриэстээн Баатараҕа кэлэн барарын туһунан ахтыллар. 2020 сыллаах архыыптан.
edersaas.ru сайтан