Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Бэйэтэ булларыаҕа...”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Бэйэтэ булларыаҕа...”
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
07.06.2018 17:53
Кэрэ айылҕатынан, булдунан-балыгынан, сирин аһынан киэҥник биллибит Сиинэ үрэхтээхпит. Ааспыт үйэ 60-70 сылларыгар дьон-сэргэ сөбүлээн сынньанар, эмтэнэр сонотуоруйдара тэриллэрэ. «Дьэкэмдэ» диэн сир бэркэ биллэрэ. Оччотооҕуга тутуллубут сорох дьиэлэрэ билигин да бааллар. Дьэ бу дойду кэрэ айылҕатыгар кутун туттарбыт Семенов Родомир Гаврильевич билигин даҕаны сайылаан, сир астаан, сынньанан кэлэр. Кини кэпсээнин истиэҕиҥ. Бу түбэлтэ 1983 сыл сааһыгар буолбута. Родомир бииргэ төрөөбүт убайыныын сылгы көрөн олорбуттар. Ийэлэрэ баар. Убайа Виталий 5 сыл аҕа эбит. Ол аата 25 сааһыгар сылдьара. 1982 сыл күһүнүгэр Родомир саарбаҕа хаама сылдьан ыта үрбүтүн истибит. Уол истээт, тута туох эрэ улахан кыылы үрэрин сэрэйбит. Саата – икки уостаах ИЖ-56. Арай ытын саҥатыгар сүүрэн тиийбитэ, туох да баара биллибэт үһү. Ыта бэрт кыра ырааһыйа сиргэ умса көрө сылдьан үрэр эбит. Онто баара, атын үлүгэр ырдьыгыныыр саҥаны кытта арҕах иһиттэн эһэ төбөтө былтас гынаат, сүтэн хаалбыт. Икки сыл аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит уол булдун ахтан аҕай сылдьар кэмэ эбит. Эдэр уолҕамчы санаатыгар тэптэрэн бултаһарга санаммыт. Бүө маһын быстыаҕын сүгэтэ суох буолан биэрбит. Эгэ, быа-туһах кэлиэ дуо, суох буоллаҕа дии. Аны туран, тыатааҕыта тахсан бардаҕына да көҥүл түгэнэ үөскээбит. Уол уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, арҕаҕы кэннинэн соҕус кырыыбалыы үөмэн киирэн, эһэкээн төбөтө былтас гыныытыгар биирдэ ытан хаалбыт уонна арҕах иһигэр тыатааҕыта мөхсөр тыаһын истэн куһаҕаннаппытын сэрэйбит. Онон утары киирэн арҕаҕын аанынан утары өссө түөртэ ыппытыгар дьэ тыас-уус хам барбыт. Бу арҕах дьиэтиттэн олох чугас, Сиинэ уҥуор өттө эбит. Олох тахсаат да бултаатаҕа дии, онон тута дьиэтигэр төннөн кэлэн, убайын ыҥыран илдьэн, бултарын дьаһайан кэбиһэллэр. Үс саастаах атыыр тыатааҕы эбитэ үһү. Дьэ, мантан тууһугуран, уол сарсыныгар тыатыгар тахсан аны аарыма улахан уончалаах атыыр лөкөйү бултаан кэбиһэн, үөрүүтэ өссө үрдээбит. Дьэ уонна салгыы алта хонук алта тайаҕы бултаабытын кэннэ ийэтэ эмээхсин уолун буойан тохтоппут. Родомир бэйэтэ даҕаны сөҕө санаабыт. Сылгыларын көрөн-истэн этэҥҥэ кыстаабыттар. Отторугар сылгыларын үрэх уҥуор туоратан аһатар буолбуттар. Сиинэ эбэ сааскы халаанын уута этэҥҥэ ааһан, бэс ыйа үүммүт. Бу кэмҥэ үрэхтэрин хара уута киирэн турар кэмигэр Виталий үрэх уҥуор «казанка» тимир оҥочонон сылдьан сылгыларын аһатара үһү. Куһаҕан буолар бүтэһик күнүгэр Виталий үрэҕин туорууругар эргэрэн хаалбыт икки миэстэлээх эрэһиинэ тыытын үрдэрэн туораан иһэн, тыыта хайа ыстанан ууга былдьаммыт. Эрэһиинэ тыы икки сиэксийэлээх буоларын бары билэбит. Бу тыы олох ортотунан, икки өттө тэҥҥэ салгынын таһаарар гына алдьаммыт буолуон сөп дииллэр. Тыыта көстүбэтэҕэ. Уола кэлбэтэҕэр, куһаҕан буолбутун сэрэйэн, ийэтэ нөҥүө сарсыарда араассыйанан болдьохтоох сэттэ аҥаар чаастарыгар Солоҕоҥҥо биллэрэр. Бу кэмҥэ Родомир бөһүөлэккэ баар эбит. Уонтан тахса күн киһилэрин көрдүү сатаан баран булбакка, куоракка Сахаайа диэн көрбүөччүгэ
кэтэ сылдьыбыт таҥаһын илдьэ тиийэн көрдөрөллөр. Онтулара сирдэрин былаанын уруһуйдаан, сиринэн бардахха, биир көстөөх сиргэ, үрэх уутуттан булуохтарын эппит. Өссө «буларгытыгар бэйэтэ көмөлөһүө» диэннээх буолбут. Түөрт буолан мотуорканан үрэхтэрин таҥнары устубуттар. Быһа холоон Сулбугур диэн күөл туһунан буолуо диэн быһаарбыттар. Син балачча уһуннук өрө таҥнары уста сатаан баран төннөн истэхтэринэ, арай үрэх уҥуоруттан киирэн, биир туртас бэтэрээ кытылга туораан тахсыбытын Васильев Иван – Бытык Уйбаан бойобуой харабыынынан хаста да тутуһан туран ытан, дуостал сыыһыталаан кэбиспит. Кытылга туртас тахсыбыт суолугар кыылларын хаана баара буолаарай диэн көрө сылдьаннар, кыылларын суолуттан биэс хаамыы курдук сиргэ, олох кытыыга, ууттан быга сытар арбах анныттан киһилэрин кырамтатын булан ылаллар. Дьэ, бу кэннэ көрбүөччүлэрин этиитэ барыта сирэйинэн туолбутун билэн олустук сөхпүттэр. Бу туртас көстүүтэ даҕаны ону толору туоһулуур. Бытык Уйбаан даҕаны, ытарынан аатырбыт бэйэтэ, табыллыбат сыалы ытыалаабытын дьэ итэҕэйбитэ диэн Родомир кэпсээбитэ. Бу курдук, киһилэрин сүтэрбиттэрин 21-с хонугар булбуттар. Виталийы Дьэкэмдэҕэ аҕалан уҥуоҕун туппуттара. Онон күһүҥҥү бултара даҕаны бу киһилэрин куһаҕан буолуоҕун түүйбүт буолуоҕун Родомир бу билигин сааһыран олорон бүк итэҕэйэр. Бу түбэлтэ иннинэ да, кэнниттэн да Родомир маннык бултуйбутун өйдөөбөт. Дьэ, онон олоххо, Аан айылҕаҕа, таайыллыбатах таабырын, быһаарыллыбатах, өйдөммөт түгэн олус элбэх. Олортон көмүскэл да баара биллибэт эрээри, сиргэ-уокка сылдьан, сиэри-туому тутуһан, айылҕаны харыстаан, сөпкө алтыһан, бэйэ-бодону тардынан, муҥур тойон курдук туттубакка сылдьыаҕыҥ диэнинэн бу санньыар-курус түмүктээх кэпсээммин түмүктүүбүн. Михаил Гоголев-Долгун, Бэрдьигэстээх.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан