Кэпсээ
Войти
Регистрация
Арай биирдэ оптуобус вокзалыгар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Арай биирдэ оптуобус вокзалыгар
K
edersaas.ru
Категорията суох
05.05.2022 18:00
Хайдах эрэ кэпсээн суруйуохпун баҕаран кэллим. Эмискэ. Доҕотторум айымньыларын ааҕан дуу эбэтэр айыллыахтаах-тутуллуохтаах кэмэ кэлбититтэн эбитэ дуу. Билбит суох. Кыралаан хоһоон суруйабын, тылбааска холонобун. Билэр дьонум син сэҥээрэллэр, хайҕыыллар. Ол эрээри кэпсээҥҥэ санаммат курдугум. Олоҕум орто омурҕанын олорон кэлбит киһи, ааҕааччы болҕомтотун тардар, син сурукка тиһиллиэх айылаах түбэлтэлэри көрдөҕүм-биллэҕим аҕай дии. edersaas.ru Бу түбэлтэ урут устудьуоннуур сылларбар буолбута. Үс оҕолоох ыал ийэтэ кэтэхтэн үөрэнэр буолан, сылга иккитэ сиэссийэбэр Дьокуускайга ый курдук олоро киирэрим. Ол саҕана суотабай төлөпүөн диэн суох, билиҥҥи курдук баҕардыҥ да эрийэн кэпсэтэ охсубаккын. Биир нэдиэлэ куоракка олорон үөрэнэбин, өрөбүллэргэ дьиэбэр кэлэбин. Оптуобуһунан сылдьабын, такси диэн суох. Билиэти түбэһэн ылбатым да, бүттэҕим ол. Эдэр уонна харса суоҕум бэрт буолан дуу, үөрэхтэнэр санаа баһыйан эбитэ дуу, уһуйаан саастаах үс кыыспын аҕаларыгар хааллара-хааллара киирэ турарым. Бээ, киириим наһаа уһаан хаалары гынна дуу, кэпсиэхтээх түбэлтэбэр төннүүм. Сааскы сиэссийэ. Сылаас бөҕө. Күнүһүн таммах таммалыыр, ол эрээри түүнүн эмиэ да биллэ тоҥорор. Киэһэнэн сөрүүтүйэн саҕалыыр, халлаан эмискэ, суорҕаны саба бырахпыт курдук хараҥара охсон хаалар. Бүгүн бээтинсэ. Эксээмэммин туттара охсон, бүтэһик оптуобуһу баттаһан, дьиэбэр хайаан да тахсыахтаахпын. Былааным оннук. Син санаа хоту барыта табыллан истэ. Эксээмэммэр билэр, үөрэппит билиэтим түбэһэн, моһуога суох «туйгун» сыанаҕа туттардым. Үөрдэҕим аҕай дии, хайдах эрэ харыс үрдээн, оптуобус вокзалыгар тэбинним. Аара маҕаһыынтан оҕолорбор кыра кэһии ыллым. Кыргыттарым тахсыахтаахпын билэллэр, кэтэһэ аҕай сырыттахтара. Бэрт уһун уочаракка туран, син билиэккэ тигистим. Оптуобус айанныыра өссө да чаас аҥаара курдук бириэмэ баар. Арыый уоскуйа түһээри таһырдьа таҕыстым. Хайы сах борук-сорук буолбут. Дьон суох. Биир-икки киһи ааһан эрэллэрэ көстөр. Арай ханна эрэ оҕо ытыыра иһиллэргэ дылы гынна. Кыргыттарбын ахтыбыт санаабар ону-маны истэн бардым дуу дии санаан, улаханнык кыһамматым. Суох, син биир ытыыр, ытыыра өссө күүһүрэн иһэр курдук. Оҕо ытыыра иһиллэрин хоту оргууй хаамтым. Арай вокзал ойоҕоһунан ааһар улахан турбалар диэки оҕо кэлээскэтэ турар. Аттыгар ким да баара көстүбэт. Хайдах эрэ ыксаан хааллым, сүүрүүнэн биирдэ онно баар буола түстүм. Эргэ, кирдээх соҕус кэлээскэҕэ оҕо сытар. Көрдөхпүнэ, биэс-алта ыйдаах курдук. Таҥаһа-саба эргэ да буоллар, ыраас. Суорҕанынан саппыттар. Хата, мээнэ тоҥмото ини диэн үөрэ санаатым. Дьоно чугас бааллара буолаарай диэн эргим-ургум көрөн көрдүү сатаатым. Сол курдук ким да биллибэтэ, көстүбэтэ. Оҕо ытыырын тохтоппот. Ыксаан кэлээскэни хамсаппыппар, син уоскуйуох курдук буолла. Кэтэһэн көрөн баран, кэлээскэбин аннььыбытынан, вокзал диэки бардым. Милииссийэ үлэһитин булан, оҕону киниэхэ туттара охсор санаалаахпын. Арай оптуобус вокзалыгар чугаһыахча буолан эрдэхпинэ, кэннибэр үлүгэрдээх хаһыы иһиллибэт дуо? — Украла, сына украла! — дии-дии биир нуучча дьахтара сүүрэн аҕай иһэр эбит. Тохтуу биэрдим. — А где вы были? Ребенок очень долго плакал, хотела отдать сотруднику милиции, — диибин. — Что ты мне врешь! Я по нужде отошла, живот схватило. Сразу обратно прибежала, а ты уже с моим ребенком смыться собралась! — бөҕөтө дьахтарым. Бастаан итинник хара балыыртан уолуйан хааллым. Саатар дьахтарым саҥарар да бокуой биэрбэт: — Быстро заплати или я позову милицию! Если не хочешь сесть в тюрьму, заплати 500 рублей и мы расстанемся по-хорошему, — диэн сарылыыр. Өссө да элбэҕи кутта-симтэ, быыһыгар маатырылыыр. Ол саҕана биэс мөһөөх диэн баһаам харчы буоллаҕа. Киһи буолаары, син өйбүн-төйбүн буллум ээ. — Зовите! Она меня еще милицией пугает, да я вас саму им сдам! Ребенок уже полчаса на морозе плачет, — диэн утары хаһыытаан бытарыттым. Ол саҕаттан куолаһым улахан, сөҥ буолан, син толуннарда быһыылаах. Ол тухары кэлээскэм тутааҕыттан илиибин олох араарбаппын. Аны дьахтарым кэлээскэ тутааҕар түстэ. Тардыһан ырычаахтаһыы буолла. Тоҕо эрэ олох ыһыктыбаппын, бэйэбиттэн былдьаан эрэллэрин курдук буоллум. Оптуобус вокзалын иһиттэн дьон тахсыталаан барда. Эмискэ милииссийэ сүүрэн кэллэ, ким эрэ, хата, тыллаабыт быһыылаах этэ. “Тамара, ты снова за свое!» — диэбитинэн дьахтарым үрдүгэр түстэ. Мин көрдөхпүнэ, уруккуттан бэркэ билсэр курдуктар. Онтон миэхэ хайыһан: — Гражданочка, вы будете писать заявление?” — диэн ыйытта. — Какое заявление, у меня автобус отходит. Если вы ее знаете, разбирайтесь, пожалуйста, сами, — диэн баран оптуобуспар сүүрдүм. Ити айдааммыт чаас аҥаарын иһигэр буола охсубут эбит. Айаннаан иһэн буолбут быһылааны ырыта, арааһы толкуйдуу испитим. Ама, итиччэ үлүгэр харчынан быстарбыт буолан, синигэр түһэн, оҕотун сааскы сөрүүҥҥэ ытатан, кыра харчы сыыһын толуйан ылаары гыммыта дуу? Эбэтэр олохтоммут, уруккуттан эргитэр дьарыктара дуу? Эмиэ да милииссийэ үлэһитэ бэркэ билэр киһитин курдук кэпсэппитэ. Оннук буоллаҕына, итинник быһыы хайдах да мин өйбөр баппат, сүрэҕим ону ылыммат. Кэлин, хайдах, туох дьылҕаламмыттара буолуой диэн хам-түм санаан кэлээччибин. Ол дьахтары кэлин биирдэ да көрбөтөҕүм. Олохторо көнө суолунан салалынна, этэҥҥэ буоллулар ини диэн эрэх-турах сананарбар эрэ тиийэбин. Ити түбэлтэ иннинэ да, кэлин да ким эмит итинник быһылааҥҥа түбэспитин биирдэ да истибэтэҕим. edersaas.ru саайтка анаан Лариса АТЛАСОВА-Алыптаах. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан