Кэпсээ
Войти Регистрация

Кэпсэтэр кэммит кэлиэ дуо?

Главная / Кэпсээн арааһа / Кэпсэтэр кэммит кэлиэ дуо?

K
01.06.2018 14:35
Билигин көмпүүтэргэ кыра эмэ сыһыаннаах киһи интэриниэккэ таҕыста да наадыйар информациятын тута булан ылар кыахтаах. Ол да үрдүнэн, аныгы үйэҕэ туох барыта чуолкай, быһаарыллан бүппүт буолбатах. Бу соторутааҕыта Челябинскай куораттан чугас халлааҥҥа үлтү ыстаммыт метеориты да ылан көрүөҕүҥ. Бу туох кэлэн эһиннэ, тоҕо ону эрдэ ким да биллэрбэтэ, билбэтэ. Быйыл тоҥ буордаах Сахабыт сиригэр хаһан да буолбатах улахан сир хамсааһыннара буоллулар. Ону эмиэ ким да эрдэ сэрэппэтэҕэ. Рим папата дуоһунаһыттан аккаастаммытыгар кинилэр таҥараларын дьиэтин кууппалын чаҕылҕан оҕуста. Биһиги билбэт, санаабыт да тиийбэт үрдүкү күүстэрэ тугу эрэ сэрэтэ сатыыллар дуу, тугуй? Сорох “халлаан үөрэхтээхтэрэ” бу ааспыт 2012 сыл ахсынньытыгар “сиргэ киһи аймах олоҕо бүтэр” диэн тугу эрэ ичээнимсийбитэ буолбуттара, ону өс киирбэх, кэнэн дьон хабан ылан субу өлөн эрэр курдук дьүһүлэммиттэрэ. Сорохтор: “2012 сылтан, көстөр эйгэ уонна көстүбэт эйгэ быыһа арыллан, улахан уларыйыылар кэлиэхтэрэ!” — дииллэр. Мин санаабар, бу иккис этии арыый олохтоох быһыылаах. Ону туоһулуон сөптөөх араас быһыы-майгы элбэх. Ити курдук киирии тыллаан баран, мин былырыын уонна иллэрээ сыл буолан ааспыт кэккэ дьикти түбэлтэлэри кэпсиим. Бастакы түбэлтэ. 2011 сыллаахха биир билэр киһим күн сириттэн барбыта. Дьиҥинэн, орто дойдуга букатынныы кэлбит суох, киһи хаһан эрэ син биир өлүөхтээх буоллаҕа. Ол эрээри, дьиктитэ диэн, бу киһи биир уруккуттан кэпсэтэр кыыһыгар төлөпүөннээбит. Кыыс, билэр нүөмэрин көрөн, кэпсэппит. Онуоха бэркэ билэр куолаһа кэпсэппэхтии түһэн баран: “Дьэ, мин эһигиттэн букатыннаахтык бардым, быраһаайдарыҥ!” — диэбит. Кыыс ону өйдөөбөтөх, тута ол киһи ханна баран эрэрин ыйыталаһа сатаабыт да, киһитэ төлөпүөнүн арааран кэбиспит. Ол киһи өлбүтүн туһунан кыыс истибэккэ сылдьыбыт эбит. Кэнники төлөпүөҥҥэ суруллан хаалбыт чыыһылатынан, бириэмэтинэн ааҕан көрбүттэрэ, били киһи өлбүтэ иккис күнүгэр төлөпүөннээбит. Ону илэ-чахчы көрбүт, бигэргэтэр дьон бааллар. Иккис түбэлтэ былырыын 2012 сыл бүтэһигэр буолбута. Биһиэхэ эрэ буолуо дуо, соҕуруунан-хотунан бэркэ ытыктанар күтүөппүт соһумардык суох буолбута. Күөгэйэр күнүгэр сылдьар, кэлэр олоххо былаан бөҕөлөөх киһи эмискэ өлөрүн саҕа хомолтолоох туох баар буолуой? Биһиги куоракка кинилэртэн чугас олорор буоламмыт, дьон аҕыйаҕар баран бокуонньугу кытта бырастыылаһан кэлбиппит. Хоруобун аттыгар соҕотоҕун олорон: “Дьэ, Толя, бу күн сириттэн наһаа эрдэ күрэнэҥҥин, биһигини улаханнык хомоттуҥ. Аны эн курдук үчүгэй күтүөт биһиги нэһилиэккэ охсуллан ааһара дуу, суоҕа дуу? Чэ, быдан дьылларга быраһаай! ” — эрэ диэбитим. Киэһэтин дьон бөҕө тоҕо анньан кэлэн бырастыыласпыттара. Ыраах нэһилиэктэртэн тиийэ кэлбиттэрэ. Күтүөппүт атын омук киһитэ этэ. Атын омуктар, үчүгэйдэрэ диэн, бэйэлэрин киһилэрин хайаан да дойдутугар илдьэн кистиир үгэстээхтэр эбит. Биһиэхэ оннук суох. Оннооҕор, бэл, аармыйаҕа сылдьан өлбүт уолаттары дойдуларыгар аҕала да соруммакка анараа хаалларбыт түбэлтэлэрэ баар буолааччы. Ол күтүөппүтүн уокка оҕустаран өлбүт диэбиттэрэ. Күтүөппүтүн ханна кистииллэрин
быһаарбакка олордохторуна, ол омук общинатын бэрэссэдээтэлэ кэлэн: “Киһибитин бэйэбит тэрийэн, уйунан дойдутун булларабыт. Эһиги бэйэҕит эрэ барсаргытын-барсыбаккытын быһаарыныҥ!” – диэн мас-таас курдук этэн кэбиспит. Онон күтүөппүтүн дойдутугар илдьибиттэрэ. Дьиктитэ диэн баар, бу күтүөппүт эмиэ били үөһэ кэпсэммит, өлбүт киһи төлөпүөннээбит кыыһыгар эрийбит. Бары уопсай алтыһар киһибит буоллаҕа. Кыыс эмиэ кини өлбүтүн билбэккэ сылдьыбыт. Төлөпүөнүгэр билэр киһитин аата тахсыбытыгар, эмиэ ылан кэпсэппит. Толя саҥата: “Дьэ, Аня, мин дойдулаан эрэбин. Бары ытыктыыр, чугас дьонум ыраах улуустартан кытта кэлэн бырастыыластылар. Онон үөрэ-көтө айаннаан эрэбин. Чэ, эһиги этэҥҥэ олоруҥ!” – диэбит. Онон кэпсэтии бүппүт. Кыыс тугу да өйдөөбөккө, Толя дьонугар эрийэн, күтүөтэ өлбүтүн дьэ билбит. Бу сырыыга бокуонньук өлөн баран үһүс күнүгэр кыыска эрийбит эбит. Ону атын дьон эмиэ бэрэбиэркэлээн көрбүттэрэ. Аны, биир дьиктитэ диэн, хоруоп аттыгар олорор биир табаарыһын санныгар киһи тайанарын курдук туох эрэ биллибит. Ол кэнниттэн Толя саҥата: “Табахтаабыт киһи!” — диэбит. Ол киһи онно баар дьонтон табах көрдөһөн аҕалан, уматан баран, табах күллүүр иһиккэ уурбут. Табахтара, киһи оборорун курдук күөдьүйэн кэлэ-кэлэ, тохтуу-тохтуу, бүтүөр диэри тардыллыбыт. Ону тула бэрт элбэх киһи кэтээн олорон баран, сөҕүү бөҕөтүн сөхпүттэр этэ. Төбөлөрүн эрэ илгистэллэрэ. Үһүс түбэлтэ. Биир нэһилиэккэ өлбүт эдэр киһини көмөллөрүгэр, сиэбигэр төлөпүөнүн уган ыыппыттар. Кистээн баран дьиэлэригэр кэлбиттэригэр, биир киһиэхэ ким эрэ эрийбит. Көрбүтэ, билигин кистээн кэлбит табаарыһын нүөмэрэ тахсыбыт. Ону куттанан холбуу барбатах. Төрдүс түбэлтэ. Биир эдэр киһи өлбүтүн кистээбиттэрэ. Кырдьаҕас эдьиийдэрэ ол бырастыылаһыытыгар сылдьыбакка хаалбыт этэ. Ол гынан баран, биирдэ киэһэ утуйар-утуйбат икки ардынан сыттаҕына, өлбүт быраата киирэн кэлбит. “Эдьиий, мин наһаа сииктээх сиргэ сытабын, олус тоҥобун, онон суорҕан наада буолла. Манна, харчы бөҕөтө хамсыыр сиригэр, харчыны сатаан оонньоппоттор эбит. Мин киирэн эргитиһэн көрүөм этэ, харчыта ыытаарыҥ”, — диэбит. Ол курдук дьиктини истэн баран, кырдьаҕас эдьиий соһуйан дьонугар эрийбит. Дьоно ол уоллара туох таҥастаах-саптаах сылдьарын ыйыталаспыттар. Эдьиийдэрэ төһө да тиһэх суолга атаарыыга сылдьыбатар, бокуонньугу хоруопка кэтэрдэн сытыарбыт таҥастарын илэ бааччы ойуулаан биэрбит. Ол кэннэ саҥа суорҕан иһигэр биир тыһыынча солкуобайы суулаан баран уҥуоҕар илдьэн уурбуттар. Ол кэнниттэн бокуонньук дьонугар да, эдьиийигэр да биллибэтэх. Чэ, табах баҕар тардылыннын, үрүүмпэҕэ кутуллубут арыгы көҕүрээтин, тэриэлкэҕэ ууруллубут аска тыытыллыбыт бэлиэ хааллын, баҕар, бокуонньук кэлэ сылдьыбыт да курдук буоллун! Оттон киһи өлбүтэ хаһыс да күнүгэр төлөпүөнүнэн эрийэрин, кэпсэтэрин, анараа дойдуга тиийэн туга тиийбэтин кэпсиирин хайдах быһаарабыт? Аһаҕас эттээх, киһи көрбөтүн көрөр, истибэтин истэр дьон бааллара биллэр. Оттон өлбүт дьон наар таптаан эрийэр дьонноро баара эмиэ улахан дьикти. Билигин киһи барыта төлөпүөннээх ээ. Бокуонньуктар иккиэн атын дьоҥҥо буолбакка, тоҕо наар биир кыыска эрийдилэр? Ким эмэ итини
быһаарыа дуо? Мин саныахпар, ол кыыс анараа эйгэттэн чугас, биһигиттэн туспа, ханнык эрэ ураты долгуннар таарыйар сирдэригэр сылдьар курдук буолан тахсар. Ол долгуну биллэхпитинэ, онно холбоннохпутуна, бокуонньуктар суотабай төлөпүөннэрин кылабыыһаҕа уура сытан, харчы уга-уга, батарыайатын ииттэрэ-ииттэрэ, кинилэри кытта хаһан баҕарар кэпсэтиэхпитин сөп буолан тахсар. Оннук үйэ кэлэн иһэр быһыылаах. Уопсайынан, биһиги бүгүҥҥү олохпутун сэргэ, “анараа дойдуга” эмиэ сибээс киирэн, харчы оонньуута сайдан, олох биир кэм иннин диэки хааман, сайдан иһэригэр тиийэр. Сүбэ СҮӨДЭР.
kyym.ru сайтан