Кэпсээ
🌙
Войти
Регистрация
Булчут үүтээнэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булчут үүтээнэ
К
Кыым
Дьылҕа
22.12.2025 15:00
Сопхуос каадырабай булчута Акыым Түҥ өрүс үөһээ өттүгэр, Үһүс Хоххоччума үрэҕиттэн икки көстөөх Мэхээлэ күөлэ диэҥҥэ, бултуур сир оҥосто сылдьыбыта. Маҥнайгы сылыгар онно мин эмиэ сылдьыспытым. Түөрт буолан тахсыбыппыт. Сопхуос бөртөлүөт сакаастаан, Мэхээлэ күөлүгэр илдьэн түһэрбиттэрэ. Балаакканан сытан, сатыы сылдьан бултаабыппыт. Аттыбытыгар Кыһыл Сыыр нууччалара туол үүтээннэригэр сыталлара. Муус аннынан собоҕо хомолууллар эбит. Ол эрэн өтөр бөртөлүөттэрэ кэлэн илдьэ барбыта, онон биһиги онно көһөн тиийэн, халлаан тымныйбыт кэмигэр абыраммыппыт. Булт суох дьыла этэ. Онуоха эбии сирбитин билбэт буолан улаханнык бултуйбатахпыт. Икки ыйы кыайбат кэмҥэ сылдьыбыппыт. Аспытынан быстарыах дьон, хата, Акыым биир тайаҕы өлөрөн уонна айахпытыгар балыктаан сылдьыбыппыт. Эһиилигэр барсыбатаҕым. Акыым Бааска (Бачылла) диэн уолу кытта биирдии “бураанынан” тахсаннар, син бултуйан киирбиттэр этэ. Сатыы сылдьар курдук буолуо дуо, ырааҕынан, киэҥ сиринэн ыырданнахтара. Эмиэ балаакканан сылдьыбыттар. Инньэ гынан “аны күһүн үүтээн тутуннахха сатыыныыһы” дэһэн кэлбиттэрэ. Үүтээн туттуохтаах сайыннарыгар сопхуостарыгар от үлэтэ кыайтарбакка, хойутаан, балаҕан ыйыгар түөрт буолан мотуорунан тахсыбыттара. Онтуларыгар буочукалаах бэнсииннэрин, утуйар, таҥнар таҥастарын, ыһыктарын, туттар малларын-салларын – барытын тиэммиттэрэ. Оччотооҕу мотуордар кыахтара диэн биллэр буоллаҕа. Эбиитин ол кэмҥэ уу түһэн, чычааран, харгыланан айаннара лаппа бытаарбыта. Ити курдук айаннаан, аара хаста да хонон, тиийиэхтээх сирдэригэр киэһэ борук-сорук буолуута биирдэ кэлбиттэр уонна ол түүн биэрэккэ уот оттон олорбутунан кэриэтэ хоммуттар. Сарсыныгар халлаан сырдыыта туран малларын-салларын биэрэккэ сүөкээн баран, аны, таһаҕастарын сүгэн, үүтээн туруохтаах биир көстөөх сиригэр сатыы хаамыы буолар. Ол гынан баран таһаҕастаах хаамар сылаалаах, онон Чаачар диэн улахан элгээн кэриитигэр сынньаныах диэн, тохтууллар. Онтон Мэхээлэ күөлүгэр, үүтээн тутар сирдэригэр, мантан сылдьыахпыт диэн быһаарыналлар. Ити кэннэ арай балааккаларын туруора сырыттахтарына, чугас соҕус Акыым ыта үрэн лоҥкунаппыт. Акыым Харабыынын ылан, саҥа хоту барбыт. Өтөр буолаат, үстэ ытар тыаһа иһиллибит, онтон бэйэтэ кэлэн “атыырдаах тыһыны охтордум” диэн кэпсээбит. Онон Бааскатын ылан, тайахтарын астыы барбыттар. Байанайдара чахчы да кинилэргэ анаан, ирээттээн уурбут курдук бултуйбуттар. Дьиҥэр, тайах обургу сытымсаҕа, чуора бөҕө буоллаҕа. Ол гынан баран биһиги дьоммут күнү быһа хаста да даҕаны кырыныахтарыгар диэри турбут, кэпсээннэригэр, саҥаларыттан тэһииркээн дьаадьайбатах. Сылайа-элэйэ, аанньа аһаабакка, сүгүн утуйбакка да сылдьыбыт дьон ити кэннэ хамсаналлара-имсэнэлэрэ тэтимирэ түспүт. Түүннэри кутааларын тула олорон эт буһарынан сиэбиттэр. Урут түһэн эттэххэ, күүстээх үлэҕэ сылдьар дьон кэлиэхтэригэр диэри ол эттэрин сиэн абыраммыттар. Сарсыарда халлаан сырдыаҕыттан киэһэ хараҥарыар диэри сылдьаллара үһү. Ол курдук үүтээннэрин үс күн тура үлэлээн бүтэрбиттэр. Икки киһи сытар дьоҕус үүтээнэ буолбут. Хата, халлааннара да туран биэрбит. Аҕыйах хонугунан түүнүн тымныйан, сир кырса тоҥон, күөллэр туран киирэн барбыттарыгар төннөрдүү хомунуу буолар. Малларын хаалларарын хаалларан, илдьэ
баралларын үрэххэ диэри төттөрү бэрэбиэстээн баран, төһө да бириэмэ ыктар, кыдьымах киирэн эрэр буоллар, биир-икки күн балыктыахха диэн буолбут. Таайбыттар, оруобуна ити күннэргэ үрүҥ балык киирэн, бултуйуу бөҕөнү бултуйбуттар. Онон үөрэ-көтө төннүү буолбут. Ол эрээри, үөрүүлэрэ уһаабатах, бастакы чүөмпэҕэ кэлбиттэрэ, туран, мууһунан килэйэ сытар үһү. Акыым куорпуһунан астаран көрбүт да, кыаллыбатах. Түҥ өрүс уута аҕыйаҕар чүөмпэтэ күөллэри кытта тэҥҥэ тоҥор идэлээх. Инньэ гынан арыый хойутаан хааланнар, бадьыыстаах дьыалаҕа түбэспиттэр. Аны туран, онтон сатыы Үгүлээти булуох диэтэххэ, олоҥхолоох-тойук – түҥ тайҕанан уонча көһү хаамыаххын наада. Эттэрин, балыктарын да хайдах быраҕан барыахтарай? Онон Киэсэ (Мээмэчээн) куорпуһун малын-салын куорпус ортотун диэки дьаарыстаан, онно өссө таһаҕас эбэн, оҥочо тумса ууттан арыый өндөйө сылдьарын курдук гынан баран (“Обь” куорпус буолан лииһэ арыый халыҥ), боруобалаан көрүөххэ диэн, арыый сэниэлээх соҕустук кэлэн мууска астарбыттара, дьэ хайытан барар. Ити курдук бастакы чүөмпэлэрин мүччү көтөллөр. Уолаттар тута санаалара көнөр. “Маннык айаннаан барыахха сөп эбит, саамай сүрүнэ тохтоомуохха, түүннэри айанныахха наада” дэһэллэр уонна өтөр Үгүлээт бириистэнигэр тиксэллэр. Үгүлээт таһыгар кэлэн Киэсэ мотуорун крылчатката алдьанан, бэнсииннэрэ аҕыйаан, икки киһи бөһүөлэккэ сатыы бараллар. Онно тиийэн доҕотторуттан сапчаас, бэнсиин булан, биэрэккэ диэри массыынанан бырахтаран, оҥостон баран дойдуларын этэҥҥэ булаллар. Кэлин Акыымнаах Бааска ол үүтээннэригэр тахсыбатахтара да быһыылааҕа. Арай мин хас да сыллааҕыта Сэмэни кытта аҕыйах хонук бултаан ааспыттаахпын. Тиэтэлинэн тутуллубут диэх курдук. Үүтээн тымныы, кыараҕас, оһоҕо кыра этэ. Аны туран, чугаһынан уокка оттор кураанах мас суоҕа. Билигин биир эмэ булчут хонон ааһара эбитэ дуу, суоҕа дуу? Эбэтэр букатын даҕаны улахан ойуур уотугар былдьаммыта дуу? Ол улахан кэмигэр хас да булчут үүтээнэ былдьаммыттааҕа. Басхаай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан