Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ойууннуурун оннугар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ойууннуурун оннугар
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
18.05.2018 17:28
Өрүс мууһа баран турар кэмэ. Хас да күнү быһа хомсомуоллар дэнэр дьон улахан хомуһуннаах ойууну тутан, “ойууннааһын – былыргы олох хаалынньаҥа, онон отой бырах” диэн хаайаллар. Уһуннук ыххайан “ойууннуурбун быраҕабын” диэн, кумааҕыга сурук суруйтаран, илии баттатан ылаллар. Ойуун дьиэтэ өрүһү өҥөйөн турар. Дьиэттэн салгыы – харыйа түҥ ойуур. Били дьон кумааҕыга илии баттаабытыгар топпоттор. Улуус киинин диэки бараары олорон “аны хомуһунун көрүөхпүт этэ” диэн күлэллэр. Эдэр, уолҕамчы, оройунан көрбүт киһийдэхтэр кырдьаҕаһы ыххайбыттарыгар кыһамматын иһин, кырбыах да курдук сутуруктарын сууланаллар. “Чэ, сөп! Таһырдьа тахсыаҕыҥ!” диэн буолар. Таһырдьа саамылаһан тахсан, оҕонньордорун көрөн турдахтарына, “чэ, сэрэниҥ, итиэннэ бэйэҕит эппиэттиигит!” диэт, икки илиитин өрө көтөҕөр, аргыый аҕай киһи өйдөөбөт тылларынан саҥара-саҥара ойуур диэки эргийэр. Итэҕэйбэт дьон ойуур диэки көрбүттэрэ – харыйа ойуур иһиттэн сүр улахан хара эһэ тахсан кэлэр! Турар дьону көрөн, икки кэлин атаҕар хололоон өрө турунан кэбиһэр! Сибилигин аҕай “ойууннааһын былыргы олох хаалынньаҥа, сымыйа” диэн аймана, кырдьыгы эппит курдук санана сылдьыбыт дьон, туох да үлүгэрдээхтик куттанан, өрүскэ сүүрэн түһэллэр, кытыыга турар тыыларын өрүс ортотун диэки анньан куотар аакка бараллар... Кырдьаҕаһы улуус киинигэр илдьиэхтэрэ баара дуо, хааллаҕа дии. Үүт тураан олох салҕанар. Самаан сайын кэлэн, саха дьоно ыһыахпыт саҕаланар. Ойуун саха киһитэ буолан, ыһыахтан хаалбат. Кымыс иһэ олорон, холкуос бэрэссэдээтэлэ салайыытынан актыбыыс ааттаах дьон эмиэ тыллара тардан, ойууннааһыны “былыргы олох хаалынньаҥа” диэн, оҕонньору били дьон курдук тылынан суустаан бараллар. Ойуун, дьон-сэргэ туоратарыттан дууһата чарааһаан сылдьар киһи, аргыый туран кэлэр. Тохтоон, дьону кэрийэ көрөн баран, аргыый аҕай дьиэтин диэки сүөдэҥнии турар. Дулҕа бөҕөтө үүммүт сиринэн туораан баран эргиллэн, үрдүк халлаантан тугу эрэ көрдөһөрдүү икки илиитин өрө уунар. Халлаан диэки хантайан ыһыах буола турар сирин диэки эргийэр. Икки илиитин халлаантан түһэрэн дулҕалаах сир диэки ыйар. Ону кытта үлүгэрдээх улахан холорук эриллэн түһэр. Киһи самаҕыттан иҥнэр улахан дулҕалары эрийтээн, отон курдук сөрөөн ылаттыыр. Онтулара өрө көтөн тахсаллар да, ыһыахтыы сылдьар дьон диэки куугунаабытынан кэлэн саккыраһаллар. Дьон хаһыытаһа түһээт, үрүө-тараа ыһыллан хаалаллар! Ол түбэлтэ кэнниттэн дьон куттанан, тыл да төбөкөөнүнэн кырдьаҕас туһугар хараҥа санааны илдьэ сылдьар дорҕоону таһаарбат буолаллар. Дьон-сэргэ ытыктаан, аатын ааттаабат сүдү ойууна бу күн сириттэн барбыта ыраатта. Сир-дойду эҥин бэйэлээхтэри уорҕатыгар кистээн сыттаҕа эбээт. Уйбаан Александров. Уруһуй — nature.baikal.ru саайтан
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан