Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сиэри-туому тутуспатахха...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сиэри-туому тутуспатахха...
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
04.05.2018 17:40
Убайдарым – устудьуоннар, бэйэм тохсус кылааска үөрэнэбин. Кэтэһиилээх кус кэмэ саҕаланан, убайдарым өрөбүллэригэр киирэн, айылҕаҕа хоно тахсарга сананныбыт. Ыһыкпытын, саабытын, хаамырабытын ылаат, айаммытыгар туруннубут. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн түүл-бит бөҕөтүн көрөөччүбүн, түүн ортото баттатан уһуктарым, дьоммун куттуурум. Ол баттаппыппын, ытаан, хаһыытаан уһуктубуппун саната-саната, убайдарым күлүү гына истилэр, киһини үтүктэн хайдах буолуохтарын билбэтилэр. Мин өһүргэниэм оннугар, хата, убайдарым араастаан тутталларын көрөн, бэйэлэриттэн күлэ истим. Тиийээт, кулуһун оттон, ол тула олорон чэйдээтибит. Дьиҥинэн, кустуу эҥин кэлбэтэхпит, ахтыспыт дьон быһыытынан айылҕаҕа сынньана, кэпсэтэ, аһыы-сии таҕыстахпыт. Убайдарым арай бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, күлэллэр, тугу эрэ кистиир курдуктар. Онтон улахаммыт сүгэһэриттэн арыгы хостоото. Мин сөбүлээбэтим. Убайдарым туспа барыахтарыттан уларыйбыттара биллэр. Арыгыларыттан кута сатаабыттарын буолумматым. Сынньаныахпыт, кэпсэтиэхпит дии санаабытым даҕаны, кинилэри кэтииртэн соло буолбат буоллум диэн кыһыйа олордум. Санаам түһэн, саҥата суох барбыппар убайдарым сөбүлээбэтэ диэн сэрэйэн «чэ, наһаа итинник туттума ээ, кыратык иһэн баран тохтуохпут, убайдаргар кыыһыраҕын дуо?» диэтилэр. Кыра эрдэхпититтэн эйэлээхпит, этиспиппит-охсуспуппут диэн соччо суох. Ити курдук кэпсэтэ олордубут. Дьонум биир бытыылкаларын бүтэрэ оҕустулар, онтулара төбөлөрүгэр тахсыбыта билиннэ. Улахаммыт аны кэнсиэрбэ бааҥкаларын сыал гынан ытыалыахха диэн турда. Убайдарым сыыһа-халты ытан дуу, мөккүһэн-этиһэн дэҥнэниэхтэрэ диэн, наһаа куттанным. «Арыгылаах кэлэллэрин билбитим буоллар, кэлсиэм суох этэ» диэн кэмсинэ олордум. Дьэ, кэбилэннилэр аҕай. Хаһааҥҥытааҕар да куһаҕан уонна кутталлаах күн этэ. Билигин бу ыал аҕата буолан олорон санаатахпына, акаары да эбиттэр. Кэнсиэрбэ бааҥкаларын сиирэ-халты ытыалаатылар, хас эмэ тиити таптылар, түүн буолуор диэри ол курдук айманнылар. Онтон син дьон дьон курдук уулара кэлэн, балааккаҕа киирэн сыттылар. Арыгыларын сыта ынырык, балааккаҕа киирбэккэ кулуһун аттыгар олордум. Түүн үс чаас буолла. Уум сатаан кэлбэккэ, тоҥо-тоҥо «балааккаҕа киирэн сытарым дуу?» дии саныы олордохпуна, биир убайым хаһыытаан туран кэллэ. Номнуо өйдөммүт, балааккаттан сүүрэн таҕыста. Сирэйэ-хараҕа турбут, олус куттаммыт дьүһүннээх. Улахан убайым «туох буоллуҥ, бэйэҥ баттатар эбиккин дуу?» дии-дии, иэрийэ-иэрийэ күллэ. Ортокубут улахаммытыгар «балааккаттан таҕыс, кыыс олорор, күлбэккэ таҕыс» диэтэ. Улахан убайым балаакканы арыйан көрдөрө-көрдөрө «ханнааҕы кыыскын, баҕа санааҕын этэҕин дуо?» диэн өссө бууса күллэ. Ортоку убайым кыбыһынна быһыылаах, «кырдьык, ким эрэ олорорун көрбүтүм...» диэн буруйдаах курдук иһигэр ботугураата. Балаакка барыта арыгы сыта, сүрэҕим көбө-көбө сытан, нухарыйан киирэн бардым. Атахпыттан ким эрэ тарпытыгар олоро биэрдим. Арай атахпар кыыс диэхпин кыыс буолбатах, хабах курдук сирэйдээх, тырыттыбыт, сытыйбыт таҥастаах илэ абааһы олорорун көрөн, хаһыытаат, убайбар сыһынным. Били «кыыс» күлэ-күлэ балааккаттан тахсан баран хаалла. Кыбыстар эҥин диэни билбэккэ, уйа-хайа суох ытаатым, убайдарбар кыыһырдым, бардым диэн куттаатым. Ол курдук үһүөн суксуруһан дьиэлээбиппит. Ити дьыл улахан убайбыт эмтэммэт ыарыыга ылларан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, сотору олохтон туораабыта. Балыыһаҕа да сытан, түүлүгэр туох эрэ кыыһы көрөн,
куттанан, итииргээн, олоро биэрэрэ, айманара харахпар субу баарга дылы. Үһүөн саас буолбут быһылааммытын санаан, үөһэ эрэ тыынарбыт. Анараа дойдулууругар убайым барахсан тугу-тугу санаахтаабыта буолла?.. Баһылайап С.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан