Кэпсээ
Войти Регистрация

Толук уурбут

Главная / Кэпсээн арааһа / Толук уурбут

K
02.05.2018 14:39
Урут абааһыны муннарыы диэн өйдөбүл баарын кырдьаҕас дьонтон истибиттээхпин. Онно киһини аатынан ыҥырбакка, хос аатынан харыстаан ыҥыраллара. Холобур, утуйан түлэкэдийэ сытар киһини аатынан ыҥырбакка “нохоо, хотуй!” диэн уһугуннаралларын санатыахха сөп. Урут оҕо турбат ыала оҕолорун барытын биир аатынан ааттаан “абааһыны муннараллара”. Ол түмүгэр биир ааттаах киһи нэһилиэккэ хара баһаам буолара. Бу сиэр-туом оруннаах курдук. Ытык кырдьаҕастар кыра балтылара билиҥҥэ диэри чэмэлкэйдик сылдьарын аатын суруйбатым (көрдөспүттэрэ оннук). Кырдьаҕас кэпсээниттэн: Эдьиийэ ыалдьа сыттаҕына, баттатан уһуктара элбээбит. Түһээтэҕинэ, өрүү биир түүл хатыланан түүн аайы сорун сордуур эбит. Ким да кэлбитэ биллибэккэ, кэнниттэн кэлэн саҥа дорҕооно дьонун аатын ыйыта сатаан бардьыгыныыра элбээн барбыт. Хас да түүн оннук баттатан, дьонун аатын этиэхчэ эппэккэ буолан иһэн уһуктуталыыр буолбут. Онтон ыксаан, эбэтигэр кэпсээбит. Онуоха эмээхсин: “Дьонуҥ аатын отой этимэ, олох ыксаатаххына, ынах-сүөһү аатын ааттаар”, — диэн сүбэлээбит. Хас да хонон баран, бу түүл эмиэ хатыланан барбыт. Биир күн оннук сордоно сытан, алҕас бургунаһын аатын “төлө ыһыктан” кэбиһээхтээбит. Сарсыныгар дуу, өйүүнүгэр дуу бургунаһа аһыы баран баран кэлбэтэх. Араастаан бары көрдүүллэр да ол күһүн булбаттар. Сааһыары ол бургунас курдук кыра сүөһү күөл кытыытыгар ууга түһэн өлө сытарыгар алҕас түбэһэ хаамар. Аттыттан, били, бургунаһын баайа сылдьыбыт быатын булан ылар. Быаны булан ылаат, тоҕо эрэ эмискэ били түүллэрин санаан кэлэр. Бу бургунаһын аатын түһээн “алҕас” ыһыктыбытын сарсыныгар эдьиийэ барахсан харахтан сыыс киирбитин ылардыы, начаас туран кэлбитин өйдүү биэрэр... Ону оччотооҕу билээччилэртэн ээр-сэмээр ыйыталаспытын: “Эдьиийиҥ тыынын быыһаабыккын, бургунаһы толук уураҥҥын, арахпыттар”, — диэн тойоннообуттарын сибигинэйэн ахтар. Баҕар, ол сытан алҕас дьонум аатын эппит буолуум, чахчы, илдьэ барыа эбиттэр диэбитэ. Ол да буоллар дьиксиммит санаатын үллэстибититтэн хайдах эрэ кэри-куру буолан ылбыттаах. Кырдьык, киһи түүлүн көмөтүнэн элбэҕи билэр. Иччилээх түүлү сөпкө тойоннуур дьон көмөлөрө улахан. Арханда.
kyym.ru сайтан