Кэпсээ
Войти
Регистрация
Саҥаспар ыалдьыттаабытым
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Саҥаспар ыалдьыттаабытым
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
27.04.2018 16:23
Мин урут Тэрэнтэй диэн таайдаах этим, ийэм бииргэ төрөөбүт быраата. Өлбүтэ ыраатта, уонтан лаппа тахса сыл буолла. Дьэ бу Тэрэнтэй отут түөрт-биэс саастаах сылдьан, ойоҕун-оҕолорун быраҕан атын дьахтарга иирэн барбыта. Мин дьонум аах онтон сылтаан Тэрэнтэйи кытта улаханнык иирсибиттэрэ. Биллэн турар, кинилэр бастакы кийииттэрин диэки этилэр. Тэрэнтэйбит ол дьахтарын сырсан Дьокуускайдаан хаалбыта, дьоно Бүлүүгэ хаалбыттара. Кини оҕолоро биһигини кытта бииргэ төрөөбүт оҕолор курдук эмдэй-сэмдэй улааппыттара. Тэрэнтэй иирэн барбыт дьахтарын бастаан ийэм үбүлүөйүгэр кэлэ сырыттахтарына көрбүтүм. Халыматтан төрүттээх, халымалыы эҥээритэн саҥарар толуу, кырасыабай, сиэнчэрдии дьүһүннээх кугас дьахтар этэ. Ийэм үбүлүөйүн остуолугар олорон Тэрэнтэйбит, биэс уончалаах киһи, саҥа ойоҕун кытта куустуһан уураһа-сыллаһа олороллорун, эдэр оҕолор курдук тутуһалларын-хабыһалларын дойдум дьоно, ол иһигэр ийэлээх аҕам, олус улаханнык омнуолуу, сиилии көрбүт этилэр. “Ама да таптаспыт баарын иһин, дьон көрөр эҥин диэн тардыммакка итинник убахтаһа олорбут да диэн... Ыал буолбуттара да ыраатта ээ, уонтан тахса сыл буолла” диэн бэркиһээн кэпсэтэллэрэ. Уопсайынан, сурах-садьык хоту иһиттэххэ, Тэрэнтэй иккис ойоҕун кытта олус тапсан, таптаһан олорбуттара быһыылааҕа. Арай, оҕоломмотохторо. Дьон кэпсииринэн, Халыма Таанньата эмиэ урут эриттэн арахсыбыт дьахтар эбит. Урукку эрэ буор иһээччи буолан элбэхтик эрэйдиирэ, сынньара-кырбыыра үһү. Биһиги дьоммут саҥа кийиити судургутук “Халыма Таанньата” диэн сүрэхтээбиттэрэ. Букатын сылдьыспат, сибээстэспэт этилэр. Тэрэнтэй иккис ойоҕун кытта сүүрбэччэ сыл бэрт эйэлээхтик олорон баран, инсуллаан өлөн хаалбыта. Биһиги аймаҕы кытта ситимниир туох да оҕото-уруута суох буолан, онуоха эбии урут да улаханнык ымманыйсыбатах буолан, Халыма Таанньатын кытта биһиги сибээспит бэрт түргэнник арда аппыта. Дьиҥинэн, туох да куһаҕана суох дьахтар этэ. Биһиги таайбыт иирэн оҕотун-уруутун быраҕан барбытыгар кини, дьиҥинэн, олус улахан буруйа да суоҕа эбитэ буолуо. Кэлин устудьуоннуу сылдьан, күһүн уопсай аһылла илигинэ эрдэлээн кэлэн баран, хонор сирэ суох буолан, улахан кыһалҕаттан, саҥаспар Халыма Таанньатыгар хоно тиийбиттээҕим. Ол иннинэ кини бэйэтэ да уулуссаҕа алҕаска көрсө түстэҕинэ, “тоҕо биирдэ да ыалдьыттыы, хоно кэлэ сылдьыбаккын?” диэн ыҥырар үгэстээҕэ. * * * Халыма Таанньата Дьокуускай куорат киинигэр икки хостоох дьиэҕэ олорор эбит. Бастакы эриттэн биир кыыстааҕа ханна эрэ соҕуруу үөрэнэ сылдьар буолан суоҕа. Киирэн кэпсэттибит. Таанньа сааһырбыт, былыр хаһан эрэ таайбын Тэрэнтэйи иирдибит үтүө сэбэрэтэ, туналҕаннаах ньуура лаппа өлбөөдүйбүккэ дылы буолбут. Уопсайынан даҕаны, олус нарын, кырасыабай, “бааһынайдыы” сирэйдээх дьахталларга күн-дьыл, кырдьыы олус түргэнник уонна сууһарыылаахтык дьайар. Чэйдии олорон саҥас Таанньа мин дьүһүммүнэн таайбар олус маарынныырбын, кинилэр бииргэ олус эйэлээхтик олорбуттарын, кинини билиҥҥэ диэри суохтуурун, таарыйа, кини аймахтарын кытта олус чугас, аймахтыы сыһыаны олохтуон үйэтин тухары ыралана санаабытын биһиги чугаһаппатахпытын эҥин бэркэ хомойон, соҥуоран олорон кэпсээтэ. Бачча кэлбиччэ, кэпсэппиччэ, мин мэлдьи да сылдьар буолуохпун баҕарарын биллэрдэ. Бу олорон мин
да Таанньа Тэрэнтэйдиин олус истиҥник санаһан, таптаһан олорбуттарын бүк итэҕэйдим. Ол курдук, дьиэҕэ хас да сиргэ көстөр сиргэ таайым улаатыннарыллыбыт мэтириэтэ баар эбит. Киэһэ утуйуу буолла. Мин уум кэлбэккэ бэрт өргө диэри эргийэ-урбайа сыттым. Эбиитин кимнээх эрэ: “Саҥаскыт Таанньа Халыма ханнык эрэ аатырбыт ойуунун чугас аймаҕа дуу, сиэнэ дуу дииллэр. Кини эһэтин дуу, аймаҕын дуу туһунан “Ханидуо уонна Халерхаа” ромаҥҥа суруллан сылдьар (Төкөйө ойуун диэбиттэрэ быһыылааҕа). Онон кини эмиэ удаҕан аҥаардаах. Тэрэнтэйи ханнык эрэ былыргы хомуһунунан бэйэтигэр баайан, өйүн сүүйэн эргэ тахсыбыт үһү. Өлбүтүн да кэннэ талбытынан ыҥыран ылан кэпсэтэр, аһатар, оннооҕор, таптаһар дииллэр”, — эҥин диэн ууну-хаары кэпсээн судураайдаабыттара өйбүттэн тахсан быстыбакка сордоото. Ити курдук сытан утуйан хаалбыппын. Түүн ытыс таһынар ыас хараҥаҕа куукунаҕа иһит-хомуос халыгырыыр тыаһыттан соһуйан уһугуннум. Ким эрэ соруйан “иһилиннин” диэбит курдук холустук иһити тыаһатар, тамныыр, өрө-таҥнары саамылыыр. “Саҥаһым Таанньа туран сырыттаҕа дуу, тоҕо уоту умаппакка хараҥаҕа хачыгырыыр баҕайытай?” — диэх курдук саныы сыттахпына, ыраах хостон Таанньа саҥата “тыаһаан-ууһаан бүт эрэ, айака, сүгүн утут” диир саҥата иһилиннэ. Олус соһуйдум. Бэйэбэр ылына санаан, “мин буолбатах” диэри өндөҥнөөн эрдэхпинэ... Куукунаттан хоруйдаатылар. Ону саныы-саныы билиҥҥэ диэри куйахам үмүрүтэ тыытар... Наһаа билэр саҥам, Тэрэнтэй уордайбыт куолаһа, миигиттэн адьас аҕыйах хаамыылаах куукунаттан: “Ким хоно кэллэ бу!” – диэн доргутта. Этим салаһыар диэри куттанан, илиим-атаҕым барыта хамсаабат буола бакаайыланан, өйүм-санаам барыта тууйуллан-тумнастан, арааһа, өйбүн сүтэрдим быһыылааҕа. Салгыытын түһээбитим эбитэ дуу, илэтэ эбитэ дуу, Таанньа саҥата “бэйэлээх бэйэҥ быраатыҥ кэлэн хоно сытар...” дииргэ дылыта. Сарсыарда халлаан сырдыырын кытта ыстанан туран бу кутталлаах дьиэттэн буутум быстарынан куоппутум.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан