Кэпсээ
Войти Регистрация

Оттуу сылдьан

Главная / Кэпсээн арааһа / Оттуу сылдьан

K
27.04.2018 16:22
Отучча сыллааҕыта, сопхуостар туругуран турдахтарына, сайын турардыын-турбаттыын бука бары от үлэтигэр тардыллар этилэр. Оччолорго биһиги, оҕолор, ЛТО-ҕа үлэлиибит. “Үлэ-сынньалаҥ лааҕыра” диэн ааттаахпыт даҕаны, үрүҥ харахпытын өрө көрбөккө оттуубут. Сынньалаҥҥа бириэмэ тиийбэт. Ол курдук, Өлөҥнөөх диэн улахан сыһыы соҕуруу баһыгар оттуу сырыттахпытына, ЛТОбут тырахтарыыһа, от оҕустарааччы Алаа Хабыыһа диэн эдэрси киһи баара бөһүөлэктэн тиийэн кэллэ. Ити курдук, кини дөрүн-дөрүн бөһүөлэккэ баран ыһык тиэйэн кэлэр эбээһинэстээҕэ. Таарыйа, учууталларбытыгар кэһиитин арыгы аҕалара. Ол саҕана оскуола эр дьоно бука бары кэриэтэ ЛТОҕа хабыллан үлэлииллэрэ. Мин, ЛТО саамай улахан уола (икки сыл кылааспын хаалбытым), “бэйэ киһитэ” аатыран учууталларым кэпсэтиилэригэр эҥин мэлдьи тэҥҥэ кэриэтэ сылдьыһабын. Туораппаттар этэ. Быһата, учууталлар уонна оҕолор “икки ардыларынан” курдук балаһыанньалаахпын. Киэһэ учууталлары кытта чэйдии олорон Хабыыһа күлэ-күлэ оройуонтан милииссийэлэр оттуу кэлбиттэрин, кинилэри биһиги Өлөҥнөөхпүтүгэр анаабыттарын кэпсээтэ. Ол дьону кини таарыйа бөһүөлэктэн тиэйэн аҕалан Баҕарахха баар иччитэх, абааһылааҕынан аатырар өтөххө хааллартаабыт. “Саамай үчүгэй сир бу баар, манна түһэргит ордук буолуо” диэн сүбэлээбит. Дьоно онно эргэ балаҕан таһыгар балаакка тардына хаалбыттар. Ол туһунан Хабыыһа, мындыр өйүн хайҕата сатыыр киэбинэн, өр да өр төннөн кэлэ-кэлэ кэпсээтэ, күллэ-салла. “Дьэ, абааһы баар эбит буоллаҕына, күүһүн-кыаҕын көрдөрөрүгэр саамай табыгастаах хампаанньаны булан биэрдим. Милииссийэлэр ортолоругар субу сиэх-аһыах айылаах сирэйдээх-харахтаах, тыллаах-өстөөх эр бэртэрэ элбэх этилэр, бэйэлэрэ быһаарсыахтара. Таарыйа, абааһы баарын дуу, суоҕун дуу научнай таһымынан дакаастыахпыт”, — диэмэхтээтэ. Учууталларбыт ону улаханнык сэҥээрбит сибикини биллэрбэтилэр. Абааһыны итэҕэйбэт дьон буоллахтара. Ол эрээри, “сарсын саҥа дьукаахтары кытта билсэ барыах баар эбит” диэн буолла. Сарсыныгар илим көрө таарыйа, икки учууталы кытта үһүө буолан тыынан күөл уҥуор баар Баҕарахха бардыбыт. Күнүс эбиэт саҕана быһыылааҕа. Уҥуор тиийбиппит, дьоммут саҥа турбуттар. Уһун түүнү быһа “бырааһынньыктаабыт” чинчилээхтэр. Сирэйдэрэ-харахтара өспүтэ, дьүдэйбитэ сүрдээх. Өтөх тиэргэнин иһигэр туруоруллубут балаакканы көтүрэн таска көһөрө сылдьаллар. Хамандыырдара быһыылаах, кып-кыһыл хааннаах, лис курдук эттээх, саар тэгил уҥуохтаах, өтөрү-батары көрбүт, быһа-бааччы саҥалаах киһи кэлэн кэпсэттэ. “Били тырахтарыыс б...т эһигини кытта баар дуо? Туох эрэ дьикти сири ыйан биэрбит быһыылаах. Бэҕэһээ тоҕо эрэ бэрт үөннээхтик ымаҥныыр, хараҕын кистиир этэ. Суолас! Биир киһибит төбөтүнэн буккуллан кэлгийэн хоннордубут. “Эмээхсин сылдьар, бу киирдэ, ити барда-кэллэ” диэн түүн утуталаабата, сарылыы-орулуу хонно. “Гэрээчикэлээтэ” дуу, тугуй? Онуоха эбии, кус оҕолуохпут, отуубутун манатыахпыт диэн илдьэ кэлбит ыппыт өлөн хоммут. Түүн ыйылыыр саҥата бөҕө этэ. Сарсыарда балааккабыт иһигэр киирэн өлө сытарын буллубут. Бу сир туһунан тугу билэҕит?” — диэн туох да тардылыга суох, быыһыгар бэрт үөрүйэхтик, имигэстик маатыралаан субурута-субурута, ыйыталаста. Дьону кытта туох да дипломатията суох судургутук, хамаанда-доппуруос аҥаардаахтык кэпсэтэ үөрэммит киһи быһыылаах. Тыа учууталларын аайы тардына сылдьыа баара дуо... Учууталларым кулук-халык тутуннулар, “туохтаах
буолуоҕай, сир курдук сир” дэстилэр. Кэпсэтии салгыы улаханнык сайдыбата. “Хамандыыр” кырдьыгы кэпсиир быһыылаах. Көһөн кэлбит дьон илдьэ кэлбит малларын, куулларын-дьааһыктарын ортотугар биир киһи төбөтүн хам туттан баран умса түһэн олорор. Аттыгар хас да киһи туран кэпсэтэ, санныттан сахсыйа, ону-маны ыйыталаһа сатыыллар. Өлбүт ыттарын туора суол кытыытыгар соһон кэбиспиттэрэ көстөр. Кэлин истибиппит, ол ыалдьыбыт киһилэрин төттөрү ыыппыттар этэ. Салгыы милиссийэлэр тугу эрэ көрбүттэрин дуу, көрбөтөхтөрүн дуу билбэппин. Ол гынан баран, үс-хас нэдиэлэ ол сирдэриттэн көспөккө сытан оттообуттара, арыгыны да хото испиттэрэ. Инньэ гынан, Хабыыһа абааһы баарын-суоҕун дакаастыыр мындыр эспэримиэнэ табыллыбакка хаалбыта. Өскөтүн, милииссийэлэри кытта кырдьык арыгыһыт киһи кэлсибит буоллаҕына, тоҕо гэрээчикэлиэ суоҕай. Оттон атах анныгар эриллэ, онуоха эбии тохтообокко ыйылыы, ньиэрбэҕэ оонньуу сылдьар ыты итирик-кутурук дьон тоҕо быарын быһа тэбэн өлөрүө суохтаахтарый... Сис Сэмэнэ, Бүлүү.
kyym.ru сайтан