Кэпсээ
Войти
Регистрация
Холорук
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Холорук
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
20.04.2018 16:48
Киһи олоҕун устатыгар элбэх дьикти түбэлтэҕэ түбэһиэн сіп. Санаата хоппотоҕуна, толкуйа тобулбатаҕына, быһаара сатаан түүннэри-күнүстэри эрэйдэнэр. Киһи кыайбатаҕа, быһаарбатаҕа диэн, аҕыйах буолан баран... Бу түбэлтэ кыра сырыттахпына эһэм эмискэ ілбүтүгэр тахсыбыта. Эһэм барбыт сааһыгар араас саІаны-иІэни истэр-кірір буолбутум. Санаабар, эһэм миигин кытта кэпсэтэр, сүбэлиир-амалыыр курдуга. Кини саІатын иһиттэхпинэ, туохтан эмэ хоргутан, ытыы да туран, дьикти баҕайытык уоскуйан хааларым. Туох эмэ күчүмэҕэй түбэлтэҕэ түбэстэхпинэ, кини саІата кулгаахпар иһиллэн ааһара. Оччоҕо мин хайдахтаах да кутталлаах түбэлтэҕэ кыбыттарбытым-ыктарбытым иһин, санаам біҕіргүүрэ. Сайын “Школьник” бэлисипиэтинэн дэриэбинэ хаппыт туой суолунан чугас эргин хатааһылыыр идэлээҕим. Арай биирдэ дэриэбинэҕэ кэйиигинэн аатырар икки атыыр оҕус, харсаары адаарыІнаһан, хара буору ірі бурҕатан, суолбун быһан, эргэ дал диэки түһүнэ турбуттара. Оччолорго оҕустар харсалларын сырса сылдьан кірір буоларбыт. Сороҕор икки оҕуһу буорунан дэлби быраҕаттаан, кыйахаан аҕалан, киирсиһиннэрэр идэлээх этибит. Мин бэлисипиэппин суолга хаалларан баран, оҕустары батыспытым. Быраҕыллыбыт дал иһигэр киирэн хаайтардылар быһыылаах. Харахтарын үрүІэ кістүбэт, іһіх кыһылынан кірі, сырааннара санньылыйа сылдьара. Дьэ, сирэй-харах біҕіті этэ! Күрүі уІуор тимир кілі батыллан хаспыт дьааматыгар саһан, тыын быһаҕаһа тыынан, харсалларын кэтэһэн сыппытым. Оҕустар улам-улам бэйэ-бэйэлэригэр чугаһаан кэлбиттэрэ. Истэрин түгэҕэр, киІинэйэр курдук, бүтэІи баҕайытык айаатыы-айаатыы харсыбакка, тігүрүйэ кіті, суоһурҕана сылдьыбыттара. Киһи баар сибикитин билбэттэр быһыылааҕа. Отой аттыбынан ааһаллара. Чугаһаан кэллэхтэринэ, ірі уһуутуу сылдьан таһаарар сылаас салгыннара сирэйбэр биллэргэ дылыта! Арааһа, урут-уруккуттан бэркэ билсэр буоланнар, хайа-хайалара иннин биэрэр санаалара суох быһыылааҕа. Өрі ытылла сырыттахтарына, дал хоту іттүнээҕи аппаттан холорук ірі ытыллан тахсыбыта. Хаппыт оту кытта буору-сыыһы ірі ытыйан таһаарда да, оҕустары кірді-кірбүтүнэн ытыллан кэлбитэ. Харсаары бырдаІалыы сылдьыбыт оҕустар саһан сытар аппам диэки харахтара тэстиэҕинэн, күрүінү кірді-кірбүтүнэн ыстанан кэбиспиттэрэ! Бу алдьархайы! Ол икки ардыгар кэннибэр эһэм: “Хотон үрдүгэр таҕыс!” — диир саІата иһиллэргэ дылы гыммыта. Соһуччута бэрдиттэн, эһэм саІатын хоту кэннибэр турар иччитэх хотон алдьаммыт түннүгэр аІаар атахпынан үктэнэн эрэр курдугум да, хотон үрдүгэр хайдах тахсыбыппын билиминэ да хаалбытым! Кэннибэр сүрдээх баҕайытык күрүі барчаланар тыаһа иһиллээтин кытта, сіп-сірүүн салгын тириппит кіхсүбүн супту үрэн ааспыта. Харахпын симэн баран, хотон чаана тахсар үілэһин кууһан, бүк түһэн хаалбытым. Ол олордохпуна “ону-маны уоран кірір буолумаар!” диир саІа кулгаахпын куһаҕан баҕайытык аалан ааспыта. Эһэм саІатыттан атын, сіІ куолас этэ... Кутталбыттан ір харахпын аспакка олорбутум. Онтон син уоскуйан, куттана-куттана харахпын аспытым, били мин хорҕойбут дьаамам буорунан туолан хаалбыт этэ. Тула хас да сиринэн тостурута ыстаммыт сиэрдийэ эмтэркэйдэрэ чыыппаан курдук ыһыллан сыталлара. Икки баҕана тірдүнэн тостон баран, сыппыт сирим кэннигэр хара буору хоруйбуттар этэ! Онно олорон дуу, сытан дуу биэрбит буолуум — сири кытта сир, оту кытта от оІоруох эбиттэр! Хата, айылҕам барахсан эрдэ
сэрэтэн, тыыннаах хаалларбытыгар эһэлээх эбэбэр ис сүрэхпиттэн махтанабын! Бүітүр БӨтҐрҐӨп.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан