Кэпсээ
Войти Регистрация

Мэниктээн киирэн биэрбиттэр...

Главная / Кэпсээн арааһа / Мэниктээн киирэн биэрбиттэр...

K
18.04.2018 12:45
Соҕотох кыыс оҕолоох ыал ыһыллыбытын туһунан кэпсээбиттэриттэн. Кыыстарын аһара атаахтатан кэбиһэннэр, дьонун тылын буолуохтааҕар, эгэ атын дьону истиэ баара дуо... Төрөппүттэрэ үчүгэй үптээх үлэтэ суох буоланнар, кыыстарын баҕатын толорор кыахтара суох эбит. Онтон сылтаан улаатан истэҕин аайы, оҕолор курдук таҥныан-саптыан баҕата туолбатыттан тырыттар буолбут. Аҕата тырахтарыыс буолан, күүлэ иһэ барыта арыы буолбут тимиринэн туолан турбут. Ийэтин тылын истибэккэ, этиһэн, өйдөөҕүмсүйэн баран, куттаан “дьиэни уоттуом” диэбит. Ийэтэ, өлүү түбэлтэлээх, пиэрмэҕэ ынах бөҕөтө төрөөн, бокуойа суох сылдьар буолан, ол диэки аа-дьуо хаама турбут. Киниэхэ кыыһырбыта буолан сылтаҕыран, тэтэрээт лииһин уматан баран күүлэҕэ бырахпыт. Алдьаммыт хайаҕаһынан тохтубут бэнсииннээх арыыга түһэн, сотору соҕус уот өрө умайыктана түспүт. Кыыс кутталыттан куотан хаалаахтаабыт. Ийэтэ сүүрэн лэппэҥэлээн кэлэн умулуннара сатаабыт да, уот ол икки ардыгар кэниистирэлээх бэнсиини сиэн эрэрин көрөн тыынын тэскилэппит. Тахсаатын кытта күүлэ аана арыллыар диэри кэниистирэ дэлби тэбэн кэбиспит, уот сарайга тиийэ тыастаах баҕайытык уһуурбут! Дьиэ үрдүгэр сатаан тахсан умулуннарбатахтар. Эбиитин мас көөбүлүн кыратык тураҥынан баттаппыт буоланнар, уот уопсай дьиэ үрдүнэн тыал хоту сүүрэн хаалбыт. Уопсай дьиэттэн түннүгү алдьатан, малларын түннүгүнэн тамнаабыттар... Үрдэ умайан түһүөн иннинэ, дьиэттэн үрүҥнээх хара икки холорук икки аҥыы барбыттарын көрөн, куттанан дьон саҥаларыттан матан хаалбыттар. Холоруктары отучча киһи бары көрбүттэр. Дьиэлэрэ умайбыт ыаллары биир-биир аймахтара, атастара дьиэлэригэр дьукаах ылбыттар. Оттон умаппыт кыыс дьонун ким да ылбатах. Оскуолаҕа хоно сылдьан атын бөһүөлэккэ көһөргө күһэллибиттэр. Бараары туран ийэлэрэ улахан дьон сытар тумуһахтарыгар баран, көрдөһөн-ааттаһан кэлбит. Атын да бөһүөлэккэ тиийэн, түптээх олоҕу олороохтооботохтор. Ыалтан ыалга көһө сылдьан хонор, килиэп, чэй туһугар сордоммуттар. Ол сылдьан кыыстара хат буолан хаалбыт. Сааһа ситэ илик буолан, улуус киинигэр кэтээн көрүүгэ киллэрбиттэр. Эдэр ийэ буолуохсут, оҕото сылын туолуута, эбэтигэр быраҕан баран, “куоракка үлэлиэм” диэн ааттаан, баран хаалбыт. Куоракка киирэн ичиэх-бичиэх дьону кытта булсан, күүлэйдиир буолбут. Дьиэни уоттаабыта иккис сылын томточчу туолуута, итирик дьиэлээн иһэн массыынаҕа киирэн биэрэн, өлөн хаалбыт. Ол күн умайбыт дьиэҕэ, били, дьиэттэн тахсан барбыт холоруктар кэлэн, күлү кыырай халлааҥҥа ытыйан таһааран, бөһүөлэги биир гына ыһан кэбиспиттэр... Аҕалара кыыһа өлбүтүн тулуйумуна, арыгы утахтана сылдьан сүрэҕэ тохтоон өлөн хаалаахтаабыт. Ийэлэрэ эрэйдээх, төһө да, кыыһа уонна оҕонньоро утуу-субуу олохтон туорааталлар, сиэнин иитэр инниттэн кытаанах санааны ылынан сылдьаахтаабыт. Сиэнэ үһүс кылааска киирэр күһүнүгэр, отонноон кэлэн иһэн, уопсай хотон аттыгар сүрэҕин туттубутунан өлө сытарын булбуттар... Кыыстара, эргэ балыыһа уопсай дьиэтин уоттаан кэбиспэтэҕэ буоллар, хайдах олохтоох дьон буолуохтара эбитэ буолла...
kyym.ru сайтан