Кэпсээ
Войти Регистрация

Абааһылыын күөн көрсүү

Главная / Кэпсээн арааһа / Абааһылыын күөн көрсүү

K
17.04.2018 17:56
Таайым уон иккилээх эрдэҕинэ аҕатын кытта тэҥҥэ сылдьан бултаһара эбитэ үһү. Бултуу барарыгар илиитэ “бара” үөрэннин, байанайдаах булчут буоллун диэн, биирдэ ыта-ыта иитэн иһэр бинтиэпкэ сааны туттараллар эбит. Биир күһүҥҥү сарсыарда уол соҕотоҕун тииҥнии барар буолбут. Аҕата “ити үрүйэ төрдө, бу үрүйэ төрдө” диэн, суолун барытын быһааран биэрэр. Бэйэтэ бултуур дьиэтин аттыттан ыраата барбакка туһахтарын көрүөхтээх, оттон уола киэһэ киниэхэ төннөн кэлиэхтээх эбит. Ити курдук сүбэлэһэн, икки аҥыы арахсан, эргэнэ хара тыаларын кэрийэ бараллар. Киэһэ буолбут. Күн саҕахха киирэн, халлаан хараҥаран барбыт. Былыргы өтөххө аҕата оһох иннигэр соҕотоҕун аргынньахтаан олорор. “Уолум тоҕо кэлбэтэ. Туохха эрэ түбэстэҕэ дуу?..” диэн дьиксинэн, туруох-олоруох сирин булбат. Баҕар, халлаан хараҥаран хаалан, дьиэтигэр курдат ааспыта буолуо. Кыра эрдэҕиттэн тилийэ сүүрбүт эргэнэ хара тыатын билэр буоллаҕа дии санаан, икки көстөөх дьиэтигэр тэбинэр. Сүүрэр-хаамар былаастаан иннин хоту харса суох кимэр. Ол иһэн уола “аҕаа, кэлиэм дии...” диэбитэ кулгааҕар иһиллэр, уола өйүттэн-санаатыттан букатын арахпат. Дьиэтигэр киирбитэ, кэргэнэ соҕотоҕун олорор эбит. “Кыыл-сүөл элбээн турар кэмигэр хайдах оҕону соҕотоҕун ыытан кэбиһэҕиний? Туоххунан толкуйдуугунуй?” диэн үлтү мөҕөн ыытар. Аҕата итии чэй да испэккэ өтөҕөр төннөр. Түүнү быһа олорон уолун кэтэһэ сатыыр да — мэлигир. Халлаан сырдаан эрдэҕинэ, дьэ, суолун суоллаан көрдүү барар. Өтөхтөн тахсыбыт суолунан сирдэтэн, чугас турар былыргы балаҕаҥҥа тиийэр. Уола эмиэ да ыстаҥалаан ылар, эмиэ да от-мас кэннигэр саһар курдук эбит. Бэрт өр булумахтанан, төттөрү-таары хаамаан-хааман баран, улахан тиит аттыгар кэлэн хорос гына түһэр. Арай көрдөҕүнэ, уола ол тиит аттыгар байааттаҥныы-байааттаҥныы соҕотоҕун бүк түһэн олорор үһү. Уолун тыыннаахтыы булбут үөрүүтүттэн аҕата хайыан да булбат. Дьэ, уола барахсаны туох муокастаабытый? Саатын сүгэн, ыллык суол устун баран истэҕинэ, аттыгар хантан да кэлбитэ биллибэккэ оҕо баар буола түспүт. Арай үчүгэйдик өйдөөн көрбүтэ, били, ыаллыы олорор Куонааскыга олус маарынныыр, үүт-үкчү кини курдук эбит. “Ээ, Куонааскы сылдьар буолбат дуо, хата, аргыстаһыам” дии санаан, иһигэр олус үөрбүт. Хараҕа бааллан оннук көрөөхтөөтөҕө. Түҥ хара тыаҕа Сиидэрэптэр соҕотох мааны уолларын ыыппаттара чахчы. Куонааскыта хааман иһэн “тустуох!” диир үһү. Таайым сирэйин имир да гынан көрбөккө быраҕан иһэр, букатын тулуппат. Ол туста сылдьан: “Хайдах-хайдаҕый? Урут Куонааскы миигин кыайар этэ. Хайдах бүгүн кыайтарар буолан хаалла?” – дии саныыр үһү. Ол түүнү быһа иккиэн тустан тахсыбыттар. Таайым биирдэ даҕаны хотторботох. Түүн ортолоон эрдэҕинэ Куонааскы бэркэ кыһыйбыт куолаһынан: “Сааҕын устан бырах. Саата суох тустуохха”, – диэбит. “Суох, саабын уурбаппын. Сүтэн хаалыа, оччоҕо аҕам миигин мөҕүө” диэн хардарбыт. Дьэ, ол курдук булумахтаһан былыргы балаҕаҥҥа тиийбиттэр. “Халлаан хараҥаран хаалла, манна Куонааскылыын иккиэн хонуохпут” дии санаан, оһох оттубут. Куонааскыта уоту көрөн, оһох кэннигэр түһэн хаалбыт. Таайым
утуйардыы оҥостон ороҥҥо сыппыт. Ол сытан көрдөҕүнэ, Куонааскы оһох төрдүгэр сылдьар, мап-маҥан сирэйэ эрэ былтаҥнаан көстөр үһү. Онуоха таайым, дьэ этэ тарпыт. Арааһа, атын баҕайы батыһан буулаата дии санаан, уҥуоҕа халыр босхо барбыт. Мап-маҥан сирэй оһох кэнниттэн былтас гына-гына “сааҕын уур!” диир үһү. Таайым “Суох. Саабын уурбаппын” диэн кыккыраччы аккаастанар аатыгар барбыт. Ити курдук син өр булумахтаспыттар. Онтон таайым өй булан, саатын салгыҥҥа эспит. Били баҕайыта эмискэччи суох буолан хаалбыт. Ити түбэлтэни кэлин кырдьаҕастар сир иччитэ эбэтэр абааһы буолуоҕа дэһэллэр этэ. Саатын устубута эбэтэр тустан хотторбута буоллар, таайым өлүөхтээҕэ эбитэ үһү. Ону биһиги киһибит тустан да кыайтарбатах, саатын да устубатах буоллаҕа... Өлөр өлүү быатыгар... Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр Атыыһыт Баһылай диэн оҕонньор олоро сылдьыбыта. Кини Баһылай уонна Ньукулай диэн төрөппүт уонна иитиэх уоллаттардааҕа. Ньукулай борохуокка саһаан охсоро, мас кэрдэрэ, холкуос хара үлэтигэр сылдьара. Ардыгар дьаамсыктаан да ылара. Аҕалара түҥ тыаҕа туспа үүтээннэнэн олороро. Сайынын оттуура, кыһынын бултуура. Биирдэ төрөппүт уола Баһылай үрэх уҥуоргутугар бэрт өлгөм бултаах тыаҕа сир көрө диэн барбыт. Кыс ортото, ахсынньы амырыын тымныытыгар, иччитэх балаҕаҥҥа хоно кэлэн баран, кыайан саҥарбат буолан хаалбыт. Ол түгэни төрдүттэн түөрэн кэпсээтэххэ маннык эбит. Баһылай былыргы иччитэх балаҕаҥҥа уот оттон баран, утуйардыы оҥостон сыппыт. Сылааска сытан, онуоха эбии сылаата киирэн, нухарыйан барбыт. Ол утуйа сыттаҕына, ыарахан атах тыаһа кинини көрдө-көрбүтүнэн чуо хааман кэлбит уонна харса суох тыбыс-тымныы илиитинэн атаҕыттан харбыалаан барбыт. Баһылай этэ-сиинэ бүтүннүү тымныйа түспүт, кутталыгар буолан көлөһүн аллыбыт. Онтон өй булан, ааны былдьаһар, тыын быһаҕаһынан куотар аакка түспүт. Били, кытаанах илиилээх киһитэ кэнниттэн эккирэтэн иһэр үһү. Таһырдьа тахсаат, хаар күрдьэр туора күрдьэҕи ылан, ол киһитин харса суох охсуолаабыт. Сөп буола-буола күрдьэҕин суола тоҥуу хаарга хаалар эбит. Кэлин ол күрдьэҕин суол кытыытыттан булбуттар этэ. Баһылай бэйэтэ кыайан саҥарбат буолан, тугу да кэпсээбэтэх үһү. Арай “өтүппэ, өтүппэ” диир эбит уонна бу курдук гынна диэн хабарҕатын илиитинэн күүскэ туттар эбит. Ити дьикти түгэн кэнниттэн Баһылай илиитин биир утаһына тостубут уонна хабарҕатыгар киһи илиитин суолун курдук суол көҕөрөн хаалбыт үһү. Сотору буолан баран Баһылай ол курдук кыайан саҥарбакка бу Орто дойдуттан барбыт. Өлөр өлүү быатыгар сөрүөстэн моһуогурдаҕа. “Тиистээх” уонна “тииһэ суох” Маайалар Урут олоро сылдьыбыт сайылыкпытыгар (сайылык да диэн буолбатах, саас ыйтан эрэ ордук кэмҥэ олорор сирбитигэр) маннык түбэлтэҕэ түбэһэн турабын. Бу сиргэ былыр-былыргыттан дьон олохсуйара. Манна уопсайа 60-ча киһи уҥуоҕа баар этэ. Онтон 40-чата оҕолор уҥуохтара. Тоҕо маннык оҕо маассабайдык өлөр сиригэр дьон олохсуйарын (ол иһигэр биһиги дьиэ кэргэн эмиэ) өйүм хоппот. Оҕо өлүүлээх сиргэ бүтэһигин сайылыырбытыгар, билигин кэлэн өйдөөтөхпүнэ, оҕо абааһытын кытта оонньуур
эбиппин. Ол саас мин алталаах-сэттэлээх кыракый уол буолуохтаахпын. Бырааттарым баалларын-суохтарын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Бука, киһини кыайан батыһан сылдьыбат кыра дьон буолуохтара. Биһигиттэн чугас Киргиэлэйдээх диэн ыаллар олороллоро. Ол ыаллар мин саастыыта Маайа диэн кыыс оҕолоохторо. Үксүн мин ол ыалга оонньуу тиийэрим, ардыгар эрбэллибит баттахтаах, хап-харанан чоҕулуччу көрбүт Маайа кыыс миэхэ кэлэрэ. Ити курдук иккиэ буолан, күнү-күннүктээн оонньоон тахсарбыт. Биирдэ соҕотоҕун оонньуу сырыттахпытына, биһиги дьиэбит аттынааҕы киһи уҥуоҕуттан, дьабарааскы хаспыт ииниттэн, биир кып-кырдьаҕас эмээхсин уонна Маайа бараллаата кыыс тахсан кэлбиттэрин субу баардыы өйдүүбүн. Кыыс хараҥа өҥнөөх сиидэс ырбаахылааҕа, кугас баттахтааҕа уонна инники тииһэ суоҕа. Киргиэлэйдээх кыыстара тиистээх этэ, оттон саҥа көстүбүт Маайа тииһэ суох этэ. Кэлин мин “Тиистээх Маайа” уонна “Тииһэ суох Маайа” диэн ааттаталыыр буолбутум. Иккиэн миигиннээҕэр хатыҥыр уонна арыый намыһах уҥуохтаах этилэр. Тустууга мин хайаларын да букатын тулуталаабат этим. Онон олус астынарым, кыргыттары кыайар күүстээх киһи буоламмын киэн туттарым. Аны туран, ол иинтэн тахсыбыт Тииһэ суох Маайа Тиистээх Маайаҕа тиийдэхпитинэ, “дьонуттан куттанабын” диэн дьиэҕэ киирсибэт этэ, төбөтүн быһа илгистэн, кыккыраччы аккаастанан кэбиһэрэ. Дьиэттэн чугас улахан тиит үүнэн турара. Онно ыга сыстан, олорон хаалааччы. Мин дьиэм иһигэр үһүөн оонньуу сырыттахпытына, “иһэллэр!” диэн баран хотоҥҥо дьылыс гынааччы уонна саах таһаарар холлоҕоһунан куоппутун кэнниттэн эрэ көрөн хаалааччыбыт. Тиистээх Маайабыныын ааны аһан көрдөхпүтүнэ, ырыых-ыраах дьон иһэр буолара. Тииһэ Суох Маайа хайдах итинник эндэппэккэ билэрин олус сөҕөөччүбүт эрээри, улахаҥҥа уурбат этибит. Тиистээх Маайам дьонугар аһаан баран, Тииһэ суох Маайаҕа лэппиэскэ тооромоһун таһааран биэрдэхпитинэ, сиир курдук туттара. Аны биир дьиктитэ диэн, оонньоон бүттэхпитинэ, кини дьабарааскы иинигэр киирэн хаалааччы. Биһиги Тунаар кыыһа Маайалыын дьабарааскы иинин таһыгар тиийэн: “Тииһэ суох Маайа, таҕыс. Биһиги кэллибит,” – диэччибит. Билигин санаатахха, төһө да түҥкэтэх, төһө да хараҥа буолларбыт, дьабарааскы ииниттэн киһи тахсарын муодаргыах курдук эбиппит. Баҕар, абааһы оҕото Маайа өйбүтүн баайан кэбиһэрэ дуу?.. Ол саас биирдэ биһиэхэ биллэр-көстөр улахан ойуун хоммута. Хоно сытан дьоммун: “Оҕоҕут абааһы оҕотун кытта оонньуур эбит. Бу сиртэн көстөххүтүнэ уонна манна хаһан да кэлбэт буоллаххытына, табыллыыһы,” – диэн соһуталаабыт. Онтон ыла биһиги хаһан да ол сайылыкка тиийбэтэхпит. Улаатан бараммын ийэбиттэн “били, сайылыкка абааһы оҕотун кытта оонньуурбун билбэт этиҥ дуо?” диэн ыйыппытым. Онуоха ийэм “Кырдьык, бүтэһик сылбытыгар “Тиистээх Маайа” уонна “Тииһэ суох Маайа” дэтэлиир этиҥ. Ону “Ханнык Маайалары этэҕин?” диэн токкоолоһон ыйыталаһаары гыннахпытына, “Ээ, суох-суох” диэн кэбиһэриҥ, букатын тугу да саҥарбат буолан хааларыҥ” диэн эппитэ. Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн, манна былыыр-былыр ойууннар оҕо абааһытын улахан тииккэ баайбыттар үһү. Кырдьык, баараҕай тииккэ эриэн сэбэһэ быа баайыллан турарын чугаһаабакка эрэ ыраахтан көрөр этибит. Бу түбэлтэни мин уу харахпынан көрбүтүм. Ону, аныгы
дьон, итэҕэйэр буоллаххытына итэҕэйиҥ, итэҕэйбэт буоллаххытына итэҕэйимэҥ. Кырдьаҕастар кэпсээннэриттэн Диана Клепандина суруйда.
kyym.ru сайтан