Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ийэ тылым абылаҥа (дьүһүйүү)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ийэ тылым абылаҥа (дьүһүйүү)
K
kyym.ru сайтан
Айымньы
09.03.2018 17:09
Былыр, СГУ нуучча тылын салаатыгар 5-с кууруска, сыл бастакы аҥаарыгар, педпрактиканы Ньурба оройуонун Маар аҕыс кылаастаах оскуолатыгар барбыттааҕым, ол олоҕум биир бэлиэ кэрчигэ эбитин сэбиэскэй олох эстибитин кэннэ долоҕойдоппутум. Маар Ньурбаттан төһө ырааҕын билбэтим, тэйиччи быһыылааҕа: Чаппанда, Дьаархан, Марха диэннэри нөҥүөлээн тиийбитим. Бөһүөлэккэ аҕыс кылаастаах оскуолаттан ураты СПТУ баара, онон сэргэх дойдуну булбутум. Оскуола дириэктэрин дьиэтин ыйыппыппар: “Ол хара сарайдаах дьиэ”, – диэн, тохтообут сирбиттэн ырааҕа суох, ойдом турар үрдүк кырыысалаах дьиэни ыйдылар. Олбуорга киирбитим, ханна да сарай көстүбэт, киирэр аан улаҕаа диэки эбит. Ол диэки барбытым да сарайы эмиэ көрбөтүм. “Алҕаһаатым дуу”, – диэн сээбэҥнии турдахпына, дьиэттэн бэрт сэргэх эрэт тахсан кэлбитигэр: “Оскуола дириэктэрэ манна олорор дуо?” – ыйытааччы буоллум. “Ээ, манна, баар, баар” – диэт, уол уулуссаҕа ыстанна. Киирэн дорооболоһон, бэйэбин билһиннэрдим. “Ээ, дьэ, оройунуо эрийбитэ, кэтэһэ олоробун. Хата дөбөҥнүк кэлбиккин. Чэйдээн баран, олоххун булларыам”, – диэн бэрт аламаҕайдык кэпсэтэн мунаах-симик санаабын үрэйэн кэбистэ. Чэйдии олорон: “Дьиэҕитин хара сарайдаах диэн ыйбыттара ээ, олбуор иһигэр сарай буолбакка муна-тэнэ турдахпына ити оҕоҕут тахсан абыраата”, – диибин. “Хайа диэкигиний?” “Чурапчыбын”. “Ээ, оччоҕо, өйдөөбөтөҕүҥ сөп. Бу диэки дьиэ кырыысатын сарай диэччилэр”. “Биһи диэки хоруобуйа, кырыыса диэччибит”. “Оннук, эрдэ нууччатыйбыт дьон буоллаххыт”, – диэбитин испэр соһуйа иһиттим эрээри, ону биллэрбэтим. Олохсуйар ыалым кырдьаҕас эмээхсиннээх оҕонньор. Бөтүрүөптэр диэн. Сэбэрэлэрэ мэйиибэр баар курдук эрээри, муҥнаах, ааттарын таһы-быһа умнан кэбиспит эбиппин дии. Алтыска үөрэнэр Уля диэн сиэннэрэ кыысчаан баара. Миигинниин төрдүө буоллубут. Үөрэх саҕаланаатын тута дьиҥнээх учуутал буоллум. Алтыс кылаас салайааччытабын. Нуучча тылыгар иккиэбит, ноҕоруускабыт толору. Оччолорго сир аайы оҕо элбэх буолара. Онон үлэ ньир-бааччы күөстүү оргуйара. Наһаа уһаабакка кэлэктиипкэ бэйэ киһитэ буоллум. Быраактыкам туһунан уһуну-киэҥи тэнитимиим. Сирдэрбэтэҕим, этэҥҥэ ааспыта. Мин төрөөбүт төрүт Ийэ тылым үтүө үгэстэрэ ордук Бүлүү өрүс умнаһын батыһа олохсуйбут сахаларга күн баччааҥҥа диэри былыргы бэйэлэринэн тыыннаахтар дии саныыбын. Ол диэки улуустар: Сунтаар, Ньурба, Үөһээ уонна Аллараа Бүлүүлэр олохтоохторун тыллара-өстөрө, саҥалара-иҥэлэрэ, майгы-сигили даҕаны түҥ-түгэх төрүттэрин үтүө үгэстэрин сүтэрбэккэ, киэр хаһыйбакка илдьэ сылдьаллар дии саныырым бааламмат ини? Кинилэр диэки “антах харахтаах, бэттэх муруннаах” араас омуктар дэлэйдик олохсуйбатах, тэнийбэтэх буоланнар, олохтоохтор чөл туруктаахтара мөккүөрэ суох. Ол иһин кинилэргэ дьиҥ-чахчы сахалыы сиэр-майгы, тыын, тыл-өс, ырыа-тойук, олоҥхо-оһуохай силигилии сайдан тастыҥ дьайга хотторбокко чөл туруктаах буоллахтара. Холобур, сэбиэскэй саҕана киин уонна Өлүөнэ уҥуор улуустарга олоҥхо, оһуохай сүтэ, симэлийэ сылдьыбыта мэлдьэһиллибэт чахчы. Дьокуускайга култуура уонна сынньалаҥ паркатыгар 60-с сылларга оһуохайдьыттары милииссийэнэн ыһар, үүрдэрэр этилэр. Оччолорго мин, эдэр төбөт, хаста да түбэһэн турабын. Араадьыйаҕа биирдэ эмит тойук – олоҥхо бэрилиннэҕинэ нууччалар: “О, якут опять воет!” – диэн арааран кэбиһэн кыһыталлара.
Хомойуох иһин, ити түктэри майгыны өйүүр сахалар да аҕыйаҕа суохтара. Онтон ол да саҕана Ньурба, Сунтаар ыһыахтара номох буолан иһиллэллэрэ. Устудьуоннуур сылларбар Бүлүү уонна да атын Хоту улуустар үөрэнэр ыччаттара оһуохайдарын өрө тута сылдьаллара. Онон дьэ, били Маарга учууталлыы сылдьан, ыкса билэн, туох да омуна суох, дьиҥнээх сахабын дэнэн абырана сылдьыбыттааҕым. Били Маарга олорбут ыалым ийэлэрэ эмээхсин сиһэ мөлтөх буолан нэдиэлэ биэс күнүгэр нэһиилэ үнүөхтүүр этэ. Оттон субуота күн сарсыардаттан сэргэхсийэн, киһи сымыйалаабытын курдук, олох “тиллэн” хаалара, сылбарҕа бөҕө буолара. Ол аата, дьэ, киэһээ үҥкүүгэ бардаҕа диэн кэбис. Олохтоохтор оһуохайы “үҥкүү” дииллэрэ. Кулууптарыгар түүн 12 чааска диэри былааһы кырдьаҕастарга биэрэр олус үтүө үгэстээхтэрэ: бөһүөлэк атаҕар уйуттар кырдьаҕаһа оппокко кэлэллэрэ быһыылааҕа. Үҥкүү тылын таһаарааччылар, омуна суох, уочараттыыр курдуктара. Дьэ, онно этэ эбээт мин үйэбэр истибэтэх уус-уран тылым-өйүм, саҥам-иҥэм: бииртэн биир бэрт таһаарар буолан киһи үлүһүйэн, дуоһуйуоххар диэри “сахсылларыҥ”. Балтараа, икки чаас устата кулууп иһэ үҥкүү тылынан “оргуйан”, муостата долгуйан олороро. Дьэ уонна саҥа үүммүт нэдиэлэ күннэригэр үҥкүү тылын таһаарааччылары хас дьиэ аайы “дьүүллүүр сүбэ” моргуордара туһунан кэпсээн-сонун буолаллара. Олор бэйэлэрэ туһунан сэргэхсийиини “төрөтөллөрө”. Бу син уһун 81 сыллаах олохпор дьиҥ сахалыы тыыҥҥа-майгыга уһуйуллубут, ол өрдөөҥҥү биэс ый Маар бөһүөлэгэр учууталлаабыт олоҕум кэрчигэ эбит диэн билигин сыаналыы саныыбын. Бу санаабын чиҥэтэн Маардааҕы олоҕум үйэбэр умнуллубат түгэнин, айаҕым аһыллыбычча, кэпсиирбин сэҥээрэргит дуу, суоҕа дуу? Баччааҥҥа диэри ханна да быктара илигим, бэйэбэр санаа биэбэйэ гынан илдьэ сылдьарым. Дьэ онон... Мин олоҥхону оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕарым, истэрим: бэйэм билбэппинэн кини тылыгар-өһүгэр, ис хоһоонугар курдаттыы таттаран. Оҕотук, эдэр сылдьан артыыстар толорууларын, араадьыйаны истэн олоҥхо дьоруойдарын ырыаларын соҕотоҕун сылдьан, дьон истибэтигэр, үтүктэр адьынаттааҕым: билиҥҥээҥҥэ диэри Айыы Умсуур ырыатын сылаанньыйдахпына, киҥинэйэбин, доҕор, – бааламаҥ, кырдьаҕаһы дэбдэҥ диэччилэр дии. 60-с сылларга Саха сирин үрдүнэн Сэргэй Сибиэрэп-Кыыл Уола албан аата уохтаахтык ньиргийэрэ. Бэйэтэ үҥкүү-ырыа бөлөҕүн тэрийэн, дьарыктаан сири-сибиири кэрийэ сылдьар кэмэ этэ. Билигин санаатахпына, мин дьолбор эбит, хантан, ханан сылдьыбыта эбитэ буолла, биир сырыытын түмүктээн дьиэтигэр-уотугар төннөн иһэн Маарга хонон, кэнсиэрдээн ааспыта. Дьэ, доҕоор, билигин санаатахпына, улуу Кыыл Уолун адьас сыҥааҕын анныгар, тутан олорон диэбит курдук, олох чугастыы көрөр-истэр кээмэйэ суох дьолго тиксибит эбиппин. Оо, ол киэһээҥҥи кэнсиэр мин харахпар, кулгаахпар умнуллубат-сотуллубат хартыына буолан олоҕум устата арыаллыы сылдьар эбээт! Кыталыктар, удаҕаттар үҥкүүлэрэ, эр дьон ньургуннара 4-түү, 6-лыы буолан тойук туойан, олоҥхолоон, киһи уйулҕатын куйаарга көтүтэн доллоһуталлара, киһи көннөрү кэпсээн тылынан дьоҥҥо-сэргэҕэ сатаан тиэрпэт туругар киллэрбиттэрэ дьиктитин билигин да сөҕөбүн. Аны оҕонньор бэйэтэ олоҥхолообутун кэпсээн тылынан хайдах эһиэхэ тиэрдэрим буолла? Сыана иннигэр соҕус атаҕын атаҕар хатыйан оллоонноон олорор ээ, аарыма-сүдү оҕонньор.
Хаҥас илиитигэр уҥа тоҥолоҕун ытыһан, уҥа ытыһын кулгааҕар тиэрдэр тиэрдибэккэ, сыҥаах баттанардыы тутан олорор. Былыргы сахалыы бэргэһэтин кулгааҕа кэтэҕин диэки баайыылаах курдуга. Дьэ уонна, доҕоор, ыы-быччары толору кулууп уу-чуумпуга иһийэн олордоҕуна, арай сыана түгэҕиттэн курдук ньириһийэр, ньиргийэр дорҕоон кутуллан киирэн барбат дуо? “Дьэ-э-э, буо-уо-уо-аа” диэн унаарыппытыгар, айаҕа туох эрэ киэҥ көҥкөлөй кэҥээн-тэнийэн эрэрин курдук буолбутугар икки дьабадьыта чараас сарыы тирии курдук илибирээбиттэрин олус соһуйа, дьиктиргии көрбүтүм харахпыттан билигин да сүппэт! Оо, барахсан! Тыынын араастаан уһатан, кылгатан, куолаһын этэр тылыгар дьүөрэлээн үрдэтэн-намтатан, этэн-тыынан доллоһутан, унаарыта лыҥкынатан, ыллаан-туойан букатын сир-буор үрдүттэн тэйитэн, тулабын умуннаран кэбиспэтэҕэ дуо?! Муҥнаах тылым-өһүм дьадаҥыта, сыппаҕа диэн! Итинтэн ордук ыпсаран ити умнуллубат түгэни хайдах баарынан эһиэхэ тиэрдиэхпин өйүм хоппот: арай оройбуттан сиһим ороҕоһунан уллуҥахпар тиийэ этим сааһа аһыллан, оҕонньор куолаһын дорҕоонунуун тэҥҥэ тулам дьүрүһүйэ, ньиргийэ, лыҥкыныы, ньирилии, уһатан-кылгатан этэ-тыына эппэҥнэтэ олорбута, хайа эрэ куйаарга көтүтэргэ дылыта ээ! Оо, киһи дэҥҥэ кэтиллэр, көрсөр дьикти да түгэнэ этэ! Дьэ, ити курдук төрөөбүт Ийэ тылым абылаҥын эппэр-хааммар, өйбөр-санаабар сүппэт, умнуллубат гына иҥэрэн турабын. Маар оскуолатыгар нуучча тылын үөрэтэ, тарҕата тиийэн баран, бүүс-бүтүннүү, ыы-быччары уу-мас саха буолан төннүбүтүм. Оччотооҕу туругум тобоҕо-ибэҕэ билигин да баар, сүтэ-оһо илик. Онон ночоотурбут курдук олох санаммаппын. Дьэ, ол да иһин Бүлүү эбэ умнаһын улуустарын олохтоохторуттан үтүмэн элбэх Ийэ тылы өрө тутар талааннар Сахам сирин киэҥ дуолугар албан ааттара ахсаабакка сатарыы туруохтара диэн эрэли кытта дьүһүйүүбүн түмүктээн эриим. Ийэ тылым уһун үйэлэн, Саха саҥата самныбат сарыгылан! Дом!!! Арепин В.А.-Баайык. Чурапчы, Сылаҥ. Олунньу 4-5-6 күннэрэ, 2018 сыл.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан