Кэпсээ
Войти
Регистрация
Маня, эбэтэр куһаҕан үөрэнээччи
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Маня, эбэтэр куһаҕан үөрэнээччи
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
18.12.2020 14:44
«Күрүлгэн» альманах ааспыт сыллааҕы 4-с нүөмэригэр «Муоча» диэн кэпсээни кэрэхсээн аахпыттар балай эмэ буолуохтара. Ааптар киирии тылыгар ити кэпсээнэ Сунтаарга кылгас кэмҥэ тахса сылдьыбыт «Сэһэн тоҕой» диэн хаһыакка бэчээттэммитин уонна ааҕааччылар айымньытын салгыырыгар баҕарбыттарын суруйбут этэ. Ол баҕа санаа туолбута үөрүүлээх — альманах бу сыллааҕы 3-с, 4-с нүөмэрдэригэр Александр Алексеев «Маня, эбэтэр куһаҕан үөрэнээччи» диэн суруйуутун бэчээттиир кыахтанныбыт. Ааптарга ол иһин улахан махтал буоллун. Биһиги, эрэдээксийэ, тыа көннөрү уолун уу судургу курдук эрээри, дьиҥ иһигэр ураты дьикти дьылҕатын туһунан айымньы салгыылаах, киэҥ тайылҕаннаах буолуоҕун эмиэ баҕарбыппыт. Олох оонньуута эгэлгэ — ол бииргэ бытырыыстаммыт оҕолор, кырдьаҕастар этэллэринэн «харахтаах үөттэр», Акаары Сааска диэн ааттаабыт оккураҥ-иринньэх уоллара, кыра сааһыгар менингиттээбит мөлтөх үөрэнээччи, хомнуо хойут Профессор Сааска диэн аатынан биллиэн, оскуолаҕа француз тылыгар үөрэппит учууталын английскай тылга үөрэтиэн уонна улахан омуктар ааттаах-суоллаах суруйааччыларын бэйэлэрин тылларынан ааҕар буолуо диэн түһээн да баттаппатахтара чахчы. Ол гынан баран, оннук буолбут. Ону «Күрүлгэн» кэлэр нүөмэрдэриттэн ааҕан сиһилии билиэххитин сөп. Оттон, ааптарга туһаайан, айымньыгын өссө да түмүктүү илик эбиккин, онон эмиэ эрэнэ күүтэбит диэн этэбит. Атын ааҕааччылар онно булгуччу кыттыһыахтара диэн эркин курдук эрэнэбит. «Күрүлгэн» эрэдээктэрэ Афанасий Гуринов-Арчылан. "Кыым" хаһыат 18 (22011) ыам ыйын 12 күнэ Маня, эбэтэр куһаҕан үөрэнээччи (Быһа тардыы) Оччотооҕуга онтон-мантан кэлэн холтууралыы сылдьар нууччалар син элбэх этилэр. Кинилэри кытта, кэлэ-бара, биирдии-иккилии тылы бырахсан «пул-пал» дэһэн нууччалыы кэпсэтэ үөрэниэххэ сөбө эбитэ буолуо да, саха айылҕаттан сэмэй, чуумпу, билбэт дьонун кытта ылбычча чугаһаспат, арай, бэйэлэрэ көрдөстөхтөрүнэ, үөрүүнэн көмөлөһүө. Учууталым да, дьонум да нуучча тылын уруогун күннээҕинэн үөрэтэн ис, оччоҕуна билиэҥ диэн элэ-была тылларын этэ, такайа сатыыллара эбитэ буолуо да, син биир билиэм суоҕа дии санаан, ыһыктынан кэбиспитим. Киһи тылын истэр, уруоктарын үөрэтэр, үчүгэйдик үөрэнэр оҕолор төрдүһү бүтэрэллэригэр хоп курдук нууччалыы саҥараллар этэ. Оттон мин өсөһүм уонна аҥаардастыы бэйэм эрэ санаабынан салайтарарым түмүгэр кинилэртэн улаханнык хаалбытым. Нууччалыы билбэт сүүйтэриилээҕин төрдүһү бүтэрдэҕим сайын билэ охсубутум. Ол сайын ийэм ыарахан этэ. Биирдэ кини соҕуруу үрдүк үөрэххэ үөрэнэр балтын Лараны көмөлөһүннэрэн, дьиэ үрдүн кырааскалыы сылдьыбыта. Ийэм хомуокка салҕанан туран кырааскалыыра, Лара аллара тугу эрэ гына сылдьыбыта. Соҕурууттан кэлэн, Уйбаныап Өлөксөйдөөххө кийиит буолбут нуучча кыыһа окусуорка Люба киирэн кэлбитэ. Тугу эрэ нууччалыы уһун баҕайытык саҥар да саҥар буолбута. Ийэм нууччалыы билбэт этэ эрээри, устудьуон балтын тылбаастаан кулу диэн көрдөспөт этэ, холку баҕайытык туттан кырааскалаабытын курдук кырааскалыы турбута. Ону көрөн, мин өйдүүр быһыылаах дии санаабытым. Лара тугу да саҥарбакка истэн турара. Эмискэ мин «умрёшь» диэн тылы истэ биэрбитим, олус ыксаабытым. «Умрёшь» диэн тыл хаста да хатыламмытыттан ордук буорайбытым. Лараттан: «Ити тугу диирий, өлүөҥ
диир быһыылаах буолбат дуо, тоҕо инньэ диирий?» — диэн ыйыта сатыырбын, ууну омурдубут курдук, саҥата суох турар этэ. Лараҕа улаханнык өһүргэнэ санаабытым. Кини, соҕуруу нуучча сиригэр үөрэнэр киһи, ити биэлсэр дьахтар тугу саҥарарын өйдүүрэ буолуо, ол гынан баран этэн абыраабат. Окусуорка Люба ийэбэр туох эрэ куһаҕаны эттэ быһыылаах. Хата, ийэм холку. Аны ийэбин: «Тугу диирий? Этиий», — дии-дии, үүйэ-хаайа туттум. Ийэм эмиэ тугу да саҥарбат, хата, үүрэр. Баҕар, «умрёшь» диэн тыл отой да атын суолталааҕа буолаарай? «Өлүөҥ» диэн буолбатаҕа буолаарай? Мин эмискэ «умрёшь» диэн тыл атын суолталаах буолуон күүскэ да күүскэ баҕаран кэлбитим. Ити санаабын итэҕэйэн, уоскуйуохпун баҕарарым. Ол эрээри, сүрэхпин туох эрэ ыбылы тутарын курдук буолбута, тула өттүм барыта өлбөөрөн, күлүгүрэн көстүбүтэ. Бу өйдөөбүтүм — халлаан итии да эбит! Миигин ким да таптаабат, мин собус-соҕотох курдукпун... Эдьиийим Лараны кыра эрдэхпиттэн сөбүлүүр, ахтар этим да, кини миигин мэлдьи буойан тахсар. Сатанара буоллар, кини миигин хамсаабат да, саҥарбат да гынан кэбиһиэх быһыылаах. Улахан дьон олус дьэҥкэни да арыт өйдөөбөттөрүн бэркиһиибин. Сити олорон, биэстээх эрдэхпинэ буолбут түбэлтэни өйдөөн кэлэбин. Быраатым Толялыын, муостаҕа олоппостору түҥнэри уурталаан баран, суоппар буола оонньуубут. Туохтан сылтаан ытаан марылаабыппын өйдөөбөппүн буолан баран, улаханнык саҥа таһааран муостаҕа ытыы олорорбун өйдүүбүн. Уонна саныыбын: «тоҕо ытыы олорорум буолуой, тугум да ыалдьыбат ээ, ким да охсубат, ким да мөхпөт, дьэ, уонна тоҕо ытыыбын, уурайыахпын туох мэһэйдиир?» диэн. Итинник саныы-саныы, кураанаҕынан ытыы олорбутум. Дьэ, мин ити түбэлтэни өйдөөн кэлбитим уонна оттон Лара «дьону тоҕо буойабын, уурайыахпын туох мэһэйдиир?» диэн саныыра буолуо дуо диэн уһун-киэҥ толкуйга түспүтүм. Окусуорка Люба кэлэн барыаҕыттан түптээх-таптаах олоҕум уурайбыта. Ийэм улаатан хаалбыт иһин куттана көрөрүм. Окусуорка Люба «умрёшь» диэбитэ өйбүттэн тахсыбат этэ. Ийэм иһэ улаатан хаалбытыгар аҕам тугу эрэ гыммытын сэрэйэрим, ийэм өлөөрү сылдьарыгар аҕабын бүтэйдии буруйдуурум. Түүн аанньа утуйбат буолан хаалбытым. Хаптаһын быыс нөҥүө турар сэргэ хоско утуйар дьонум тугу гыналларын иһиллии сытар идэлэммитим. Аҕам ийэбин ынньаҕалатар эбит. Ордук холуочук буоллаҕына. Ийэм буолуммат эбит. Мин онтон сэмээр үөрэбин — тыый, өлөн хаалыа дии!.. Аҕабын буойуохпун баҕарабын да, улахан киһини — буолаары буолан, төрөппүт аҕаҕын — хайдах буойуоххунуй? Хата, уоран истэ сытарбын биллэхтэринэ, таһыйыахтара... Уум көтөн хаалар. Аҕам ийэбин өлөрөрө буолла... Хайдах гынан тохтоппут киһи?.. Мин өссө үчүгэйдик истээри, хаптаһын быыска сыстабын — төһө да сааттарбын. Быыс дьөлөҕөһүнэн көрүөхпүн сөп этэ эрээри, саатабын, суобас дуомнаахпын. Истиэхпин эмиэ суобаһыргыыбын да, ийэм өлүөхтээҕин санаатахпына, хайдах да буолуохпун билбэппин... Биирдэ түүн дьоннор тоҥсуйдулар. Туран, ааны аһабын. Уот Куолалаах эбит. Саппараапкалаа диэн аҕабыттан көрдөстүлэр. Ол саҕана аҕам тоҕо эрэ кыра кэмҥэ саппараапсыктыы сылдьыбыта.
Ийэм турбут этэ. Аҕам, баҕарбатар да, турарыгар тиийбитэ. Ыстаанын тимэхтэнэригэр өйдөөн көрбүтүм, били ийэбин ынньаҕалата сыппыта ыстаанын курдары биллэр эбит. Куолалаах ону өйдөөн көрдүлэр быһыылаах. Бу сааты-сууту!!! Туора дьон баалларына! Билигин киһи барыта билиэ, ыйа-ыйа бэлэстэринэн күлүөхтэрэ! Хата, аҕам онно эрэ кыһаллыбат, ыстаанын тимэхтэнэ-тимэхтэнэ, дьиикэй баҕайытык мүчүҥнүүр! Куолалаах тугу да саҥарбаттар. — Тээтэ, мин баран саппараапкалыам, эн хаал, — диибин. — Чэ, ити уол баран саппараапкалаатын, — диир аҕам, Куолалаах диэки көрө-көрө, үөрбүттүү. — Мин туругум мөлтөх, бэйэҕит да көрөҕүт. Таһырдьа үрүҥ түүн бүрүүкээбит, үчүгэйэ эрэ бэрт да, улаханнык саатан, аат харата салбыҥнаан тиийэн, саассыга олорунабын. Саппараапкалыыр сирбит чугас, уруккута кирпииччэ оҥорор сир таһыгар, хатыҥ чараҥ чугаһыгар баар. — Дьонуҥ ити тугу гыналлар, тоом? — диэн Куола сэмээр ыйытар. — Билбэппин, — диибин мин, атын сир диэки көрө-көрө. Куола салгыы тугу да саҥарбат. 10 апреля 2003 год. 22 ч. 45 м. Во мне давно зрело желание писать о себе, о своей жизни. Хотя моя жизнь ничем особенным не отличается от жизни моих односельчан, ведущих тихий, скромный образ жизни. /.../ И если у меня хватит терпения довести начатое до конца, если удостоверюсь, что написанное мною интересно, если сумею передать на бумаге психологию своего времени, то, кто знает, когда-нибудь в далёком будущем, кто-нибудь, кто причислит меня к своим далёким предкам, с благоговейной грустью и с сильно бьющимся от волнения сердцем, будет держать написанное мною в своих руках. И если он отнесётся ко всем моим недостаткам с должным пониманием, если он поймет меня и мысленно пожмёт мне руку, то моя душа на том свете почувствует себя на верху блаженства. А если написанное мною попадет в грязные руки, то душа моя будет осквернена. (Александр Алексеев күннүгүттэн.) Сайын, тоҕо эбитэ буолла, дэлби ыран, дьүдьэйэн хаалбытым. Эмиэ да ыалдьыбакка дылы этим. Хайдах эрэ мэйиим эргийэр, мэктиэтигэр тэмтээкэйдии сылдьар курдук буолбутум. Биирдэ хонтуораҕа үлэлиир ыалбыт Ыстапаан Өлөксүөйэбис, дьонум үөлээннээҕэ, биһиэхэ киирэ сылдьан, ыйыппыта: — Хайа, Сааска, тоҕо дэлби ыран хааллыҥ, этиргэн этиҥ дии. Бу илииҥ дэлби синньээн хаалбыт. От илии-атах буолбуккун. Мин аһыннаран, уйадыйа сыспытым эрээри, тугу да саҥарбатаҕым, умса туттан кэбиспитим. Ити сайын мин эстээри бэлэм турар иитиллибит айа курдук сылдьыбытым. Мэлдьи быыппаста сылдьарым — ийэбин аһынарым бэрт, кини туһугар кимниин баҕарар иирсиэхпин, куруубайдыахпын сөптөөҕө. Биирдэ түүн уһукта биэрбитим. Ыйдаах этэ. Арай дьиэбит кэннигэр ыалбыт Киргиэлэйдээх тастарыгар ханнык эрэ дьахтар улахан баҕайытык ытаан эҥсэлийэр саҥата иһиллэр. Ону кытта сэргэ ыалбыт Киргиэлэй саҥата бап-бардьыгынас, бап-бааҕынас. Бардьыгыныырын быыһыгар тугунан эрэ охсор быһыылаах, ол аайы дьахтар сап-сарылас: — Айуу-айа-йа-йа!..
Айыкабын да-а!.. Сиэтэ-э, сиэтэ!.. Хайдах хайдаҕый? Ийэм саҥатыгар дылы дии. Чахчы, ити кини ытыыр! Киргиэлэй сараһын ийэбин кырбыы сылдьар эбит! Нэриэти тахсан, үчүгэй аҕайдык кэһэтэн биэриэм!!! Ийэбин быыһаары ойон турабын. Ый быыһа хараҥаҕа түргэн үлүгэрдик атаҕым таҥаһын, чараас соммун кэтитэлээт, истиэнэҕэ өйөнөн турар сыбаабыраны харбаан ылан, таһырдьа тахсыах быһыынан аан диэки ыстанан эрдэхпинэ, кэннибиттэн ким эрэ харбаан ылла. Соһуйан көрө түспүтүм — ийэм турар эбит. Оо, онно үөрбүппүөн! Сыгынньахтанан, ороммор хос сытабын. Уоскуйан баран, таһырдьа буола турар мучумааны иһиллиибин. Били ийэм диэбитим, хантан эрэ атын оройуонтан кэлэн тырахтарыыстыы сылдьар киһи Киргиэлэйтэн кырбанан ытыыр эбит. Дьахтар курдук улахан баҕайытык энэлийэ-энэлийэ ытыыр. Мин эр дьон итинник ытыылларын саҥа истэбин. Дьикти баҕайы, мэктиэтигэр тыыммакка да иһиллиибин. Киргиэлэй, ийэбин кырбыахтааҕар буолуох, хата, биһигини көмүскэһэн, бап-баһыгырас буолбут эбит: — Дьэ, ыалларбын киирэн тыыталаан көрөөр эрэ! Сүүсэйдэтэлиэҥ да миигиннээх буолуоҥ! Онтон биһиги диэки туһаайан хаһыытыыр саҥата иһиллэр: — Даайаа, куттанымаҥ, эһигини тыытыам суоҕа! Утуйан хаалыҥ! Биирдэ аҕам орто холуочук тастыҥ эдьиийэ Өкүлүүннээх уһаайбаларыгар олорорун көрбүппүт. Өкүлүүннээх дьиэлэрэ биһиги дьиэбититтэн чугас оҕуруот нөҥүө туһунан уулуссаҕа турар этэ. Ийэм эппитигэр мин аҕабын аҕала сүүрбүтүм, оттон ийэм күүлэтэ суох дьиэбит аанын үктэнэригэр тахсан көрөн турбута. Аҕабар сүүрэн тиийэн: — Бардыбыт, — дии-дии, илиититтэн тардыалаабытым да, аҕам турбакка ийэм диэки көрөн олорбута. Ийэм ыҥырбытыгар: — «Остуоруйабытын» салгыыр эрэ буоллахпытына барабын... — диэбитэ. Аҕам ийэбэр тугу таайтаран эппитин, кэһэкэнэ буолан хаалбыт киһи, тута өйдөөн ыксыы түспүтүм: эмиэ ынньаҕалатан эрэр, ийэбин төрүт аһыммат, өлөөрү сылдьарын билбэт... Аҕабын син туруоран, дьиэбитигэр барабыт. Ийэм аҕабар ис миинэ кутан биэрбитэ. — «Остуоруйабытын» салгыыбыт буолбат дуо?.. — дии-дии, аҕам ийэм диэки эрэммиттии көрөр уонна миинин иһэр. Александр АЛЕКСЕЕВ Сунтаар, Бордоҥ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан