Кэпсээ
Войти Регистрация

Итэҕэй-итэҕэйимэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Итэҕэй-итэҕэйимэ

K
29.03.2018 15:02
Биһиги бөһүөлэккэ бэрт дуоспуруннаах кырдьаҕас баар. Эдэригэр бөдөҥ-садаҥ, кыахтаах эбитэ үһү. Онто билигин да тас көстүүтүттэн сэрэйиллэр. Элбэх саҥата суох, наар дьиэтин таһыгар тугу эрэ гына, дьаарыстыы сылдьар буолар. Кэргэнэ лаппа сааһыран баран өлбүтэ. Оҕолоро куоракка бааллар. Кырдьаҕас билигин бэйэтэ хаалан олорор. Дьиҥинэн, оҕо-уруу дэлэй буоллаҕа. “Куоракка тэһийбэппин, кыанарым тухары өтөхпүттэн тэйэр санаам суох”, – дэтэллэр. Сүөһү-ас туппат. Сылгылара сыһыыга-хонууга сырыттахтара. Сотору-сотору сүтэриттэн сылыктаатахха, онтуларын кэмиттэн кэмигэр баран көрөр быһыылаах. Дьэ, бу кини эдэр сылдьан туохтан да чаҕыйбат, быыппастыгас быччыҥнаахтары, бөҕө систээхтэри кытта тэҥ-тэҥҥэ киирсэр, кыах бөҕө киһи үһү. Ол эрээри спорт маастара эҥин буолбута тоҕо эрэ иһиллибэт. Ыһыахтарга эҥин эрэ онтун, санаата киирдэҕинэ, дөрүн-дөрүн биллэрэрэ дииллэр. Бэл диэтэр, биирдэ көстүбэт күтүрү кытта киирсибиттээх диэн кэпсииллэр. Арай үүтээҥҥэ соҕотоҕун хоно сыттаҕына, бастаан утаа тутуу үрдүнэн үрүт буор биллэ таммалыар диэри туох эрэ ыарахан хаампыт. “Туох кыыла буулаата, аны тыатааҕы буоллаҕа дуу?” – диэн, сүнньүөхтээх саатын туппутунан таһырдьа ойон тахсыбыта, туох да баар сибикитэ суох эбит. “Ханна эрэ ыстана оҕустаҕа дуу?” диэн, санаатыгар, үүтээнин эргийэ хааман көрбүт да, чугаһынан эһэтээҕэр буолуох быыкаа тыынар-тыыннаах баара биллибэт үһү. Сөҕө санаан баран киирэн, эмиэ утуйардыы сыппыт. Арааһа, утуйбут да быһыылаах. Арай ким эрэ сүр эрчимнээхтик суорҕанын эһэ тардан ылбыт. Үүтээҥҥэ туох уота кэлиэй? Им балай быыһыгар харбыалаһыы буолбут. “Ким киирдэ? Кимҥиний?!» дии-дии, соһуйбут омунугар, олоро түһээт, киһиттэн былдьаһардыы суорҕанын тардыалаһар үһү. Били күтүрэ, эр бэрдэ туран кэлбитигэр “киһи эрэ буоллар”, сүппүт курдук буолбут. Төттөрү оҥостон, эмиэ утуйардыы сыппыт. Пахай, доҕор, чочумча буолаат, эмиэ суорҕана атаҕын диэки аргыый сыыйыллар үһү. Онтон кыыһыран туран, чүмэчи уматтан көрбүтэ, эмиэ туох да баара көстүбэт. Киһибит да, киһи сөҕүөх, бэркиһиэх, холкута, өсөһө бөҕө эбит. Көстүбэт күтүрү кытта: «Сиир буоллаххына сиэ. Хайабыт кыайар эбит?! Бэттэх кэл!” – диэн “этиһэ-этиһэ”, чуумпурдаҕын аайы утуйа сатыыр үһү. Ол быыһыгар биирдэ-иккитэ үрдүгэр өссө иһит-хомуос кыырайан кэлбит эҥин. Дьон кэпсээнинэн, кэлин букатын биллибэт эттиктиин олох да тутуһуу-хабыһыы буолбут. Этэ-сиинэ көҕөрбүттээх этэ дииллэр. Түмүгэр, кыайыылаах хаалан эбит буоллаҕа, күн бүгүнүгэр диэри олордоҕо. Олоҕо суоҕу кэпсиир, омуннаах дьон баар буолаллар. Ол эрээри кини оннук дьоҥҥо хайдах да киирсибэт. Атын омуннаах кэпсээҥҥэ кыбыллыбатах киһи. Итинтикэтин да ол абытайдаах хонук кэнниттэн “аһыы” олорон, алҕас айахтатан, биллэрбитэ дииллэр. Ону санаталларын сөбүлээбэт сурахтаах. Сорохтор арыгыттан ыалдьыбыта буолуо дииллэр. Ол тыаҕа анаан-минээн бултуур, дохуот киллэринэр киһи, соҕотоҕун туох диэн арыгылыы сытыа эбитэй, санаан да көрдөххө. Аны, сүрүнэ, урут да, аны да, арыгы доҕордоммута иһиллибэт. Биирдэ эмэ кырдьаҕастан бэйэтиттэн сиһилии ыйыталаспыт киһи диибин да, толлобун. Ол үүтээҥҥэ атын да дьон дөрүн-дөрүн баттатар эҥин
сурахтаахтара. Ол эрээри илэ тутуспут-хабыспыт баарын туһунан кэпсээн суох. С.Н. Иванов, Сунтаар.
kyym.ru сайтан