Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хаххан түүйүүтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хаххан түүйүүтэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.03.2018 17:01
Бу түбэлтэ 80-с сылларга буолбута. Ити кэмҥэ чугас доҕору сүтэрии аһыытын, олохтон хомойууну, хоргутууну аан маҥнай билбитим. Оччолорго биһиги баара-суоҕа 15-16 саастаах оскуола оҕолоро этибит. Ыаллыы олорор үс дьүөгэлиилэр куруук бииргэ сылдьарбыт. Дьоммут “бу кыргыттар икки ардыларынан уу тэстиэ суох” диэн күлэллэрэ. Кырдьыга да, оннук этэ. Оскуола кэнниттэн дьоммутугар пиэрмэҕэ тиийэн тэҥҥэ ынах ыаһарбыт, саах күрдьүһэрбит. Ол кэнниттэн оонньуу сүүрэрбит. Былаачыйабыт тэллэҕэ тэлээрэн хаалааччы. Хойутуу саас этэ. Халлаан бэркэ сылыйбыт кэмэ. Күн “миигин көрөн үөрүҥ-көтүҥ” диэбиттии, чаҕылыччы тыгара. Биһиги, тохсус кылааска үөрэнэр үс дьүөгэ, бүтэһик уруок кэнниттэн оскуолабытыттан таҕыстыбыт. Буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсэбит. Даайыс диэн бэтиэхэлээх кыыспыт биһигини дьээбэлээн, айаҕа хам буолбат. Оскуола олбуорун тахсааппытын кытта арай уун-утары эмэҕирбит эргэ тииккэ сүүнэ улахан хаххан биһигини тонолуппакка көрөн аҕай олорор. Аата, хараҕа улаханын! Субу кэлэн ыйыстан кэбиһиэхтии иччилээхтик, сытыытык көрөр. Урут бөһүөлэк хабайар хаба ортотугар, буолаары буолан, күрүлүүр күнүс хахханы хаһан да харахтаан көрө иликпит. Ол эрээри тоҕо эрэ соччо куттамматыбыт. Күнүс буолан эбитэ дуу... Итиэннэ оҕо бөҕө аттыбытынан хаамса сырыттаҕа дии. Иҥсэлээхтик одуулуу олорор хаххантан тэйэ хаамаат, атын суолунан бардыбыт. Син ону-маны кэпсэттибит. Били, күлэ-үөрэ, биһигини көҥүл дьээбэлии испит Даайыспыт саҥата тоҕо эрэ аччаабыт. Аат эрэ харата сибигинэйэр. Аҕыйах хардыыны оҥорооппутун кытта хаххаммыт субу барыйан олорор! Эмиэ иччилээхтик көрбүт аҕай. Биһиги куттанныбыт, көлөһүммүт сарт түстэ. “Тэйиччи соҕус турар эргэ хотоҥҥо киирэн саһыахха. Сотору барыа” дэстибит. Сүүрэр былаастаан, тиэтэйэ-саарайа эргэ хотон диэки түһүннүбүт. Хаххаммыт биһигини эргийэ көтө сырытта. Хотоммутугар киирээт, дьэ “һуу-уу!” дии түстүбүт. Хотоммут эмэҕирэн хаалбыт. Хараҥа. Син өр олордубут. Ол тухары Даайыспыт биир да тылы быктаран көрбөтө. Бу санаатахха, кута көтөн хаалбыт эбит. Кураанаҕынан мэндээриччи көрөн олорор этэ. Хотонтон таҕыстыбыт. Хаххаммыт олорбут сириттэн харыс да халбарыйбатах. Биһиги төһө да куттаннарбыт, дьиэбит диэки түһүннүбүт. Хаххаммыт тоҕо эрэ батыспата, кэннибиттэн иччилээхтик көрөн, олорон хаалла. Киэһэ оонньуу тахсыбатыбыт. “Тахсыаххайыҥ” диэн, ким да тыл быктарбата. Сарсыҥҥытыгар эмиэ оскуолабытыгар кэллибит. Үөрэннибит. Бэҕэһээҥҥи кутталлаах түгэни арыый умна быһыытыйбыппыт. Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ оскуолабытыттан таҕыстыбыт. Даайыспыт уруккутун курдук буолбатах эрээри, син үөрэр-көтөр. Арай, били хаххаммыт эмиэ биһигини көрбүтүнэн уун-утары эмэҕирбит тииккэ олорор. Көрбөтөҕө буола-буолабыт дьиэбит диэки тэбиннибит. Хаххаммыт биһигини тула көтө сырытта. Үһүс, төрдүс күн эмиэ ити курдук хатыланна. Үһүс күн киэһэ утуйаары олорон улаханнык ыалдьа сытар кырдьаҕас эбэбэр: “Хаххан биһигини батыспыта үһүс күнэ буолла. Утары тонолуппакка көрөн олорор, хаамтахпына батыһар”, – диэн кэпсээн биэрдим. Эбэм эрэйдээх үөһэ тыынан баран: “Тугу түүйэн батыстаҕай?! Арааһа, миигин ыла кэллэҕэ...” – диэтэ. Бэһис күммүтүгэр хаххаммыт көстүбэтэ. Ханна барбыта-кэлбитэ биллибэккэ, сүтэн хаалла. Биһиги испитигэр үөрэ санаатыбыт. Хас да күнү быһа буулаан сордообут хаххаммытыттан
босхолоннубут диэн... Ол эрээри ити үөрүүбүт уһаабатаҕа. Оруобуна бэһис түүнүгэр аана суох алдьархай ааҥнаабыта. Били, күн курдук күлэн-үөрэн мичилийэ сылдьар Даайыспыт сураҕа суох сүтэн хаалбыта. Ир суолун ирдээн, нэһилиэк дьоно бары турунан иннэни көрдүүр курдук сыныйан көрдөөбүттэрэ да, булбатахтара. Бадаҕа, түүн дьиэтиттэн тахсан барбыт үһү. Дьиэлээхтэртэн ким да билбэккэ хаалбыт. Сарсыарда турбуттара – ороно кураанах оҥойон сытара үһү. Ити курдук Даайыспыт биһигини ытаппытынан-соҥоппутунан сүтэн хаалбыта. Хаамар буолуохпутуттан бииргэ доҕордоһон сылдьыбыт буоламмыт, киниэхэ олус убаммыт этим. Санаабар, бу киирэн кэлиэх курдуга, “кэлиэ, булгу кэлиэ” диэн бүтэйдии эрэнэрим, кэтэһэрим. Эбэм эрэйдээх өссө икки-үс сыл олорон баран анараа дойдуга аттаммыта. Ити куһаҕан сураҕы истэн баран: “Ити кэриэтэ миигин сиэбитэ буоллар...” – диэхтээбитэ. Кэнники улаатан баран истибитим Даайыс атаҕын суола туох да муоҕа-чуоҕа суох үрэх диэки киирэн бара турбут үһү. Үрэххэ чугаһаан баран, чочумча тохтоон ылбыт уонна салгыы иннин диэки бара турбут. Дьон оҕобут ити быһыытын “икки харахтаах көрбөтүн, хаптаҕай кулгаахтаах истибэтин” диэн ылы-чып кистэппиттэр. Олоҕум орто омурҕанын аастым. Ол кэннэ биирдэ даҕаны, саатар, алҕаска даҕаны, хахханы харахтаан көрбөтүм. Ол онно түүйэн көһүннэҕэ... Даайыспын, доҕорбун ылан бараары...
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан