Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бэриэтчит
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бэриэтчит
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.03.2018 15:16
Бу түбэлтэ 80-с сылларга буолбута. Мин онус кылааһы бүтэрбит, олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн эрэр эдэркээн кыыс этим. Оччотооҕу кэминэн оскуоланы бүтэрбит оҕолору “оскуола-үлэ-производство” диэн луоһунунан сопхуоска үлэлэтэ ылаллара. Адьас ахсааннаах оҕо итини мүччү көтөн үөрэххэ киирэрэ. Мин дойду тыһыынчанан оҕотуттан туох да уратыта суох пиэрмэҕэ дайаарканан үлэлии киирбитим. Кыра эрдэхпиттэн хара үлэҕэ эриллэн улааппыт буоламмын, сонно тута 16 ынаҕы сыһыарбыттара. Түбүктээх, сылаалаах этэ эрээри, эдэрим бэрт буолан буолуо, улаханнык ыарырҕаппатаҕым. Ырыа-тойук доҕуһуоллаах, үҥкүү-битии аргыстаах үлэбитигэр кэлэрбит. Сааһыары, дьэ, маннык түбэлтэ буолла. Саас, ынах төрүүр кэмигэр, букатын эрдэ кэлэрбит. Саҥа төрөөбүт ынахтаах дьон лоп курдук сарсыарда 6 чаастан кэлэн, ынахтарбытын ыырбыт, от киллэрэн аһатарбыт, саах күрдьэрбит. Аттыбар үлэлиир дьүөгэ кыыһым Сэбиэтэ ынахтара ол сыл эрдэлээбиттэрэ. Биир саас сарсыарда хотонугар эрдэ кэлэн ынаҕын ыы олорбут. Күн саҕахтан ойон эрэр буолан, хотон иһэ балайда сырдаабыт. Ким да суох, иһиллээбит курдук уу чуумпу эбит. Ол олордоҕуна, арай хотон ортоку аана тэлэччи аһылла түспүт уонна мин курдук дьүһүннээх-бодолоох, таҥастаах-саптаах киһи киирэн кэлбит. Туохтан эрэ санаарҕаабыт курдук, төбөтүн санньыччы туттан, хотон ортотунан ааһа турбут. “Хайа, Марыына бачча эрдэ туохха кэллэҕэй? Арааһа, бөлүүн ынаҕа төрөөтөҕө дуу?” диэн, толкуй бөҕөҕө түспүт. “Бэйи, дьон кэлэн, “куу-хаа” буола илигинэ токкоолоһон ыйытыахха, кыратык сэлэһэ түһүөххэ” диэн санааланан “Марыына-аа, Марыына-аа...” диэн хаста да ыҥырбыт. Киһитэ ааппын ааттаатылар, миигин сурастылар диэн, ымыр да гынан көрбөккө, ааһа турбут. Хотон уҥа өттүнээҕи улахан аанын аһан тахсаатын кытта сонно тута ортоку аанынан мин күлэн-мичилийэн киирэн кэлбиппин. “Хайа, Марыына, эн билигин аҕай ааспытыҥ буолбат дуо?” диэбитигэр мин соһуйан, олоро түһэ сыспытым. Онтон күннээҕи түбүгү кэпсэтэн, буолары-буолбаты ылахтаһан, көргө-көлүүгэ кубулутан кэбиспиппит. Дьиэбэр тиийэн эбэбэр кэпсээбиппэр “бэриэтчигиҥ буоллаҕа... Туохха көстүбүт баҕайытай?” диэн, букатын сөбүлээбэтэҕэ. Ити түгэн итинэн ааспыта. Аҕыйах хонон баран, түүн ынаҕым төрөөн кэбиспит этэ. Торбоһо ханаабаҕа түһэн, тумнастан, сонно тута өлбүт. Адьас киэһэ баран ынахпын көрбүтүм. Түүн төрүөх быһыыта букатын суоҕа. Бэриэтчит ол иһин көстүбүт эбит.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан