Кэпсээ
Войти
Регистрация
Чөчүөккэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Чөчүөккэ
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
22.03.2018 15:11
Ынахпытын үүрэн, дьоммун кытта Арыылаах учаастагар сайылыы кэллибит. Нөҥүө күнүгэр аҕам ходуһатын көрөн баран: “Өлгөм от үүнүүһү, өҥ дьыл буолууһу,” – диэн, бэркэ үөрэн кэллэ. Киэһэ утуйаары оҥоһуннубут. Бырааппын уонна миигин биир ороҥҥо утутар буоллулар. Мин ону букатын сөбүлээбэтим. Миигиттэн минньигэһин харыһыйааччы, өссө сороҕор тэбээччи. Бэйэтин тэбээри гыннахпына, ийэм: “Ээ чэ, түксү! Оҕоҕун эмиэ ытатаары гынныҥ дуо?” – диэччи. Мин онтон ордук абарааччыбын. Ол сайын уһуну-киэҥи толкуйдаабат уончалаах орой-мэник бэтэнээскибин. Быраатым миигиттэн үс сыл балыс этэ. Утуйаары ырбаахыбын уста олордохпуна, оһох кэнниттэн туох эрэ быгыалаата. Үчүгэйдик өйдөөн көрбүтүм, куп-кугас баттахтаах, сып-сырдык харахтаах оҕо сотору-сотору миигин өҥөйөн көрөр эбит. Тииһэ тииһигэр ыпсыбат буола олус үөрбүт, сирэйэ-хараҕа турбута сүрдээх. Кинини көрөн олорорбун биллэ быһыылаах: оһох кэнниттэн ойон тахсан аан диэки сүүрдэ. Ааны аһан иһэн миигин көрөн ылла уонна “кэл, оонньуох” диирдии хараҕынан имнэннэ. Мин, дьэ, орой-мэник киһи, өрө тиллэ түстүм. “Хантан кэлбит оҕо буолуой? Оһох кэннигэр тоҕо саста?” диэн санаа төбөбөр букатын охсуллан ааспата. Кугас баттахтаах оҕобун эккирэтэн, таһырдьа ойон таҕыстым. Халлаан хараҥара быһыытыйбыт. Ким да көстүбэт. Кэннибин хайыһан көрдүм – эмиэ суох. “Билигин аҕай тахсыбыта дии. Баар, баар буолуохтаах” дии санаан, балаҕаммын хаста да эргийэн көрдүм. Булбатым. Дьиэбэр киирэн. утуйан хааллым. Сарсыҥҥы күнүгэр дьоммор кэпсээбиппэр ийэм дэлби мөхтө. Биир кэм: “Орой мэниккин! Хаһан улаатар оҕоҕунуй?!”– диир. Ол эрээри биирдэ даҕаны абааһы, сибиэн, чөчүөккэ диэн тылы ахтан аһарбата. Эбэм оронуттан туран алаадьылаан барда. Алаадьытын уокка биэрдэ уонна балаҕан түөрт муннугар уурда. Ол кэнниттэн миэхэ кэлэн: “Тукаам, эн кинини кытта букатын оонньоомо. Ыҥырдаҕына даҕаны, ончу батыһыма. Өссө көһүннэҕинэ, биһиэхэ этээр. Бырааккын көрө сырыт. Дьиэҕэ соҕотох хаалларымаар. Ити – чыычый оҕо”, – диэтэ. Чыычый оҕо ити кэнниттэн биирдэ даҕаны көстүбэтэҕэ. Быраатым даҕаны көрбүт быһыыта биллибэтэҕэ. Дьонум сотору-сотору: “Чыычый оҕо көстүбэт дуо?” – диэн токкоолоһон ыйытааччылар. Этэҥҥэ сайылаан, күһүн Арыылаахтан төннүбүппүт. Мин испэр ол чыычый оҕону кытта, саатар, биирдэ оонньуохпун олус баҕарарым.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан