Кэпсээ
Войти
Регистрация
Сыһыы Кыыһа уонна Лаҥкы уол
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Сыһыы Кыыһа уонна Лаҥкы уол
K
kyym.ru сайтан
Күлүк
16.03.2018 16:40
Оҕо эрдэхпиттэн икки оҕонньору кытта биригээдэҕэ барыахпар диэри хас да сыл оттоотоҕум. Үөлээннээхтэр уруккуну-хойуккуну ахтыһаллара: саҥа былаас олохтонуута, быһыйдар-күүстээхтэр, о.д.а. Ол да буоллар өйбөр тутан хаалбыппын түмнэххэ, биир киһи олоҕо толору көстөн кэлэргэ дылы. Мантан салгыы тугу өйбөр тутан хаалбыппын кини тылынан кэпсиим... * * * Үйэ кирбиитигэр төрөөбүт киһибин. Толору аатым – Ньукулай Баһылайабыс Батаакап. Муоһайбын. Төрөөбүт төрүт дойдум – Муоһай курдук кэрэ сири көрбөтөҕүм. Ол курдук күндү, чугас. Оччолорго дьон ходуһалаах, уулаах, бултаах сирдэринэн биирдии-иккилии ыал буолан олорорбут. Муоһайым таҥара дьиэлээх Томтортон көстөн эрэ ордук сиргэ турар. Онон кыһын дьыбарга куолакал тыаһа лыҥкынаан олорор буолара. Былыр удаҕан аҥаардаах, көрүөхтэн кэрэ кыыс төрөөн ааспыта эбитэ үһү. Сир-дойду иччитэ тэҥҥэ ыллаһыа диэн, дьоно харыстаан буойа сатыылларын истибэккэ, ыллыы-туойа, хомуска оонньуу сылдьыбыт. Арбаҕастаах ойуун билэн ыйыттарбытыгар букатын сөбүлэспэтэх. Аккаас биэрэн буолуо, олоҕо уһаабатах, биир-икки сылынан анараа дойдуга аттаммыт. Дьоно, аймахтара олус хомойон, кыыстарын мааны таҥаһын таҥыннаран, киэргэллэрин, хомуһун хоруобугар уган, ууттан чугас көмпүттэр. Кыыс тахсан ууга бардаҕына, тугунан эргийэрэ биллибэт диэн саастаах дьон саллаллар, ырааҕынан тумна хаамаллар, от-мас төрдүгэр алаадьы уураллар, “Сыһыы Кыыһа” диэн ааттыыллар. Кыыс хоруобун хостооһун Сааскы көмүөл мууһугар барбата, хоруоп аҥаара көһүннэ, кэлэ-бара кэтээн көрөбүн, куттаммаппын. Аны көрүөхпүн баҕарар буолан бардым. Хам-түм ол сиргэ хомус тыаһын истибиттэр, кыыс ыллыырын көрбүттэр, сахалыы таҥастаах кыыс сыһыыны туораан эрэрэ үһү диэн кэпсээн үһү-таамах курдук иһиллэн ааһар. Улахан мэнэриктэргэ этиттэрбит “ууга барарым чугаһаата, сирим-дойдум дьоно ыытымаҥ, сытар сирбин көһөрүҥ!” диэн этиттэрбит дэһэллэр. Дьон-сэргэ дьиксинэр. Көһөрөргө биир эмэ киһи сөбүлэһиэн сөп да, буолумматтар. Өйүм-санаам Сыһыы Кыыһыгар буолла. Ыспааһап ардаҕа саҕаланна, үрэх уута улаатыахтаах. Оччоҕо Сыһыы Кыыһа ууга барар. Мин хоруобу эрийэ тардан таһааран, ньаамыкта талах сигэлээҕин быһаҕынан быһыта соттум, арыйа баттаатым. Илиим сап-салыбырас, атахпар уйуттубат буолан хааллым. Көрбөтөхпүн көрөн, мах бэрдэрэн ыллым – өрдөөҕүтэ өлбүт киһи дьардьамата эрэ сыттаҕа дии санаабытым, атын буолла. Оччолорго эдэрбин, кыанабын. Туоска эриллибит кыыһы хоруобуттан ороон, ыркый ойуур иһигэр кыра ырааһыйа баарыгар хаспыт ииммэр таһаардым. Иккиһин кырынан, хоруобун ороотум. Дьэ, холкубар түстүм. Туоһу арыйан истэхпинэ, хобо-чуораан тыаһа иһиллэн ааста. Аата, бу таҥаһа-саба сиэдэрэйин: этэрбэһэ кытта кыбытыы кыһыл таҥас киэргэллээх, хоруоҥкалаах, илин кэбиһэрин оҥоһуута этиэхтэн кэрэ сиэдэрэй, биилиттэн аллара кыра чуорааннардаах уһун киэргэл салбырҕастар түспүттэр. Тарбахтарыгар араас биһилэхтээх, уҥа илиитин ойоҕоһугар кыра саппыйа иһигэр: иистэнэр тэрилэ, туостан кырыллыбыт кыра сылгылар, ынахтар, муостаах табалар, балыктар уонна кыптыый, кыра кыыннаах быһах, хомус бааллар. Бүтэһигэр сирэйин сабыытын арыйдым, төһөнөн көрөбүн да, кыыһым тупсан истэ: бу суһуоҕа уһунун, хааһа хойуутун, мичээрдии сытар курдук, тэбис-тэҥ тиистэрэ кэчигирээн көстөллөр. Кулгааҕын эминньэхтэригэр улахан ытарҕалар ыйаммыттар, төбөтүгэр
бастыҥалаах. Иин түгэҕэр хоруобун аҥаарын түһэрдим, кыыһы туоһугар эрийэн, хоруобугар уган кэбистим. Хоруоп хаппаҕын сабаары туран, туох имнэммитэ эбитэ буолла, кыыс тарбаҕыттан биһилэҕин уонна хомуһун сулбу тардан ыллым. Ыксалынан хоруобун сабан, буорунан тарыйан кэбистим. Иин хаһыллыбыта биллибэт гына көппөҕүнэн, көтөҕөнөн бүрүйэ түһэн баран, үрдүгэр сыгынаҕы саба тардаат, сыыртан таҥнары сүүрэн түһэн, дьиэбин былдьастым. Ардах күүһүрэн барда. Күрдьэхпин, сүгэбин чүөмпэҕэ бырахтым. Кэтэнии Аҕыйах хонук иһигэр кэтэнэр курдук сырыттым, тугу оҥостубуппун билэбин. Кулгааҕым кырыытынан иһиттэхпинэ, дьонум сибигинэһэллэр, “хоруоп ууга сиҥнэн барбыт, тугунан суодуйар?” дэһэллэр. Төһө тухары ардах түһүөй, ыраас күн сандаара түстэ, сэргэхсийэ таарыйа дьоммор: “Томторго бардым”, – диэт, элэс гынан хааллым. Сискэ чугаһаан истэхпинэ биир кыыс сыһыыны туораан, ыркый ойуур диэки тахсан барда. “Чэ, бэйи, Өрдөөх уһун сыһыытыгар ситэр инибин”, – диэн балайда түргэнник хаамтым да, биир да киһини көрбөтүм. Уолаттарбын, кыргыттарбын көрсөн, оонньууларга кыттан көрдүм. Маайыс кыыстыын тыл бырахсан ыллыбыт да, санаам букатын атыҥҥа халыйа турар. Дьикти, атын турукка киирбиппин биллим. Тулам иримнээн-дьиримнээн барда. От-мас сибигинэһэн кэпсэтэрин истэбин. Күскэгир сиригэр чугаһаан истэхпинэ, хомус тыаһа, кыыс ырыата иһиллэн барда. Ким хомус тардарын, ыллыырын биллим. Кыыһы ууга барарыттан быыһаатым, онон кыттыгастаах буоламмын, чугас киһим курдук санаан кэбистим. – Дьүһүнүн, мөссүөнүн үчүгэйиттэн, ырыа-хомус ыраас тыаһыгар курдаттыы тартаран, ымсыыран биһилэххин, хомускун ылбытым, туохха барытыгар бэлэммин, дьон өйүнэн аһааҕырбыт диэхтэрин билэбин. Бу ыарыы элбэҕэр ханна кыра оҕо өллүн, сүөһү моһуогурдун – барытын миэхэ түһэрэллэрин билэ, таайа сылдьабын. Маннык олоххо олоруох кэриэтин өлбүтүм ордук, миигин ылан бар... – диибин, кыыс буорун үрдүгэр умса сытан. Ырыа, хомус тыаһын батыһан сыһыыга киирэн кэннибин хайыһан көрбүтүм, кыыс титирик ойуур саҕатыгар турар. Кулгаахтарым кулугулара төлө бардылар, ырыа-тойук, саҥа-иҥэ кутулла түстэ. От-мас, көтөр-сүүрэр бары саҥаран бардылар, хааман иһэр сирим күөгэҥнээн ылла. Аньыы содула Оһоҕум кэннигэр лип сыппытым ыраатта. Бу тугуй? Ыалдьабын дуу, иирээри гынным дуу? Барыта түүл-бит курдук. Дьиэ иһинээҕи дьонум киирэллэрин-тахсалларын истэ сытабын. Онтон олох атын сиргэ баар буола түһэбин. Сүрдээх чэпчэкитик, ууга уста сылдьар курдук сананабын. Хайдах да өйбөр батан киирбэт элбэх киһилээх-сүөһүлээх, дьиэлээх-уоттаах дойдуга тиийэбин. Халлааҥҥа харбаспыт күрбэ таас курдук үрдүк дьиэлэрдээх, киһи ойоҕоһунан кыбылла-кыбылла хаамар элбэх киһилээх сиргэ тиийтэлиибин. Таҥастара-саптара сиэдэрэйин, сирэйдэрэ-харахтара ырааһын ымсыыра көрөбүн, биир эмэ билэр киһим баара буолаарай диэн кыҥастаһабын. Онтон буурҕа, тыал ытылла турар үдүк-бадык дойдутугар баар буола түһэбин. Манна эмиэ бэрт элбэх киһи баар. Таҥастара чарааһын, ыгыччы тоҥмуттар. Миигин туора көрбөтүлэр, билэр киһилэрин курдук тутталлар. Саадьахааным маҥырыыр саҥатыттан ороммор сытарбын биллим. Ийэм ынаҕын аттыгар туран төбөтүттэн сыллыыр: “Хотуммут барахсан үүттэнэн кэлбиккин, билигин оҕоҕор киириэҥ. Лаҥкы ыалдьа сытар, суохтаама...” – диир. Барытын истэ,
көрө сытабын. Оттон аҕам? Аҕам ханнаный? Дьон бары окко киирбиттэр. Аҕам талах төрдүн тирбэҕэлээн охсо сылдьар, тириппит. «Тоҕо мин эрэ оттоспокко сытабыный?» диэн санаа кылам гынан ааһар да, турар кыах суох. – Лоҥкуо, ыаммытынан үүттэ ис, – диир ийэм уонна төбөбүн өндөтөн, кыра кытыйаттан сылаас үүтү иһэрдэр. Сыта түһэн баран таһырдьа тахсыбытым – күнүскү түөртүүр кэм, куйаас оройо. Үөн-көйүүр саҥата, чыычаах ырыата кулгаахпар кутулла түһэр. Кыра тыал үрбүтүгэр дьон саҥата кутулла түһэр, кыра-кыратык дүҥүр тыаһаабытыгар дьиэбэр киирэн ороммор сытынан кэбистим. Хара күлүк буулаабыта ыраатта, – эн биһиги киһибит буолаҕын, биһиги бас билиибитигэр киир, тугу барытын толорон иһиэхтээххин. Сөбүлэстэххинэ, үйэҥ да тухары бүтэрбэт үөрэххэр уһуйуллуоҥ, – дииллэр. Мин тоҕо эрэ саллабын, куттанабын. Сөбүлэстэхпинэ, чугас дьоммун толук ууруохтаахпын билэбин, кинилэр Сыһыы Кыыһын былаҕайга тэппит дьоннуун сибээстээхтэрин эмиэ өйдүүбүн. – Сөбүлэс да сөбүлэһимэ, син биир иннигин ылан тэйиэхпит, – дииллэр. Охторон баран, тырыта-хайыта тыытан, холбун-бууппун араарыахча буолаллар. Өллүм. Дьэ, Сыһыы Кыыһын көрсөр инибин. Суох, тыынар эбиппин. Тугу гыналларын көрө-билэ сытабын. Көтөрдөрө-сүүрэрдэрэ эппин-хааммын тоҥсуйбутунан, сиэбитинэн киирэн бараллар. Дүҥүр тыаһа тигинээн, кыаһаан тыаһа кыыгынаан олорор. Ороммор дэлби тиритэн, тыын быһаҕаһынан тыына, өрө мөхсө сытар буолабын. Нэһиилэ салбыҥнаан, күрдьүккэ тахсан киирэбин. Тула өттүбүттэн харахтар кэтииллэр, күлүктэр киирэллэр-тахсаллар. Ийэлээх аҕам бу илэ хаама сылдьар дьону көрбөттөрүн сөҕөбүн. Кэнникинэн үөрэнэн хааллым быһыылаах, куттаммаппын. Миэхэ эрэ көстөллөр, ол аата хараҥа күүстэр буоллахтара, истэрэ дэдэриһэ сытыйан, кыралара, иринньэхтэрэ бэрт, сороҕор – көтөр, сороҕор кыыл төбөлөнөллөр. Сиэри-аһаары салбанан, сиэмэхтэрэ сүрдээх. Чугаһынан туох буоларын, мин туспунан тугу кэпсэтэллэрин барытын билэ-истэ сытабын. Оҕо суорума суолланнаҕына, сүөһү өллөҕүнэ, абааһыларым үөрэллэр, сүтэн хаалаллар. Сороҕор өйүм-санаам дьэҥкэрэн, чэпчээн хаалабын. Оччоҕо киһитэ-сүөһүтэ суох билбэт сирбэр тиийэн, ыллаан-туойан, билбэт турукпар киирэбин. Дүҥүрдээҕим буоллар диэн санаа киирэн тахсар. Хомуһу тардан бардахпына, туох барыта истэргэ, өйдүүргэ дылы. Миигин улахан аньыыга киллэримэ, эйигин кытта көрсүөхпүттэн эрэ иэйии баарын биллим. Орто дойдуга олорортон ордук суох. Ким бу оту-маһы, сибэккини, чыычаах ырыатын, ынах маҥырыырын, сылгы кистиирин, кыра оҕо күөх окко хаамарын сөбүлүү көрүө суоҕай?! Мин билэбин – уу устубутун курдук устуо, күн тахсыа, от үүнүө, чыычаах ыллыа... – диир. Ойуун кыырыыта Мин туспар күн-дьыл элэҥнээн ааһан истэ. Миэхэ ким да аахайбат. Хас да хонукка атах балай барыталаан хаалабын, киһитэ-сүөһүтэ суох сирдэринэн хонуталыы сылдьабын. Сорохтор кырыы харахтарынан, сорохтор аһына, сорохтор куттаммыттыы көрөллөр. Айылҕа эрэ миигин өйдүүр, сир тыынар. Тииттэр, талахтар бары бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр, кыыллар оҕолорун олус таптыыллар, харыһыйаллар... Оттон мин соҕохтохпун. Баҕа өттүнэн бу олохтон баран хаалыахпын баҕарталыыбын. Ол эрээри куһаҕаннык өлбүт киһи улахан аньыыны сүгэрин билэбин. Таҥара дьиэтин кириэстэрин сууллардылар, былаас уларыйда.
Мин эрэ оһоҕум кэннигэр сытабын. Бэл, дьонум кыһамматтар. Ийэм эрэ долбуурга кытыйаҕа ас уурбут буолар. Хара күлүктэр өр буола-буола кэлэн бараллар, мин туох да иһин иннибин биэрбэппин. Саатар дүҥүрүм суох. Кыһын. Күрдьүккэ тахсан турдахпына, хаас саҥата иһиллэн ааста. Аахайбакка хааллым. – Кырдьаҕас, уот аттыгар олор, итин, – диэн саҥаттан уһугуннум. Мин туспар туох эрэ улахан суолталаах буолан эрэрин биллим, илиим-атаҕым хамсаабат буолан хаалла. Оһоҕу отуннулар, оҕонньордоро чэйдээтэ. – Били уолу аҕалыҥ эрэ, – диэбиттэригэр уҥуоҕум халыр босхо барда, тугу да гынарбын билбэт буола куттанным. Куурбут дүҥүр тыаһа этиҥ тыаһыныы саалынна, хараҕым кырыытынан көрбүтүм, көтөрдөрүм, кыылларым оһох үөлэһинэн көтө турдулар. Кулгааҕым эрэ чуҥкунаан хаалла. – Кыыс биһилэҕин, хомуһун аҕал! – диэбитигэр оронум анныгар кистии сыппыт биһилэхпин аҕалан биэрдим. – Хомус ыраах баар, – диэтим. – Сытыма, дьоҥҥор көмөлөс, – диэт, биһилэҕи ханна эрэ бэрт ыраах кыыратта. – Ыаллар, санаарҕаамаҥ. Сэргэлээхтэн бэҕэһээ тахсыбытым, хонон баран Арыылаахха ааһабын. Уолгут орто киһи сиэринэн олоҕун моҥуоҕа, этэҥҥэ олоруҥ, – диэн баран ыалбытыгар хоно таҕыста. Кэлин истибитим, оҕобут маннык сатаныа суох диэн ааһан иһэр улахан ойууҥҥа куоласпын “быстарбыттар”. Тугу этэллэр да, толорон иһэр үлэһит бэрдэ буолан хааллым. Түмсүүлэр, табаарыстыбалар, холкуостар буоллулар. Сүөһүгэ сыстаҕас буолан, кыһыннары-сайыннары хотон үлэһитэ буоллум. Кистээбит хомуспун булбатым, ыалдьа сылдьан ханна уурбуппун умуннаҕым. Аас-туор олохтоох, алдьархайдаах сэрии буолан ааста. Кыанар эрдэхпинэ Муоһайбар баран кэлэрим. Төннөн иһэн Сыһыы Кыыһынан ааһабын да, титирик саба үүнэн кэбиспит. Кимиэхэ да тэҥнээбэт күндү киһим, сирдээҕи олоҕум барыта бутуллубут киһитэ ханна сытарын мин эрэ билэбин. * * * 50-с сылларга холкуостаахтар ууга бараары гыммыт дьон уҥуоҕун көһөрбүттэрэ. Ол да биллибэт буолбут. Эдэрбэр-сэнэхпэр Сыһыы Кыыһын кэтэһэр этим да, түүлбэр эрэ көстөн ааһааччы. Ойуун кыыраппыт биһилэҕин кэтэ сылдьар, сүтэрбит хомуспунан оонньуур. Үйэм тухары күн-ый эргиирин, тулалыыр эйгэни билэ сатаатым да, сиппэтим. Оҕотук сааспар сүбэһиттэммэтэх, уһуйааччыламматах эбиппин. Саатар, ойууҥҥа кутуруксуттаабытым буоллар. “Куоласпын” быспыттара сөп эбит, сэнээн кырыы харахтарынан көрбүттэрэ. Өсөһөн, тугу оҥоруом, хайа суолунан барыам биллибэт эбит. Дьэ, итинник. Биир киһи олоҕо бу кылгас кэпсээҥҥэ киирэн хаалла. Өлөөрү сытан аҕабар кэпсэтэрин быыһыгар: “Умса көмөргүт дуу...” – диэхтээбит этэ. – Киһилии көмүҥ, дьон сүөргүлүө. Өтөрүнэн оннук көмүллүбүт иһиллибэт, – диэбит аҕам. Аҕыйах хонон баран: – Саатар киһи түүлүгэр киирээхтээбэтэ, айыы киһитэ эбит. Муоһай хайатыгар күнү тыктарыам диэбитэ, хайаабыта буолла? – диэбит. Муоһай – чуумпу дойду. Орто дойдуттан букатын барбыт дьон күн тахсарын көрө сыттахтара... Василий Юмшанов-Хонтой Уола.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан