Кэпсээ
Войти Регистрация

Таҥха

Главная / Кэпсээн арааһа / Таҥха

K
13.03.2018 17:16
Сэбиэскэй кэм. Дьокуускай. Балыы­һа. Эргэ Саҥа дьыл. Балаатабытыгар үс буолан хааллыбыт. Атыттар “суунабыт” эҥин диэн, бэнидиэнньиккэ диэри дьиэлэригэр таҕыстылар. Мин, тыа киһитэ, тахсар да сирим суох курдук. Оччолорго эдэрбин, инньэ гынан өрөбүллэргэ оҕонньоттору кытта хаалар буоллум. Элбэх киһилээх балаатаҕа сүрдээх түргэнник саҥа аат биэрэ охсоллор. Оройуоҥҥунан, сорохтору – үлэлэ­ринэн... Өһүргэнэр киһи диэн суох. “Учуонайдаах” “МВД” – дьиссипилиинэлээх ыарыһахтар. Укуолларын, эмтэрин эрэсиимин кэстэрбэт баҕа­лаахтара дуу, эбэтэр дьоннорун, сиэннэрин бырааһынньыктатаары хаалбыттара дуу? Дьонноох эрээри балыыһаттан тахсыбатылар. “МВД”-ны кытта уруккуттан билсэбит, эдэригэр үөрэҕин бүтэрэн хоту учууталлыы сырыттаҕына, милииссийэҕэ үлэҕэ ыл­быттара. «Учуонай» – кинигэ тутан баран сытар оҕонньор. Иккиэннэригэр күнүс дьоно кэлэн барбыттара, онон дьиэ минньигэс аһа баҕас дэлэй. Онтубутун мотуйа-мотуйа, күнү быһа сытан таҕыстыбыт. Оҕонньоттор эдэр саастарын олохторун биир умнуллубат чаҕылхай кэрчигэ курдук ахтыһан, сибигинэһэн кэпсэтэ сыттылар: – Биһиги эмиэ эдэр буола сырыттахпыт, – диир “Учуонай”. – Таҥха саҕаланнар эрэ ким хайдах сатыырынан инники олоҕун ыйда­ҥардан билиэн баҕарар. Оҕо эрдэхпитинэ киһи куттанар түгэннэрин кэп­сииллэрин истэр буоларым. Суор­ҕаны бүрүнэн баран эргэ өтөх иһигэр соҕотоҕун олоруохтааххын эбэтэр киһи уҥуоҕун сэргэтин, ат сэргэтин кууһуохтааххын. Ол баҕайылар тыа­һаан-ууһаан, чугаһаан баран, чочумча тохтоон кэпсэтэ түһэллэр. Эбиитин обургу соҕустук төбөҕө охсоллор, ону тулуйуохтааххын. «Кэпсэтэн бүттүбүт» диэтэхтэринэ, салгыы айанныыллар. Оттон эн кинилэри эрдэ көрдөххүнэ, аччыгыйа, орто дойдуга баппат иирээки киһи буолаҕын, куһаҕана – бу күн сириттэн күрэнэҕин. Дьэ, биирдэ маннык түгэн буолла. Үөрэҕин саҥа бүтэрэн, биһигини кытта үлэлээн эрэр уолу кистии-саба “аптаах, ону-маны көрдөрөр үһү” дииллэрин истэр буоламмыт, төлөпүөнүнэн ыҥыран ыллыбыт. Киһибит биир кыра иһит ханньаактаах киирэн кэллэ. Үөрэп­пит оҕобут, онон бэйэ киһи­тэ буолан кэтэҕэмэйдии барбата. “Со­тору­тааҕыта соҕус табаарыс ыалларбыт соҕотох кыыстара сыбаайбалаары сылдьан бэйэтигэр тиийиммитин көрдөр” диэччи буоллум. Холуочукпар тэптэрэн. Уолбут биһигини ааны утары турар олоппосторго олордон кэбистэ. Бэйэтэ кэннибитигэр хаамыталыы сылдьан оройбутугар ытыһынан балайда күүскэ баттаан ылар. Уоту барытын саптарда, куукунаҕа эрэ от күөҕүнэн сыдьаайар түүҥҥү лаампа барбах сырдатар. Ис-иһиттэн иэйэн-куойан маннык саҥалаах буолла: – Оо, дьэ, сордоох да баҕайы... Муна-тэнэ сылдьар киһини аны киммит ыҥырда? Сыбаайбабар кэтиэхтээх таҥаспын кэтэрпиттэр. Түүппүлэм атахпын ыга тутар диэбитим ээ ийэбэр... Элбэхтик да салааскалаан түс­пүт сирбинэн баран истэҕим. Араас сибэкки таптаан үүнэр сыһыыта халыҥ хаарынан бүрүллэн, ый сырдыгар тунааран көстөр. Таптыыр куоратым туманынан бүрүллэн турара, көрүөххэ, эчи, кэрэтин! Мин тиийиэхтээх сирим ыйа да, күнэ да суох им балай дойду эбит. Кыһыл көмүс көлөөскөм эрэ тунааран көстөр. Дьонум үөрэхтээҕимсийэн, сиэр­гэ-туомҥа сыһыаннаах тугу эмэ кыратык да үөрэппэтэхтэрэ абаты-ыын! Орто дойдуга бэйэҕэ тиийинии диэн улахан аньыы эбит. “Кэргэн тахсыахтаах уолум атын кыыска оҕо оҥорбут үһү” диэни истэн, быстахтык санааланан, атаахтаан манныкка тиийдэҕим. Сэмэн, бачча ыҥырбычча
дьоммор этээр, от күөх тастаах халыҥ тэтэрээти уонна таптаан кэтэр хобулуга суох бачыыҥ­кабын буорга көмтүннэр. Аата, бу массыына элбэҕин, хаһыс этээскэ тахсабын? – дэттэрдэ. “Сэмэн” диэн бэйэм ааппын истэн, иэним кэдэҥнээн ылла. Кулгааҕым чуҥкунаан киирэн барда. Хобулуктаах түүппүлэ тыаһын иһит­тибит. Ходьох гына олоро түс­түбүт. Атах тыаһа улааттар улаатан истэ. Аан таһыгар кэлэн тохтоото, тыынара кытта иһиллэргэ дылы буолла. Уолбут оргууй тиийэн ааны аста. Арай, доҕоор, маҥан былаачыйалаах, моонньугар быалаах кыыс киирэн кэллэ. Биһиги, тымныы уунан ыстарбыт курдук, иэммит кэдэҥнээн ылла. – Чэ, бар, – диэт, уол уоту холбообутугар туох да суох буолан хаалла. Дьиэ уотун барытын холбоотум, табаарыспыныын уку-суку буолан куукунаҕа киирдибит. Туох буолбутун, тугу көрбүппүтүн санаан, дөйбүт курдук буоллубут. “Ама, ити харахпытын баайбыта буолуо дуо?” – диэн санаалар элэҥнээн аастылар. Эмиэ да илэ курдук... – Чэ, үчүгэйдик эргэ Саҥа дьылы көрсүҥ, сынньаныҥ, – диэн баран, уол кыра үрүүмкэҕэ арыгы куттан иһэн баран, тахсан барда. Табаарыспыныын аах-маах буолан хааллыбыт. Уол куппут үрүүмкэлэрин салыбыраабыт тарбахтарбытынан нэ­һии­лэ тутан истибит. Муостаҕа ол-бу таҥаһы тэлгэтэ быраҕаат, хоонньо­һордуу сытынан кэбистибит. Саҥа-иҥэ букатын суох. Сарсыарда эрдэлик табаарыһым дьиэлээтэ. Хата, кэргэним эрдэ кэлэн абыраата. Син сэргэхсийэ быһыытыйдым. * * * Биһиги ороммутугар сытан эрэ: – Кыыс илдьитин дьонугар эттиҥ дуо? – дэһэ түстүбүт “МВД”-лыын. – Өйүүнүгэр бокуонньуктаахха тиийэн, бэйэлэрэ да буорайан олорор дьону саараппыта буола сылдьан, кинигэлэр быыстарыттан, били, күөх өҥнөөх тэтэрээти ылан, арыйталаан көрдүм. Дьиэлээх хаһаайка утары хааман кэлэн, тэтэрээти илиибиттэн сулбу тардан ылла: – Оҕом эрэйдээх хоһооннорун, санаа­ларын суруйар этэ. Биһиэхэ да көрдөрөөччүтэ суоҕа. Ким да көрбө­түн... Уҥуоҕун буоругар таһааран кө­мүөм, – диэтэ. – Түһээн кыыһы көрдүм. Эргэ ба­чыыҥкабын уҥуохпар уурдуннар диир, – диэтим. Төрүт да уйадыйа сылдьар киһи, ийэтэ барахсан, уйа-хайа суох ытаан барда. Мин атахха биллэрдим. Саҥа дьыл ааһан, эргэ Саҥа дьыл чугаһаата. Төрүт утуйбат буолан хааллым. Үс күн утуйбатах киһи кэлин утуйбат буолан хаалар эбит. Эмиэ да куттанар курдукпун... * * * Атах тыаһын кэтэһэбин. Утуйар эми иһэ сатыыбын. Сөп буола-буола арыгыбын хостоон иһэбин, үлэлиир кэбиниэппин “лип” хатаан олоробун. Кыратык утуйан ыллым быһыылаах. Бэрт ыраахтан атах тыаһын иһиттим. Ыйдаҥа сырдыгар көрбүтүм, бэркэ билэр сирбэр баар буолан хаалбыппын. Киһи уҥуохтаах сиртэн кыыс түһэн иһэрин көрдүм. Кыыһым уруккута буолбатах: күлэр-үөрэр. – Эн этэҥҥин, бу таптыыр бачыыҥ­кабын кэтэ сылдьабын. Кэпсии түһүүй. Дьонум хайдахтарый? – диир. – Халыҥ таҥас аҕалабын дуо? Быаҕын сүөрүүм, – диибин. – Манна тоҥмоппун ээ, сылаас... Быабын сүөрэри көҥүллээбэттэр. Тө­бөм туллан түһүө, оччоҕо илиибэр тута сылдьабын дуо? Эһиил эмиэ манна ыҥыраар. Таптыыр кэмпиэппин аҕалаар. Биһиги кистэлэҥмитин кимиэхэ да кэпсээйэҕин. Эһиил эмиэ манна
күүтүөм. Халлаан суһуктуйара чуга­һаата. Чэ, мин бардым. Чугас дьоҥҥун хомотума. Орто дойду олоҕун хас биирдии күнүн үчүгэйдик олоро сатаа, – диир. Куустуһан туран иккиэн тэҥҥэ ытастыбыт. * * * – Систиэмэ туруорбуттар. Куртахпын ыраастаабыттар, суһал көмө эмчиттэрэ эмп бөҕөтүн хаалларбыттар. – Бу сааты-сууту, аны алкоголик буолаары гынныҥ дуо? – диэн кэргэним мөҕүттэр. – Үлэбэр олус ыктаран, сүгүн утуйбакка сылаабайдаан ыллым, – диэн кэргэммэр куотуммута буолабын. Үтүөрээт, сүрдээх үчүгэйдик үлэбэр таҕыстым. Василий Юмшанов-Хонтой Уола, Боруулаах, Үөһээ Дьааҥы.
kyym.ru сайтан