Кэпсээ
Войти Регистрация

Бити-билгэни итэҕэйэбин

Главная / Кэпсээн арааһа / Бити-билгэни итэҕэйэбин

K
27.08.2020 12:32
Мин билигин 83 сааспар сылдьар сэбиэт былааһын оҕотобун. Ол кэм оҕолорун, биһигини, абааһыны, иччини, ойууну-удаҕаны барытын албынынан ааҕар, ханнык да сэти-сэлээни, аньыыны-хараны билиммэт, төрөппүттэрбитин да чыпчылыйан көрбөккө хаайыыга ыытар чүөчээскилэр оҥорон таһаарбыттара. Баҕар ол да иһин буолуо, олоҕум устата тыанан сылдьан сылгыһыттаабыт, кыралаан бултаабыт, араас иччитэх өтөхтөрүнэн, сайылыктарынан хонон-өрөөн ааспыт киһибин да, тус бэйэм киһи куттанар түгэнигэр түбэспэтэҕим. Ол да буолар бэйэм олохпор көрөн-истэн ааспыт аҕыйах түгэммин санатыахпын санаатым: Бастакы түбэлтэ. 1943 сыл сайына. Аҕа дойду улуу сэриитэ үгэннээн бара турар. Бэс ыйын ортотуттан саҕалаан, оскуола оҕолоро сайыны быһа холкуостарга ыһыыга, хомуурга үлэлиибит. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Догдоҥо нэһилиэгэр (билигин Бөкө дииллэр) Ворошилов аатынан холкуос Билиистээх диэн алааһыгар оҕуруокка сылдьарбыт. От ыйын ортотун диэки Хаар Балаҕан алаас арҕаа баһыгар, Ыстапаанаптар, Арамаанаптар, Сахаараптар олохторугар, кэҥэс соҕус бааһынаҕа, хортуоппуй сыыс отун ыраастыы, буордуу кэллибит. Баһылыкпыт – Биригэдьиир Уйбаан диэн сааһырбыт кэриэй киһитэ (кинини «кэриэй ойууна» диэн ааттыыллара). Эрдэрэ аармыйаҕа ыҥырыллыбыт Маайа Көстөкүүнэбэ, Ньукулаас кэрэгэнэ Муоча, Сахаарап Бааска кэргэнэ Таанньа, Саҥарбат Кынаачайап, икки кыыс уонна мин, барыта холбоон сэттэ киһи, хортуоппуй отун ыраастыы, көмө сырыттыбыт. Омурҕаҥҥа Кэриэй Уйбааммыт «кэриэс чэй бэлэм буолла, кэлэн чэйдиэҕиҥ» диэн ыҥырда. Халлааҥҥа кураан босхо былыттара усталлар. Чуумпу, куйаас күн. Сайылыкка көспүт Арамаанап диэн киһи Кыһыл Баска баар ампаар дьиэтигэр, кэтэҕэриин эркини бата барар сыҥаһа ороннор тиксиһэр муннуктарыгар остуолга чэйдээри олордубут. Кэриэй Уйбаан куйааһырҕаан, аан сэгэйэн турдун диэн, халҕан быыһыгар хардаҕаһы кыбыта аспыта. Саҥардыы аһаан эрдэхпитинэ, күммүтүн босхо былыт күлүктээн кэбистэ. Мин иһиттэхпинэ ханна эрэ ыраах хатараанньаны (туораах бурдугу хатарарга анаан оҥоһуллубут ылтаһын лиис тоһоҕонон тиириллибитэ) муостаҕа быраҕар курдук тыас дьардьыгынаан иһилиннэ. Ону кытта хантан эрэ олус күүстээх тыал куугунаан кэлэн халҕаммытын тэлэйэ баттаан, дьиэ эркинигэр тиэрэ сыбаата. Ол аһаҕас аанынан уонна түннүгүнэн көрдөхпүтүнэ, чугастааҕы тыа маһа, ото охтуох курдук өрө куоҕаҥнаһа түстүлэр, били босхо былыттан бөдөҥ баҕайы таммахтаах самыыр саккыраата. Ону кытта тэҥҥэ бэрт ыраах элбэх дьон саҥата ньамаласта, эмиэ да энэлийэр, эмиэ да тугу эрэ үүрэ сатыыр курдук хаһыы-ыһыы иһилиннэ. Кэриэй Уйбаан тута сүүрэн тиийэн ааны саба баттаан хатаата. Дьахталлар «уой даа!» дэспитинэн бэйэ-бэйэлэрин таҥастарын харбаһа түстүлэр. Мин тугу да өйдөөбөккө «тугуй, аллараа алааска от оҕустарааччылар хаһыытаһаллар буолбат дуо» диэн айахтаттым. Дьахталлар «саҥарыма, сүгүн олор!» диэн мөҕөн кэбистилэр. Өр буолбата, били дьон айдаана, тыал, самыыр уурайан, күнү күлүктээбит былыт ааһан, күммүт көрөн кэллэ. Дьахталлар «сордооҕу олус да ытатан-соҥотон, иэтэн-куотан илтилэр, арааһа, дьэ бараахтаата быһыылаах» дэстилэр. Ити кинилэр мантан 4-5 биэрэстэ ыраах баар Бүөгүр диэн сайылыкка сааһы-сайыны быһа олус ыараханнык ыалдьан эрэйдэнэ сытар киһи туһунан эттилэр. Ол эбэтэр, ити
бокуонньугу илдьэ барар кэритии эбит. Оччолорго оҕотук буолан бокуонньук кимин билбэтэхпин. Чуолкайдыам иһин, билигин ону билэр биир да киһи суох. Иккис түбэлтэ. 1946 с. күһүн кыстык хаар саҥа түспүтүн кэннэ этэ. Иккис Мөҥүрүөн нэһилиэгэр Буденнай холкуоска Сөдүөт өтөҕөр, Хоппороол Дьөгүөрдээххэ дьукаах олоробун. Биир күн бурдугу сынньар малатыылка алдьанан өрөөн хааллыбыт. Сарсыарда аһаан баран уҥа түннүк анныгар кинигэ ааҕа олордохпуна, Дьөгүөр киирэн «нойоон, тахсан күөртэ тардан кулу эрэ, эрбии тииһиир халыып оҥоруом этэ» диэтэ. Кини холкуос ууһа этэ. Уһанар балаҕаныгар тахсыбыппыт, маһынан оттуллубут кыһа умайа турар. Киһим быһах угун курдук лоскуй тимири кыһаҕа ууран баран «тарт» диэтэ. Мин күөрдү тардыалаан үрдэрэн бардым. Киһим күлү булкуйар кыракый хамыйах курдук тимиринэн уоту булкуйа туран эмискэ баҕайы үөхсэн саҥа алайда. Кини бэйэтэ туох да үөрэҕэ суох тыа сахата эрээри, хас да сыл Паабылыскай нууччаларын кытта алтыһа олорбут буолан, олус «бэрт» маатыраһыт этэ. Мин тохтоотум. Били тимирбит ортотунан быһа үрүллэн сиэнэн хаалбыт. Киһим «эҥин араас буолан!» диэн үөхсэ-үөхсэ мааҕыҥҥыттан арыый обургу, кыыннаах быһах саҕа тимири укта. Хамаандалаабытын кэннэ, мин эмиэ күөртээн тардыалаан бардым. Киһим бу да сырыыга «тохтоо!» диэн баран, үөхсэ-үөхсэ тахсан барда. Бу сырыыга тимирбит аҥаар уһугун диэкинэн быстыбыт. Дьөгүөр сотору арыылаах тоһуруу лэппиэскэ тутуурдаах киирэн кыһа уотугар бырахта. Мин күөртээн бардым. Тимирбит бу сырыыга туох да буолбата. Эттээн-эттээн халыыппытын оҥордубут. Бүтэн баран киһим «дьэ, итини мин тылбынан кэпсээбитим буоллар итэҕэйиэ суох этиҥ. Мэлдьи итинник гынар, аһаппакка эрэ уһанан туһа суох. Эдэр хомсомуол буоллаҕыҥ, иччини эҥин билиммэт. Ити бэйэҥ көрдүҥ дии, ону, дьэ, туох диигин?» диэтэ. Дьиҥинэн, мин хомсомуолум суох этэ да буоллар, сөхтөҕүм дии. Үһүс түбэлтэ. 1948 с. Улахан кураан сайын буолан, Амманы Болугурунан туораан, Аллаҥҥа түһэр Мил үрэҕин баһыгар, Төкөөнү диэн сиргэ сүүрбэччэ буолан оттуу сылдьабыт. Күһүн, балаҕан ыйын эргэтигэр, сорох дьоммут дьиэлээтилэр. Биһиги уонча киһи хаалан дал, кыбыы, хотон тута сырыттыбыт. Үлэ кэнниттэн аһаан баран утуйардыы оҥостон сыттыбыт. Көмүлүөк оһох умайа турар. Бары уһуктаҕас кэпсэтэ сыттахпытына, арай, бүрүөһүнэ суох хаптаһын ааммытын ким эрэ тардыалаан либиргэттэ. Биһиги «киммит кэллэҕэй?» диэн мунаардыбыт, «киир, киир, аан аһаҕас, хатааһына суох» диэн хаһыытастыбыт. Туох да биллибэтэ. Сотору буолаат ааммытын иккистээн кэлэн тардыалаатылар. Байбал оҕонньор «нойон, тахсан көр эрэ. Ким кэлэн баран киирбэтий?» диэн миигин соруйда. Мин туран аан диэки харбыалаһан эрдэхпинэ Сомсоон оҕонньор «нохоо, тахсар буоллаххына, уоттаах таҕыс» диэтэ. Мин төннөн умайа турар оһохтон уоттаах хардаҕаһы маһынан кыбытан ыла сатыы турдахпына, Сомсоон кэлэн икки кыра хардаҕаһынан дьоҕус уоттаах маһы ылан ааҥҥа кэллэ. Мин ааны аһан биэрбиппэр, бастаан уоттаах хардаҕаһынан дьиэ иһиттэн далбаатаата, ол эрэ кэннэ таһырдьа
таҕыстыбыт. Туох да биллибэт. Дьиэбитин эргийэн көрдүбүт да, тугу да булбатыбыт. Дьиэбитигэр киирэн «эһэ кэллэҕэ дуу диэбиппит, туох да суох эбит» дэстибит. Онуоха Байбалбыт «ыраахтан киһи кэлээри гыннаҕа» диэн быһаччы тойонноон кэбистэ. Кырдьык, сарсыныгар киэһэ дойдубутуттан Дмитрий Гермогенов-Кулгаах Миитээ диэн биригэдьиирбит тиийэн кэлбитэ. Ону оҕонньоттор «киһи кэлэрин дьиэбит иччитэ биллэрбит буолуохтаах эбэтэр Миитээ бэриэтчиттээх эбит» диэн быһаарбыттара. Ол туһугар эмиэ дьикти курдук. Баҕар ити түблтэлэртэн сылтаан буолуо, мин бэйэм сиэри-туому, абыычайы тутуһа сатыыбын, бити-билгэни, сорох түүлү итэҕэйэбин.
kyym.ru сайтан