Кэпсээ
Войти
Регистрация
Охоноос
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Охоноос
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.12.2020 15:59
Субу баар курдук өйдүүбүн — күнүс кыракый кулууппутугар хаһыс да төгүлүн «Белорусский вокзал» көрө олордохпутуна уоппут ньим гына баран хаалла. Иһинээҕи сүпсүлгэн таһырдьааҥҥы аймалҕаны кытта бэрт түргэнник силбэстэ — таһырдьа ойон тахсан көрбүппүт уоппут баҕаналара өрө-таҥнары күөрэҥнэһэн күрүлүү-харылыы кыынньар, били, сарсыарда түүҥҥү симиэнэттэн кэлэн иһэн атыллаан ааспыт үрэхпитинэн устан эрэллэр эбит ээ! Киһи барыта тута Охоноону саныы биэрбитэ — кини эппитэ эбээт. «Бэрт куһаҕан ардах, хайаҕа маннык уһун ардах сэрэхтээх буолар — уу кэлиэн сөп» — диэн учаастак маастарыгар этэ сатаабыта. Хаһан да былаан сырсыытыгар ону истэр кэлиэ дуо — «Да разве это дождь? Курам на смех, а не дождь», — диэн буолбута. Эгэ, эрдэттэн да сапсыйыллыбыт даамбаны ситэрэ сатыахпыт баара дуо. Оттон карьеры сотон ааспыт уу мотуога, модун тиэхиньикэ алдьаныыта, былаан тохтуута, хоруй тутуута — туһунан кэпсээн. Охонооҥҥо тохтуохха. Дьэ, ол унньуктаах уһун ардах ортолоон эрдэҕинэ кэлэ сылдьыбыта. Бөһүөлэккэ дэҥҥэ киирээччи — ону-маны, бэрт судургу аһын-үөлүн атыылааһына, көмүсчүттэри кытта булдуттан мэнэйдэһэ. Кырдьык, киһи сэниэх ардаҕа этэ, түһэр-түспэт ибирдээн. Ол эрээри Охоноон этэринэн, чуолаан маннык ардах сэрэхтээх үһү. Дохсун ардах хайаҕа тохтообот, оттон ибир самыыр муохха иҥэн мунньустан баран, этэргэ дылы, «киритиичэскэй маассатыгар» тиийдэҕинэ соҕотохто тоҕо түһэригэр сөп. Ол түһэр суола диэн, били, киһи ииктээн эрэринии чырылыыр кыракый үрэхтэринэн. Дьэ, атыннаахай күрүлгэҥҥэ кубулуйар эбиттэр этэ ээ, бу үрэхтэр. Эмиэ халыйан хааллыбыт. Онон — Охоноон. Бэрт дьикти киһи. Түҥ тайҕаҕа соҕотоҕун олорбута, этэллэринэн, уон биэс сыл буолбут. Киниэхэ бастакы сырыыбар саллыбыппын умнубаппын. Киһибит бу уон биэс сыл тухары балааккаҕа олорор эбит. Үлтү кубарыйан хаалбыт, онон-манан тырыттыбыт түөрт миэстэлээх бириһиэн балааккаҕа. Туох да омуна суох, балаакка иһиттэн онон-манан сулустаах халлаан көстөр. Өймөкөөн тымныытыгар хайдах маннык олоруохха сөбө эбитэ буолла. Тимир оһоҕунан буоллун даҕаны — Дьааҥы диэки билигин да тимир оһоҕунан олорор ыал элбэх. Ол да буоллар, Охоноон киһи кэллэҕинэ сүрдээҕин үөрэр. «Тиэргэнигэр» сээк-сээкэйэ элбэх, саамай тыын баайа, кэриэс сэбэ — эргэрэн ыстаала туналыйан тахсыбыт харабыына буолар. Мэлдьи балааккатын аттынааҕы тииккэ ыйанан турааччы. Биһиги кэлбиппитигэр куобах этинэн күндүлээбитэ. Сиргэ көмүллүбүт үүт бөтүөннэригэр буспут эти, туустаммыт балыгы ыга симэн хаһаанар эбит этэ. Биһиги дьэҥкир кэһиибитин сүүтүк саҕа тимир үрүүмпэҕэ куттан баран бытаан баҕайытык эмэн иһэр идэлээҕэ. Ол үрүүмпэтин баар-суох баайын барытын харайа сылдьар мас дьааһыгын түгэҕиттэн хостоон таһаарар буолара. Кини хас саастааҕын субу диэн быһаарбатаҕым. Оччотооҕу өйүм тиийбэтэҕэ. Оҕочоос киһи хараҕынан холуйдахха лаппа сааһырбыт көрүҥнээх буоллаҕына, баччатааҕы үрдэлтэн санаатахха, бадаҕа, биэс уонун иһинэн-таһынан сылдьар быһыылааҕа. Кыччыгый соҕус уҥуохтаах, эбиитин нүксүччү соҕус тутта сылдьара. Сайынын төбөтүгэр хайдах өҥнөөҕө биллибэт буолбут былааты баана сылдьара, кыһынын таба
таҥастаах буолара. Кэлэрэ-барара көстүбэт түргэн, чэпчэки сырыылааҕа. Элбэх саҥата суоҕа, үксүн симириктии-симириктии сэксэгэр бытыгын быыһынан күлэн мүчүҥнүүр идэлээҕэ, төһөҕө да киһи тылын олус болҕойон истэр буолара, тугу да төттөрү эппитин, таһы-быһа аккаастаабытын өйдөөбөппүн. Тоҕо бар дьонтон күрэнэн аар тайҕаҕа ордууламмытын туһунан хаһан да кэпсээбэт этэ. Биһиги да токкоолоһо сатаабат этибит. Тоҕотун сэттэ уон сэттэ киһи кэпсээнин нөҥүө «уруһуйдаан» таһаарыахха сөп. Ол хайдах курдук халыйыылаах буолуоҕун бэйэҕит билэҕит. Ол да буоллар сорох-сорох ордук олуона түгэннэрин ылан быраҕаттаан кэбистэххэ, бөһүөлэк хобун-сибин килбэйэр киинигэр — «араас ассортименнаах» маҕаһыын иһигэр этиллибити лаппа «устуруустаан» биэрдэххэ маннык үһүйээн тахсан кэлэр. Этиэх тустаахпын — Охоноону бөһүөлэк дьахталлара Афоняттан атыннык ааттаабаттар этэ. Уопсайынан, Афоня-Лесной уонна Афоня-Поселковый диэннэр бааллара. Биирдэрэ эбэҥки-нуучча аҥаардаах электрик уол. Охоноон, ол эбэтэр Афоня-Лесной маҕаһыыҥҥа кэллэҕинэ дьахталлар тула көтө сылдьааччылар — маны ыл, итини ыл. Аһы астыырга бары да улахан маастардар киниэхэ ол-бу «домашненькайы» сыҥалаан да туран биэрэллэр этэ. Биллэн турар, сааһыҥ тухары ойуурга дугуйданыахха диэтэххэ, онуоха сөптөөх төрүөт наада. Хаһан эрэ Охоноон милииссийэҕэ үлэлээбитэ чуолкай курдук. Хас да ыраах-ыраах сытар нэһилиэктэри хабар учаастакка. Ол быһыытынан оччотооҕу суолунан-ииһинэн ыйы-ыйдаан сырыылаах эбит. Оччотооҕуга өлөрсүү-өһөрсүү билиҥҥи курдук сириэдийэ илик этэ да буоллар, дьон арыгыны күүскэ испит кэмнэрэ этэ. Ол быһыытынан сааланыы, быһахтаах тэлэкэчийии олус сэдэх көстүү буолбатаҕа. Өлөрсүү таҕыстаҕына билиҥҥи курдук күдээринэ истэн эрэ кэбиһэр турукка тиийэ илик этибит — бэрт өр кэмҥэ оҕолор истиэхтэрэ диэн сибигинэһэн кэпсэтии буолара. Чэ, ол эрээри дьон да араастаах буоллаҕа. Үтүө бэйэлээхтэр улахан аньыыга холуулларын хоҥорууларыгар да хоннорбот дьон урут да бааллара. Суут-сокуон билиҥҥигэ холооно суох кытаанах. Холобур, итирэн баран кулууп түннүгүн алдьата баҕалаан көр эрэ. Эбиитин көп эккэ тэп диэбиттии, олохтоох сэбиэт бэрэссэдээтэлин маатыралаа эрэ — этэргэ дылы, кыра куоракка тохтоппокко ыытыахтара. Дьэ, ол кэмҥэ элбээбиттэрэ, саха нэһилиэктэригэр «хаайыылаах» уолаттар. Охоноон, көнө муҥутаан, суут-сокуон ирдэбиллэриттэн харыс да халбарыйбатаҕа биллэр. Атыннык эттэххэ, үлэтигэр өрүү да үтүө суобастаахтык сыһыаннаспыта эрэбил. Хайдаҕын да иһин, буолбут буоллаҕа дии — Охоноон хас да хонуктаах командировкаҕа сырыттаҕына ханнык эрэ итирик күлүгээн кини кэргэнин уонна оскуолаҕа үөрэнэр оҕотун өлөртөөн кэбиһэр. Эмиэ да этэллэр — кэргэнин кытта икки оҕотун. Итиннэ улахан болҕомтону уурар наадалаах дуо? Сүтүк биирэ-биэһэ бу орто дойдуга иҥнэри түспүт сэргэ курдук суос-соҕотоҕун туран хаалар буоллаххына улахан суолтата суох. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, өлөрүөхсүт тыаҕа тахсан бүгэ сытарын Охоноон бэйэтэ тутан киллэрбит. Дьэ, бу манна сытар, Охоноон дьылҕатын саамай чараас түгэнэ. Бэйэҕит да оҥорон көрүҥ. Кини кэргэнин, оҕолорун тыыннарын быспыт киһийдэҕи сорунан туран сонордоон, хорҕойон сытар сирин булар. Дьэ, ким кинини буруйдуо этэй, холобур, өлөрүөхсүтү бэйэтин
илиитинэн сууттаабыта буоллар? Адьырҕа бандьыыт утарылаһан дуу, тутуллан иһэн куотан дуу быстарбытын ким утарса барыа этэй. Туох да саарбахтааһына суох дьоҥҥо-сэргэҕэ сэрэхтээх, оҕоҕо-дьахтарга кутталлаах сиэхсити хааннаах хара ыттыы өлөрөн кэбиһии дьону харыстыыр, араҥаччылыыр, көмүскүүр дьаһаныы быһыытынан көрүллүөҕэр саарбахтааһын суох. Быраабы харыстыыр уорганнар оччотооҕу аналлара оннук этэ — суут-сокуон буруйдаахха болҕомтотун уурбат буолара, ол оннугар буруйдаахтан уопсастыбаны араҥаччылыырга болҕомтотун уурара. Бу икки өйдөбүл икки ардылара түгэҕэ биллибэт дириҥ далай — уопсастыбаны бөрөстүүпүнньүктэн көмүскээһин дуу, бөрөстүүпүнньүктэн иэстэһии дуу? Уопсайынан, суут буруйдаахха болҕомтотун аһара хатыыра туохха нааданый? Буруйдууругар дуу, «төбөтүттэн имэрийэригэр» дуу? Охоноон чугас дьонун суох оҥорбут өлөрүөхсүт харахтарын утары көрөн туран тугу санаабыта буолуой? Айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Ол эрээри, өлөрбөтөх. Өлөрүөхсүт Охоноон харахтарыгар тугу көрбүтэ буолла? Ханнык баҕарар кыыл буоллун, үөн буоллун — өлөргө тиэтэйбэт. Бэйэни харыстаныы инистиинэ ол сүөһүгэ кимнээҕэр ордук сайдыбыта эрэбил. Охоноон, кини бэйэтэ киирэн биэрбэтэҕинэ, ытыа суоҕун өйдөөтөҕө — чэпчээбит буолуохтаах. Сүгэ түһүөр диэри сүөһү сынньанар. Араас дьон баар буолаллар. Биллэн турар, Охоноону үгүс киһи өйдөөбөтөх буолуон сөп. «Мин эбитим буоллар...» — итинник тылласпыт киһи элбэх буолуохтаах. Ол иһигэр кураанахха чабыланааччы, ол иһигэр Охоноону «мөлтөх киһинэн» ааҕааччы да баара чуолкай. Саамай судургутук, Охоноон аньыыга киирбэтэх, өлөрүөхсүт кэбин кэппэтэх, онон сиэхсит таһымыгар түспэтэх диэн «уопсай тылларга» кубулуйбуту этиэххэ сөп эбитэ буолуо даҕаны, ол төһө сөбө-сөрүөстүгэһэ буолла. «Сөпкө гынным дуо?» — диэн ыйытык кэлин кини уйулҕатын улаханнык илиһиннэрбитэ чуолкай. Түһээн баҕар көрөрө буолаарай, оҕото: «Аҕаа, тоҕо биһигини иэстэспэтиҥ?» — диэн ыйытарын. Ол эрээри биири чопчу этиэххэ сөп: Охоноон буолбут алдьархайга ким-хайа иннинэ бэйэтин буруйданарыгар сөп. Бэйэтин бэйэтэ хара тыаҕа чороҥ соҕотоҕун хаайылларга ууруммут. Эт-хаан өттүнэн эрэйдэнэргэ, өй-санаа өттүнэн ыраастанарга. Ыал эстэригэр эр киһи буруйа суох буолуон сатаммат. Биһиги билсиһиибит олус уһуннук салҕамматаҕа. Кэлин даҕаны кини туһунан сураһа сылдьыбытым. Ааспыт 80-с сылларын бүтүүтүн утаата Охоноон «огонёр» сүтэн хаалла диэн сурах кэлбитэ. Күһүөрү сайын этэ, бадаҕа. Бөһүөлэк дьоно ыйы быһа көрдөөбүттэр этэ да, көстүбэтэҕэ. Эһиилигэр таба хаампыттар этэ — отуутуттан оччо ырааҕа суох икки таас хапчаан икки ардыларынааҕы хойуу от-мас быыһыттан. Сүрэҕэ тохтообут буолуон сөп... Кэнники кэмҥэ сүрэҕим мөлтөөтө диирэ үһү. Сур.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан