Кэпсээ
Войти Регистрация

Син биир сэриигэ курдук

Главная / Кэпсээн арааһа / Син биир сэриигэ курдук

K
27.03.2020 17:55
1939-1943 сыллардааҕы сут, кураан Саха сиригэр ыарахан тыыннаммыта. Ити түмүгэр 35 тыһыынча (сорох суруйууга 40 000) кэриҥэ киһи суорума суолламмыта. Уоттаах сэриитээҕэр элбэх сүтүк буолуох курдук. Тоҕо маннык ыар алдьархай ааҥнаабытай? 1939 сыллаахха обкуом сэкирэтээрэ Певзняктан саҕалаан үрдүкү салалтаҕа үлэлии олорбут сорох дьоммут репрессия ыар сүллүгэһигэр түбэспиттэрэ. Саха омукка алдьархай аанын тэлэ аспыт дьон обкуом бастакы сэкирэтээрэ Степаненко уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ Муратов буолаллар. Саха үөрэхтээхтэрэ үрдүкү былаастан туоратыллыбыттара. Оччолорго тыа дьонун үс гыммыт биирэ кэтэх хаһаайыстыбанан бытанан олорбуттар. Ол иһин Степаненко уонна Муратов күүс өттүнэн иккис холбоһуктааһыны ыыппыттар. Биирдии сүөһүттэн 46 киилэ эт (тыыннаах ыйааһынынан), 8 киилэ арыы нолуок быһыытынан төлөнүллүөхтээх диэн дьаһайбыттар. Итинник нолуогу төлүүр кыаҕа суох буолан, тыа ыала эрэйдээхтэр сүөһүлэрин холкуоска холбообуттар, бэйэлэригэр 1-2 ынаҕы эрэ тутан хаалбыттар. Холкуостар маннык дьаһалга бэлэмэ суохтара көстөн тахсыбыт: хотон тиийбэт, үлэһит илии чычырбас, от аҕыйах. Онон 1943 сыл сайыныгар диэри сүөһү көнньүнэн өлүүтэ олус элбээбит. Аччыктааһын саҕаламмыт. Ыаллар ыксаан, кэтэх ынахтарын идэһэ оҥостубуттар. Сэрии кэминээҕи сокуон олус хабыр, кытаанах. Аччыктаан, бааһынаҕа тохтубут бурдугу, күтэр, кутуйах хасааһын булан хомуйдахтарына – хаайыы. Бэл, кэтэх ынаххын, сылгыгын сиэтэххинэ – хаайыы! Итинник дуона суох буруйга Таатта оройуонун бэрэссэдээтэллэрин, биригэдьиирдэрин улахан аҥаардара түбэспит. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 53 тыһыынча кэриҥэ киһи итинник дьыалаҕа хаайыллыбыт. Хата, 1943 сыл арыый өҥ буолбут. Степаненко уонна Муратов үлэлэриттэн уһуллубуттар. Обкуом саҥа сэкирэтээрэ Масленников уонна Совнарком бэрэссэдээтэлэ Субботин дьону-сэргэни хоргуйартан быыһыыр дьаһаллары ылбыттар. Манна уһулуччу биллэр-көстөр оруолу Совнарком бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Илья Винокуров ылбыт. Кини баартыйа Киин Кэмитиэтигэр Степаненко уонна Муратов сыыһа бэлиитикэни ыыталларын туһунан дакылааттаабыт, өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ эстэр кутталга киирбитин дакаастаабыт. Ол түмүгэр олохтоохтору бурдугу, хортуоппуйу, эти уонна арыыны булгуччу туттарыы эбээһинэһиттэн босхолообуттар. Сүөһүтэ суох ыалларга үс саастаах ынаҕы биэрэр дьаһал тахсыбыт. Холкуостар сөтөл ыарыытыгар ылларбыт дьоҥҥо сайынын ыанар биэни анаан, кымыс оҥороллоругар сорудахтаабыттар. Ол түмүгэ сыыппараларга да көстөр: 1943 сылга 16040 киһи өлбүт, оттон 1944 сылга – 3 435, 1945 сылга – 6 234, 1946 сылга – 4 160. Ити иһин саха норуота Илья Винокуровка муҥура суох, үйэ-саас тухары өлбөөдүйбэт махталлаах! Сэрии сылларыгар холкуостаахтар (оҕолор, дьахталлар уонна оҕонньоттор) сууккаҕа 10-12 чаас, күн тахсыаҕыттан им сүтүөр диэри өрөбүлэ, сынньалаҥа суох сылы эргиччи үлэлииллэрэ. Оҕо 6-7 сааһыттан үлэһит буолара. Оччотооҕу оҕолор сайынын, күһүнүн атах сыгынньах сылдьаллара. Кыһыҥҥы таҥастара абырахтаах ыстаан, тэлигириэйкэ элээмэтэ, ынах этэрбэһэ, нэктийбит куобах үтүлүк уонна бэргэһэ буолаллара. Ис таҥас диэни билбэт этилэр. Эгэ, баанньык, киинэ диэни билиэхтэрэ дуо?! Суох буоллаҕа. Кинилэр сайын ынах хомуйаллара, күөлтэн уу баһаллара, ойуурга оттук мас бэлэмнииллэрэ, ону сүгэн киллэрэллэрэ. Олох эргиччи эрэйдээҕэ. Саах сыбахтаах
балаҕаҥҥа үс-түөрт ыал дьукаахтаһан олороллоро. Наара ороннорго хас даҕаны буолан утуйаахтыыллара. Үлэһиттэр дохуот диэни ылбаттара. Үлэлиир сирдэригэр холбуйбут үүт, суорат, ымдаан оҕотун өллүүллэрэ. Ый баһыгар-атаҕар дуона суох бурдук атаҕын бэрсэллэрэ. Ити барыта – сэрии саҕанааҕы олохпут умнуллубат чахчылара. – Сэрии буолар сайыныгар III Бордоҥ оскуолатын төрдүс кылааһын бүтэрбитим, – диэн кэпсиир Күндээдэ олохтооҕо Прокопий Степанов. – 1942 сыл сайыныгар Вася Алексеев диэн доҕорбунуун бааһынаны түүҥҥү өттүгэр хорутууга анаммыппыт. Суханы кытта сүүнэ улахан атыыр оҕуһу туттаран кэбиспиттэрэ... Күһүнүгэр Маша Петрова диэн кыыстыын от кээһиитигэр оҕус сиэппиппит. Үөрэхпит алтынньыга саҕаланара. Оччолорго сарсыарда өттүгэр амырыын хаһыҥ түһэрэ. Хаһыҥ устун атах сыгынньах өтөхтөрүнэн, маардарынан сылдьан оҕуспутун көрдүүрбүт. Атахпыт наһаа тоҥоро, сүөһү сарсыардааҥҥы сааҕар түбэстэхпитинэ, атахпытын уган ириэрэрбит... Итинник үлэлээн-хамсаан мөлүйүөнүнэн ааҕыллар Арассыыйа тыатын сирин олохтоохторо Улуу Кыайыыны уһансыбыттара. Ол иһин тапталлаах Ийэ дойдубут нэһилиэнньэни сэрии, тыыл, үлэ бэтэрээннэрэ диэн тус-туһунан араартаан көмө, өйөбүл оҥорорго дьаһал бөҕөнү ылыннаҕа. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев өҥөтүнэн 1935 сыллаах төрүөхтэр тыыл бэтэрээннэрэ диэн ааттаммыппыт. Ити иһин Михаил Ефимовичка махталбыт муҥура суох. Ол эрээри диирбитигэр тиийэбит, уоттаах сэрии сылларыгар Улуу Кыайыы туһа диэн, 7-8 саастарыттан хара көлөһүннэрин тохпут, сут-кураан ыар дьылларын кыһалҕатын намчы санныларыгар сүгэн ааспыт, ыарахан олох бары аһыытын-ньулуунун эттэринэн-хааннарынан билбит дьон араҥата баарын биһиги бары бэркэ билэбит. Кинилэри “сэрии оҕолоро” диэн бэтэрээннэр туспа араҥаларын олохтоон, Улуу Кыайыы 70 сылынан чиэстиирбит, олохторун хаалбыт өлүүскэтигэр көмө оҥорорго туруннарбыт үчүгэй дьыала буолуо этэ. Ити боппуруоһу өрөспүүбүлүкэбит дьоно-сэргэтэ 1995 сылтан туруорсар. Бу туруорсуу ой дуораанын курдук истиллэрэ, биһигини барыбытын хомоторо буолуо дии саныыбын. Н.ТАТАРИНОВ, Күндээдэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ, Ньурба улууһа.
kyym.ru сайтан