Кэпсээ
Войти Регистрация

Олоҥхо түгэнин курдук

Главная / Кэпсээн арааһа / Олоҥхо түгэнин курдук

K
23.08.2019 16:05
Лоп курдук 90 сыл анараа өттүгэр, 1922 с. үрүҥнэр Дьокуускайы ыла сатаан баран кыайбаккалар, арҕаа диэки айаннаан кэлэн Бүлүү куоратын төгүрүйбүттэрэ. Кинилэр Бүлүү куоратыттан 18 биэрэстэлээх, билиҥҥи Чернышевскай нэһилиэгин сиригэр Чуондулуга ыстааптаммыттара. Ийэм кэпсээнинэн, ол сылдьан Өкүндүгэ олорбут эһэм Дьаллаҕар Сэмэн икки улахан кыргыттарын (ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрин) күүстэринэн “ыстаапка үлэһит гынабыт” диэн илдьэ барбыттар. Ити сайын Строд этэрээтэ борохуотунан Дьокуускайтан устан кэлбитигэр, үрүҥнэр ыһыллыбыттар. Ол кэнниттэн үрүҥнэр илдьэ барбыт биир кыыстара, ийэм биир эдьиийэ, Сыдыбылга Аким Петров диэн киһини кытта ыал буолан хаалан хаалбыт. Кинилэртэн Сэмэн диэн уол хаалан Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар тиийэн олохсуйбут уонна Васильевтар диэн улахан аҕа ууһун үөскэппит. Оттон биир эдьиийбит дьылҕата оннооҕор быдан уустук уонна хараастыылаах буолан тахсыбыт. Ийэм кэпсээнинэн, кыайтарбыт үрүҥнэр баһылыктара Куонаан Никииппэрэп, норуокка биллэринэн Куонаан Бандьыыт, ийэм иккис эдьиийин бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Илин диэки күрээн иһэр үрүҥнэр тобохторо хамандыырдарын Куонааны Кэбээйи сиригэр-уотугар тиийэн баран өлөрөн кэбиспиттэр. Ол кэннэ кини муспут баайын-дуолун үллэстии буолбут. Онно биир Баппаҕаайыттан сылдьыспыт “быраат” “ити баайы-дуолу бэйэҕит үллэстиҥ, оттон миэхэ бу дьахтары аҕалыҥ” диэбит. Онтон салгыы эдьиийбит эрэйдээх туох дьылҕаламмыта биллибэт, ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэн хаалбыт (ити барыта ийэбит кэпсээнинэн). Ийэм барахсан оннук өйдөбүллээх 85 сааһын туолан баран, 1989 с. анараа дойдуга аттанаахтаабыта. Мин 75 сааспын туоларбар (2011 с.), оҕолорум бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, төлөбүрүн уйунан, урут ийэбиттэн ылбыт ахтыыларбын, бэйэм суруйууларбын түмэн, “Ийэ уолабын” диэн кинигэни оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Онтон биир кинигэни аҕа табаарыспар, улуу сэрии бэтэрээнигэр, саппааска сылдьар полковникка, Бүлүү улууһун уонна куоратын бочуоттаах олохтооҕор А.И. Николаевка бэлэх биэрбитим. Афанасий Николаевич кыһын Дьокуускайга кыстыы олорон ол кинигэни биир табаарыһыгар, Кэбээйи киһитигэр, уларсан аахтарбыт. Онуоха ол киһи: “Куонаан Никииппэрэп туһунан манна сыыһа суруллубут, кини Бүлүүттэн аҕалбыт дьахтара биһиэхэ Кэбээйи Тыайатыгар олорбута. Киниттэн биир кыыс хаалбыт буолуохтаах”, – диэбит. Биһиги ону истэн баран соһуйуу бөҕө. Истэр тухары, былыр гражданскай сэрии саҕана сүтэрсибит дьон булсубуттара диэни киһи билбэт. Сир дойду уһугар, бып-быычыкаан Бүлүүгэ 90 сыл анараа өттүгэр буолан ааспыт гражданскай сэрии дьалхааныгар таһы быһа сүтэн хаалбыт эдьиийбит тыыннаах хаалбыт, эбиитин бэйэтин солбуйар оҕону төрөтөн хаалларбыт эбит. Ол кэннэ биһиги балтыбытын, учууталы, биэс оҕо ийэтин Мария Михайловна Дьяконованы булан ыллыбыт, сыл устата үстэ көрүстүбүт. Ийэтэ төрөөбүт-улааппыт Өкүндүтүгэр, Ньурба Улуу Ыһыаҕар, Дьокуускайга сиэним кыыс сыбаайбатыгар сырытыннардыбыт. Онон, ааспыт сыл миэхэ олоҥхо түгэнин курдук күүтүллүбэтэх көрсүһүүнү бэлэхтээтэ. Сэрии дьалхааныгар үс аҥыы ыһыллан хаалбыт кыргыттар тымырдара-сыдьааннара бары булустубут, билистибит. Рев Дьаллаҕаарап, госсулууспа бэтэрээнэ, улуус Ытык Сүбэтин чилиэнэ, Бүлүү куората.
kyym.ru сайтан