Кэпсээ
Войти
Регистрация
«Хоролор таабырыннарын» таайдылар дуо?
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «Хоролор таабырыннарын» таайдылар дуо?
K
kyym.ru сайтан
Номох
25.01.2019 16:47
Саха сирин устуоруйатыгар биир мунаах түгэн – хоролор хантан кэлбиттэрэ, кимнээхтэрэ – баар. Кырдьык даҕаны, хоролор диэн хантан хааннаах дьонуй, хантан кэлбиттэрий? Баччааҥҥа диэри маны устуоруктар чопчу быһаара иликтэр, арай араас сылыктааһын эрэ баар курдук. Тарҕанан олоруулара Хоролор киэҥ сиринэн тайаан олохсуйбуттар, холобур: – Дьокуускай куорат таһынааҕы Хатас сэлиэнньэтэ баар сиригэр. Уруккута Баҕарат, Өрсүк, Хоро (Багарадский, Орсюдский, Хоринский) нэһилиэктэрэ холбоһон Хатас диэн ааттаммыттар; – Уус Алдаҥҥа 1 Хоро нэһилиэгэ (Чараҥ сэлиэнньэтэ), Хоро нэһилиэгэ (Майаҕас сэлиэнньэтэ); – Үөһээ Бүлүүгэ баар Хоро нэһилиэгэ; – Сунтаарга эмиэ Хоро нэһилиэгэ баар; – Өлүөхүмэҕэ баар Хоро нэһилиэгин умнар сатаммат; – билиҥҥи Томпо улууһугар хоро уустара диэн бааллара, ол эрээри Хоро нэһилиэгэ диэн аат сүппүт, суох; – «Үөһээ Дьааҥы сахалара хоролортон төрүттээхтэр» диэн сорох чинчийээччи сылыктыыр; – маны таһынан былыр Нам, Мэҥэ уонна Байаҕантай улуустарыгар хоролор уустара олоро сылдьыбыттара биллэр. Хоролор уот ааныттан ити курдук киэҥ сиринэн тайаан олорбуттар, төрөөбүт-үөскээбит сирдэрэ итиннэ буоллаҕа диир сыыһа. Дьиҥэр, үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, маҥнай бэрт кыараҕас сиргэ чөмөхтөһөн олорбуттар эбит – биир үксүн Өлүөнэ соҕуруу өттүгэр, Туймаада хочотугар, сорохторо – билиҥҥи Уус Алдан улууһугар. Ол эрээри дьалхааннаах XVII – XVIII үйэлэргэ арҕам-тарҕам ыһылларга күһэллибиттэр. Дьэ, ол түмүгэр былыргы хоролор ыччаттара бэйэ-бэйэлэриттэн ыраатан, атын-атын сиргэ олохсуйбуттар. Уопсайынан, Саха сирин Арассыыйаҕа холбооһун саҕана маннык көһүү элбэх этэ. Холобур, хаҥаластар кылгас кэм иһигэр киэҥ сиринэн тарҕаһан, Хаҥалас диэн нэһилиэктэри, аҕа уустарын төрүттээбиттэрин да саныаҕыҥ. Хантан хааннаахтара Хоролор «бары биир төрүттээхпит» диэн бигэтик ааҕыналлара. Бэл, Үөһээ Бүлүү хоролоро Сунтаар Хоротугар тиийэн мунньахтыыллара, ыраахтааҕы хааһынатыгар нолуок-тардыы хомуйан итиннэ аҕалан туттараллара. Мантыларын сунтаардар, үөһээ бүлүүлэр хоролорун киэнэ диэн ааттыыллар эбит. Төрүттэрин Киин Саха сиригэр илин диэкиттэн Алдан, Майда өрүстэринэн Амма эбэҕэ (билиҥҥи Томпо улууһа) кэлбит Улуу Хоро диэн ааҕаллар. Улуу Хоро мантан салгыы маҥнай олохсуйбут сириттэн (билиҥҥи Уус Алдантан) Туймаада соҕуруу өттүгэр кэлэн тохтообут. Тыллара уонна култууралара Хоролор сахалары кытта холбоһон, билигин кинилэри хайдах да арааран быһаарар кыах суох. Син биир Скандинавия омуктара нууччалары кытта булкуһууларын курдук. Ити гынан баран хоролор Саха сиригэр бастаан кэлиилэригэр чыҥха атын тыллаах-өстөөх эбиттэр, култууралара эмиэ биир оннуга. Сахалар балар тылларын ончу өйдөөбөттөрө. «Хоро тыла» диэн дэлэҕэ уос номоҕо буолуо дуо. Төрүттэрбит кус-хаас саҥатын курдук ылыналлара. Дьэ, ол иһин «кус-хоро тыла» диэн өйдөбүл үөскээбит. «Хоролор монгуоллуу тыллаах буолбатахтара итинтэн да көстөр» диэн санаа охсуллан ааһар. Оттон урут устуоруктар уонна тыл үөрэхтээхтэрэ хоролор бүрээт хоролоруттан төрүттээхтэр диир этилэр эбээт! Түүр төрүттээх сахалар монгуоллуу тыллаах биис уустарын кытта ыкса алтыһар этилэр. Курыкан хааннаах сахалар VI – XIV үйэлэргэ Байкал таһыгар олорбуттара. Аны туран, Байкал
арҕаа кытылыгар олорор төрүт олохтоох монгуоллар 552 сыллаахха (курыканнар ити саҕана саба түспүттэрэ) курыканнары кытта булкуһан хаалбыттара. Кыпчаак (канглы-кимак) хааннаах сахалар (хаҥаластар) монгуоллары кытта ыкса бодоруспуттара уонна XIII – XIV үйэлэргэ бу омуктар сабыдыалларынан сылдьыбыттара. Быһата – монгуоллар хамаандаларынан. Тоҕо маны барытын холобурдаатым? Биһиги өбүгэлэрбит монгуол тылын үчүгэйдик өйдүүллэр этэ диэри. «Оччотугар хоролор тылларын тоҕо билбэттэрий?» диэн ыйытыы үөскээн тахсар. Дьэ, бу – хоролор бастакы таабырыннара. Хоролор култууралара (этнокультура) балачча биллэр – урут олоро сылдьыбыт сирдэригэр археологтар хаһыылара ону туоһулуур. Ити чинчийиилэрэ кими баҕарар сөхтөрөр – сахалар да, бүрээттэр да хоролору кытта төрүт майгыннаспат эбиттэр. Холобур, 1936 сыллааҕы «Советская этнография» сурунаал 2-3 нүөмэригэр хоролор XVIII үйэҕэ кэтэ сылдьыбыт таҥастарын булбуттарын туһунан ыстатыйа тахсыбыта. Мантылара саха да, бүрээт да киэнигэр майгыннаабат эбит. Ону этнограф барыта билиммит. Саха хоролорун уонна бүрээт хоролорун мифологията – тус-туһунан, кыылга-сүөлгэ сүгүрүйүүлэрэ – эмиэ. Онон бу – хоролор иккис таабырыннара. Илин Сибиир уонна Уһук Илин каартатын сирийэн көрдөххө, Майда өрүс төрдө уонна Байкал икки арда – балтараа тыһыынча килэмиэтир. Мантыбыт көнө ньуурдаах сир буолбатах – бүтүннүү хайа, эҥин араас түһүү-тахсыы. Сүөһүлээх, маллаах-саллаах дьон көһөллөрүгэр адьас кыаллыбат суол-иис. Бу сиргэ сүөһүнү туппут сибиэн төрүт суох, арай табаһыттар бааллар. Дьэ, оччоҕо бүрээт хоролоро саха хоролорун төрүттэрэ диэн эбит буоллахтарына, хайдах маннык уустук, эрэйдээх-сордоох суолу-ииһи таллылар? Курыканнар уонна хаҥылылар (канглы) сити Байкал таһыттан Киин Саха сиригэр Өлүөнэ өрүһүнэн туох да эрэйэ суох устан кэлбиттэрэ эбээт! Үһүйээннэргэ Улуу Хоро наар соҕурууттан кэлбитэ кэпсэнэр (соҕуруулуу-арҕааттан, Байкалтан буолбатах). Аны туран, сахалар даҕаны, хоролор бэйэлэрэ даҕаны «хоролор төрүт сирдэрэ кус кыстыыр дойдутугар (били, «кус-хоро тыла» диэни саныаҕыҥ) баар» дииллэрэ дьикти. Өссө «кус-хоро дойдута» диэн өйдөбүл баар ээ. Гавриил Васильевич Ксенофонтов «Эллэйада» диэн үлэтигэр «көтөрдөр кыстыыр сирдэрэ Хоро дойдутун» туһунан кэпсээннээх. Онон хоролор төрүт дойдулара Байкал таһа буолбатах диэн санаа үөскээн тахсар. Бу – хоролор үһүс таабырыннара. Зориктуев учуонай сабаҕалааһына Бүрээт биллэр-көстөр учуонайа, устуоруйа билимин дуоктара Булат Раднаевич Зориктуев хоролору интэриэһиргээн, Саха сиригэр кэлэн Хоро диэн ааттаах нэһилиэктэри кэрийтэлээбит. Үйэ чиэппэрин кэриҥэ ити боппуруоска төбөтүн сыспыт. 2011 сыллаахха «Актуальные проблемы этнической истории монголов и бурят» диэн манагыраапыйатын тупсаран, иккистээн таһаарбыт. Бу үлэтигэр сыныйан чинчийэн, саха хоролоро бүрээт хоролоругар туох да сыһыана суохтар диэн түмүктээбит. Баҕалаах дьон учуонай ити манагыраапыйатын сиһилии ааҕан билиэхтэрин сөп. Зориктуев этэринэн, саха хоролоро Киин Саха сиригэр Амыр диэкиттэн кэлбиттэр. Кини «хоро» диэн тылы Кытай уонна Кэриэй устуоруйаларыгар сыһыаран («Вэй люэ», «Лян шу», «Лунь хэн», «Бэй ши», о.д.а. хроникаларга) Амыр таһынааҕы «хаанымсах Кори судаарыстыбатын» кытта ситимнээх диир. Онон «Хоро сирэ» (кустар кыстыыр
сирдэрэ) «Кори» диэнтэн үөскээбит. Зориктуев сылыктыырынан, кэриэйдэр «когурё, корё диэн буолабыт» дииллэр эбит. Бу омуктар Тонмён диэн өбүгэлэрэ Кори сириттэн төрүттээх, оттон уола Чумон балар дьиҥнээх төрүттэрэ буолан тахсар. Кэриэйдэр оннук ааҕаллар. Биллэрин курдук, Приморьеҕа кус арааһа толору. Хоту улуустарга саас хастыы эмэ сүүһүнэн үөрдээх ээбиллэ диэн кус онно, дьэ, элбэх. Онон саха үгүс үһүйээнигэр кэпсэнэр Хоро уонна Кытат (Кидань) диэн дойдулар биир буолан тахсаллар эбит. Академик Алексей Павлович Окладников ити үһүйээннэри ырытарыгар Кытайы кытат (кидань) омук төрүт дойдута диэн быһаарар. Былыргы түүр омуктар географияны бэркэ билэллэрэ, онон Былыргы Кытайы (Хань) хайдах да бутуйар кыахтара суоҕа. Кытай сирэ Приморье диэки баар диэн билэллэрэ. Ону былыргы түүрдэр устуоруйаларыттан билиэххэ сөп. Итинэн буоллаҕына, Амыртан хас эмэ бөлөҕүнэн Алдан уонна Майда өрүстэринэн туох да кыһалҕаны билбэккэ көһүөххэ сөп буолан тахсар. Маны олохтоох дьон, геологтар уонна айанньыттар (Уһук Илини, Илин Сибиири кэрийбит дьон) төһө баҕарар бигэргэтэр кыахтаахтар. Чжурченнар импиэрийэлэрин тобоҕо дуо? Мантан көстөрүнэн, саха хоролоро Амыр аллараа тардыытыгар олохтоох чжурчень диэн омуктарга (кэлин маньчжур эҥин диэн буолбуттара) уруу буолар эбиттэр. Чжурченнар төрүт былыр аатырбыт-суолурбут «Көмүс импиэрийэни» олохтуу сылдьыбыттаахтар. Ону 1234 сыллаахха монгуоллар үлтү сыспыттара. Таарыйа ахтан аһардахха, хоролор биир суруктарыгар ол төрүт дойдуларыттан көспүт кэмнэрэ «770 сыл анараа өттүгэр», атыннык эттэххэ, 1240 сыл эргин диэн бэлиэтэнэр (ол суруйуулара архыыппар баар). Ити курдук чуолкай даатаны ыйбыттарын киһи соччо итэҕэйиэх санаата кэлбэт. Ол гынан баран хоролор ити көһүүлэрэ Уһук Илиҥҥэ (ол кэмнээҕи) чжурченнар судаарыстыбалара сууллубут кэмин кытта оруобуна сөп түбэһэр. Чжурчень сэрииһиттэрэ Саха өбүгэлэригэр биир да киһи «Улуу» диэн хос аата суох, арай Улуу Хоро эрэ баар. Элбэх үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, хоролор Киин Саха сиригэр букатын кэлин кэлбиттэр (саханы төрүттээччи Омоҕойдоох кэннилэриттэн). Быдан былыр билиҥҥи Хатас турар сирэ Омоҕой түһүүлэммит сирэ дэнэрэ. Оннук эбит буоллаҕына, кый ыраах сиртэн кэлбит омуктары аттыларыгар тоҕо түһэрдилэр, олохсуйалларын көҥүллээтилэр? Араас биричиинэ баар буолуон сөп. Баҕар, Улуу Хоро аатырбыт-суолурбут чжурченнартан төрүттээҕэ буолуо. Хас эмэ үйэ тухары олохсуйбут үгэһинэн үрдүк сололоох тойону бочуоттаан көрсөр буоллахтара дуу? Мин сылыктааһыммынан, хоролор Саха сиригэр XIII үйэҕэ буолбакка, XIV үйэҕэ кэлбиттэр. Ону туохха тирэҕирэн этэрбин сахалар этническэй устуоруйаларын туһунан кинигэбэр холобурдуоҕум. Уопсайынан, хоролор бу эргин көһөн кэлиилэрэ «Көмүс импиэрийэ» сууллуутун кытары ситимнээх. Боростуой чжурченнар бачча ыраах сиргэ монгуоллартан куотан кэлиэхтэрэ дуо? Чахчы, тойон хаан өттө монгуол салалтатын кытары сөпсөспөккө кэлбит буолуон сөп. XIV үйэҕэ иирсээн күүһүрбүт кэмэ. Көһөн кэлиилэригэр XIV үйэ ортотугар чума ыарыы турбута эмиэ дьайбыта буолуо. Ити саҕана Киин Саха сирин килиимэтэ сымнаан, сылаас баҕайы, адьас уйгу-быйаҥ дойдута диэн биллэр. Ынах-сылгы иитэргэ бары өттүнэн табыгастаах
сиргэ ким таласпат буолуой. Саха элбэх үһүйээнигэр Улуу Хоро оҕуһу миинэн кэлбитэ кэпсэнэр. Биллэрин курдук, маньчжурдарга, кэриэйдэргэ оҕус – саамай сүрүн көлөлөрө. Өссө итэҕэллэрин кытары эмиэ ситимнээх. Иван Николаев SakhaLife-ка 2015 сыл тохсунньу 15 күнүгэр таһаарыытыттан Геннадий ГУРЬЕВ көҥүл тылбааһа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан