Кэпсээ
Войти Регистрация

Аньыылаах тиит

Главная / Кэпсээн арааһа / Аньыылаах тиит

K
18.01.2019 17:53
Арыылаахтан үс биэрэстэлээх Хомустаах үрэҕин баһынан бардахха, Дулҕа Сайылыкка тиийэҕин. Сайын буолла да, манна киһи-сүөһү туола түһээччи. Хомустаах үрэҕэ уонна Дулҕа Сайылык холбоһор тумуһаҕар икки улахан ампаар уонна титиик бааллар. Киэҥ сири хабар баҕана бүтэйдээхтэр. Бу тумуска былыр кинээстээн аатырбыт Боппуоп Бүөтүр диэн киһи күөннээн-күөнэхтээн олорбут. Сылгылыын-ынахтыын уопсайа икки сүүсчэкэ сүөһүлээҕэ, оттуур-мастыыр хамначчыттардааҕа эбитэ үһү. Бэйэтэ уойбута бэрт буолан, дьиэтиттэн улахан эрэйинэн тахсара диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Улахан ампаартан чугас соҕотох суон тиит баара. Ол тииккэ сөбүлээбэтэх киһитин эбэтэр этиитин толорботоҕу куустара баайан, анал быа кымньыынан таһыйтарар идэлээҕэ үһү! Бэйэтэ талбытынан сууттаан, дьонун муҥнаталыыр, таһыыр кэмигэр талах олоппоско олорон хас охсуу буолбутун ааҕар эбит. Уһун Өлөөнтөн Нэлэгэр Алаас икки арда биэрэстэттэн эрэ ордуга буолуо. Нэлэгэргэ Дьэкиим Хааһаҥкын диэн киһи төрөөн-ууһаан олорбута. Бу оҕонньор хос аата – Куолай. Кэргэнэ Хатыҥыр Натааһа диэн уһун суһуохтаах, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу, барыны-бары сатыыр эмээхсин. Кинилэр букатын эдэрдэригэр ыал буолбуттар, үс уол оҕоломмуттар. Бастакы уолларын – Ньукулай, иккистэрин эмиэ Ньукулай диэн ааттаабыттар. Үһүс уолларын хос аата – Хачый, миитэрэпкэтинэн Бүөтүр. Оччолорго мин, уоммун туолбут уол, сэттэ уонун ааспыт хараҕа суох Дьэкиим оҕонньору сирдиир үлэлээх этим. Эдэригэр киһи тэҥнэспэт үлэһитэ, куоратынан-тыанан сылдьымахтаабыт, эр бэрдэ этэ диэн кэпсииллэрэ. Үөлээннээхтэрин көрсөн, уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн сэргэхсийдин диэн, уолаттара эбэтэр кэргэнэ Натааһа сиэтэн аҕалан холкуос хонтуоратыгар (оччолорго Уһун Өлөөҥҥө баара) хааллараллара. Биир күн мин Нэлэгэр алааһыгар сирдиир буоллум. Сайылыкка көһөрбүт чугаһаабыт кэмэ. Алааспыт кырса күөҕүнэн бүрүллэн, араас сибэккинэн киэркэйэн, тупсан аҕай турара. Оҕонньорбун тайаҕын төбөтүттэн тутан, сиэтэн кыра томтору ааһан истэхпитинэ, Дьэкиим: “Уу сыта кэлэр, манна олорон сынньана түһүөх”,– диэтэ. Кэккэлэһэ олордубут. Уолаттарым: “Уһун Өлөөн Күөлэ уолан, бадараана эрэ хаалбыт”, – диэбиттэрин санаттым. Онуоха оҕонньор: «Оннооҕор сут-кураан сылларга олох уолбатаҕа. Ол саҕана олохпутугар-дьаһахпытыгар улахан охсуулаах сыллар кэлэн ааспыттара. Ыал ыалынан хоргуйан өлөрө. Онно эбии аһыҥа аһара үөскээн, оту, күөл хомуһун барытын сиэн, атах сыгынньах кыайан хаампат этибит. Бу эбэ барахсан онно да бэриммэтэҕэ, төһө да уоллар, уута хаалбыта. Урут собо бэркэ үөскүү сылдьыбыта. Муус тоҥмутун кэннэ Силиппиэн Боппуоп кыл муҥханан балык бөҕөнү баспыта. Дьоннор барахсаттар саас туулаан, илимнээн, хас да сыл аһаан-сиэн олорбуттара үчүгэйэ сүрдээх этэ», – диэн ахтыбыта. Онуоха: “Билигин да уута баар, чугастааҕы ыалларбыт Ньикииппэрдээх, Аччыгый Бааһалаах, Лукаалаах уонна биһиги кыһын иһэр мууспутун мантан ыларбыт. Сүөһү уһун кыһыны быһа манна уулуур”,– диэтим. “Ол аата, уута наһаа уолбатах, билигин да баар эбит!” – диэн Куолай оҕонньор үөрбүтэ. Саас хаар ситэ уулла илигинэ, дьиэбит таһыгар мас эрбии сылдьан, аҕам кинээс Дьэкиими эдэригэр ынахтан сылтаан таһыйбытын туһунан кэпсээбитэ. Ол кэпсээнин өйдөөн бэйэтиттэн ыйытааччы буоллум. –
Дьэ, кырдьык, ол кэмҥэ сүүрбэ түөрт саастаах этим. Ити улахан Ньукулайым иккилээх, сүүрэ-хаама сылдьара. Натааһалыын холбоспуппут төрдүс эрэ сылыгар барбыта. Ол сайын ыаллар сайылыкка номнуо көспүт кэмнэрэ этэ. Алааспытыгар биһиги эрэ хаалбыппыт, оччолорго син кыралыын-улаханныын уонча сүөһүлээх этибит. Сайыҥҥы ыраас күн, күнүскү ыам саҕана, биир аттаах киһи тиийэн кэлбитэ. Мин дьиэм таһыгар отум сэбин-сэбиргэлин бэрийэ сылдьыбытым. Атыттан түспэккэ эрэ: “Кинээс Боппуоп сайылыгар ыҥыртарар!” – диэбитэ. Дьиэбэр киирэн Натааһабар кэпсээбитим, туох киһи кэлэ сылдьыбытын кыайан билбэккэ хаалбытым. Күнүскү чэйбин аһаан баран, таҥаспын уларыттан кинээстээххэ – Дулҕа Сайылыкка барар буолбутум. Натааһа дьиэтин, оҕотун көрө хаалбыта. Нэлэгэртэн Дулҕа Сайылык биэс биэрэстэ холобурдаах. Ону эдэр киһи өр гыныам дуо, начаас тиийбитим. Ол баран иһэн “бачча күөххэ тойон тоҕо ыҥыртарар буоллаҕай?” диэн таайа сатаабытым. “Иэспин-күүспүн барытын төлөөбүтүм, туох да биэрэрим суох” дии саныырым. Олбуорга киирбитим, улахан ампаар күлүгэр кинээс ырбаахыта суох сөрүүкүү олороро. Миигин көрөөт, ыҥыран “кэпсэтии баар” диэтэ. Аттыгар чугаһаабытым кэннэ: “Нэһилиэкпэр көрсүһүү оҥорор буоллум, эмис эт наада буолла, ол иһин ыҥыртардым. Эйиэхэ байтаһын сүөһү баар үһү, ону миэхэ аҕал, тугунан эмэ төлөһүөхпүт буоллаҕа”,– диэн көбдьүөрбүтэ. Үс-түөрт күнүнэн ону биллэрэрбэр эппитэ. Дьиэбэр кэлэн кэргэммэр кэпсээтим. Натааһам: “Тиҥэһэбин биэрбэппин! Сүүстэн тахса сүөһүтүттэн булан өлөрдүн ээ! Олох барыма!” – диэн кыыһырбыта. Мин сөбүлэһэн, барбатаҕым. Уонча хонугунан кинээс икки аттаах киһини ыыппыта. “Дьэкиим, оҕонньорго барар үһүгүн!” – диэн бөөҕүнэспиттэрэ. Тойоннорун сорудаҕын толоро сылдьар буоллахтара, хайыамый, бардаҕым дии. Тиийэн дьиэ аанын саҥа аһан эрдэхпинэ, түөрт бөтөс үрдүбэр түһэн, соһон илдьэн, ампаар ойоҕоһугар турар суон тииккэ куустара атахпын-илиибин кэлгийэн кэбиспиттэрэ! Онтон талах олоппоһу аҕалан олорпуттара. Дьиэттэн Бүөтүр кинээс ыадаҥнаан, халҕаҥнаан тахсан, олоппоско олорон: “Эн, Дьэкиим, көрдөһүүбүн толорботоҕуҥ иһин аҕыс кымньыыны аныыбын!” – диэн көөҕүнээбитэ. Ол аата – аҕыс охсуу. Эр санаабын ылынан, көрдөспөтөҕүм-ааттаспатаҕым. “Хайдах да кэбилээ!” дии турдахпына “биир кымньыы!” диирин кытта, сиһим аһыйа түспүтэ. Алта охсууну син тулуйан аһарбытым. Сэттис охсууга кымньыы төбөтө моонньубар түбэһэн, өйбүн сүтэрэн кэбиспит этим. Ахсыс охсууну өйдөөбөппүн... Илиибин-атахпын босхолоон, үрдүбэр тымныы уу кута сырыттахтарына өйдөммүтүм. Хомуоска тымныы уу аҕалан биэрбиттэрин испэтэҕим. Кыратык олоро түһэн баран дьиэлээбитим. Натааһам күүтэн аҕай олороро. Ырбаахыбын арыйан көрөөт, ыаҕаһын ылан хотонугар сүүрбүтэ. Онтон сылаас үүтүнэн көхсүбүн сууйбута. Бааспын итинник эмтиир түбүккэ түспүтэ. Сотору син оспута. Ол гынан баран биллэрдик бытаарбытым. Таһыллыбыппын истэн, эһэҥ Миитэ барахсан оппор-маспар көмөлөһөн абыраабыта. Күһүн солооһуммар бурдук сириэдийэ үүнэн, сиэрпэнэн быһан, түүтэх оҥорон, муус тоҥмутун кэннэ хаарын ыраастаан, онно түүтэҕи соҕооччунан үлтү сынньан, бурдугу өлгөмнүк ылбыппыт. Икки ыалынан сиэн, сылы билбэккэ аһарбыппыт. Кинээскэ биэрбэтэх өрүөстээх тиҥэһэм кыһыны туораан, саас эрдэ тыһы ньирэйи төрөппүтэ. Улаатан,
ууһаан сүөһү төрдө буолбута. Элбэх киһини ытаппыт, буруйа суохтары буруйдаабыт Бүөтүр Боппуоп кинээс өлбүт сураҕын истибитим да көмүүтүгэр сылдьыбатаҕым. Куолай оҕонньор эрэйдээх, хараҕыттан ыгыллан тахсыбыт уутун сиэбиттэн хостоон таһаарбыт былаатынан соттубута. “Бу туһунан уолаттарбыт билбэттэр. Биллэхтэринэ, нэһилиэккэ айдаан тахсыа. Үйэ-саас өс-саас буолуо диэммин, Натааһалыын оҕолорбутугар биллэриэ суох буолбуппут. Арай эн аҕаҥ Ньукулай Силииппэбис Боппуоп, эһэҥ Миитэ Хааһыҥкын, Төннүбэт Охонооһойдоох үчүгэйдик билэллэр. Чэ, Көстөкүүн, күн ыраатта быһыылаах, барыахха”,– диэбитэ. Аттыгар уурбут тайаҕын харбыалаан булбута уонна Нэлэгэр алааспытыгар айаммытын салҕаабыппыт. Тиийбиппитигэр кэргэнэ чэй бэлэмнээн тоһуйбут этэ. * * * Уолаттартан Улахан Ньукулай холкуос үлэтин-хамнаһын билэн улааппыта. Орто үөрэххэ үөрэммитэ. Холкуоска биригэдьиирдээбитэ, бэрэссэдээтэли солбуйбута. Аҕыс уонугар сылдьан бу дойдуттан барбыта. Иккис Ньукулай учуутал идэлэнэн, Арыылаах оскуолатын интэринээтигэр иитээччи буола сылдьыбыта. Сүрдээх мындыр өйдөөх-санаалаах киһи этэ. Сылгы кылыттан хатан илим, куйуур баайара. Кыл оҥоһук былыр-былыргыттан бултаах-астаах буолар. Сүүрүк аты баайар талааннааҕа. Элэмэнчик диэн аттааҕа. Ол ата Чурапчы улууһугар хас да сыл ыһыахтарга бастаталыы сылдьыбыта. Убайа Улахан Ньукулай кугас атын баайан өрөспүүбүлүкэҕэ бастаталыы сылдьыбыта. Аты баайарыгар ыҥыырдыын ыытара. Ыҥыыра ортотунан кэтит таҥаһынан оҥоһуллубут холуннаах буолара. Ат төһө аһаабытын онон билэрэ. Оскуолаҕа үлэлиир кэмигэр улахан ураанньыктаах, түөрт туйаҕа дьэҥкир, сырдыктыҥы-кугас аттааҕа. Онтун турку сыарҕаҕа көлүйэн Нэлэгэртэн Арыылаахха олорбокко туран эрэ айаннатар буолара. Атах-илии оонньуутугар оройуоҥҥа бастаталыы сылдьыбыта. Нэһилиэккэ киниэхэ тэҥнээх тустуук суоҕа. Кыыстаах уол оҕолордооҕо. Кыыһа Балбаара – уон оҕолоох дьоруой ийэ. Билигин дойдутугар – Арыылаахха сиэннэрин көрөн олорор. Уола Ньукулай икки кыыстаах, онтулара – ыал ийэлэрэ. Ньукулай үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, тыа хаһаайыстыбатын институтугар үлэлии сылдьыбыта. Көтөр пиэрмэтин аттыгар олорон, саас куйуур саҕана балык бөҕөнү кыл куйуурунан баһан чугас ыалларын аһаппыта билиҥҥээҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар. Үрэх уста сытар буолан, балык дириҥэр мустар эбит. Ойбону булкуйа түстэ да, балык баар буолара. Хачый Бүөтүр дойдутугар отоһут, уҥуох тутааччы, хаанньыт бастыҥа этэ. Элбэх киһини араас ыарыыттан эмтээбитэ. Биир сайын сиэнэ Ньукулайдыын дьону эмтииргэ дастабырыанньа ылаары, Кондаков ойууну көрсөөрү кэтэһэ сылдьалларын көрсүбүтүм. Көҥүл суругун ылбыт этэ. Дойдутугар – Арыылаахха салгыы үлэлээбитэ. Оройуон, атын да сир дьоно отоһут Хачыйы ыйытааччылар. Барыларын үөрэ-көтө көрсөрө, сүбэ-ама арааһын биэрэрэ. Ол курдук холку, боростуой оҕонньор этэ. Дьэкиим кырдьаҕас суох буолбута үйэ буолан эрэр. Кымньыы суоһун-суодалын билбитин кимиэхэ да кэпсээбэккэ, киэҥ көхсүгэр сүгэһэр гынан бу дойдуттан араҕыстаҕа. Уолаттар үһүөн аҕыс уон саастарын ааһан иһэн суох буолбуттара. Оттон Дулҕа Сайылыкка баар аньыылаах тиит эмэх буолан, үс сиринэн тостон, билигин суулла сытар. Аттыгар турбут ампаардары, титииктэри, күрүөлэри-хаһаалары көтүрэн илдьэн Арыылаахха Төннүбэт Охонооһой, маҕаһыыҥҥа остуорастыы сылдьан, оһоҕор уот гыммыта дииллэр. «Кини баара буоллар, бу охто сытар аньыылаах тиит дьылҕата
быһаарыллыбыт буолуо этэ» дэһэллэрэ дойдум дьоно. Элбэх киһини араас буруйга түбэһиннэрэн, түүтэх бурдуктуу ыбылы баайан, оччотооҕу кэмҥэ ытаабыт-соҥообут элбэх буолуо. Ол аньыыта-харата Үөһээ дойдуга суруллубута буолуо, баҕар. Күһүн-саас тиит алын төргүү мутугун олбох оҥостор элиэ-тураах сынньанан ааһар тиитэ аны суох. Арай ыраас хонууга үс сиринэн тостон, кубарыччы хаппыт суон тиит мэһэй буолан төһө өр сытыа биллибэт. Кырдьаҕастар “Аньыыны сири-буору хаһан булбаккын, бэйэбитин кытта сэргэстэһэ сылдьар” дииллэрэ. Дойдум дьоно барахсаттар, аньыылаах тиити тыытымаҥ, охтубут сиригэр сыттын, сотору тохтор эмэх буолбутун үөн-көйүүр бэйэтэ харайыаҕа! Константин Накатов.
kyym.ru сайтан