Кэпсээ
Войти
Регистрация
Айан-сырыы көрүдьүөһэ…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Айан-сырыы көрүдьүөһэ…
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.05.2022 16:30
Хорунан ырыа уустугун туһунан этэ да барбаккын буоллаҕа. Хас уонунан киһини биир тэтимҥэ, биир санааҕа, түмсүүгэ-сомоҕолоһууга киллэрэн, куолаһынан арааран ыллатарга өй-санаа, эт-хаан да өттүттэн төһөлөөх күүс-сэниэ, тулуур наада буоларын хормейстрдар, вокальнай ансаамбыллар салайааччылара билэн эрдэхтэрэ… Дэриэбинэттэн сааскы суолунан – бырыы да бадараан суолунан сыалай хас эмэ массыынанан, аара тыраахтарданан, бөлөрүүстэнэн айаннаан киккирэтэн улуус сыантырын хонукпутугар эрэ буллубут. Салайааччыбыт сарсын үчүгэйдик утуйан, күнүс наадаҕатыгар сылдьан баран күнүс түөрт чааска кэлээриҥ диэтин кытта үөрүүнү кытта хонор ыалларбыт диэки бардыбыт. Ыалга түһэн баран утуйан тыылла сыппат буоллахпыт дии, кинилэри кытта тэҥҥэ ойуоккалаһан туран сыаллаах-соруктаах дьон быһыытынан “оройуон” маҕаһыыннарын кэрийэ бардыбыт. Оччолорго кулинарнай маҕаһыын баара. Уу, барахсан сыта-сымара үчүгэйэ бөҕө, иһирдьэ киирдэххэ ырааһа, эчи субу сип — сибилигин оһохтон хостоммут коржик, булочка, ол бу сметанник эҥин диэн арааһынай бурдук ас кырыы-кырыытынан тэлгэнэн турара харах халтарыйар көстүүтэ. Куруутун хлорка сыттаах, ып-ыраас маҥан маарыла тирээпкэлээх, маҥан фартуктаах бэрэдэбиэс кэм да ырыа ыллаан киҥинэйэ-киҥинэйэ бирилээбэгин сууйа-сото сылдьар. Тоҕо эрэ атыылыы илик. Уочаракка саамай маҥнайгынан турар оскуола үөрэннээччитэ пуормалаах уончалаах уол уочараттан былыр үйэ сылайан сыҥааҕын ол бирилээбэккэ ыйаан туран хоп-хойуу куолаһынан ийэтиттэн ыйытар: “Ийээ, эн бэҕэһээ тоҕо аҕабын мөхпүккүнүй?”. Ийэ соччо табыгаһа суох боппуруоска хайдах эппиэттиирин толкуйдуу турдаҕына бэрэдэбиэс бэрт түргэнник – “Ол аата аҕаҥ буруйдаах эбит” диэн туох да мөккүөрү үөскэппэт гына эппиэттээн кэбистэ. Бэрэдэбиэстэр барахсаттар оннук бөҕө буоллаҕа дии — түргэн үлүгэрдик барыларыгар эппиэттии, этэ-тыына охсон, аһы-үөлү сыа-сым курдук тутан-хабан суулаан, хаалаан атыылаан, уочараты суох гына охсон, ааҕан-суоттаан туттаран уо.д.а. Дьэ биһиги итинтэн олох кумааҕы хоруопкаҕа хаалатан, абытайдаах айаны тулуйардыы хамсаабат гына баайтаран дьол бөҕө буолан чугас-чугас турар ас-үөл, таҥас-сап, иһит-хомуос маҕаһыыннарын тотуохпутугар дылы кэрийдибит. Ол сылдьан сотору-сотору бэйэбит дьоммутун көрсөбүт, туох да былыр үйэҕэ көрбөтөх дьоммутун көрбүттүү үөрүү-көтүү бөҕө. Арай хайдах ыллыырбыт эрэ туһунан санаахтаабаппыт. Ол сылдьан остолобуойданан хайаан дьэ эппит чааһа тиийэн кэлбитин бэйэбит да билбэккэ хааллыбыт. Аны кэлэн баран хомулла түһүөхпүт баара дуо, ким ханна тугу түбэһэн ылбытын быһаарсыы, ыйларыы-кэйдэрии. Салайааччыбыт син ол да буоллар хомуйан куоласпытынан арахсан турдубут, турукка киирдибит. Распевка саҕаланна. Бастаан аа да оо да, ии да буоллубут. Дьэ итийэн кутуйан диапазоммут кэҥээтэр – кэҥээн, үрдээтэр-үрдээн истибит. Били кус-хаас тойукпут дьаарыстанан, куолас арахсыыта иһиллэн онтон собуоттана-собуоттана эйээрии-да эйээрии. Аны ми, ми буоллубут. Ол турдахпытына икки илиитинэн ырыаны “сабан” кэбистэ уонна сүр кытаанахтык көрө сатыы-сатыы – “ Туох алдьархай күн баччатыгар диэри уутун хамматах оҕонуй бу! Ыл дьааһый уонна ыллаа” – диэтэ. Онтукайбыт биир ырыаһыппыт аһаҕас дорҕоонноох распевканы туһанан дьааһыйа турдаҕына ми – ми диэҥҥэ көһөн хаалан айаҕын аппытынан ол нотаҕа хаалан хаалбыт, онтон хор салгыы айанныы турдаҕа дии… Бастаан киһи мөҕүлүннэ диэн уу чуумпу буолан хааллыбыт, киһибитин чугас турааччыта кынчарыйда, ыраах турааччылар өҥөҥнөстүбүт. Барахсан айаннаан иһэр массыынаны тохтотон мух-мах буолла. Онтон салайааччыбыт туттуна сатаан баран — “Айакка киһи да сатаан мөхпөт дьоноҕут” – дии -дии күлэн тоҕо барда. Киһибит дьэ баҕата ханарынан дьааһыйда. Хор салгыы ырыа ылбаҕай ыллыгар киирэн кэрэни-үтүөнү хоһуйа ыллаан ньиргитэ турда. Оо, ырыа барахсан угуйар-ыҥырар, түмэр күүһэ ити курдук хайа да бэйэлээҕи биир таһымҥа киллэрэрэ үчүгэй да этэ. Наталья Руфова, 2020 сыл
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан