Кэпсээ
Войти Регистрация

Ийэлээх, аҕалаах эрээрибит

Главная / Кэпсээн арааһа / Ийэлээх, аҕалаах эрээрибит

K
11.12.2018 14:38
Биһиги оҕо сааспыт сэрии сылларын бары оҕолорун олохторуттан туох да атына суох этэ. Аччыктааһын да, ыар үлэ да биһиги кыракый санныбытыгар биир тэҥник ыар баттык буолбута чуолкай. Ийэлээх аҕам ханна эрэ ыраах оттуу бараллара. Онон биһиги, үс бииргэ төрөөбүт, ыалларынан сылдьыбыппыт. 1942 сыллаах кыһын ийэбит миигин уонна миигиттэн икки сыл балыс бырааппын Марфа диэн хотон көрөөччүгэ аҕалан олохтообута. Бэйэтэ дьаам сүүрдүүтүгэр сылдьар буолан, дьиэтигэр түптээн олорбот этэ. Ыһык бурдукпутун, ол эбэтэр ийэбит хантан эрэ булан аҕалбыт кыракый бурдугун сыыһын лэппиэскэлээн сиэн бүтэрдэхпитинэ, аһылыкпыт отой да быстан хаалара. Ыанньыксыт дьахталлар аһынан дуу, хайаан дуу ыаҕастарын салаталлара эбэтэр ардыгар кутуйаҕы тутаннар, умайа турар оһоххо быраҕан хоруорда түспүттэрин биэрдэхтэринэ, бэрт минньигэстик сиэн кэбиһэрбит. Ол да абыраабатаҕа. Кэнникинэн быраатым аччыктаан, тимири тимиргэ аалар курдук кыыкыныыр эрэ буолбута. Биирдэ түүн бырааппын суорҕаҥҥа суулаан таһырдьа таһаарбыттара. Онно кини наһаа куһаҕаннык кыыкынаабыта хаһан да кулгаахпыттан сүппэт, оҕо сааһым кутурҕаннаах аргыһа буолан, куппун-сүрбүн баттыыр. Сарсыарда хантан кэлбитэ буолла, ийэм эрэйдээх хороччу тоҥон хаалбыт оҕотун сыарҕалаах атынан илдьэ барбыта. Ити курдук биһиги оҕо сааспыт, төһө да ийэлээх, аҕалаах аатырбыппыт иһин, үөрүү-көтүү үктэллэммэккэ ааспыта. Сэрии ыар сылларын кыһалҕата оччотооҕу төрөппүттэри оҕолоругар эймэһийэр да кыаҕы биэрбэт этэ. Кинилэр үлэлэригэр умса-төннө түһэллэрэ. Оччолорго суут-сокуон кытаанаҕа сыттаҕа дии. Төһө да оҕолорун тустарыгар кыһаллыахтарын баҕарбыттарын, сүрэхтэрэ ыалдьыбытын, ытаабыттарын-соҥообуттарын иһин, үлэҕин быраҕарыҥ, оҕолоргун биэбэйдэһэриҥ төрүт сатаммат буолара. Ийэлээх аҕам кыһынын дьаам сүүрдүүтүгэр, сайынын сиргэ хоно сылдьан оттуур буоланнар, биһиги ити курдук ыал устун сылдьыбыппыт. Оскуолаҕа киириэм быдан иннинэ биир доҕолоҥ киһи икки оҕуска булуук холбоон баран, онтуларын миэхэ сиэттэрэрэ. Сотору-сотору ол киһи: “Уҥа диэки бар, хаҥас диэки бар. Көрбөккүн дуо?!” – дии-дии, хаһыытыырын истэрим. Дьэ, ити этэ, мин оонньооботох оҕо сааһым аргыһа. Кэлин киһи-хара буолан, кэргэннэнэн, биэс оҕону улаатыннардым. Араас үлэҕэ үлэлээтим да, дьоҥҥо-сэргэҕэ сирдэрбиппин, куһаҕан үлэһит дэппиппин өйдөөбөппүн. Биһиги көлүөнэ дьон оҕо сааһын көрүн-нарын, үөрүүтүн-көтүүтүн сэрии уонна сэрии кэннинээҕи уодаһыннаах ыар олох ити курдук былдьаабыта. Кини тулаайах, ийэлээх-аҕалаах диэн ончу араарбатаҕа. Араарбыт да буоллаҕына, ахсааннаах буолуохтаах. Ордук холкуостаах оҕолоро бары биир тэҥ олоҕу, биир кыһалҕаны көрсүбүппүт. Мария СЕРДЦЕВА, Бүлүү куоратын олохтооҕо.
kyym.ru сайтан