Кэпсээ
Войти
Регистрация
Илин Арыыга
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Илин Арыыга
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.12.2020 16:19
Хоту дойду кубулҕат айылҕалаах. Бүгүн кыырпах да былыт суох, өҥүрүк куйаас, оттон сарсын хотуттан тоҥ былыт халҕаһалыы анньан кэлэн – ыччаката сүрдээх буолуо. Күн-дьыл ити курдук тосту уларыйар. Дьахталлара эмиэ оннуктара буолуо дуо? Дойду сиртэн кэлбит дьон маннааҕы дьахталларга итинник сыана быһааччылар. Ким билэр? Баҕар, кырдьык да оннуга буолуо. Чэ, ити хаалан эрдин. Дьиҥэ баара, дьахталлар барахсаттар баар буоланнар, бу орто дойду тардыһыылаах, умсугутуулаах. Мэхээс ыһыах кэннинээҕи буһурук күннэр сатыылаабыттарыгар “дьэ, от барахсан хамсыы-хамсыы үүнэр буолла, аҕыйах күн маннык турдар” диэн тойоннообута оруобуна сөп түбэстэ. Начаас ыккардыгар бэрдьигэс өрө анньан кэбистэ. Өлөҥ да үүммүтэ сүрдээх. Дьон окко эрдэттэн бэлэмнэммитэ. Хотуур таптайыыта, иҥэһэ оҥостуута, кыраабыл тиистэниитэ – барытын хайдах ааҕан ситиэҥий. Илин Арыы диэки матасыыкыллаах Уруһулаан сорох сиргэ мас тэлгэтэн суолун оҥостубута, оттон Акыым обургу улахан балааккатын тардан, туох баар малын онно тиэрдибитэ хас да хонно. Бөһүөлэк дьоно ким тугу кыайарынан бэлэмнэнэр. Мэхээс арыыга урут-уруккуттан оҥостубут моҕол ураһатын сөхсүппүтэ. Онон-манан көөрөттүбүт сиринэн наҥнаһыны уурталаабыта, австриялар хотуурдарынан хойуу оту сыыбырҕаччы охсон ураһатын үрдүгэр тэлгэппитэ. Оо, дьэ, ураһа да ураһа! Бөһүөлэк мантан үс хас биэрэстэ да, кини ураһата ыраахтан харааран көстөр. Кыһынын чугастааҕы оттор тиэллибиттэрин, халлаан да сир да силбэһэн, биир кэм тунаа маҥан буолбутун кэннэ ураһа соҕотохсуйан, боруоран турааччы. Ол бэйэтэ, бу уйгу-быйаҥы сомсор үтүө сайын хат эргиллэн, эмиэ биллэ тупсубут: сыттыын-сымардыын букатын атын буолбут. Субу күннэргэ Илин Арыыга киһи-сүөһү хойдуоҕа. Маннааҕы дьон үтүктүспүт курдук маҥан аттаах, маҥан былааттаах, күн уота туртаччы сиэбит бириһиэн сонноох сылдьаллар. Дьахтар эрэ, эр киһи эрэ – ыраахтан кимэ биллибэт. Мэхээс да хаалсыа дуо – эмиэ оннук таҥнан-саптан сылдьар. Арай Дьэбдьиэй барахсан оннук таҥныбат. Чараас былаачыйата дохсун тыал үрэн сирилэттэҕинэ, толору буутугар сөрүөстэр, оттон мэник тыал ити киэҥ былаачыйатын арыйбахтаан иһигэр састаҕына, биэс уончалаах Дьэбдьиэй букатын эдэригэр түспүт курдук мичилийэр. Ыам бырдаҕа да куттаабат бу хоһуун дьахтары: ханна да буоллун — өрүү былаачыйанан сылдьар. Кырдьык, бырдах сиэбэтин диэн мааһынан соттор. Биирдэ от мунньа кэлэн баран: “Мэхээс, көхсүбүн бу эминэн сот эрэ,” —диэбиттээх. Мэхээс онуоха ис-иһиттэн итийэн кэлбитэ, ол эрээри онтун биллэрбэт буола сатыы-сатыы, мааһы ытыһыгар көбүччү кутан баран, дьахтар сыгынньах кэтит көхсүн бүтүннүү килэччи соппута. Бу – эриттэн арахсыбыта быданнаабыт дьахтар Мэхээс отуутугар мэлдьи кэлэр. Ардыгар кыраабылын тиистэтэр, сороҕор хотуурун таптатар. Өйүөтэ да үчүгэйэ бэрт. Бөтүөнүгэр хайаан да суораттаах буолар. Буспут этэ, андыта, ыһаарбыт балыга – барыта, оо, минньигэһин эриэхсит! Мэхээстэн биир-икки сыл аҕа эбитэ дуу, ол эрээри көрүҥүнэн баҕас быдан эдэр. Мэхээс кэргэнэ атын киһини сырсан барбыта хаһыс да сыла, онон кини эмиэ аҥаардас сылдьар. Дьиктитэ
баар, Дьэбдьиэйдээх Мэхээс, бэйэ-бэйэлэригэр наһаа убаммыт курдуктар эрээри, бииргэлэһэр туһунан тыл аҥаарын да быктарбаттар. Хайалара да. Баҕар, иккиэн улааппыт оҕолордоох буолан эбитэ дуу? Мэхээс ураһатыгар сүүрбэччэ да киһи бата сыһыа этэ: оннук киэҥ. Өйүөтэ бүтүөр диэри бөһүөлэккэ киирбэт. Ханна да ыксыай: онно кинини күүтэр киһи суох. Манна бары-барыта тып-тап курдук, тупсаҕай. Утуйар сирэ да сымнаҕаһа ааттаах, бырдах сиир кыаҕа суох: маарыла пуолахтаах, үөн-көйүүр киирбэт. Мэхээс бу арыыттан сүүрбэччэ туонна оту ылан кэпэрэтиипкэ туттарар. Онтун соболоҥор биэдэмэскэ суруйан үрүҥ аһы, хараны төһө баҕарар биэрэллэр. Ити эрэ буолбатах. Бурдук, саахар, ириис куруппа, онтон да атын табаары ылыахха сөп. Сорох дьон от оҕустараллар. Бу чааһыгар кини иннин кимиэхэ да биэрбэт. От охсорго адьас кыратыттан үөрэммитэ. Аҕата бокуонньук хотуурун таптайан биэрэ-биэрэ: “Мэхээс, хотуургар сэрэнээр, дьэ, сытыы кылыс гынным. Кэлин гааһыт бэрдэ буолуоҥ,” – диэн күлэн мүчүҥнүүрэ. Ол эппитэ туолбута: уол уон аҕыстааҕар гааны нэлэһитэр буолбута. Оҕустарар дьон ас арааһын аһаталлар, арыгы да туруораллар. Мэхээс “уохтаах” аһы утуйуон эрэ иннинэ “тэп” гыннарааччы. Кымыһы да киэһэлик иһэр: сүһүөҕэр түһүө баар. Мэхээстээх Дьэбдьиэ бэртиилэрин дьон барыта билэр. “Барахсаттар холбоһон хаалаллара буоллар, дэлэкэлээх үчүгэй буолуо этэ дуо?!” – дииллэр уонна хайдах эмэ гынан холбооттуур санаалаахтар. Ону баара, икки өттүттэн оҕолоро сөбүлээбэттэр үһү. Дьэ, абалаах! Бүгүн Мэхээс имэҥирэн туран охсон кылбаҥнатта, хотуурун көбүөтэ биир кэм массыына охсубутун курдук нэлэһийэр. Маннык оҕустахха, от түргэнник куурар, охсорго да чэпчэки, түргэн даҕаны. Устар күнү быһа бу курдук кууһуннартаан элбэх сири охсор. Хата, бу сылдьан арааһы бары саныыр, олоҕун эргитэн көрөр. Туох эрэ сүрэҕин таарыйар, уоскуппат. Тугун муокаһай? Хотуурун кылаанныы түһээт, эмиэ дайбаабытынан барар. Эмискэччи арыы талах диэкиттэн дьахтар ыллыыра иһилиннэ. Оо, сэрэйбит курдук! Дьэбдьиэй барахсан кылбаҥнаан иһэр! Сүрэх билэриэн. Мэхээс иҥин хаана кэйдэ, хайдах да буолуон билбэтэ... Бутукай.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан