Кэпсээ
Войти Регистрация

Марк Жирков саха төрүттээҕэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Марк Жирков саха төрүттээҕэ

K
26.11.2018 15:34
Арай биирдэ Москубаҕа артыыска үөрэнэр устудьуоннар тырамбаайга киирбиттэрэ, иннилэригэр бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх киһи күнү-ыйы бүөлээн турар үһү. Уолаттар мэһэйдэтэн “хайа сир бөлөнөҕөр бөскөйбүт киһи эбитэ буолла?” диэн саҥалаах буолбуттар. Соһуйуохтарын иһин, киһилэрэ кинилэр диэки эргиллэн баран, уу сахалыы “Бүлүү бөлөнөҕөр бөскөйбүтүм” диэн, күлэн мүчүйбүт. Оҕолор саха композитора Марк Жирков буоларын билбиттэр, кыбыстан, кэлэр тохтобулга түһэн хаалбыттар. Дьэ, бу саха биир ытык киһитин этэн кэбиспит этиитэ махталлаах сахатын дьонугар кэрэ кэпсээн буолан, баччааҥҥа тиийэн кэлбитин үөрэ-сэргии истэҕин. Кэлиҥҥи кэмҥэ М.Н. Жирков саха бастакы идэтийбит композитора буоларын уонна кини саха мусукаалынай култуурата сайдарыгар үтүөтүн умна быһыытыйдыбыт. Ардыгар өссө “ээ, ол кини саха буолбатах” эҥин диэн хаҕыс соҕус тыл иһиллэр. Онон кини туһунан урут сырдатыллыбатаҕы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Бүлүүтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ хараллан сытар М.Н. Жирков докумуоннарыгар 1949 с. толоруллубут каадыры учуоттуур лиискэ М.Жирков омугун “саха” диэн суруйбутун ааҕан баран, ол аата саха сыдьааннаах буоллаҕа диэн санаа киирбитэ. Семен Руфов биирдэ миэхэ “Марк Жирков аймаҕым ээ” диэбитэ. Сотору буолаат, төрүччүтүн уруһуйдаан, быһааран сурук ыыппыта. Онно этиллэринэн, кини хос-хос эһэтэ Дабдый (Руф) уонна М.Жирков аҕатынан эбэтэ Аана бииргэ төрөөбүттэр. Оттон П.Н. Тобуруокап кэргэнэ Евгения Васильевна Ноговицына эмиэ хос эһэтэ Дабдый эбит. Музыковед Г.Г. Алексеева “От фольклора до профессиональной музыки” кинигэтигэр М.Н. Жирков эһэтэ Семен Жирков (Сэмэнэс) Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр, Даркылаах диэн алааска олорбута бэлиэтэнэр. Кинилэр дьиэлэригэр 1872-1873 сс. сыылкаҕа кэлбит каракозовец П.Ф. Николаев олорбут. Кини саха оҕолорун, ол иһигэр Николай Жиркову, үөрэппит. П.Ф. Николаев барбытын кэннэ Н.Жирков Бүлүүгэ хаһаактар оскуолаларыгар үөрэммит. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Е.В. Ноговицына 1992 с. Үөһээ Бүлүү олохтоох хаһыатыгар М.Н. Жирков төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар анаан таһаартарбыт ыстатыйатыгар ити үөһэ этиллибитин курдук, хаһаак Сэмэн Жирков Тамалакаантан Дабдый бииргэ төрөөбүт балтын Аананы кэргэн ылан, Нам Даркылааҕар дьиэ-уот туттан, бурдук ыһар сир оҥостон, элбэх оҕолонон олохсуйан олорбуттарын ахтар. Бу сири билиҥҥэ диэри “Сэмэнэс Даркылааҕа” диэн ааттыыллар. Сэмэн Жирков иккис оҕото Николай Жирков Бүлүү куоратыгар үөрэнэн, норуокка “Хара учуутал” диэн ааттанан, өр сылларга хаһаактар оскуолаларыгар учууталлаабыт, чугас нэһилиэктэргэ суруксуттаабыт. Үөһээ Бүлүүтээҕи аймахтарын кытта сибээһин быспатах. Тамалакаантан, Балаҕаннаахтан киирдэхтэринэ, түһэллэр эбит. Дьонноруттан нуучча аһын-таҥаһын, кэһии-тутуу тиэйэн тахсаллара үһү. Марк Жирковтаах оҕолоро суох буолан, аймахтара уолун Төбөт Дьөгүөрү ылан куорат оскуолатыгар үөрэттэрэ киллэрбиттэр. Ону куорат олоҕун сөбүлээбэккэ Тамалакааҥҥа төннөн тахсыбыт. 2012 с. М.Н. Жирков туһунан кэпсэтиигэ Ороһу олохтооҕо педагогическай үлэ бэтэрээнэ Болтуокап Николай Романович оҕо сылдьан ийэтин кытта Бүлүү куоратыгар киирэн Роман Николаевич Жирковтаахха ыалдьыттаабыттарын кэпсээбиттээх. Ийэтэ “аймахтарбыт” диэн ахтар эбит. Балаҕаннаах кырдьаҕас олохтооҕо Сэмэн Софронов “бу да буолларбын Марк Жирков аймаҕабын ээ...” диэн дьонугар кэпсиирин
сиэнэ Спиридон Трофимович Прокопьев өйдөөн хаалбытын сэһэргээбитэ. Роман Николаевич уола Мисаил Романович билигин Дьокуускайга олорор. Кинини кытта 2012 с. кэпсэтиибэр аймахтара Нам Балаҕаннааҕар баалларын, урут кинилэри кытта ыалдьыттаһалларын бигэргэппитэ. Кинилэр олорбут дьиэлэрэ билигин Ярославскай уулуссаҕа баар ...№-дээх дьиэ. Ол аттыгар тилийэ тиэргэҥҥэ турар эргэ дьиэни эһэлэрэ аах Нам Даркылааҕыттан көһөрөн аҕалан олорбуттарын ахтыбыта. Ол дьиэҕэ Жирковтар оҕолоро бары төрөөбүттэр. Оттон кинилэр дьиэлэрин эһэлэрэ Николай Семенович туппута үһү. Кэлин эһэлэрэ эмээхсинэ өлбүтүн кэннэ уолугар Ромаҥҥа олорон өлбүт. Жирковтар ханнык дьиэҕэ олорбуттарын чуолкайдаары туоһулаһарбар (2002 с.), Бүлүү кырдьаҕас олохтооҕо Е.П. Бубякин кэпсээбитэ Мисаил Романович этэрин кытта сөп түбэһэр. Аны Жирковтар ыаллаһан олорбут, куорат кырдьаҕас олохтоохторо М.Д. Поповтар кыыстара Нелли Макарьевна итини эмиэ үчүгэйдик билэр. Онон М.Н. Жирков төрөөбүт дьиэтэ ити дьиэлэртэн хайата буолара чуолкай быһаарыллар. 2006 с. ахсынньытыгар М.Н. Жирков төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, оччолорго салайар норуодунай хуорум кэлэктиибин “Алыптаах дорҕоон добун аартыгар” бырайыагынан Дьокуускайга муусука ускуустубатын диэйэтэллэрин кытта көрсүһүү тэрийбиппит. Кэлэктиип көрсүһүүттэн олус астынан, үөрэн кэлбитэ уонна М.Н. Жирков өбүгэлэрэ олорон ааспыт алаастарын үйэтитээри, сахабыт ырыатыгар сүгүрүйүүбүт бэлиэтигэр Даркылаах Алааһын Ырыа Алааһа диэн ааттыырга этии киллэрбитин, дьаһалта өйөөбүтэ. Кэлин, 2012 с., Сэмэнэс Даркылааҕар Ырыа бырааһынньыга ыытыллыбыта. Харбалаахтан, Ороһуттан, Балаҕаннаахтан, Намтан Марк Николаевич аймахтара мустаннар төрүттэрин-уустарын туһунан кэпсэтэн, хуор толоруутугар Марк Николаевич ырыаларын истэн биһирээн, салгыы маннык тэрээһиннэргэ көрсүөх буолан, дуоһуйан тарҕаспыттара. М.Н. Жирков төрөөбүтэ 125 сылын көрсө Сэмэнэс Даркылааҕар – Ырыа Алааһыгар эмиэ Ырыа ыһыаҕа ыһыллыа. Сахабын диэн киэн тутта олоҕун устата төрөөбүт сахатын ырыата профессиональнай таһымҥа тахсарыгар бары билиитин уурбут, саха мусукаалынай култууратын төрүттээбит, сахаттан бастакы идэтийбит композитор М.Н. Жирков айбыт айымньылара өссө киэҥник иһиллиэхтэрэ. Түмүкпэр, ускуустуба диэйэтэллэрэ «билигин саха мусукаалынай култууратыгар туох ситиһиллибитэ барыта М.Н. Жирков өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэ» диэн эппиттэрин бигэргэтэн, киниэхэ үйэлээх махталбыт бэлиэтигэр, сахалар киэн туттар ускуустубабыт хараамыгар Суорун Омоллоон аатын кытта сэргэ тутуллан М.Н. Жирков аата бэриллэрэ буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Владимир Васильев, самодеятельнай композитор, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, Бүлүү.
kyym.ru сайтан