Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьикти түбэлтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьикти түбэлтэ
K
kyym.ru сайтан
Номох
08.11.2018 16:21
Бу олус дьикти түбэлтэни Александр Аргунов диэн аҕабыыт 1913 с. “Якутские Епархиальные Ведомости” сурунаал 17-с ¹-гэр суруйан бэчээттэппит. Ону сахалыы тылбаастаан таһаарабыт. Бу түбэлтэ 1908 с. ахсынньы ыйга Байаҕантай сэлиэнньэтигэр (Баайаҕа) аҕабыытынан үлэлии сырыттахпына буолбута. Биһиги сулууспабытын толоро сылдьан, ахсынньы 17 күнүгэр IV Байаҕантай нэһилиэгэр тиийбиппит. Онно араас кыһалҕалаах бэрт үгүс киһи мустубут этэ. Кинилэр ортолоругар таҥараҕа тиксэ кэлбит дьону сэргэ, ыарыһахтар, кыһалҕаларын сүбэлэтэ кэлбит, оҕолорун сүрэхтэтэ аҕалбыт дьон бааллара. Балачча киэҥ балаҕаҥҥа элбэх чүмэчи уматыллыбыт иконаларын анныларынан Государь Император мэтириэтэ ыйаммытыттан, ородобуой управа дьиэтигэр киирэн турарбын өйдөөбүтүм. Ахсынньы тымныыта баарын биллэрбитэ. Биһиги айаҥҥа тоҥмуппут таайан, көмүлүөк оһох иннигэр туран, көхсүбүтүн уокка сырайбыппыт. “Дьэ, улахан тымныы түстэ, киһиэхэ да, сүөһүгэ да ыарахан күннэр үүннүлэр”, – чаччыына биһиги уокка иттэ турарбытын көрө-көрө кэпсэтиини саҕалаабыта... Ити икки ардыгар сылабаар оргуйбута, ыалдьытымсах дьиэлээхтэр биһигини чэйгэ ыҥырбыттара. Чэйдии олордохпутуна халлаан хараҥаран барбыта. Балаҕан иһэ саҥаттан саҥа дьонунан туолан испитэ. Дьон турар да, олорор да миэстэлэрэ суох буолбутун көрөн, мин чаччыынаҕа чугастааҕы ыаллартан оҕолорун сүрэхтэтиэн баҕалаахтары уонна ыарыһахтары хомуйан киллэртэрэригэр этии киллэрбитим. Биһиги чэйдээн бүтэрбитин кытта, лөчүөк айаҥҥа илдьэ сылдьар миэтирикэбит тэтэрээтигэр оҕолору сүрэхтээһин дьыалатын оҥорбутунан барбыта. Ол кэмҥэ аан аһыллыбыта, ону кытта тэҥҥэ аан туман өрө оргуйа түспүтэ. Таһыттан икки саха дьахтара киирэн кэлбиттэрэ, таҥараҕа кириэс охсунан баран, көмүлүөккэ илиилэрин сырайбыттара, биирдэстэрэ умайа сытар хардаҕастары көннөрөн биэрбитэ. Балачча иттимэхтээн, тула өттүлэрин сыныйан көрөн баран дьиэлээхтэри таба көрөн: “Кэпсээҥҥит”, – диэн саха дьонун үгэһинэн кэпсэтэн барбыттара. Мин кинилэртэн сахалыы: “Туох наадаҕа сылдьаҕыт?” – диэн ыйыппыппар, биирдэстэрэ хап-сабар оҕолорун сүрэхтэтэ аҕалбыттарын эппитэ. “Оттон оҕолоргут ханна баалларый?” – диэн лаппыйан ыйыппыппар, бастаан хардарбыт дьахтар оҕолоохторун саҥа өйдөөбүттүү: “Таһырдьа бааллар”, – диэн хоруйдаабыта, аргыһыттан оҕолору тахсан киллэрэригэр көрдөспүтэ. Дьахтар тахсан барбыта уонна сотору үрүт үрдүлэригэр ууруллубут икки биһиги көтөҕөн киллэрэн, сыҥаһа орон үрдүгэр уурбута. Дьахталлар иттимэхтээн баран, лөчүөккэ тиийэн суруйтарбыттара. Ол кэмҥэ мин оҕолор кириэстэрин түҥэппитим уонна оҕолору сүрэхтээһини саҕалаары бэлэмнэнэллэригэр көрдөспүтүм. Эмискэ икки дьахтартан биирэ сүр хатаннык часкыйа түһээт булумахтана түспүтэ, тугу эрэ саҥара-саҥара балаҕан тула сүүрбэхтээбитэ. Бары соһуйан ходьох гына түспүппүт. Балаҕан иһигэр мустубут, тугу да өйдөөбөккө турар дьон дьахтартан туох буолбутун ыйыталаһар аакка түспүттэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс, нам-нум буолан баран билбиппит, дьахталлар биһиккэ уган аҕалбыт икки оҕолоруттан биирдэстэрэ аара суолга түһэн хаалбыт. Оҕолоох дьахтар кэпсээнинэн, оҕону сыгынньахтыы куобах суорҕаҥҥа суулаан сытыарбыта үһү. Ханна, төһө ыраах түспүтүн билбэттэр. Аара айаннаан иһэн ородобуой управаттан 5 биэрэстэлээх ыалга тохтоон ааспыттар эбит. Биһиктэрин доруобуна сыарҕа кэннигэр баайан испиттэр. Икки дьахтартан биирэ оҕуһу миинэн испит, иккиһэ сыарҕа иннигэр олорон оҕуһу киксэрээччи
буолбут. Ити курдук айаннаан иһэн, 6 ыйдаах оҕо аара түһэн хаалбытын билбэккэ хаалбыттар. Иэдээннээх быһыы. Таһырдьа ынырык хараҥа, эбиитин аан туман оргуйар. Онон, дьиэҕэ баар дьон бары оҕо тоҥон өлбүтүгэр кыратык да саарбахтаабаталлар да, таһырдьа тахсан балаҕан тулатын, сыарҕа таһын көрбүттэрэ да, тугу да булбатахтара. Инньэ гынан, оҕо ийэтэ уонна биир сылбырҕа дэһээтинньик уол дьахталлар кэлбит суолларынан оҕону көрдүү ыстаммыттара. Барбыттарын кэннэ, оҕо тыыннаах буоллаҕына хаарынан сотоору, хаар бэлэмнэппитим. Онно баар бочуоттаах инородец Егор Неустроев: “Баачыка, туһата суохха сордоноҕун, оҕо өлбүтэ буолуо”, – диэбитэ. Чаччыына: “Силлээтэххэ силиҥ сиргэ тиийбэккэ эрэ тоҥор хабараан тымныытыгар икки чаастан ордук хаарга сыппыт сыгынньах оҕо хантан тыыннаах хаалыаҕай? Көрбөккүн дуо, көрдүү барбыт да дьоммут өтөрүнэн төннүбэтилэр”, – диэн кулуба этиитин бигэргэппитэ. Ол кэмҥэ ааммыт аһылла түһэрин кытта: “Оҕо тыыннаах”, – диэбитинэн дэһээтинньик көтөн түспүтэ. Онтон сонун иһиттэн кып-кыһыл гына тоҥмут оҕону таһааран сыҥаһа ороҥҥо уурбута. Оҕо дьигиһийэрэ, саҥа таһаарара, уоһа хааннырбыт этэ, айаҕыттан кытархай күүгэн тахсара. Ол да буоллар, кинини бэрт түргэнник сүрэхтии охсубуппут, ол кэннэ эрдэ бэлэмнэммит хаарынан соппуппут. Оҕону ородобуой управаттан биэрэстэ кэриҥнээх сиртэн, суол кытыытыгар хаарга тобулу түһэн сытарын булбуттар. Сыппыт хаара мууһуран хаалбыт эбит. Ийэтэ онто да суох тоҥмут оҕону хаарынан соппоппутугар, киниэхэ биэрэрбитигэр, уокка ириэрэр наадатын туһунан көрдөһө сатааабыта да, биллэн турар, биэрбэтэхпит. “Оҕоҥ тыыннаах, баҕар, быыһаныа”, – диэн уоскуппуппут. Итини истээт, дьахтар кириэстэммитэ уонна Таҥараҕа кини кыыһын быыһаабытын иһин махтаммыта. Соһуйуохпут иһин, кыыс тыыннаах хаалбыта. 1911 с. мин кинини муус доруобай сылдьарын көрбүтүм. Бу түбэлтэ өйтөн була сатаан оҥоруу буолбатах. Ити сурах Байаҕантай нэһилиэктэринэн киэҥник тарҕаммыта. Ону Баайаҕа таҥаратын дьиэтин баачыката Григорий (Малышев) да бигэргэтиэн сөп... Бу быһылаан туһунан 1991 с. Е.Андросов сиһилии ырытан “Дьикти түбэлтэ” диэн ыстатыйа суруйбута. 1908 с. ахсынньы 17 күнүгэр IV Байаҕантайга Баайаҕаттан аҕабыыт кэлбитигэр оҕолорун сүрэхтэтэ Аан Дойду диэн сиртэн Турчин Лөгөнтөй сыарҕалаах оҕуһунан кэргэнэ Ылдьаана, 4 ыйдаах кыыһа уонна Сөдүөччүйэ диэн хараҕа суох эмээхсин 6 ыйдаах сиэнэ кыыстыын айаннаабыттар. Ол иһэн, кыһыл оҕо сыгынньаҕын бытарҕан тымныыга сыарҕаттан түһэн хаалбыт. Кэлин оҕону Табаҕаайы диэн өрүстэн тахсар аартыктан булбуттар. Кэлин бу оҕо Анна Готовцева диэн ааттанан, үйэтин моҥоон өлбүт. Ол үлүйбүт оҕону ириэрэллэригэр, онно сылдьыспыт Миитэрэй Неустроев кулуба биир иһит испиирин аҥаарын биэрэн оҕону сууйтарбыт уонна: “Өскөтүн бу оҕо өлбөккө 7 сааһын ситтэҕинэ, иһит аҥаара испиирим төлөбүрүгэр, сокуоннай сааһын ситиэр диэри хамначчыттыах тустаах”, – диэбит. Ол испиир аҥаарын соболоҥор, Аана 16 сааһыгар диэри бу баай ыалга хамначчыттаан сор бөҕөтүн көрбүтэ үһү. Аана үйэтигэр 16-та оҕолонор. Олортон 7 оҕону улаатыннарар. Аана эмээхсин бэйэтэ 1986 с. 78
сааһыгар Ытык күөлгэ кыыһыгар Полина Башаринаҕа олорон өлбүтэ. Ааттаах иистэнньэҥ, иһитчит идэлээҕэ, наһаа холкута, киэҥ көҕүстээҕэ, айылҕаттан олус муударайа, аһаҕас дууһалааҕа, бүтүн нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ бары дириҥник ытыктыыр, таптыыр киһилэрэ эбитэ үһү. “Алдан кэскиллээх кытылыттан” кинигэттэн, Таатта аатырбыт кыраайы үөрэтээччитэ Егор Андросов суруйуутуттан кылгатан таһаарылынна.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан