Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кыһыл хамандыыр 17 сүбэтэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кыһыл хамандыыр 17 сүбэтэ
K
kyym.ru сайтан
Номох
09.10.2018 16:58
Ааспыт үйэ саҥатыгар илин эҥээртэн төрүттээх киһи олорбут. Бу киһи лоп курдук ааспыт үйэ оруобуна ортотугар күн сириттэн күрэммит. Кини собус-соҕотох уоллаах эбит. “Уолум инники олоҕор туһалаах буоллун”, – диэн бу киһи адаархай буочарынан сүбэлэри суруйбут. Барыта 17 сүбэни. Үчүгэй сүбэлэр. Эриирдээх-мускуурдаах олоҕу олорон ааспыт киһи үтүө сүбэлэрэ. Ол гынан баран ити кумааҕылары уола көрбөтөх. Тоҕо диэтэххинэ, аҕатын хаайбыттар, түрмэҕэ укпуттар. Аҕатын суруктарын уола олох кэлин сорсуйан, баттахтара маҥхайан олорон, 70 сааһын лаппа ааһан баран дьэ аахпыт. Ол ааҕан баран ытамньыйа-ытамньыйа: “Аҕаа, маны урут тоҕо аахпатахпыный?” – диэбит. Дьэ, итинник күннэр-дьыллар кэлэн ааспыттар. Бэл, аҕа соҕотох уолугар суруйбут суругун ыытар кыаҕа суох эбит. Ити сүбэлэри суруйбут киһи кимий? Номоххо киирбит кыһыл хамандыыр Николай Субуруускай. Уот Субуруускай. Ити лиистэри устуорук-учуонайдар архыыптан булан ылбыттар уонна 1996 сыллаахха кыһыл хамандыыр 100 сааһын бэлиэтиир биир тэрээһиҥҥэ ахтан ааспыттар. Ону ким эрэ истэн, Субуруускай дьиэ кэргэнигэр тиэрдибит. Ыйыталаһыы, чопчулаһыы кэнниттэн ити сурук куоппуйатын дьоно туппуттар. – Мин эһэм ытылҕаннаах интэриэһинэй олоҕу олорон ааспыта, – диэн кыһыл хамандыыр сиэнэ Виктор Субуруускай кэпсиир. – Итиччэ уһун сыл-хонук ааспытын да кэнниттэн эһэм сүбэлэрин олус долгуйан олорон аахпытым. Араас сүбэ баар: хайдах олоруохха, аһыахха, хайдах ыты иитиэххэ. Биллэн турар, оччотооҕу кэм сабыдыала баар. Урут өбүгэлэрбит, холобур, эти туох да улахан тумата суох буһараллара. Оттон эһэм суругар маннык сүбэ баар: “Эттэн оҥоһуллубут бородуукталары аныгы үөрэх этэринэн оҕуруот аһын кытта бииргэ буһар”. Отутус сыллар ыытыллыбыт сиэрэ суох эрэпириэссийэлэр тустарынан бэрт элбэхтик суруллубута. Эһэм тыыннааҕар сырдык аатын төнүннэрбэтэхтэрэ, 1950 сыллаахха “норуот өстөөҕө” дьаралыктаах өлбүтэ. Саныырга ыарахан. Кини кыһыл хамандыыр, хомуньуус бэрдэ буоллаҕа дии. Ити сүбэлэригэр уолугар ис сүрэҕиттэн кыһаллара, бары өттүнэн сайдыылаах киһи буоларыгар баҕарара көстөр. Мин олох олорон баран, ити сүбэлэри кытта толору сөбүлэһэбин. Бэйэм да итинник санааҕа кэлбитим ыраатта. Виктор Константинович ити суруктары хаартыскаҕа түһэртээбит этэ. Кыһыл хамандыыр адаархай буочарынан суруйбут суругун ааҕарга кырата суох бириэмэ барбыта. Сурук нууччалыы суруллубут, ону тылбаастаатыбыт. Дьэ, онон, эһиги иннигитигэр номоххо киирбит Уот Субуруускай сүбэлэрэ. Чиэһинэй буол. Дьону кытта алтыһаргар, мэлдьи кырдьыгы эрэ кэпсиэхтээххин. Киһини кэнниттэн саҥара сылдьар куһаҕан. Саҥарар да буоллаххына, ол киһини утары көрөн туран саҥарыахтааххын. Эн сыыһаҕын-халтыгын ыйдахтарына, ону өссө төгүл бэрэбиэркэлээ. Кырдьык сыыспыт буоллаххына –чиэһинэйдик билин. Үлэҕэр дьулуурдаах уонна көнө сүрүннээх буол. Илин-кэлин түһүүнү, ньылаҥнааһыны, дьалаҕай туттууну-хаптыыны уонна сирэй көрбөх быһыыны кытта хаһан да эйэлэһимэ. Итинник түктэри кэмэлдьилэри уодьуганныырга кыһан. Сүүлүктээһини, албыннааһыны-түөкүннээһини утары мэлдьи охсус. III. Нэһилиэнньэ ханнык эрэ араҥатын эрэ буолбакка, хас биирдии киһи майгытын-сигилитин үчүгэйдик үөрэт. Дьон саҥатын-иҥэтин, кэпсээнин, тыл этиитин болҕомтолоохтук иһит. Ити барыта эйиэхэ хайдах дьайарын,
туох санааларга тиэрдэрин бэйэҕэр бэлиэтэн. Дьон майгытын-сигилитин, уйулҕатын ылбычча билбэккин, үөрэппэккин. Дьону кытта үчүгэйдик алтыстаххына эрэ, сыыйа-баайа өйдүүр буолаҕын. “Бэйэм баҕабынан сөбүлүүр идэбин талыахтаахпын”, –диэн сыал-сорук туруорунуохтааххын. Киһи талан ылбыт идэтин толору баһылыырыгар элбэхтик үөрэниэххэ уонна быһаччы үлэлиэххэ наада. Идэни ааһан иһэн талыллыбат, онон элбэхтик сыта-тура толкуйдаа. Ол аата эн инники олоҕуҥ туһунан толкуйдуугун. Эйэҕэс-сайаҕас киһи буоларга кыһалын. Олоххо буолар араас түбэлтэлэри, түгэннэри тута өйдүүргэ кыһан. Ыал буолар, кэргэннэнэр – киһи сирдээҕи анала, ыйааҕа. Онон кэргэн ылыахтаах кыыскын үчүгэйдик үөрэтэн көрөргөр сүбэлиибин. Кини олоҕо-дьаһаҕа, тулалыыр эйгэтэ урут да билигин да хайдаҕый? Үөрэххэ, үлэҕэ-хамнаска туох ситиһиилэрдээҕий? Кэргэн ылыахтаах кыыһыҥ төрдүн-ууһун үчүгэйдик билиэххин наада. Кулаактартан, Сэбиэскэй былааһы сөбүлээбэт дьонтон дьалты тутун. VII. Көрсүө-сэмэй буолуу – киһи үчүгэй хаачыстыбата. Ол гынан баран мин сиэри таһынан сэмэй буолууну, араас куһаҕан, түктэри көстүүлэри көрө-көрө көрбөтөҕө буолууну сөбүлээбэппин. Итинник дьон куттас да, киитэрэй да буолаллар. Онон кинилэри чугаһатыма, дьоҥҥо итинник хаачыстыба төрдүттэн суох буоларын туһугар үлэни ыыт. Олоххо наар киитэрэйдиир, дьону албынныыр сатаммат. Сэриигэ уонна кылаассабай охсуһууга эрэ киитэрэй таактыканы туттуохха сөп. VIII. Хаартылааһын уонна аргылааһын дьон олоҕун сатарытар, өйүн сүүйэр, үлэлиир-хамсыыр да кыаҕын айгыратар. Ол гынан баран сорох түгэннэргэ аргыны иһии толоостук көстүбэт. Холобур, чугас дьоҥҥун кытта үөрүүлээх быһыыны-майгыны бэлиэтиэххэ сөп. Чурапчыга уонна холкуостарга эдэр ыччат хаартылыырын уонна аргылыырын бэлиэтии көрдүм. Бу дьайы уодьуганныырга уостубат, хаһан да тохтоон-уурастаан хаалбат үлэ ыытыллара наада быһыылаах. Көрсүө-сэмэй, эйэҕэс-сайаҕас, кэпсэтинньэҥ буолуу -- киһи үчүгэй хаачыстыбата. Ханнык баҕарар киһини кытта үчүгэйдик кэпсэтиэххэ, сэһэргэһиини оттомноохтук саҕалыахха наада. Араас ыарахаттары, олох моһоллорун туоратыыга киһиттэн дьулуур уонна тулуур ирдэнэр. Сиэри таһынан сэмэй буолуу, илэ-сала, илин-кэлин түһүү, сирэй көрбөх быһыы – киһи куһаҕан хаачыстыбалара. Итинник хаачыстыбалар олох араас моһоллорун туоруурга мэһэй эрэ буолуохтара. Сүүрбэһис үйэ киһитэ – ааспыт үйэлэр дьонуттан быдан сайдыылаах, киэҥ билиилээх. Аныгы киһи олоҕу сиэрдээхтик олоруохтаах. Ол инниттэн доруобуйаны үчүгэйдик көрүнүөххэ наада. Күннээҕи эрэсиими халбаҥнаабакка тутуһар ордук. Үрүҥ аһы элбэхтик аһаа. Холобур: суораты, кымыһы, чөчөгөйү, сүөгэйи, арыыны, иэдьэгэйи... Эттэн оҥоһуллубут бородуукталары аныгы үөрэх этэринэн оҕуруот аһын кытта бииргэ буһар. Сымыыт сиир туһалаах, ол иһин кууруссалары тутуохха наада. Сайын тоҕоостоох түгэн көһүннэр эрэ ууттан тахсыма, сөтүөлээ. Оттон кыһынын (сарсыарда уонна киэһэ) эккин-сииҥҥин тымныы ууга илитиллибит тирээпкэнэн сотун. Кулун тутар ыйтан саҕалаан ыам ыйын ортотугар диэри хараҥа таастаах ачыкыны кэт. Дьиэҕин уонна тиэргэҥҥин ыраастык тут. Бэйэҥ мэлдьи чэбэрдик тутта-хапта сырыт. Ити таҥаскын-сапкын көрүн диэн этэбин. Дьиэҕэ гимнастика хамсаныыларын хайаан да оҥоруохха наада. Ити доруобуйаҕа олус туһалаах. Мин булчут ыттары уонна сыыдам сылгылары олус сөбүлүүбүн. Өйдөөх ыт – киһи эрэллээх доҕоро. Миэхэ Бойбох, Сынок,
Мохсоҕол диэн ааттаах ыттар бааллара. Бойбох уонна Сынок олус өйдөөхтөрө. Кинилэр миэхэ элбэхтик көмө-ньыма буолбуттара. Сыыдам сырыылаах аттарбын эмиэ олус үчүгэйдик саныыбын. Васька, Дьаҕылтай, Чиккэллэ харахпар бу бааллар. Дойду Сүүрүгэ, Соломушка диэн сүүрүк сылгылардаах этим. Оттон Тэккэйэ диэн атым дьоруолатан, сэгэйбэхтээн ат да ат этэ. Онон үчүгэй ыттан диэн сүбэлиибин. Ыккын хара маҥнайгыттан эйигин истэр, бэриниилээх гына иитиэххэ наада. Бу суруйа олордохпуна Бойбоҕум барахсан харахпар көстөн кэллэ. XII. Ийэҕин уонна аҕаҕын мэлдьи ытыктыахтааххын. Бэлиитикэ тыын боппуруостарыгар утарыта санааҕыт суох буоллаҕына. XIII. Араас тылы-өһү, кэпсээни, сураҕы-садьыгы уонна сибидиэнньэни тута итэҕэйимэ. Бэйэҥ чопчу билэр эрэ буоллаххына итэҕэй. Ол гынан баран аҥаардастыы саарбахтыыр, итэҕэйбэт буолар эмиэ куһаҕан. XIV. Уус-уран литэрэтиирэҕэ дьоҕурдаах буоллаххына, дьаныардаахтык дьарыктан. Муусука уонна үҥкүү араас көрүҥүн ньымаларын баһылаабытыҥ буолуо диэн эрэнэбин. Таайыҥ Дмитрий Дмитриевич Кривошапкинтан икки киилэ арыыны, 5 киилэ мээккэ бурдугу, 10 киилэ туораах бурдугу, 10 киилэ пшено куруппатын көрдөстүм (Николай Субуруускай итини бэйэтигэр бэлиэтэммит быһыылаах, тоҕо диэтэххэ, ити этии лиис үөһээ өттүгэр суруллубут – Ф.Р.) Бириэмэ, быыс-арыт буолан саха норуотун устуоруйатыгар сыһыаннаах кэпсээннэри суруна сатаа. Холобур, Ньырҕаайы, Аҕаайы уонна да атыттар тустарынан. XVI. Өйдөөх, үчүгэй ыттар Түүлээх Уола курдук күлүгээннээҕэр быдан кыахтаахтар. XVII. 1926 сыллаахха “Социалистическая Якутия” хаһыакка мин “Аптарытыат” диэн ааттаах ыстатыйаны бэчээттэппитим. Аптарытыат үс көрүҥнээх. Үлүннэриллибит аптарытыат. Сороҕор, туох эрэ үлэ кэмигэр толоруллуохтаах буоллаҕына, соруйан аптарытыаты үлүннэрэллэр. Итинник аптарытыатынан быстах эрэ кэмҥэ туһаныахха сөп. Кыһалҕаттан аптарытыат. Бу эмиэ быстах кэмнээх аптарытыат. Саамай нэгэй аптарытыат. Норуот билиммит аптарытыата. Норуоттан – туруу үлэтин, араас албыны-түөкэйи утары охсуһуутун, сиэрдээх быһыытын иһин тахсыбыт аптарытыат. Итинник аптарытыат ханнык да түгэҥҥэ, усулуобуйаҕа суураллыбат. Федор РАХЛЕЕВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан