Кэпсээ
Войти
Регистрация
Эстибит Эрэдьэбкэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Эстибит Эрэдьэбкэ
K
kyym.ru сайтан
Номох
02.10.2018 18:08
Саха биллиилээх фольклорист-учуонайа Г.В. Ксенофонтов ийэтэ, Арҕаа Хаҥалас Нөмүгүтүттэн төрүттээх Екатерина Максимовна Кириллова дьонун, Эрэдьэб диэн сайылыктарын туһунан Уулаах Ааҥҥа олорор Потап Николаевич Кузьмин кырдьаҕас ахтыыларын Багдарыын Сүлбэ “Оҕо эрдээҕи өйдөбүл” ыстатыйатыгар уонна Николай Максимов 2014 с. таһаарбыт “Дьыллар уонна дьоннор” кинигэтигэр “Хаҥалас алаастара” диэн түһүмэҕэр суруйан тураллар. Потап Николавич кэпсээниттэн, Дөгөлөөттү тыатыгар Эрэдьэб диэн сиргэ 1800-с сылларга Махсыым Кириллов сайылык туттубут. Бу сайылыкка баар тутуулары 1929 с. кулаахтаан баран көтүрэн, Нөмүгүгэ киллэрэн, бысталаан, олорор дьиэ оҥорбуттар, ампаар дьиэни Куудукка киллэрэн холкуос ыскылаата гыммыттар. Онтон көстөрүнэн, Потап Николаевич оҕо сылдьан Мантан чугас баар Орто сайылыкка олороро эбитэ үһү. Манна кэлэн оҕолору кытта 1925 сылга оонньуур эбит. Тугу өйдөөн хаалбытын акварель кыраасканан ойуулаабыт. Ойууга көстөллөр: икки мэндиэмэннээх мааны дьиэ, маҥнайгы мэндиэмэҥҥэ утуйаллар, иккискэ хартыыналар ыйаммыттар, күөстэнэр уонна чэйдиир дьиэ, билийээрдиир, сынньанар сарай, утуйар ампаар, ас уурар боппуолдьалаах ампаар, булуус, үлэһиттэр олорор балаҕаннара, титиик, хачыаллаах уонна хатаастар мастаах ооньуур сир. Биһиги кыраайы үөрэтэр бөлөхпүт 2012 с., Прокопий Ноговицын сирдээн, Эрэдьэб сайылыгы анаан-минээн көрөн, чинчийэн киирбиппит. Онно сылдьан көрдөххө, билийээрдээх сарай кэтэҕэр тимирдээх тааһы уһаарыыттан хаалбыт шлактар (тимир саахтара) балайда дэлэйдик ыһыллыбыт этилэр. Арааһа, бу сиргэ тимир уһаарар оһох тутан тимирдээх тааһы уһаарыынан дьарыктанан сылдьыбыттар. Онон ити сарай кэтэҕэр тимир уһаарар оһох эбии ойууланыан сөп дии саныыбын. Аны туран, эниэ сыыр үрдүгэр ити ойууламмыт сүөһү титиигин илин диэки өттүгэр, былыргы оҕус хааман эргитэр көлүөһэлээх бурдук тардар миэлиІсэ сэмнэҕэ баара. Онон Потап Николаевич бурдук тардар миэлиІсэни ойуутугар эмиэ көтүппүт. Уонна өскөтүн бурдук тардар миэлиІсэ баар буоллаҕына, аттыгар бурдук уурар маІхааһый ампаар баар буолуохтааҕа сэрэйиллэр. Бу тутуулары барытын уонна манна үлэлии-хамсыы, сынньана сылдьар дьону, оонньоон ньамалаһар оҕолору, түптэ буруотугар тоҕуоруспут сүөһүнү-сылгыны өйгөр оҥорон көрдөххө, кырдьык даҕаны, хаһан эрэ манна олох күөстүү оргуйа сылдьыбытын итэҕэйэҕин уонна билигин эстэн, иһиллээбит курдук чуумпу өтөххө кубулуйан турарыттан сонньуйаҕын эрэ. Г.В. Ксенофонтов бииргэ төрөөбүттэриниин ийэлэрин дойдуларыгар Эрэдьэбкэ сайылаан сынньаналлар, үлэлииллэр эбит. Икки аарыма баай тиит анныгар олорон эрэ ини-биилэр саахыматтыыллара, кинигэ ааҕаллара үһү. Биир ампаарга Г.В. Ксенофонтов муостаттан үрдүгэр диэри хас да эрээтинэн кыстанан турар баай баҕайы бибилэтиэкэлээх эбит. Кулаактааһын саҕана ити кинигэлэри көрөн баран, “үөрэхтээх ким баарый, ким кинигэтэй?” диэн ыйыппыттарыгар, онно баар Маарыйа Кириллова “Г.В. Ксенофонтов таһааран муспута, кини кинигэтэ” диэбит. Үөрэхтээх дьон олоро сылдьыбыт туоһутун мин тэлгэһэ ортотуттан чараас алтантан оҥоһуллубут чэрэниилэ иһитин хаппаҕын булан турабын. Ким билиэй? Баҕар, бу хаппах чэрэниилэтин иһитигэр кутуллубут чэрэниилэнэн Г.В. Ксенофонтов “Урааҥхай сахаларын” дуу, “Эллэйаадатын” дуу суруйбута буолаарай? Эбэтэр 1927-1928 сс. сэбилэниилээх күүһүнэн өрө туруу тэрийэн, баартыйа Киин Кэмитиэтин болҕомтотун тардан,
төрөөбүт Сахатын сирин сайдыытыгар уларытыылары киллэрэр ыра санаанан салайтаран, конфедералистар өрө турууларын салайсан сор суолламмыт П.В. Ксенофонтов уонна Г.И. Кириллов бэйэлэрин баартыйаларын бырагыраамаларын уонна устааптарын суруйбуттара эбитэ дуу? Николай Аржаков-Боло Уус.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан