Кэпсээ
Войти Регистрация

Буоспа

Главная / Кэпсээн арааһа / Буоспа

K
28.09.2018 16:00
Саханы ордук кыайбыт, самнарбыт ыарыы буоспа буолар. Саамай кэнники улаханнык кыайбыт буоспа 1873-1874 сс. буолбут. Онно сахалар дьиэнэн, ийэ, аҕа ууһунан өлбүттэр. Ыаллар бары буоспаттан саһан ыраах тыа быыһыгар балаҕан туттубуттар. Ыттарын өлөртөөн кэбиспиттэр. Мастарын дьиэҕэ киллэрэн мастаналлара үһү. Таһырдьа букатын “чыып” да диэбэттэр эбит. Оту-маһы түүн тиэйэллэрэ, оннооҕор маҕырыыр сүөһүнү таһырдьа таһаарбаттар эбит. Ол манныктан буолар эбит. Буоспаны “хотун” эбэтэр “эбэ” диэн ааттыыллара. Нуучча дьахтара буолан кубулунан тыас иһиллиир диэн өйдүүллэрэ. Онно ыт үрэрин, киһи-сүөһү саҥатын, сүгэ тыаһын иһиттэҕинэ, сүүрэн кэлэн сиир дииллэрэ. Ол кутталыттан саһаллар эбит. Ыалдьыбыттаах ыалга дьиэ иһигэр сырдыгы киллэрбэттэрэ, түннүгү-үөлэһи барытын сабыталаан кэбиһэллэрэ. Ыалдьыбыт киһиэхэ уоту көрдөрбөттөрө. Ыалдьыбыт киһи сырдыгы көрдөҕүнэ, бэргиир, тиһэҕэр тиийэн өлөр диэн буолара. Остуолга хаарты, хокуукка уураллара уонна баар буоллаҕына, арыгы куталлара. Ыалдьыбыттаах ыалга киһи сылдьыбата. Дьиэ таһынан ырааҕынан тумнан ааһаллара. Дьиэлээхтэр ойуурга тэйиччи мас анньыталыыллара. Саамай уһуннара аҕа баһылык, ортолоро хотун уонна кылгастара оҕолоро диэн бэлиэтииллэрэ. Ол мастартан хайа киһи ыалдьар да, ол киһи маһын иҥнэри баттаан кэбиһэллэрэ. Онтон олус бэргээн, өлөөрү сытар буоллаҕына, сиргэ сытыаран кэбиһэллэрэ. Өллөҕүнэ, тосту үктээн кэбиһэллэрэ. Бу мастары чугас дьоно, аймахтара, доҕотторо кэлэн көрөллөрө. Хас киһи ыалдьыбытын, хаһа өлбүтүн онтон билэллэрэ. Ыалдьыбатах киһи буоспа сиэбит киһитин сирэй көрөрө хайдах да сатаммата. Сирэй көрүстэҕинэ, эбэни кытта көрсүбүт курдук саныыллара. Тыаҕа анньыллан турар мастары тосту үктээбиттэрин көрөн баран хантан эрэ киибэһи булан аҕалаллара. Киибэс диэн өлбүтү кэрийэн уҥуоҕун көтөҕөр киһини ааттыыллара. Өлбүт киһи сүөһүнү хоолдьугаланар буоллаҕына, киибэс кэлэн тыаҕа илдьэрэ, өлөрө. Өлбүт киһи иинин бэйэтэ хаһара. Ол ииҥҥэ өлбүт киһи аймахтара тас мас оҥорон биэрэллэрэ. Үлэтэ барыта бүттэҕинэ, киибэс өлбүт киһини ис маһа суох дьулурҕа маһыгар кэлгийэн баран соҕотоҕун соһон таһаарара. Дьулурҕа диэн икки уһун ураҕас кэннигэр туора биттэхтэрдээх маһы ааттыыллар. Онно киһини кэлгийэн баран түөһүнэн үтүрүйэн тардара. Ол таһааран баран иинигэр дүлүҥ курдук үҥкүрүтэн түһэрэн көмөрө. Өлбүт дьону барыларын киибэс көмөрө. Ол оннугар киибэскэ манньа биэрэллэрэ. Кыра сүөһү эбэтэр ынах... А.С.Порядин. Мэҥэ Хаҥалас, Моорук.
kyym.ru сайтан