Кэпсээ
Войти Регистрация

Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ

K
07.09.2018 12:02
Кудай Бөҕө Саха сиригэр нуучча кэлбитин кэннэ Өлүөхүмэҕэ Нөөрүктээйи сиригэр Кудай Бөҕө диэн олус күүстээх уонна быһый киһи баара үһү. Туох ыччаттааҕа, кимтэн үөскээбитэ биллибэт. Тыа булдунан дьарыктанар идэлээх эбит. Адьырҕаҕа сэптэнэр-сэбиргэллэнэр диэни билбэт, кыһыл илиитинэн ыга тутан өлөрөр эбит. Ону астыы-үөллүү барбакка, бүтүннүүтүн сүгэн киллэрэрэ үһү... Дьэ, ити курдук Кудай Бөҕө бултаан-алтаан, тэҥнээх тэгил киһитэ суох буолан олорбут. Кини албан аата арбаммытыгар Дьокуускай баайа бөҕөс оҥостон 10 киһини ыыппыт уонна бөҕөргөтөн эппит: “Кэлбэт буоллаҕына, тимир быанан кэлгийэн аҕалыҥ”, – диэн. Ол дьон Кудай дьиэтигэр кэлэн, дьиэлээх тойону кэтэһэ сатыыллар да, киһилэрэ биллибэт. Ити курдук үс хонукка кэтэспиттэрин кэннэ, Кудайдара дьэ киирэр. Уолаттар саһа сытан, тимир быанан муомахтаан, бэрт нэһиилэ охторон түһэрэллэр уонна, илиитин-атаҕын кэлгийэн баран, болуокка быраҕаллар. Кудай, киһи эрэ буоллар, дьэ ыксыыр: “Бу туох буруйу-аньыыны оҥорбут буоллахпыный? Тоҕо бу үлүгэр эрэйдээн истэхтэрэй?”– дии испит. Ону, хаба тардан ылан, илдьэ иһэр дьоно: “Суох, эн куттаныма, эйигин ким да буруйдаабат, өлөрбөт, хата, ол оннугар күргүөм күрэх күнүгэр, дьолуо былдьаһыннараары ыҥыртарбыттара”, – дииллэр. Ону истэн Кудай Бөҕө сүрдээҕин үөрэр: “Оттон оннук буоллаҕына миигин тоҕо кэлгийдигит? Мин бэйэм даҕаны сөбүлэһэн барар киһибин”, – диир. Онтон били туох баар кэлгиэтин барытын быһыта тыыллыталаан кэбиһэр уонна болуоту анньыһан бэрт сотору Дьокуускайга тиийэллэр. Сарсыҥҥытыгар баай Кудайы икки арыы кэриҥнээҕи уулларан оҕунуохтаары гынар. Онуоха Кудай: “Таһы оҕунуохтаныахтааҕар иһи оҕунуохтаабыт ордук”, – диир уонна иһэн кэбиһэр. Баайа арыгы биэрбитин Кудай кыллырҕатан кэбиһэр. Мустубут дьон бары сөҕөллөр уонна туһуннарар хонууга хара таҥаһынан бүрүйэн таһаараары гыммыттарын, Кудайдара таҥастарын илгэн кэбиһэн баран, туга да суох сис туттан доодойон турбут. Кудай уҥуоҕа-иҥиэҕэ бүрэтин, сирэйэ-хараҕа сэргэҕэ суоҕун көрөн баран, сорох дьон: “Пахай, атыыр сылгы курдук аатырпыт Кудай бухатыырдара диэн бу эрэ дуу?! Аата, муҥучахтанан түһэн. Хата, биһиги киһибит биир да харбааһыныгар тулуйуо суох”, – диэн элэк оҥостубуттар. Кудай иһигэр туох да наһаа кыыһырбыт даҕаны, кыһыйбыт даҕаны, ол да буоллар истибэтэх курдук туттубут. Тустар түһүлгэҕэ киирбиттэр. Икки тустааччыны утарыта туруортаабыттар, анараа киһи хара таҥаһынан хаххаламмыт. Оонньуу саҕаланыан иннинэ Кудай туран: “Оонньууга араас барыта тахсар баҕайыта, уҥуох эмиэ тостуоҕа, харах эмиэ тэстиэҕэ, өлүү-сүтүү буолуо, ол барыта ирдэһиитэ суох буоллаҕына оонньуубун” – диир. Онуоха хойуу дьон диэкиттэн: “Чэ, чэ, оннук, чамаархайа сатыы тураахтааама, эн тутум өлүккүн ханна баҕарар кистиэхпит”, – диэн саҥа иһиллэр. Кудай Бөҕө наһаа абатыйар, хараҕа уоттанар уонна: “Чэйэ тардыҥ”, – диэн хаһыытыыр. Арай, эмискэ баҕадьы хара бүрүө иһиттэн сыгынньах киһи субурус гынан тахсыбыт да, Кудай Бөҕөнү кэлэн, төбөтүгэр түһэн, таҥнары баттаары гыммыт. Кудай Бөҕө анараа киһини синньигэс биилиттэн икки харытынан ойоҕостору, сүрэхтэри,
быардары ыбылы тутан, сонно илиитин үрдүгэр өлөрбүт уонна, соһуйбут курдук: “Пахай, хайыы-үйэҕэ өлөн хаалбыт дуу, бу үөдэҥҥитин өлүгүн дьэ кистээҥ!” – диэн баран, дьон диэки быраҕан күдээриппит... Мустубут дьон сөрү диэн сөхпүттэр, бэри диэн бэркиһээбиттэр. Сэнээбиттэриттэн дьэ топпуттар. Сорохтор аба бөҕөнөн, кутурҕан бөҕөнөн дьиэлэригэр хомуналлар. Оонньуу уурайар. Арай, суос-соҕотох Кудай Бөҕө туох да кыһалҕата суох, үчүгэйи оҥордум диэн үөрбэккэ, куһаҕаны оҥордум диэн хомойбокко, тойонун дьиэтигэр кэлэн утуйан хаалар. Күлүү-элэк оонньообут баайдар аны хайдах Кудай Бөҕөнү өлөрөрү толкуйдуу сатыыллар, онтукаларыттан туох да дьоһуннаах быһаарыы тахсыбат. Эн киир, кини киирдин дии сатаан баран таах тарҕаспыттар... Онтон Кудай арҕаа эҥээринэн дьиэтигэр бара турбут. Ол баран, Малдьаҕар сиригэр баар кэлтэгэй балаҕаҥҥа көтөн түһэр. Балаҕан иһигэр биир ситэн эрэр хат дьахтар чорос курдук улаатан эрэр сурдьунуун олороллор эбит. Кудай Бөҕө куолу быһыытынан, дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэн, ону-маны дойҕохтоһо олорбут. Онтон дьахтар сыһыаран: “Дьэ, куорат хотуҥҥа Мэйик сахатын ааттааҕа Кудай Бөҕө бөҕөстөһө барбыт сурахтааҕа, ол туһунан тугу иһиттиҥ?” – диир. Онуоха туран Кудайа: “Ээ, ол Кудай эрэйдээҕи биһиги киһибит ас гыныа дуо, хайыы-үйэҕэ морбоппута,” – диир. Дьахтар сүр үлүгэрдик соһуйар: “Бай, ол хайдаҕый уонна, кырдьык даҕаны, Кудай Бөҕө тоҕо аҥаардастыы аатырбытай, соҕотоҕун сураҕырбытай? Оччоҕо ханнык эмэ киһини сураҕырда сылдьыбыттар эбит дии?” – диир. Дьэ, ити курдук кэпсэтиһэн Кудай хонордуу тэринэр. Дьахтар биэ ыы тахсар. Кудай олоруохтааҕар били уолу кытта кэпсэтэр, онно туран уола, кини эдьиийэ наһаа күүстээҕин, оннооҕор ыарахана суоҕа буоллар, Кудай Бөҕөнү кытта саныырын барытын кэпсиир. Онтон Кудай, дьиэ таһыгар тахсан, ону-маны көрүтэлии турбут. Онно биир атыыр соноҕос, түөрт мастаах үүт күрүөнү үрдүнэн көтөн биэҕэ киирбит. Ону дьахтар аҥаар илиитинэн, арҕаһыттан ылан, күрүө нөҥүө бырахпыт. Кудай сөҕө санаабыт уонна тугунан эрэ дьиибэлэниэн баҕарбыт. Дьахтар, биэтин ыан киирэн баран, Кудайга кымыс кутан биэрбит уонна: “Дьүһүҥҥүнэн-бодоҕунан, аһыыргыттан-сииргиттэн көрдөххө, бу эн даҕаны куһаҕана суох оҕонньоргун быһыылаах, ити өрүскэ аал түгэҕин туппутум, ону кытыыга таһааран кэбис эрэ”, – диэбит уонна сирдьитинэн уолун ыыппыт. Кудай аал түгэҕин олус ыарырҕаппакка кытыыга таһааран быраҕар уонна сыыр ортотугар күтүр улахан сымара таас сытарын көрөн: “Бу ким бырахпыт тааһай?” – диэн уолтан ыйытар. Онуоха уола: “Ити эдьиийим үнүрүүн өрүстэн таһааран бырахпыта”, – диир. Кудай баран көтөҕөн нэһиилэ тобугун үөһээ өттүгэр эрэ диэри таһаарбыт уонна кыайбатах. Уола күлэн өрө чачыгырыы түспүт уонна: “Эр киһи буолан баран, ыарахан дьахтар көтөҕөрүн кыайан көтөхпөккүн дуу?” – диэбит. Ону Кудай, онон-манан аралдьытан, соруйан көтөхпөтөх курдук кэпсээн, иккиэн атастыы буолуох буолан, аһаран кэбиспит. Ону-маны кэпсэтэн киирэн барбыттар. Уол, Кудай далыгар киирэн, эдьиийин туһунан кэпсээн барбыт. Кини эдьиийэ аах үс аҕас-балыс эбиттэр.
Олортон саамай улаханнара бу манна олорор, оттон икки оччугуйа чугас соҕус атын сиргэ бааллар эбит. Бу дьахтар кимиэхэ да биллибэт, сүрдээҕин кистиир даҕаны, харыстыыр даҕаны кыракый кыптыыйдаах эбит. Онтукатын күнүс этэрбэһин айаҕар, түүн улаҕа өттүгэр, сыттыгын анныгар уктар эбит. Дьэ, ити курдук Кудай сээкэйи кэпсэтиһэн билэр уонна дьиэлэригэр тахсан утуйаары сыталлар. Кудай олох утуйбат, дьахтар түүн үөһүн саҕана утуйан хаалар. Кудай ыстанан туран таҥнар уонна, үөмэн тиийэн, дьахтар сыттыгын анныттан сарыыга суулана сылдьар кыптыыйын ылан истэҕинэ, дьахтар уһукта охсон харытыттан харбыыр. Кудай мүччү оҕустаран уҥа диэки ыстанар. Дьиэ өрө салыбырыы түһэр. Дьахтар, Кудай түнэ сонуттан сиирэ-халты харбаан, аҥаар эҥээрин быһа тутан кэбиһэр. Онтон мүччү туттаран, хаҥас эркиҥҥэ ыстаммыта, дьиэ эркинэ көтүрү ыстанар. Дьахтар эмиэ, буулдьа курдук ыстанан кэлэн, атын эҥээрин быһа тутан кэбиһэр. Онтон сиирэ-халты харбаппытынан, оһох кэннинэн үстэ эргийэн иһэн, Кудай Бөҕө ыксаан, кыптыыйын мүччү тутан кэбиһэр уонна ааны хайа тэбэн, таһырдьа куотан истэҕинэ, дьахтар сонун тэллэҕин быһа тутан хаалар. Онтон дьахтар: “Бу абаккабын! Кудай Бөҕө, оттон сарбыллан олорор кэммэр түбэһэҥҥин куоттаҕыҥ, баҕар, иккистээн көрсүөхпүт!” – дии хаалар. Кудай Бөҕө икки эҥээрэ, сонун тэллэҕэ суох дойдутугар кэлэр. Дьэ, ити кэнниттэн, олус үчүгэйдик олорон, үйэтин моҥоон өлбүт. Ону Кыыллаах арыыга көмпүттэр. Өлүөхүмэ улууһун Нөөрүктээйи нэһилиэгин кырдьаҕаһа Е.И. Калыров кэпсээбитэ. Сааһа 86. П.Т. Степанов суруйуута. 1941 сыл, бэс ыйа. Күөбэкэ Бөҕө Былыр Хоро нэһилиэгэр Күөбэкэ Бөҕө диэн икки атахтаахтан охтубатах улахан күүстээх киһи төрөөн-үөскээн сылдьыбыт. Бүлүү эҥээрин бөҕөлөрүн кытары күөн көрсөн, күрэс былдьаһан, тэҥнээҕин булбатах. Оннук аатырбыт бөҕөлөр, сири-дойдуну эргийэ сылдьан, араата баран тэҥнээхтэрин көрдүүллэрэ үһү диэн сэһэн буолар. Дьокуускай сиригэр Илин Хаҥалас сылын ахсын ыһыах тэрийэн, дойду-дойдуттан албан аатырар күүстээхтэри ыҥыртаан, күөн көрүһүннэртиир үгэстээх Мэлдьэхси баай диэн баара үһү. Ол ыһыаҕар Күөбэкэ Бөҕө көтөр-сүүрэр үгэннээн кэлэн турдаҕына ыһыах хараҕар тиийэрдии холоон, атынан айанныыр. Оччотооҕуга Дьокуускайдыыр суоллара ити Ботомоойу үрэҕинэн, Туобуйанан, билиҥҥи Куорунай оройуонун сиринэн быһа түһэллэрэ үһү. Санаан даҕаны көрдөххө, олус курдары, көнө суол буоллаҕа. Ыһыах аҕыйах хонук иннинэ Дьокуускайтан чугас соҕус Одуну диэн сиргэ киэһэ, хонууга түбэһэн кэлэн тохтуур. Дьиэҕэ киирбитэ, биир бөдөҥ уҥуохтаах эмээхсин түнэнэн туох эрэ иһиккэ дылы дьүһүннээҕи тигэ олорор. Ону-маны кэпсэттэхтэрэ буолуо. Үөлбүт собону кытта кымыс биэрэн, били эмээхсин хоноһотун аһаппыт, оччотооҕуга бурдук ас диэн суоҕун да кэриэтэ буоллаҕа. Били Күөбэкэ Мэлдьэхси ыһыаҕар туста баран иһэрин кистээбит, синньэ сири-дойдуну кэрийэн көрө сылдьар киһи курдук кэпсээбит. Ол да буоллар “Бүлүүттэн биир аатырбыт бөҕө тэҥнээҕин көрдүү кэлэн иһэр үһү” диэн сурах хайыы-үйэҕэ иһиллибит. Күөбэкэ аһаан баран, адарай ороҥҥо өттүгэстии түһэн сыппыт уонна били эмээхсин иистэнэр таҥаһын одуулаан,
тугун даҕаны билбэккэ ыйыппыт: – Эдьиэй, ити туох иһити тигэҕин? – диэн. Онуоха били эмээхсин соһуйа түспүт. – Пахай, нохоо! Иһит буолбатах, манна биир оҕолоохпун Мэлдьэхси ыҥыртарбыта, Бүлүүттэн биир аатырбыт бөҕөс иһэрин истэн, ону кытары күөн көрүһүннэрээри гынар үһү, ол иһин оҕом тустар таҥаһын тигэбин, – диэбит. Күөбэкэ ол таҥаһы көрөн, салла санаабыт, устунан нуктаан, утуйан барбыт. Биирдэ өйдөөн уутун быыһынан иһиттэҕинэ, бүтүр-батыр кэпсэтэллэр: “Хотуой, арааһа, эн күөн көрсөр киһиҥ ити кэлэн утуйа сытар быһыылаах, көрбөккүн дуо, орону тобус-толору туолан сытар, илиитин бэгэччэгэ барыта иҥииринэн күрэҥнээн, лаппалаан түһэн сүрдээх, дьоҕойон, эриһэр оҕоҕо түбэстэҕиҥ буолуо”, – диир ийэтэ. Онуоха кыыс саҥата: “Эйэ-эйии, онон өлөн хаалыам буоллаҕай, ийэ буорум дьолуота билиэ, кинитээҕэр буолуоҕу кытары эриһиллибитэ”, – диэн соччо хоҥоруутугар хоннорбот. Күөбэкэ, уйгууран уһуктан баран, сымыйанан утуйбута буолан сытар. Онтон сотору уһуктан, өрө-таҥнары тыыллаҥнаан баран, Күөбэкэ били кыыһы кытары кэпсэтэр. Хата, кыыс сүрдээх аламаҕай майгылаах буолан, ирэ-хоро ону-маны кэпсэтэллэр, ыһыахха бииргэ аргыстаһан айанныах буолан үөрэллэр-көтөллөр. Күөбэкэ атын ыытан аһатар сири кыыс ыйан биэрэр уонна кинини кытта туу көрө күөлгэ барсарыгар Күөбэкэттэн көрдөһөр. Күөбэкэ үөрүүтүн кытта сөбүлэһэр. Аттарын быраҕан, кыыс бэйэтигэр сүүнэ улахан чарт холлоҕоһу ылар, онтон арыый аҕай сымаан холлоҕоһу Күөбэкэҕэ биэрэр уонна этэр: “Билигин ыам бириэмэтэ буолан, ардьаахпар собо бөҕө симиллэр, үөлэммит кэлэ-бара аһыыр өйүө оҥостуохпут”, – диир. Дьэ, били күөллэригэр киирэллэр, тууларын көрөн, икки холлоҕос толору собону ылаллар. Кыыс чэпчэки баҕайытык сүгэн, урут баран хаалар, оттон Күөбэкэ сүгээри көтөҕөн көрбүтэ – ыбыс-ыарахан. Кыыс сүгэриттэн кыраны сүкпэтэҕиттэн кыбыстар уонна кыра быһаҕаһын күөлгэ сүөкээт, кыыһы ситэн ылар. Дьалкытан тоҕо иһэрин көрөн кыыс: “Дьэ, атаһым, иҥиирдээх ахан оҕо быһыылааххын, мин сүгүөхтээҕэр баттатан иһэбин”, – диэбитигэр Күөбэкэ: “Уу дьаҕаһынын аайы баттатыам дуо”, – диэт, сүүрэ турбут. Дьиҥэр, кыыс сүгэһэрин сүктэриэ диэн куоппут. Ыһыах буолар. Тусталлар. Кыыс Күөбэкэни букатын тулуппат чинчилэнэр. Онтон арыый өй булан, Кыыс сабыс-саҥа түнэ сыалыйатын алҕас тутуннаҕа буолан, хайа тардан кэбиһэр, онуоха кыыс саба туттан баран, оонньууттан тахсан хаалар. Кыайыы Күөбэкэҕэ буолар. Бүтэн эмиэ бииргэ төннөн иһэн Күөбэкэ кыыһы кэргэннии буолуох диэн көрдөспүтүн кыыс: “Син сөп буолуо этэ гынан баран, мөлтөх киһи эбиккин, үчүгэй киһи эбитиҥ буоллар итинник дьаабыланыа суох этиҥ”, – диэн, батан кэбиһэр. Онтон ыла кыыс сирэйин көрбөт буола саатан, сыыһа кыайыыны ылбытыттан улаханнык хомойон, кэргэн ылартан булгуччу аккаастанан, өлөрүгэр: “Хаһан да киһини албыннаайаҕыт, дьиҥнээх кырдьыккытынан сылдьаарыҥ, сыыһа быһыыланан, дьолбуттан матаммын, ыччата суох хааллым”,– диэн аймахтарыгар уонна доҕотторугар кэриэһин этэн өлбүтэ үһү. Элгээйи олохтооҕо Е.Д. Иванов кэпсээбитэ. Сааһа 68. Г.Е.Федоров суруйбута. 1968 сыл. От ыйа. Саха былыргы сэһэннэрэ уонна кэпсээннэрэ
Дь. 1977 с.
kyym.ru сайтан