Кэпсээ
Войти
Регистрация
Дьааҥылары сөхтөрбүт уол
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Дьааҥылары сөхтөрбүт уол
K
kyym.ru сайтан
Номох
10.08.2018 13:42
Уһун Хабырыыс 17 саастаах сылдьан Дьааҥы куоратыгар түөрт көлөнөн атыыһыт таһаҕаһын тиэрдибитигэр, анараа дьон сөҕүү бөҕөтүн сөхпүттэр. Уол Дьааҥы дьонун биир төбөнөн куотар улахан уҥуохтаах эбит. Аҕалбыт таһаҕаһын ыскылаат үлэһиттэригэр туттарарыгар, 320 киилэлээх «дорообо» чэй киипэтин туох да саҥата-иҥэтэ суох холкутук көтөҕөн ылан наһыылкаҕа ууран дьону дьулаппыт. Онно көрдөхтөрүнэ, уолларын харыта адьас сул хардаҕас курдук. Дьааҥы кырдьаҕастара «сахаҕа да маннык бэйэлээх ыччаты төрөтөр ийэ барахсан баар эбит!» диэн сөхпүттэр. Ити кэннэ, уол хантараахтаах үлэтин толорон, төттөрү төннөөрү аттарын сынньатар кэмигэр күрэхтэһии тэрийэн күүһүн-кыаҕын холоон көрөргө быһаарыммыттар. Хара күүһүнэн холоһууга, ыараханы көтөҕүүгэ, мас тардыһыытыгар уол кими да киһилээбэт чинчилээҕин иһин, “ол оннугар, бука, көнтөрүк соҕуһа буолуо” диэн хапсаҕайы талбыттар. “Дьааҥыларга да дьон баар эбит” дэттэрэр курдук, киһиттэн охто илик бастыҥ хапсаҕайдьыты булбуттар. Ол кэннэ, биир оҕонньорунан ньымааттатан, уол тустарга сөбүлэҥин ылбыттар. Үөрүөхтэрин быатыгар, киһилэрэ тута сөбүлэспит. Ону: “Оҕо оҕото өттө, уолҕамчы санаатыгар киирэн биэрдэ. Итиччэ улахан, мөдөөн-көһүүн дьүһүннээх киһини биһиги бөҕөспүт хайдах курдук адаарытан түһэрэрин дьэ көрүөхпүт буоллаҕа”, – диэн оҕонньоттор күлүктэригэр имнэммиттэр. Болдьохтоох кэмнэригэр уол тиийэн кэлбитэ, дьон бөҕө мустубут. Кинини кытта киирсиэхтээх бөҕөс уҥуоҕунан лаппа намыһах эбит. Биллэрэллэрин кытта, киһилэрэ тута охторуох саҕа кэлэн түспүтүн, Хабырыыс бэйэтигэр сыһыарбакка хардары быраҕан ыытар. Хаста да быраҕан көрбүт да, киһитэ сүһүөҕэ бэрт буолан мэлдьи тура түһэн иһэр. Уол туста сылдьан «икки илиибинэн таба харбыырым буоллар, тас иэнинэн ыытыах эбиппин» дии саныыр. Оттон киһитэ сылбырҕата бэрт, салыҥнаах балык курдук ньылбырыҥнаан, таба харбаппакка, куотан биэрэ сылдьар. Тустуу уһаан бараары гыммытыгар, судьуйалыыр оҕонньоттор: “Тустуу уһаан-тэнийэн бардаҕына биһиги өттүбүтүгэр ночооттоох буолууһу”, – диэн сылыктаан, тэҥнэһиинэн түмүктээн кэбиспиттэр. Дьааҥы дьонун сөхтөрбүт уол – Гаврил Прокопьевич Слепцов – 1874 c. Дүпсүн улууһун Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дойдутугар Уһун Хабырыыс диэн ааттыыллара. Уҥуоҕунан 2 миэтэрэни 2 сантымыатыр кыайбат (198 см) киһи эбит. Аҕата Боруонньа – уҥуоҕунан кыра, мас ууһа киһи. Ийэтэ Анньыыһыйа күүстээҕинэн номоххо киирбит, уҥуоҕунан улахан дьахтар.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан