Кэпсээ
Войти Регистрация

Чучунаа бастакы уонна тиһэх уһуллуута

Главная / Кэпсээн арааһа / Чучунаа бастакы уонна тиһэх уһуллуута

K
27.07.2018 15:44
1967 с. алтынньы 20 күнүгэр Роджер Паттерсон уонна Боб Гимлин диэн ковбойдар атынан Блаф-Крик (Калифорния штата) диэн хайалаах тыа эҥээринэн айаннаан иһэн, боростуой камеранан чучунааны устан хаалбыттара. Бу – тыыннаах чучунаа уһуллан хаалбыт суос-соҕотох каадырдара. Дьиҥинэн, чучунаа, аан бастаан көстөрүгэр, кинилэртэн 7 миэтэрэлээх сиринэн ааспыт (ити күнүс 3 аҥаар чаас саҕана). Күтүр улахан түүлээх харамай барыс гына түспүтүгэр, кинилэр аттара сиргэнэн куотан хаалбыттар. Дьоннорун, бука, бырахтахтара буолуо. Бастаан олус соһуйан, уолуйан, турбахтаан баран, чучунаа 20-чэ миэтэрэ тэйбитин кэннэ Паттерсон камератын харбаан ылан устан барбыт (кинилэр бу иннинэ дьээбэрэн бэйэ бэйэлэрин камераҕа устуһа испиттэр эбит). Ити курдук кини сырса сылдьан чучунааны 2 мүнүүтэ устата устубут. Чэ, быһата, Паттерсон родеоҕа кыттар хорсун-хоодуот, харса суох ковбой эрэ буолан итини устан хаалбыт. Атын киһи онно куттанан өлөр этэ. Кини бэйэтэ кэлин “чучунаа мин диэки наһаа кэлэйбит, сиргэммит курдук көрөн аһарбыта” диэн билиммитэ баар. Бу уһуллубут каадырдары кэлин аан дойду араас улахан исписэлиистэрэ хаста да төхтүрүйэн бэрэбиэркэлээн көрбүттэрэ эрээри, бука бары “бу – дьиҥнээх устуу, ханнык да албыннааһын, үктэтии буолбатах. Манна түүлээх таҥаһы кэтэн албаһырбыт киһи буолбакка, туох эрэ биллибэт харамай уһуллубут” диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Биллэн турар, ону билиҥҥэ диэри итэҕэйбэт киһи эмиэ элбэх. Чинчийиилэр тугу көрдөрбүттэрэй? Бастатан туран, учуонайдар бу харамай хаамтаҕын аайы ыараханнык дьалкыйар түөһүттэн, ол эбэтэр эмиийиттэн, ону таһынан ханнык да эр киһи тас уоргана биллибэтиттэн көрөн, “тыһы эбит” диэн быһаарбыттар. Эбиитин, хас биирдии хамсаныытын, хаамар быһыытын, тас таһаатын, физиологиятын, биометриятын үөрэтэн баран, “ыарахан (хат) буолуон сөп” диэбиттэр. Сиһилии чинчийии түмүгэр, бу харамай 222 сантымыатыр үрдүктээҕэ быһаарыллыбыт. Санаттахха, бу аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйаҕа эмиэ чучунааны көрдөөбүтэ буолан эспэдииссийэ тэрийэ сылдьыбыт, улаханынан аатырбыт боксуор Николай Валуев уҥуоҕа – 213 см. Онон, Паттерсоннаах дьону албыннаары гыммыт да эбит буоллахтарына, итиччэ улахан киһини була охсоллоро уустук эбит. Оннук улахан киһини булбуттарын да иһин, итинник кэтит сарыннаах, уһун илиилээх киһи 52 мөл. киһиэхэ биирдэ эрэ көстүөн сөп үһү. Ол эбэтэр, түөрүйэ быһыытынан, бүтүн АХШ үрдүнэн 2-3 эрэ оннук киһи баар буолуон сөп. Кэлин Техас университетын антрополог-анатома Ной Дэвид Хенсон диэн дуоктар камераҕа уһуллубут харамай хаамтаҕын аайы күүрэн-тыҥаан көстөр былчыҥнарын барытын сиһилии үөрэтэн баран, “киһи хайдах да маннык көстүүмү оҥостор кыаҕа суох” диэн түмүккэ кэлбит. Онуоха эбии, киинэҕэ уһуллан хаалбыт чучунаа түүтэ күн сырдыга, күлүк хайдах түһэриттэн көрөн, араас өҥүнэн сырдыыр-хараҥарар, араас туону ылынар эбит. Онно холоотоххо, билигин билим-тиэхиньикэ сайдан аҕай турар кэмигэр, аатырбыт Голливуд исписэлиистэрэ горилла дьиҥнээх өҥүн кытта толору сатаан биэрбэттэрин билинэллэр. Түмүктээн эттэххэ, 50-ча сыл анараа өттүгэр чучунаа анаан-минээн камералаах дьоҥҥо кэлэн бэйэтин үтүө мөссүөнүн
көрдөрөн, уһултаран, үйэтитэн барбыт эбит. Кемерово уобалаһыгар Сир шарын араас муннуктарыгар чучунааны көрбүт сурахтара тиһигин быспакка кэлэр. Төһө сымыйата-кырдьыга биллибэт хаартыска эмиэ элбэх. Аҕыйах сыллааҕыта Арассыыйаҕа Кемерово уобалаһын Хайалаах Шориятыгар чучунаа хорҕойон олорор хаспаҕын (Азас пещерата) булбут сурахтара иһиллибитэ. Онтон сылтаан, Кемерово баһылыга Аман Тулеев “чучунааны булбут киһиэхэ 1 мөл. наҕараада биэрэбин” диэн кытта биллэрэ сылдьыбыта. Ол кэнниттэн киһи бөҕө, ол иһигэр билим анал эспэдииссийэлэрэ, ол аатырбыт Азас хаспаҕын иһин-таһын бары тиҥсирийбиттэрэ. Тугу да булбатахтара. Оттон Хайалаах Шория олохтоохторо “бу кэнники сылларга чучунаалар аһара элбээтилэр. Арааһа, Алтаайга олус элбэх ойуур баһаара буолан манна куотан кэлэллэр быһыылаах. Манна кэлэн чучунаалар олохтоох эһэлэри кытта “ас-үөл ырыынагын” былдьаһан охсуһаллара-иирсэллэрэ элбээтэ. Кинилэр (чучунаалар) бэйэлэрин бас билэр сирдэрин, территорияларын бэлиэтээн мастар умнастарын, төбөлөрүн холбуу эрийэ тутан пирамида курдук оҥорор идэлээхтэр эбит. Кинилэртэн атын ким да ону оҥоруон табыллыбат, киһи – кыайбат, эһэ – сатаабат” диир сурахтара иһиллэр. Чэ, быһата, ыкса билсэр, элбэхтик көрөр, алтыһар “киһилэрин” курдук кэпсииллэр.
kyym.ru сайтан