Кэпсээ
Войти Регистрация

Былыргы дьыллар быыстарыгар

Главная / Кэпсээн арааһа / Былыргы дьыллар быыстарыгар

K
12.07.2018 16:30
Киэҥ Арассыыйаҕа саҕаламмыт гражданскай сэрии дуораана Саха сирин эмиэ хаарыйбыта. Манна эмиэ уол аҕатын, убай быраатын утары саа тутан сэриилэһэр күнэ-дьыла ыган кэлбитэ. Биһиги Үһүс Байаҕантай нэһилиэкпитигэр Попов диэн аҕабыт уола кыһылларга барбытын иһин, Кириэс Халдьаайыга кэлэ сырыттаҕына, “бырааттар”сымыйанан ыалга ыҥыран баран аара Даадар үрэх сыырыгар тоһуйан ытан өлөрбүттэрэ. Эбиитин, өлүгүн ойбоҥҥо симпиттэрин кэпсээччилэр. Үрүҥҥэ кыттыһан сэбиэскэй былааһы утары охсуспут дьон биһиэхэ эмиэ бааллара. Ол курдук, Хабырыыл Сэмэнэп, Лидия Петрова-Рахматуллина уонна мин абаҕам Сүөдэр Чаприн-Үргүлдьү. Бандьыыт сэриитэ бүппүтүн кэннэ, Сэмэнэп уонна Петрова биһиги нэһилиэккэ кэлэн олохсуйбуттара, үлэлээбиттэрэ. Лидия Петровна Кириэс Халдьаайыга биэлсэрдээбитэ, бастакы балыыһаны биһиэхэ кини туруорсан туттарбыта. Оттон Сэмэнэп репрессияҕа түбэһиэр диэри учууталлаабыта. Кинилэри кытта абаҕам Сүөдэр Чаприн үрүҥ сэриитигэр сылдьыбытын туох да тардылыга-хааччаҕа суох кэпсии сылдьар майгылааҕа. Кини эдэр да эрдэҕиттэн туохтан да толлубакка барытыгар курдары сылдьарын, хорсунун, сытыытын иһин Үргүлдьү диэн ааттаммыт киһи этэ. Кини бэрт элбэҕи кэпсиириттэн манныгы быһыта-орута өйдөөн хаалбыппын: – Лидия уонна Хабырыыл иккиэн Таатта дьоно, оччотооҕуга үөрэх бөҕөлөөх дьон. Хабырыыл – учуутал, Лидия биэлсэр үөрэхтээхтэрэ. Бастаан сэбиэскэй былаас буоларын үөрэ көрсүбүттэр. Ол эрээри, сотору саҥа былаас иһин эриэнин көрдөрөн, дьону түүрэйдээн барбытыгар, Сэмэнэп туох да буруйа суох аймаҕын кыыллаан өлөрбүттэригэр, учуутал “дьэ табыллыбатах былаас буолла!” диэн кыһыллары утары барбыт. Лидия ол да саҕаттан Сэмэнэптиин үчүгэйдиилэрэ үһү. Онон киһитин кытта үрүҥ этэрээтигэр барсыбыт, Сэмэнэп этэрээт тойоно буолбутугар – биэлсэр буолбут. Бу Лидия эдэригэр олус кэрэ сэбэрэлээх, сытыы-хотуу дьахтар эбит. Кинини биир баай уола аҥаардастыы таптаан, элэ-была тылын барытын этэн туран сырсан эрэйдэнэ сатаабыта үһү. Кыыс кинини адьас чугаһаппатах. Онтон Лидия Хабырыыл Сэмэнэби батыһан үрүҥҥэ барбытын истэн, ол киһи “ити эбит буоллаҕына, мин кыһылга барабын” диэн үрүҥнэри утары тылланан сэриигэ барбыт. Гражданскай сэрии бүппүтүн кэннэ, ол киһи Лидияны Баайаҕаҕа көрсөн баран, “бандьыыт дьахтары өлөрөбүн!” диэн өлөрөөрү тииспит. Сытыы-хотуу дьахтар ат үрдүгэр түһэн баран куотан бурҕаппыт. Ону ол киһи атынан кэнниттэн эккирэтэ сылдьан аҕыс кырыылаах дьоппуон бинтиэпкэтинэн 27-тэ ытан баран таппакка тыаҕа куоттарбыт. Ол гынан баран “дьэ, өлбөт оҥоһуулаах дьахтар эбит, аны хаһан да уһун суолун оймуом, сонордоһуом суоҕа!” диэн андаҕайбыта үһү. Абаҕам Сүөдэр сэрии сылларыгар Сэмэнэпкэ харабыл курдук сылдьыспыт. Сэриигэ баран иһэн миинэр биэтин Уолбаҕа биэс саастаах бэрт үтүө акка атастаһан ааспыт. Ол атын гражданскай сэрии былаһын тухары мииммитэ үһү. Биирдэ Сэмэнэптиин кыһын бэйэлэрин ыстааптарыттан атын ыстаапка айаннаабыттар. Оччотооҕу айан суола тыа быыһынан кус оһоҕоһун курдук эрийэ-буруйа субуллар. Биллэн турар, кыһын бытарҕан тымныыга ыҥыыр атынан айанныыргар, барбах нэһиилэ хамсыыр эрэ гына ыга таҥнаҕын. Бу курдук ону-маны баллыгыраһа-баллыгыраһа суолларын ортотугар тиийэн эрдэхтэринэ, күдэрик туман быыһыттан суол
тоҕойуттан саалаах дьон тахсан кэлбиттэр, нууччалыы “сдавайтесь, руки вверх!” диэн хаһыытаспыттар. Биһиги дьоммут уолуйан чочумча турбахтыы түһэн баран, аттарын эргилиннэри тардан куотаары оҥостубуттар. Онно көрбүттэрэ: кэннилэригэр эмиэ биэс-алта киһи саабылаларын күөрэппитинэн суолларын бүөлүү тураллар эбит. Маатыралыыр саҥалара бөҕө үһү. Сэмэнэп Сүөдэргэ “куотар кыах суох, бэриниэххэ” диэбитигэр, киһитэ “аҕыйах нууччаҕа бэриниэх эрээри, тоҕо этэрээт хамандыыра буолбуккунуй, миигин батыс!” диэбит да, атын саабылалаах дьон диэки салайан кэбиспит. Сэмэнэп киһитин кэнниттэн түсүһэн иһэн көрдөҕүнэ, Сүөдэрэ бэрдээнин хостоон таһааран бастаан ат үрдүттэн, иккиһин ат анныттан ытан хаста да түһэ-түһэ тахсан субуруппут. Кыараҕас суолга уолуйбут кыһыллары кытта мучумааннаһан ааһа көтүтэллэр. Салгыы Сүөдэр атын ыҥыырыгар кэннинэн олоро биэрэн баран эккирэтэн иһэр дьону ытыалаан куһуйар. Сырсааччылар хаалан хаалаллар. Бу иһэн Сэмэнэп кыһыллар хас да аттара киһитэ суох хаалбыттарын элэс көрөн хаалар. Өлөн охтубуттара дуу, түһэн саспыттара дуу биллибэт. Куоппут дьон балай эмэ тэйэн эрэ баран тохтоон тыын ылаллар. Тохтоон иһиллээн, уоскуйан баран салгыы айаннаары оҥостоллор. Бу туран Сүөдэр ыҥыырын кэлин сирэйэ саабыланан олус улаханнык хайа охсуллан хаалбытын көрөн сөҕүү бөҕөтүн сөҕөллөр, “адьас, синньигэс биилгинэн быһа охсордуу далайбыттара, кыл мүччү таптарбакка хаалбыккын!” дэһиспиттэр. Сүөдэр былаҕайдаах түгэҥҥэ ытыалыырыгар сүүрэн иһэр ат анныгар ыстанан түһэ-түһэ тахсар буолан эрэ таптарбакка хаалбыт. Бу айан кэмигэр кыһыҥҥы ат таҥаһынан сылдьан итинник сылбырҕатын хамсаммытыттан, ытара бэргэниттэн сөхпүтүн Сэмэнэп кэлин хойукка диэри кэпсиирэ үһү. Сэмэнэп кэпсээниттэн сиэттэрэн, үрүҥ салайааччылара Боссоойко, Артемьев Сүөдэри эмиэ тургутан көрбүттэр. 20-лии хаамыы буола-буола биирдии балбааҕы хаарга туруору анньан баран, 200-чэкэ хардыылаах сиргэ атынан муҥунан сүүрдэн иһэн ыттарбыттар. Бэйэлэрэ 5-тэ эстэр бинтиэпкэ саанан ат үрдүттэн иккитэ-үстэ эрэ ытан хаалар, сыалларын таппат эбит буоллахтарына, Сүөдэр бэйэтин бэрдээн саатынан муҥ кыраайынан сүүрдэн иһэн бастакытын ат үрдүттэн, иккиһин анныттан ытан 10 балбааҕы барыларын ааҕа таппыт. Ытыахтаах ботуруонун тарбаҕын быыһыгар анньан кычыгыратар эбит. Ону көрөн турбут сүүһүнэн ахсааннаах үрүҥ бастаанньыстар улаханнык саллыбыттара үһү. “Дьэ, ааттыын да Үргүлдьү киһи эбит!” дэһиспиттэр. Маны көрөн, Артемьев хамандыыр “бу Чаприн курдук туохтан да толлон турбат 100 саллааттаахпыт буоллар, Дьокуускайы ылбыппыт ырааппыт буолуох этэ” диэбитин хойукка диэри номох гынан кэпсииллэрэ. Үрүҥ хамандыырдара бары да “дьэ киһи саллааттаахпын диир саллааттаах” диэн Сэмэнэби ордугургууллара үһү. Нам сэриитигэр үрүҥ хамсааһын букатыннаахтык самныбыта. Ол сэриигэ кыһыллартан “алта эрэ киһи өлбүтэ” дииллэр буолан баран, ону киһи итэҕэйиэн сатаммат. Үрүҥҥэ наар саха эрэ сылдьыбытын быһыытынан, баһааҕырдыы буолуон сөп. Били “кыайбыты – сууттаабаттар” диэн бириинсибинэн. Кыһыллар тэргэнинэн үлтү ытыалаан баран атынан саба сүүрдэн киирбиттэригэр, урукку өттүгэр ону билбэтэх сахалар улаханнык уолуйбуттара өйдөнөр. Сэмэнэп уолуйан сырса сылдьар дьонун бэрээдэктии сатыы сылдьан, илиитигэр таптарбыт. Кыһыллар субу саба сүүрдэн киирбиттэригэр,
өйдөөн көрбүтэ: үрүҥ тыынын өрүһүйэр Сүөдэрэ сүтэн хаалбыт. “Буулдьаҕа таптаран ханна эрэ оҕуннаҕа дуу?” – дии санаан баран, дьонтон ыйыталаспыт. Онуоха ким эрэ Сүөдэр ампаарга киирэн эрэрин көрбүтүн эппит. “Суолас! Дьиҥнээх өлүү-сүтүү буолбутугар ампаарга саһан кутуйах иинин кэҥэтэ сыттаҕа!” – диэбитинэн Сэмэнэп ампаарга көтөн түспүтэ, киһитэ биир дьахтардыын таптаһа сытар эбит. Сэмэнэп: “Бу үлүгэр алдьархай буола турдаҕына...” – диэбитинэн бэстилиэтин субуйа тардан ылан иһэн, киһитэ эмиэ саатын харбаан ылбытын көрөн тохтообут... Ол кэннэ кинилэр Лидияларын булан баран аттара баар сиригэр сырсаллар. Кыһыллар ыган кэллэхтэринэ, Сүөдэр ытыалаан тохтотолуур. Туһааннаах сирдэригэр сүүрэн кэлбиттэригэр, тыастан-уустан дэлби бугуһуйбут аттара сүгүн мииннэрбэккэ эрэйдээбиттэр. Сүөдэр дьонун аттарын үрдүгэр бэйэтэ быраҕаттаан биэрбит. Ол былаһын тухары Сүөдэр ыган кэлэ турар кыһыллары ытыалаан тохтото сылдьыбыт. Ити кэннэ бары туос бөтөрөҥүнэн тыаҕа түһэн быыһаммыттар. Лидия кырдьан олорон “ол сэриигэ Сүөдэр суоҕа буоллар, биһигини кыһыллар саабыланан кэрдэллэрэ хаалбыта” диэн кэпсиирэ үһү. Кыайтарыы кэнниттэн, Сүөдэр дойдулуу-хайыы барбакка, бэйэтин курдук дьорҕоот дьону кытта куодарыһан Лаамыга түһэр. Кэлин биһиги нэһилиэк дьоно Охуоскайга тиийэ сылдьан “урут үрүҥҥэ сылдьыбыт дьону амнистиялаабыттара. Ол дьон, хата, кимнээҕэр да бэркэ сылдьаллар” диэн кэпсээбиттэригэр эрэ дойдутугар төннүбүт. Ол кэлэн кини кыһыҥҥы өттүгэр Охуоскайтан таһаҕас таһыытыгар үлэлээбит. Биһиги нэһилиэк дьонун Лаамыга сырыылара ол кэнниттэн биллэ тупсубут. Ити кэмнэргэ Охуоскай таһаҕаһын таһыыга Өлүөхүмэ дьоно аҥаардастыы айбардыыллара үһү. Тоҥуу хаарынан субуллар кыараҕас сыарҕа суолунан кураанах да сыарҕалаах төннөн иһэн, суолтан туораабакка, таһаҕастаах дьону тоҥуу хаары оймотон эрэй бөҕөлөрүн эрэйдииллэр эбит. Туораабат, утарылаһар дьону аты иһэхтиир өтүйэнэн үлтү ныһыйан биэрэллэрин иһин, кинилэри “өтүйэлээх өлүөхүмэлэр” дииллэрэ үһү, ол саҕана. Хас да маннык көрсүһүүлэргэ: “Үрүҥ бандьыыт Үргүлдьү Сүөдэрбин! Ким аахсар баарый! Ким миигин билбэтий?!” – диэн үрдүлэринэн саанан ытыалаан баһырҕаппытынан саба сүүрдэн кэллэҕинэ, киһи барыта туораан, силэллэн биэрэр буолбут. Сүөдэр бу курдук айаҥҥа сылдьан дьоппуон бөҕөһүн кыайбытын туһунан номох эмиэ баар. Биирдэ биһиги нэһилиэк дьоно Лаамыга тиийбиттэригэр, сурах-садьык бөҕө оргуйа турар эбит: “Дьоппуон борохуотугар биир саха киһитэ баар. Ол киһи сахалары улахан сакалаакка дьоппуон аатырбыт бөҕөһүн кытта тустарга ыҥырар. Кинилэр туруорар бириистэрэ – түүктээх таҥас! Дьоппуон бөҕөһө сахалар сордоохтор миэхэ туохтарынан тэҥнэһиэхтэрэй, кыыл-сүөл аҥаардах дьон буоллахтара диэн киэбирэр үһү”. Саха дьоно хас эмэ уонунан миэтэрэ уһуннаах үтүө таҥаска ымсыыраллара, омуктарын аатын көмүскүөхтэрин баҕалара сүр эрээри, дьоппуон бөҕөһүн толуу ньууруттан, амырыын дьүһүнүттэн куттаналлар, сакалаакка утары туруорар баайдара да суох. Тиһэҕэр тиийэн, биһиги дьоммут бары уксан хас да куул бурдугу туруорбуттар уонна Уоһук Ыстапаанап диэн киһини киллэрэ сатаабыттар. Уоһуктара “көнтөрүгүм бэрт, хам тутан кэбиһиэҕэ, сылбырҕа киһи Сүөдэр киириэн сөп этэ” диэн таһы-быһа батынан кэбиспит. Түмүгэр, Сүөдэр киирсэр буолбут.
Саатар, хапсаҕайдаһан буолбакка, “палуба ортотугар сарын хаптаҕайыгар түһэриигэ” диэн усулуобуйаҕа тусталлар эбит. Сүөдэр курданарыгар диэри ньылбайданан баран, киирбит. Дьоппуоннары кытта сылдьыһар саха киһитин сүбэтинэн, ыга тутуспакка тула сүүрэ, атахха киирээри гыммыта буолан дугдуҥнуу сылдьыбыт. Бу сылдьан ыга ыстанан киирэн хам кууһаат өттүктээн бурҕатан түһэрбит. Киһитэ саннын хаптаҕайынан палубаҕа өрө лаһыгырыы түспүт... Били түүктээх таҥастара кыра нэһилиэги барытын да таҥастыыр бойом табаар эбитэ үһү. Бу туһунан Сүөдэри кытта таһаҕаска бииргэ сылдьыспыт Уйбаан Сэрэмээтинньикэп оҕонньор бэркэ манньыйан, үөрэн-көтөн олорон сэһэргиир буолара. Охчут Мэхээлэ, Томпо, Арыы Толоон.
kyym.ru сайтан