Кэпсээ
Войти Регистрация

Тыыннаах бүгүн бар дьонугар, Хабырылла Бартыһаан!

Главная / Кэпсээн арааһа / Тыыннаах бүгүн бар дьонугар, Хабырылла Бартыһаан!

K
11.06.2018 14:50
Төһө да билигин умнуллубутун иһин, Сэбиэскэй былаас саҥа туругурар сылларыгар Хабырылла Бартыһаан-Гаврил Васильевич Егоров албан аата Саха сирин барытын үрдүнэн ньиргийбитэ. Гаврил Васильевич 1879 с. муус устар 21 күнүгэр I Байаҕантай нэһилиэгин (Танда) Уоттай Арыылааҕа диэн сиригэр төрөөбүтэ. Кини 16 сааһыгар тулаайах хаалан баран, баайдарга хамначчыттаабыта. Улахан уҥуохтаах, тоҥ иҥиирдээх, быһымах майгылаах эдэр уол санаабытын туруору этэрин, көҥүлүнэн сылдьарын оччотооҕу баайдар сөбүлээбэттэрэ. Түмүгэр тиийэн, Кууһума Калининскай кулуба үҥсүүтүнэн, 20 саастаах эдэр уолу “көннөрө” диэн Дьокуускай хаайыытыгар биир сыл болдьохтоон ыыппыттара. 1902 с. хаайыыттан тахсан баран, Хабырылла Өлүөхүмэ, Бодойбо бириискэлэригэр түспүтэ. Ол да баран си-дьүгээр сылдьыбатаҕа, дойдутугар хам-түм кини онно тиийэн ороспуонньук буолбутун туһунан сурахтар кэлитэлииллэрэ. Ити курдук кэлэ-бара сылдьан, Хабырылла I Байаҕантайга олохтоох Ешко, Орловскай, Алымов диэн бэлит-сыылынайдары кытары бодоруһара-куодарыһара үһү. Чопчу туох аньыыны-хараны оҥорбута биллибэт, ол гынан баран 1914 с. Хабырылланы “бэлитиичэскэй өттүнэн эрэлэ суох” диэн матыыптаан, 6 сылга хаайыыга ыыппыттар. Кини онтон 1917 с. олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ эрэ кэнниттэн тахсыбыта. 1918 с. Хабырылла бэйэтин баҕа өттүнэн А.Рыдзинскай кыһыл этэрээтигэр байыаһынан киирбитэ. Ити курдук, кини 40 сааһыгар тиийэн сэбиэскэй былаас идиэйэтин туһугар саа-сэп тутан охсуһар киһи буолан тахсыбыта. Дьокуускай куоракка Колчак былааһа олохтоммутугар, Хабырылла Дьөгүөрэби “тутан хаайарга, утарылаһар буоллаҕына, сонно миэстэтигэр ытан кэбиһэргэ!” диэн уураах ылыллыбыта. Инньэ гынан, кини биир сылы быһа куота-саһа сылдьыбыта. Биирдэ тоһуурга түбэһэн тутуллан баран, Дьокуускайга илдьэн истэхтэринэ куоппута. 1920 сыл иһигэр кини Дьокуускай байыаннай гарнизонугар сулууспалыыр, Дьааҥы улууһугар баран милииссийэлиир, Танда потреб-кэпэрээссийэтин тэрийэр... 1921-1922 сс. Коробейников этэрээтин үлтүрүтүүгэ кыттар, аатырбыт Ньукуолускай, Харыйалаах, Билиистээх кыргыһыыларыгар инники күөҥҥэ сылдьар. Эдьигээҥҥэ Калугин, Дьааҥыга Кондаков баандаларын сойуолаһар, Сиикэй Талах сэриитигэр кыттар. 1923 с. Пепеляевы утары тэриллибит 439 киһилээх ЧОН батальонугар холбоһон, Амма Солобуодатын босхолооһуҥҥа кыттар. Онно кини саба сүүрэн киирэн бүлүмүөтүнэн тибиирдэ сытар үрүҥ эписиэрдэрин “дьууктаталаан” (бэйэтэ этэринэн), былдьаабыт бүлүмүөтүнэн өстөөҕү утары уоту аһан, кыранаатанан тамнаан, этэрээт улахан сүтүгэ суох кыайарын ситиһэр. Бу хапсыһыы иһин Хабырылла Дьөгүөрэп Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. Уопсайа, ити былаҕайдаах сылларга кини 22 улахан кыргыһыыга актыыбынай кыттыыны ылбыта. Онто итэҕэс буолан, 1941 с. Аҕа дойду улуу Сэриитэ саҕаламмытыгар, от ыйын 7 күнүгэр Гаврил Егоров уобаластааҕы байаҥкамаакка сэриигэ ыыталларыгар көрдөһөн сайабылыанньа киллэрбитэ: “...Мин, Саха сиригэр гражданскай сэриигэ 1918 с. сылтан 1926 с. диэри кыттыбыт сэрииһит, миигин сэриилэһэр аармыйа кэккэтигэр, көҥүл тылланааччылар кэккэлэригэр ааҕынаргытыгар көрдөһөбүн... Сааһым төһө да 63 буоллар, нөҥүөһүлээн киирбит уодаһыннаах өстөөҕү утары охсуһууга күүс да, бойобуой уопут да баар...” Гражданскай сэрии Дьоруойа, Кыһыл Знамя уордьаннаах Г.В. Егоров. Сэбиэскэй былаас туһугар саа-саадах тутан сэриилэспит Хабырылла Дьөгүөрэп Сахатын сиригэр, бастатан туран, култуура армееһын быһыытынан ордук киэҥник
сураҕырбыта. Кини уһук, кытыы сирдэри кэрийэ сылдьан, Таатта Хара Алданыгар, Уус Алдан Дүпсүнүгэр, Түүлээҕэр, Бороҕоҥҥо, Бээрийэҕэ, Курбуһахха, Мэҥэ Бахсытыгар, Кэбээйигэ оскуолалары, биэлсэр пууннарын туттарбыта. Аҥаардас Танда үрэҕэр – 4 оскуоланы, баанньыгы. 1929-1934 сс. – ЯЦИК чилиэнэ. Ити курдук, Г.В. Егоров 1927-1936 сылларга барыта холбоон 20-тэн тахса култуурунай-социальнай эбийиэги туттарбыта биллэр. Кини туттарбыт эбийиэктэрин сорохторо 1990-с сылларга диэри тигинэччи үлэлии турбуттара. Бу оскуолалартан төһөлөөх элбэх үтүө дьон үөрэнэн тахсыбыттара буолуой? Маны тэҥэ, оччотооҕу тарҕанан олорор нэһилиэнньэ ортотугар социальнай эбийиэк тутуллар саамай табыгастаах сирин талан ылыы, бэйэтин туһугар, улахана сатабылы эрэйэр дьоҕур. Бу тутуллубут оскуолалар тула кэлин бөһүөлэктэр тэриллэн барбыттарын санатабыт. Билигин тутуу араас матырыйаала, тиэхиньикэтэ сайдыбыт кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит барыта турунан туран төһө оскуоланы, оҕо саадын тутан үлэҕэ киллэрэрин тэҥнээн көрүҥ! Г.Егоров Саха сиригэр үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын боппуруостарын туруорсан, ССРС КК-н бэрэссэдээтэлэ М.Калиниҥҥа, үөрэх норуодунай хамыһаарыгар А.Бубновка, кини солбуйааччытыгар Н.Крупскаяҕа, Доруобуйа наркомугар Н.Семашкоҕа, ЫБСЛКС КК сэкирэтээригэр А.Косаревка сирэй көрсүһэн кэпсэтэ сылдьыбыта. Билигин дойду ити курдук муҥутуур салайааччыларыгар боростуой дьон төһө тиийэ сылдьыыһыларый? “Кыым” хаһыат 1942 с. муус устар 12 күнүнээҕи нүөмэригэр “Орденнаах Егоров кэриэһигэр” диэн некролог бэчээттэммитэ. Кини дойдутугар Уус Алдаҥҥа туттарбыт оскуолаларын үлэлэрин-хамнастарын сиһилии билсэн, кэккэ боппуруостары быһааран, мунньахтаан баран, Кэбээйигэ атынан баран иһэн тымныйан ыалдьыбыт уонна Дьокуускайга кэлэн өлбүт. Бу курдук үтүө дьон олорон ааспыттарын таһы-быһа умнан кэбиһэрбит төһө сөбүй? Уйбаан уола, Нам. Амма Аччыгыйа Г.В. Егоров туһунан... Учуутал техникумугар үөрэммитим иккис күһүнүгэр, олорор интэринээппэр, арааһа, туох эрэ дуоһунастаммыт кэммэр, биир киэһэ куукунаҕа эмискэччи алдьархайдаах айдаан буола түстэ, эрчимнээх сутурук остуолу лигийбэхтээтэ. – Партизан Егоров остуорастарга кэлэн суумнаан эрэр! – диэбитинэн, куттаммыт кыыс сүүрэн киирдэ. Дуоһунаспын толорон бэрээдэги көмүскээри эбитэ дуу, соһуйбут омуммар эбитэ дуу, мин куукунаҕа ойон киирбиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Аһыы олорбут иһиттээх остуолларын уһугуттан хаҥас ытыһынан ыга харбаан, олорор-турар икки ардынан бакыччы туттубутунан, уҥа сутуругунан туора-маары далбаатанан, кыараҕас хос ортотугар холорук курдук ытыллан ахан эрэр эбит эбээт кини киһи! Дьиэлээхтэр бары биир муннукка симсэн, остуолу оҕустаҕын, ордоотоон ыллаҕын аайы дьигис гына тураллар. Арай, бу ыалга саҥардыы баар буолбут, кыһыл сатыын ырбаахыны сайбаарыччы кэппит, аҕамсыйа барбыт толуу дьахтар дьонтон ойуччу оччо уолуйбакка, истиэнэҕэ көхсүнэн өйөнөн турар. Дьулаан киһини тумна соҕус туттан, мин дьоҥҥо ааһаммын, инники олордум. – Көр да маны, бу хара баранаах быһыытын, бу атаҕастаан-баттаан эрдэҕэ кыһыытын-абатын! Мин, баҕар, эйигин ортоҕунан быһа тэбэр байыаннай сэптээх сылдьарым буолуоҕа. Ону билэҕин дуо, эн, ак-каары?! Бу, эн дуо, мин сокуоннай хотун кэргэммин былдьаан-талаан олорор кырасданьыын?! – диэн бэрт бүрэ кыра көрүҥнээх Миитэрэй эрэйдээҕи сөмүйэтинэн супту ыйбытынан, соҕотох хараҕынан кырыктаахтык
одуулаһан чолбоодута турда. (Ити Хабырылла Дьөгүөрэп дьиэтиттэн холдьоҕон ыыппыт ойоҕо атын киһиэхэ кэргэн тахсыбытын сонордоһон, дьиэтигэр төнүннэрээри кэлэн турар. Эрэд.) ...Хайдах эрэ намырайыах курдук буолан иһэн, били Миитэрэй эрэйдээх диэки көрөөт, эмиэ оргуйа түстэ. – Эригэр өһүргэнэн хаппырыыстаан сылдьар үчүгэй дьахтары көрөөт, үөрүүнэн “хап” гыннара охсон ыллаҕа дии! Бартыһаан Дьөгүөрэп хотунун хорҕотон ылбыт “эр бэрдэ” аатыраары... Хата, сирэйгин-хараххын... – Гаврил Васильевич, эйигиттэн былдьаабатах эбээт, арахсан сылдьар киһини кытта холбоспутугар... – диэн мин тугу эрэ өйдөөҕүмсүйэн истим. – Ээйиис! – диэн сүр эрчимнээхтик кыбдьырына түһээт, Егоров мин диэки таҥнары дьүккүйэн, чолбоодуйбут соҕотох хараҕынан дьөлө сэбирилиэктээн дьирикинэппитинэн, ах баран турбахтаата. Онтон туох да наһаа кэлэйбиттик-сэнээбиттик, ыарата сыҥнаран, саҥартаан барда: – Хараҕа-сирэйэ чолбоодуйа сытыйан, сэҥийэтэ суптуйа сытыйан, дьэ уол да ахан тиийэн кэллэ дии, бадаҕа, мин албан ааппар! Хороохтоох буденовка бэргэһэтинэн дьиэ үрдүн хайа сотуох курдук, чиккэс гына көнө түстэ, кыараҕас хоһу туора быһыттаан, икки илиитин быластаан баран, төбөтүнэн аан диэки биирдэ сиэлийэн кэбистэ. – Пош-шел, таҕыс мантан! Төбөм оройуттан уллуҥахпар диэри тыбыс-тымныы “дьар” гына тоҕо солоон түһэргэ дылы гынна. Олус уолуйа дьулайан, кырдьык да, таһырдьа ыстаныах курдук ойон турдум... Аара саба харбаан ылыахха айылаах дьулаан киһи күөйэ сабардаан дэбилийэ турара да сүрүкэтэ бэрт, доҕотторбор куттаҕаспын көрдөрүөхпүн да кэрэйдим уонна, ама да буолбутун иһин, холдьохпута да холуона бэрдиттэн олус өһүргэнним. Быһата, өсөһөр өйдөнө охсон, дьиппинийэн кэбистим. – Олорор дьиэбиттэн ханна барыахпыный! – Өссө кини олорор дьиэлээх баҕастаах! Дьэ, ити буоллаҕына... Бэйи, эн тахсаҕын дуу, суох дуу?! – Бэйэҥ бэйэҕинэн учуутал техникумун интэринээтигэр кэлэн айдааны тарда сылдьаҕын... – “Ким тугун” диигин, дугаар? Кини хайдах эрэ соһуйа истэн, саараабыт курдук буолла. Мин эрдийэн бардым. – “Учуутал техникума” диибин, доҕор! – “Учуутал”... Бэйи эрэ, ол “айдааны тардаммын” мин хайаатым, табаарыс? Эн тоҕо баайсыбытынан бардыҥ? – Баайсыбаппын эбээт. Оттон бэйэҥ бэйэҕинэн, учуутал техникумун... – Тууй-сиэ, эмиэ “учуутал” диэтэ! Ол учууталга мин туох куһаҕаны оҥордум?! Учууталы өссө мин саҕа ытыктыыр аҕыйах ини. Кини уоҕа-кырыга уҕарыйбытынан барда, ыххайара уурайан, кырдьыгын булуна сатыыр киһилии ол-бу диэки көрбөхтөөтө, чыпчырынан эрэрдии уоһун хамсаппахтаата... Балачча ол курдук саҥата суох иһийэн олорбохтоон баран, урукку кэргэнигэр хайыһан, сүр эйэ-дэмнээхтик, өссө ааттаһар бадахтаахтык эттэ: – Чэ, доҕор, ити итинэн хааллын... Эн биһикки барыах... – Суох, барбаппын... – Дэ-э? Онон, барбат буоллаҕыҥ? Үтүө көҥүлүҥ! Тэҥ бырааптаах сэбиэскэй дьахтары күүһүнэн илдьэ барар быраап суох... – аргыый туран кэллэ, дириҥник үөһэ тыынна уонна бэргэһэтин кэтэн, чиҥэтинэ тардыалыы туран, миэхэ эттэ: – Онон, эн бу, эдэр ыччат табаарыс, киһини көрсө түһээт баайсыбытынан барбат буол, доҕор! Айдааны тардаммын хайаабатым даҕаны эбээт,
ити иһигэр... Чэ, бакаа, даспыдаанньаларыҥ, буутта доруобуйа! – дабыкыс гынан, тахсан барда. Аан нөҥүө кимиэхэ эрэ эрчимнээхтик “Драстый!” диэбитэ уонна тас ааны чиҥник сабан лип гыннарбыта иһиллэн хаалла. * * * Бэйэтэ үөрэҕэ суох эрээри, үөрэҕи олус үрдүктүк сыаналыырын, соҕуруунан-хотунан сиэлэн-хааман, элбэх оскуоланы, интэринээт дьиэлэри туттарбытын бар дьон киэҥник билэр. Ол да иһин, мин, түбэспиччэ, “учуутал техникумун” ааттаан кэбиспитим олус табыллан, кини намырыйбытынан барбыт эбит быһыылаах. (Амма Аччыгыйа “Киһи уонна айымньы” кинигэтиттэн кылгатыы).
kyym.ru сайтан