Кэпсээ
Войти
Регистрация
Пуойаска
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Пуойаска
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
14.11.2024 14:58
Сайын тиһэх күннэрэ. Пуойас холку айанньыт сырыытыныы, аа-дьуо сундулуйар. Кылгас тохтобулга кураанах кэриэтэ платформаҕа биир оннук кураанах богуонтан хойутаабыт уоппускалаахтар саккыраһан тахсан, тустаах сирдэригэр тиэтэйэллэр. Плацкарт богуонугар соҕуруу дойдуга сөмөлүөтүнэн кыайан барбатах, уоппускаларын хойутаан ылбыт уонна бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор биэнсийэлээхтэр баһыйаллар. Бу кэмҥэ үчүгэйэ диэн, айанньыт аҕыйах. Онон купелар икки ардыларыгар аан суоҕун болҕойо да барбаккын. Дьон суоҕар араадьыйаны төһө баҕарар холбоон сэргэхсийиэххэ сөп. Түбүк-садьык – кэннигэр. Иннигэр – сынньаныы. 50-нарын ааспыт икки даама эдэр проводницаларга былыргы дьон курдук көстөллөрүн түһээн да баттаппакка, икки нэдиэлэ устата муора кырылас кумаҕар сынньана баран иһэллэр, астыммыт быһыынан чэйдэрин сыпсырыйаллар. Хайалара да бу богуоҥҥа олоруулара мээнэҕэ буолбатаҕын өйдүүллэр. Бу тухары төлөпүөнүнэн сэлэһэллэрин аахпатахха, маннык атах тэпсэн олорон сэлэспэтэхтэрэ уонунан сыл аастаҕа! Кинилэр биир оскуолаҕа, биир кылааска үөрэммиттэрэ. Ол тухары араас иэйии баара. Уһулуччу иһирэх сыһыан да буолбатар, биир уопсай ситимнээхтэр. Иккиэн ачыкыламмыттар. Олох баай уопутун билбиттэрэ аҥаардас харахтарын да көрүүтүгэр көстөргө дылы. Ордук биирдэригэр. Тус олохторун билиһиннэрбиттэриттэн сылыктаатахха, хайа-хайалара эрдэрин астыммат чинчилээхтэр. Эрдэрэ тус интэриэстэрин, иэйиилэрин инники күөҥҥэ туппаттара балай эмэ эридьиэстэннэ. Богуон икки проводницалаах. Эдэрчитэ, пассажирдарга утуйар таҥас түҥэтээччитэ, имнэнэр: – Дьэ, эмиэ мүччүргэннээх сырыыны көрдөөччүлэр түбэһиспиттэр. Кэргэннэрин астымматахтар. Ити кэмҥэ эр тиэмэтэ бэлиэр салгыта охсон, даамалар чочумча иһийэн, туох туһунан ырытыһалларын толкуйдаабыттыы чуумпураллар. Онтон сүбэлэспит курдук, тэбис-тэҥҥэ кроссворд таайыытыгар түһэллэр. Бириэмэ ыытарга бэртээхэй ньыма. Кроссворд да ааптардарын бэрт үчүгэйэ суох тылынан аҕыннылар: – «Резвый мужчинка», 6 буукубалаах, – биирдэрэ саҥа аллайар. Кини уһун уҥуохтаах, бэйэтэ этэринэн, үрдүнэн-аннынан кырыллыбыт бүрүчүөскэлээх, маныаха дьүөрэ бүрүчүөскэни эдэр проводница солуоҥҥа бас быстар сыанатыгар оҥорторбут сурахтаах. Дьахтар бу бүрүчүөскэтиттэн, хата, кимнээҕэр астынар. “Үчүгэй гына оҥорторуоххун баҕардаххына, бэйэҥ оҥоһун” диэн тумулук этиилээҕин үллэстэр. Кэнникинэн, кырдьык, дьиэтин бааннайыгар бэйэтэ кырынар, оҥостор. Ону да чуолката олус уһаан, “сири-дойдуну көрдөрбөт гына бүөлээтэҕинэ”. – Кроссворд таайарбын астынабын, – көмүс оҥоһуу тиистээх, бэйэтин балай эмэ көрүнэр дьүһүннээх аргыһа хардарар, – «резвый мужчинка» диэҥҥэ түбэһэ сылдьыбытым. Ханнык да «живчик» буолбатах. Туруоран көр эрэ, – диир, тыҥыраҕын пилканан аалан көрө-көрө. Анараа дьахтартан уратыта, ханна баҕарбыт сиригэр сыаналаах бүрүчүөскэни, тупсарыыны оҥорторор үрдүк хамнастааҕа таһыттан да көстөр. Түмүгэр кроссвортара “кретиннэргэ анаммыт”, акаары да киһи хоруйдуур ыйытыылардаах, олуонатык бэриллибит аатырда. Били, барытын бэйэтэ оҥорор дьахтар: “Бу кэриэтэ ыллаан, үҥкүүлээн, баҕарар буоллаххына, иһэн да аралдьыйыахха сөп”, – диэн турда. Сүрүнэ, сөптөөх хампаанньаны талыахха эрэ наада үһү. Иккиэн санаалара да маарыннаһар курдуга, бу икки дьахтары оҕо эрдэхтэринэ “туһунан яйцеклеткаҕа үөскээбит игирэлэр” диэн ааттыылларын санаан, иккиэн сонньуйдулар. Дьиҥинэн, тас көстүүлэрэ чыҥха атын. Быһата, иллээх эдьиийдии-балыстыы курдук көстөллөрө. Бэл, ыстакааннаах чэйдэрин тэбис-тэҥҥэ булкуйан соһутааччылар. Сии олорор астарын хамаанда бэриллибитин курдук, бэйэ-бэйэлэригэр утарыта ууммут буолааччылар. Куудара баттахтааҕа кылгас тарбахтардаах эбит буоллаҕына, биирдэрин киэнэ сүһүөхтэрэ кэтирээн көстөр, уһун синньигэс. Биирдэрэ – иһэрдии кыһыл көмүс, биирдэрэ – тимир кылдьыылаах улахан таастаах биһилэхтээх. Сирэйдэрин да олоруута атын-атын. Биирдэрэ дьыссаат иитээччитин курдук. Ыстакааннарын ыла кэлэ сылдьыбыт проводница бу хампаанньаҕа суоҕуттан үөрбүт курдук буолла. Төннөн кэлэн, тэлэбиисэр көрө сытар кэллиэгэтигэр туһаайан: – Эт эрэ миэхэ, тоҕо итинник уһуннук олорон, хаарыан сири бааһырда сылдьыахха сөбүй? Туох да туһата суох аата. Оҕолор улааппыттар, сиэннэрин көрсүбэттэр. Эдэрэ экраны көрбүтүн кубулуппакка саннын ыгдах гыннарар: – Туох эрэ интэриэс баар ини. – Акаарычаан, эн мэйииҥ өссө да хойдо илик, – анараата үрдүк түөһүн мөтөтөн, кэтит самыытынан оонньоон кэлэн, аттыгар олорунар, – таптала суох туох интэриэһэ баар үһү?! – Баҕар, тапталлаахтара баара буолуо. – Иини өҥөйүөххэ диэри таптал диэ? Хата, күүтэргэ кылгас кэм хаалла. Уһун үйэлээхтэр аҕыйыыллара саамай сөп. Эдэрдэргэ миэстэни биэриэххэ наада. Ону баара, кинилэр саҕа өйдөөх дьон суоҕун курдук туттан олороллор. Итини сөбүлээбэттэр, маны сөбүлээбэттэр. Мин хотунум баар дии, өйдөөҕүмсүйэн-өйдөөҕүмсүйэн баран, кыыһыгар көспүтэ. Билиҥҥитэ онно тулуйаллар. Оҕолоро кыраларын тухары эрэ ини. Оттон ити 5-с купе дьахталларын көр! Кинилэри иһиттэххэ, кинилэртэн ордук, өйдөөх бу аан ийэ дойдуга суох! Чэ, сөп, аттынааҕы богуоҥҥа тахсан, ону-маны сэлэһиим. Ол кэмҥэ кырдьаҕас дьүөгэлэр аан дойдуну барытын ырыта сатаан баран, сылайан, аны уруйдуур аатыгар түстүлэр. Онно да ырытыахха айылаах дэлэй эбит. Улуу суруйааччылары да тумнубатылар. – Үйэтин тухары учууталынан хаалбыт, дьүөгэм! – ис-иһигэр киирдэххэ, улаханнык хайгыыр сибики суох да буоллар, көмүс тиистээҕэ саҥа аллайар. Көмүс ытарҕатын эйэҥэлэтэн, суумкатыттан көмүс бөҕөхтөөх швейцарскай чаһытын иилинэр. Кини итинэн интеллектуальнай дьүөгэтэ бэйиэттэр хоһоонноруттан сытааталыы олорбутун “кыайар-хотор” быһыыта быһыылаах. Оскуола саҕана ити учуутал буолуохтаах, “барытын бэйэтэ оҥорор” дьүөгэ икки өйтөн суруйууну бичийбиттээх. Бастакыта – дьүөгэтин оннугар, иккиһэ – бэйэтигэр. Кини да буоллар, иккис сочинениетыгар уруйдуур-айхаллыыр, үтүө тыла баранан, уота-күөһэ суох, боростуойдук суруйбут этэ. Учуутал бастакы суруйууну олус хайҕаан, кылаас истиитигэр доргуччу аахпыта. Оннук табыллыбыт суруйуу этэ. Ол гынан баран төһө эмэ бэйэтэ суруйбатах, кыратык да кыһаллан көрбөтөх аата “биэһи” ылан хайҕаннар, дьиҥ суруйбут ааптарга ымсыыран ылбыта. Онтун биллэримээри, эчи, эрэйдэммитин. Дьэ, ол гынан баран, бу күннээҕи олоххо ити дьүөгэтин өйө-билиитэ туох туһаны аҕалла? Эвелина, бастаан утаа, бэйэтин айымньыта буолбатах буолан, суобаһырҕаабыта. Бэл, суруйбатаҕын билиниэн да баҕарталаабыта. Ол эрээри дьонугар “туйгун” сыананы иһитиннэрэр баҕа баһыйбыта. Оттон кэлин Галина Васильевнанан ыҥырыллыах, оччолорго боруоста Галка төрөппүттэригэр “аҕатын батан, саамай өйдөөх, кыыстара” хас сыананы ылара суолтата суоҕа. Оттон Эвелина аҕата кинини, орто кыыһын, атын кыргыттарыттан чорботоро, атаахтатара. Төрүөтэ, кыыс кыратыттан ыарыһах, мөлтөх этэ. Золотуха ыарыыттан араҥаччылыыбыт диэн, кыыстара адьас кыратыгар Эвелинаҕа кыһыл көмүс ытарҕа кэтэрдибиттэрэ. Дьиэ кэргэн бары кэриэтэ эминэн-томунан эрэ буолбакка, барытынан хадаҕалыыллара. Кыыстарын сыанатыгар улахан суолта уураллара. – Ааҕыах да айылаах хаалбатах! – кырдьыбыт Галка буугунуур. Кини санаатыгар, аҕыллыахтаах кинигэни 4 сааһыттан 40 сааһыгар диэри бүтэрбит. Кини уруккуттан чорбойор өттүн хайаан да бэлиэтээн аастаҕына табыллар. Куруук чорбойоро кыаллыбат этэ. Холобур, физикаҕа, бэйэтин да барыйаанын кыл мүччү толордоҕуна баһыыба буолара. Кылаас уолаттара бары да Эвелина иннигэр сөһүргэстииллэрэ. Дьиҥинэн, кинилэргэ 9-с эрэ кылааска кэлбитэ. Оттон Галина, үөрэҕэр үчүгэй кыыс, бэлиэр кыра кылаастан өрө тутуллара. Кинигэни идийээл оҥостубут кыыс, куруук да оннук буолуо дии саныыра. Барыларыгар көстөр гына Пушкин кинигэтин түбэһиэх арыйа баттаат, ааҕа-ааҕа күлэн сыһыгырыыра. Ону сэргээн, ол аахпыт сирин Эвелина ааҕан көрдөҕүнэ, туох да күлүүлээх суоҕа. Онон баара эрэ бэйэҕэ болҕомтону тардыы албаһа буоларын билэрэ. “Атын киэн туттара суох киһи тугунан уонна биллэ-көстө сатыай? Ол киэҥ билиитинэн тугу да ситиспэтэ. Иһиттэххэ, кэргэнэ да “козёл”, “ураты өйдөөх козёл”. Атын хандьыдаат суоҕа бэрдин иһин ойох барбыт. КБК буолуо да?”, – Эвелина иһигэр дьүөгэтин ырытар. Онон тохтоомуна: “Эргэ да бараахтаан, кырдьаҕас кыыһынан хаалбыккын. Туох да киһи кэрэхсиирэ, үөрэрэ бу олоххор суох буолбаат?! Эгэ, бэрээдэктээх да көссүү кэлиэ дуу? Ону да көссүү диэн, оскуола сылларыгар үрдүк сыана туһугар сибэкки дьөрбөтүн таһар уоһугар уоһаҕа куура илик уолу аахтахха. Чудачка!” – диэн, дьүөгэтин сирэйигэр “палк” гыннарыан ардыгар олус да баҕарар. Баттаҕын көрүө этигит. Кыһаллыбыт киһи бэйэ бодотун тардына түһүөн сөбө. Олох үбэ-аһа суох буолбатах. Биэнсийэҕэ да таҕыстар, күн бүгүнүгэр диэри үлэлиир. Оскуолаҕа да буолбатар, билигин институкка да сөбүгэр хамнаһы төлүүр сурахтаахтар. Ону наар кэччэгэйэ баһыйар. Көрсүбүт киһитин аайы болҕомто ууран, кэпсэтэр тыл булан тэйэр. Бу айанныылларын тухары аттынааҕы купе арыгыһыта туалекка баран иһэн, кырата, биэстэ дорооболосто. Ол аайы хардаран иһэр! – Эн сиргэммэккин, баалыы да санаабаккын дуо? – уоскуйа сатыы-сатыы, Эвелина ыйытар. – Киһи сиргэниэҕэ, баалыаҕа туох баарый? – эмиэ да соһуйбут, эмиэ да утарбыт курдук биирдэрэ хардарар, – киһи киһи курдук. Холкутуй эрэ, бу эн... – Кини таһымыгар түһэр сүөргү буолбакка, – Эвелина мас-таас курдук хардарар Эвелина. – Суох, – чочумча буолаат, уҥуох буолбут саннын ыгдатар Галина – миэхэ сүөргү буолбатах. Итиннэ киһи түһэрэ суох. Көрбөтөҕө буолан улаатымсыйыы арай оннук ини. Эвелинаҕа ол оннугар болҕомто диэн мэлигир. Ахсарбатах баҕайытык (онто оҥоһуу буолара биллэр) кыһыл көмүс кириэстээх сабыс-саҥа көмүс сыапачыкатын одуулаһар. Эргэрбитин атыылаан баран, соторутааҕыта атыыласпыта. Галина кини католик аата, тоҕо православнай кириэһи ылбытын ыйыппыта. Ол туох суолталаах үһү? Эвелина дьүөгэтигэр Дарья Донская кинигэтин аах диэн ууммутугар биирэ “сөп” эрэ диэнинэн муҥурдаммыта. Онуоха: – Онон бары Пушкины ааҕабыт диэ? – Тоҕо? Пушкины, син эмиэ атын сыаналаах күндү киэргэл тэҥэ, киһи эрэ барыта ылар кыаҕа суох. – Ити эн санааҥ, – дэмэкирээтийэҕэ быһаарсар Эвелина хардарар, – оттон, мин санаабар, Донцова эмиэ наада. – Ол туохха? – Аралдьыйарга. – Туохтан? – Олохтон. – Хайдах, ол аата? – дьүөгэтэ хараҕын муҥунан көрбүтүгэр, умулла быһыытыйбыт хараҕын уота биллимэхтээн ааһар. – Дорогая, дьон дьиҥ олоҕунан олороллор, кинигэнэн буолбатах. Эн Пушкиныҥ эбэтэр Толстойуҥ да бэйэлэрэ ыллыы-туойа олорбут аата, кыра кыһалҕаны күүркэтэн, дарбатан суруйаллара. Оттон дьон үлэҕэ, тырааныспарга, чэ, ханна баҕарар буоллун, тахсыбыт иирсээн, мөккүөр кэнниттэн эмиэ ыллы-туойа олоруохтарын баҕараллар. Күннээҕи сүпсүлгэттэн сынньанан. Ити суруйааччыларыҥ, төттөрүтүн, кинилэри санаа-оноо байҕалыгар умса анньаллар. – Мин саныахпар, улуу дьон биһиги кыайбат кыһалҕабытын быһаараллара. Биһиги үөскээбит быһыыттан-майгыттан тахсар суолу тобуларбытыгар көмөлөһөллөр. Биллэн турар, бэлэм харда, хоруй суох, тоҕо диэтэххэ, соцреализм бэрэстэбиитэлэ буолбатахтар. – Мин, боростуой ааҕааччы, ол хайысхаларын билиэхпин, литэрэтиирэ миигин саататыан баҕарбаппын. – Биллэн турар. Литэрэтиирэ ардыгар ис дьиҥи арыйыы, исповедь тэҥэ буолар. Оннукка, дьэ, саататыы суох. Ону наймыламмат кириитик, дириҥэ суох пародист сатыыра буолуо. – Исповедь сэҥээрдибэт. Мин таҥараны итэҕэйбэппин, – Эвелинаны Галка үөрэтэн-такайан эрэр курдук туона, хас биирдии тылы чуолкайдаан, арааһа, соппутуой аайы тохтобуллуур, саҥарара абардан ылла, – ити истиэнэ нөҥүө олорор дьоҥҥо, эйэргэһэр алкашкар да, эн литэрэтиирэҥ, Пушкиныҥ, Лермонтовыҥ букатын наадалара суох. Бары биир буолан көстөллөр. – Сөбүлэһэбин. Пушкины хайа да кэмҥэ талыллыбыттар эрэ ааҕаллар. Ол, Пушкин бэйэтэ талбыт публиката. Пушкин духуобунаһы 500 сылынан сайдыа диэбитэ, ол аата, билигин да 300 сыл хаалла. Некрасов кэлиэхтээх “ураты кэми” ыралыыра. Ол ырата, көрөрүҥ курдук, туолбата. Норуот Пушкины, Гоголы да аахпат. Акаарылары ааҕаллар, – диэт, омуктуу суруллубут тэтэрээти арыйан, онтун одууласта. Галина Аангылыйа кинигэтин сэҥээрэр, оттон Донская туһунан истэ да барбат! Ити кэмҥэ, били, ачыкылаах эр киһи эмиэ туалетын диэки хааман эрэр эбит. Өрдөөҕүттэн билсэр дьонунуу, төбөтүн тоҥхох гыннарар буоллаҕа үһү! Фу! Эвелина маннык эрэ айаны күүппэтэх буолан, албыннаппыттыы: “Холкуостаахтар”! – дии санаата. Төлөпүөнүнэн сэһэргэһэргэ дьүөгэтэ итинник кэр-дьэбэр дьоҥҥо тардыһара биллибэт этэ. Суох, кэбис, салгыы кини “уран”, уйан туругун маннык кэһэр буоллахтарына, Эвелина, дьэ, миэрэ ылан тэйиэ. Кэлэр сынньалаҥын киһилии былаанныа, холобур, бэйэлэрин убаастыыр дьон сылдьар сирдэрин – Турцияны – талыа... Ольга Чепельская, “О судьбах кур и людей” кинигэтиттэн быһа тардыы. Тарҕат:
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан