Кэпсээ
Войти Регистрация

Кабаан – сүрдээх кыыл

Главная / Кэпсээн арааһа / Кабаан – сүрдээх кыыл

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
14.11.2024 14:56
   Мин 2002-2004 сыллардаахха аармыйаҕа Башкирия Чишминскэй оройуонун Алкино-2 бөһүөлэгэр сулууспалаабытым. Арассыыйа араас эрэгийиэниттэн мустубут уолаттар элбэх этибит. Биһиги, сахалар, төһө да үһүө эрэ буолларбыт, лаппа үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Тоҕо эрэ чуолаан, Кавказ араас омуктарын кытта тапсан сылдьарбыт. Ону таһынан биһиги хампаанньабытыгар өссө Приморье Хорольскай оройуонун Хорольскай бөһүөлэгиттэн сылдьар Виктор Чайка (били, борокуруор-судьуйа Чайкаларга туох да сыһыана суох киһи, аймахтара буолбатах) диэн уол баара.        Бииктэр бэйэбит курдук көнө, туруору майгылааҕын, судургутун, дьиҥнээх “мужиктыы” хараахтырдааҕын иһин тапсарбыт. Кини хаһан даҕаны атын саллааттар курдук албыннаабат-албыннаспат, ньылаҥнаабат-хаптаҥнаабат, суоҕу – суоҕунан, баары – баарынан сылдьар уол этэ. Аны, бэйэтэ бөһүөлэк уола, аҕатын-эһэтин саҕаттан тыаҕа, ойуурга сылдьа үөрүйэх, уопсайынан, булка-алка сыстаҕас буолан, кэпсэтэр да тиэмэбит элбэҕэ.    Биһиги киниэхэ Саха сиригэр эһэ-бөрө, күндү түүлээх, кус-хаас хайдах бултанарын, бэйэбит мүччүргэннээх сырыыларбытын сэһэргиирбит. Кини бэрт дуоспуруннаахтык туттан олорон туртаһы, мас көтөрүн, кабааны хайдах бултуурун, балыктааһын албастарын кэпсиирэ, үөрэтэрэ.    Ити курдук икки сыл аар­мыйаҕа бэрт үчүгэйдик сулууспалаан баран, этэҥҥэ дойдулаабыппыт. Бииктэр биһигини “кэлин дьиэҕитигэр тиийдэххитинэ, миэхэ кэлэн ыалдьыттаарыҥ” диэн ыҥырбыта. Биһиги даҕаны “эн эмиэ кэлээр” диэн арахсыбыппыт. Ол гынан баран, үксүгэр буоларын курдук, ол барыта умнуллан хаалбыта. Уолаттар дойдубутугар кэлэн, ыал-күүс буолан ол эрэ туһунан санаабат этибит.    2011 сыллаахха арай “ВКонтакте” диэн социальнай ситиммэр сурук кэлбит. Чайка эбит! Уол оҕото “ВКонтакте” регистрацияланаат, бииргэ сулууспалаабыт уолаттарын көрдөөбүт уонна миигин булан ылбыт. Бииктэр дойдутугар тиийэн ыал буолбут, икки кыыс оҕоломмут уонна аҕатын кытта “Тихий яр” диэн булт хаһаайыстыбатын тэринэн үлэлии-хамсыы сылдьар эбит. Онон тута “миэхэ кэлэн ыалдьыттаа” диэн ыҥырда. Ол гынан, мин “ээх” диэн баран, ол “ээхпин” 4 сыл буолан баран биирдэ эрэ толордум.    2015 сыллаахха сэтинньи саҥатыгар Владивосток куоракка көтөн тиийбитим. Чайкам номнуо аҕатыныын кэлэн, кэтэһэн тураллар эбит. Үөрэ-көтө куустуһан, уруй-айхал буолан, массыынаҕа олорон, Хороллаатыбыт. Биһиги кээмэйбитинэн олус ырааҕа суох эбит. Үс чаас курдугунан айаннаан тиийдибит. Ойоҕо, эдьиийэ аах ыраах Саха сириттэн Бииктэрбит доҕоро кэлэр диэн, ас арааһын астаабыттар, бырааһынньык бөҕөнү тэрийдилэр.    Сарсыныгар бөһүөлэктэн отучча килэмиэтирдээх “Тихий яр” хаһаайыстыбаларыгар айаннаатыбыт. Биһигини кытта Бииктэр икки быраата барыстылар. Хаһаайыстыба сирэ-уота балачча киэҥ. Бииктэрим аҕата Павел Семенович онно кыһынын кэмиттэн кэмигэр бөһүөлэккэ киирэ-тахса сылдьан олорор, харабыллыыр, кыыллары аһатар эбит. Кини кэпсииринэн, хаһаайыстыба бас билэр сиригэр 100-чэ туртас уонна эбирдээх таба (пятнистый олень), 10-ча кулааһай, биирдиилээн күндү түүлээх, кабаан баар үһү. Павел Семенович кыһынын хаар халыҥыыр кэмигэр уонна күн-дьыл туругуттан көрөн, эбии аһатар: талах быһар, бурдук, комбикорм, от, туус кутар эбит.    Дьэ, бастакы күн тиийэн, нууччалыы сиэр-туом толорон баран, сарсыныгар сарсыарда эрдэ туран, түөрт ыты батыһыннаран, миигин кабаанната диэн илтилэр. Кэпсээннэриттэн өйдөөтөхпүнэ, кабаан элбэх үһү. Хас эмэ сүүһүнэн буолуон сөп дииллэр. Аны туран, биир тыһы кабаан 10-ча оҕону төрөтөр буолан, кыргыбатахха, бултаабатахха, сыл аайы ахсаана эбиллэ турар эбит. Оттон элбээтэр эрэ кабаан сири-буору алдьатар, бааһыналары, үүнүүнү тэпсэр буолар. Уопсайынан, ахсаанын хонтуруоллуохха наада дэһэллэр.    Хайатыҥы үрдэл сир (ону яр дииллэр быһыылаах) икки ардынааҕы хойуу талахтаах-мастаах аппаҕа үс киһини (ол иһигэр миигин) хаалларан баран, Павел Семенович биир уолу кытта ыттарын батыһыннаран үүрэ барда. Ол кэмҥэ Бииктэрим кабаантан хайдах көмүскэнэргэ, хайдах ытарга, бааһыртахха, сыыһа тутуннахха, кабаан олус суостааҕын туһунан кэпсээтэ. Өтөр ханна эрэ саа тыаһа, ыттар үрэр саҥалара иһилиннэ.    Уонча мүнүүтэ буолла дуу, суох дуу? Арай көрбүтүм, уун-утары ыллык суол устун сүүрбэччэ кабаан сырсан аҕай иһэллэр эбит. Мин бастаан иһээччилэрин кыҥаан баран, чыыбыспын төлө тардан кэбистим, ону кытта улахан тыһы кабаан тиэрэ таһылла түстэ, атыттара туора-маары ойдулар. Дьээ, туттуу-хаптыы кытаанаҕа буолла. Ойоҕоспор турар уолаттарым саалара эмиэ битиргээн барда. Мин даҕаны от-мас быыһынан элэҥниир кыыллары ытыалаан куһурҕатыы.    Арай ол туран хараҕым кырыытынан көрбүтүм, биир сүүнэ кабаан отой субу сүүрэн кэлбит эбит. Мин нэһиилэ мас кэннигэр сөрүөстэн биэрдим. Ол икки ардыгар кыылым кыратык аһара түһэн баран эргиллиэхчэ буолан эрдэҕинэ, хантан кэлбитэ биллибэккэ, Урма диэн тыһы ыппыт ойон кэллэ да, үрдүгэр түстэ. Булумахтаһыы буолла. Саатар, кабааны ытан кэбиһиэхпин ыты табыам диэн куттанабын. Ото-маһа да бэрт.    Ол курдук турдахпына, ытым бэрт куһаҕаннык орулаата да, саҥата суох баран хаалла. Оттон кабааным хойуу талах быыһынан күлүгүлдьүйэ турда. Кэнниттэн ытан көрдүм да, сыыстым быһыылаах.    Кабаан, чахчы, сүрдээх кыыл быһыылаах. Урма өрө­ҕөтүн аһыытынан бүүс-бүтүннүү хайа тардан кэбиспит этэ. Оо, Павел Семенович, ытын аһыйан ытыы сыспыта. “Эн дьолгор төрөөбүт ыт эбит. Үтүө киһини билэн көмүскэһэ кэллэҕэ. Кабаан диэн олус кутталлаах кыыл. Аһыыта кыра курдук эрээри, киһини өлөрүөн сөп. Бааһыртаҕына даҕаны, олус өр оһон биэрээччитэ суоҕа”, – диэбитэ кырдьаҕас.    Ол да буоллар, мин Чайкаҕа уонча хонон, булт арааһын бултаан, астынан-дуоһуйан дьиэлээбитим. Табылыннаҕына, күһүн Бииктэр аны миэхэ кэлэн ыалдьыттыахтаах.   А.Кардашевскай, Дьокуускай. Тарҕат:
kyym.ru сайтан