Кэпсээ
Войти
Регистрация
Номоххо киирбит дьахталлар
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Номоххо киирбит дьахталлар
K
kyym.ru сайтан
Номох
01.06.2018 14:41
Сахаҕа өс номоҕо баар: “Үтүө сылгы икки үтүө дьахтар икки үйэҕэ биирдэ төрүүр”, – диэн. Кырдьык, ылан көрдөххө, талыытынан-талбатынан, көстөр дьүһүнүнэн, майгытынан сахаҕа сэттэ улууска сураҕырбыт, аҕыс улууска аатырбыт дьахтар ахсааннаах. Ол да буоллар кинилэр, төһө даҕаны хас эмэ үйэ анараа өттүгэр олорон аасталлар, суон сурахтара, кэрэ дьүһүннэрэ күн бүгүҥҥэ диэри кэпсэнэр. Бүгүн, Дьахтар аан дойдутааҕы күнүн даҕаһыннара, “Номох” балаһаҕа түөрт дьахтар (кыыс) туһунан сырдатабыт. Манна кэпсэнэр түбэлтэ барыта уос номоҕор, дьон кэпсээнигэр олоҕурар. Суоһалдьыйа Толбонноох Суоһалдьыйа Толбонноох Сунтаар сиригэр төрөөн-үөскээн ааспыт үтүө кэрэ дьахтар (кыыс). Кини туһунан уос номоҕо да балай эмэ тарҕаммыт. Үксүбүт кэриэтэ Сергей Зверев-Кыыл Уола ырыатын билэр буолуохтаахпыт. Онно ылланарынан, Суоһалдьыйа “устата-туората уорбаламмат улуу уорҕалаах Орулуостаах диэн алааска” төрөөбүт. Кини аҕата “соххору ураҕаһынан үүрбүт, араҥы талаҕынан таһыйбыт, күүһэ суоҕу көхсүн дьөлөрүппүт, өйдөөбөтү үлтү сынньыбыт, хантаччы уойбут, додоччу курдаммыт, чолоччу туттубут” Мойуос кинээс, ийэтэ “бэтэрээҥҥи бэлэс, ааратааҥҥы айах, түргэн дьүүл Хабырча эмээхсин” диэн эбит. Суоһалдьыйа Толбонноох номоххо киирбит номоҕон дьүһүннээх, кэрэ сэбэрэлээх, айыы санаалаах кыыс. Кини туһунан Кыыл Уола бу курдук хоһуйар: “...Өтөхтөрүн төҥүргэһэ, Буруоларын тобоҕо, Дьоллорун кэриэһэ, Күҥҥэ көдьүүстэрэ, Буорга булуулара, Тиистэрин киэнэ миилэтэ, Сүрэхтэрин киэнэ чопчута, Харахтарын харата, Көрүҥнээх күндүтэ, Уҥуохтаах уһуна, Сырайдаах сырдыга, Ханай кус сыһыаҕын курдук Хара баттахтаах, Атыыр анды хараҕар ханыылаһар Сандалас харахтаах, Хамчааккы тииҥин Хардары туппут курдук Хара хаастаах, Мэнэх кыыл Сиикэй ситиитигэр тэҥнээх Сыыйар ырас муруннаах, Тыһы күттэн сымыытын Кэккэлии туппут курдук Дэгдэгэр имнээх, Улун кус сымыытын Уоһаҕын курдук Уоһахтаах араҕас уостаах, Уолба күөл кулуһунун курдук Уолан уҥуохтаах, Ымыы курдук ырыалаах, Далбарай курдук саҥалаах, Саарба тириитигэр сапсыт, Үүс тириитигэр үлбүрүллүбүт, Оһуор иһигэр олоҕурбут Суоһалдьыйа Толбонноох. Суоһалдьыйа ийэлээх аҕата кыыстарын баай ыал сиэринэн сүрдээх маанытык, атаахтык туталлар. Кыыспыт сүктэн барарыгар энньэ буолуо диэн, Улуну диэн тулаайах тоҥус уолун уонна Саһылтай диэн кыыһы иитэллэр. Онон кыыс кыра эрдэҕиттэн бу уоллаах кыыһы кытта бииргэ оонньоон улаатар, чугастык бодоруһар. Кэлин, кыыс сааһын ситиитэ, сырбаҥ-татай буолуута, тоҥус уолун Улунуну таптыыр, кутун туттарар. Ол гынан баран харам санаалаах Мойуос кинээс кыыһын күүһүнэн сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрэр. Кыыс ону тулуйумуна моҥнон өлөр. Сыыдам Сыҥалаабыт Сыыдам Сыҥалаабыт Болугур Айыыта диэнинэн биллэр. Оттон сурукка киирбит аата Марина (ардыгар Мария) Нестеровна Дьячковская диэн. Болугур Айыыта Омуоруйа (Нээстэр) диэн ынах, сылгы баайдааҕынан аатырбыт киһи суос-соҕотох кыыһа, мурун бүөтэ оҕото. Болугур Айыытын туһунан эмиэ үгүс үһүйээн баар. Бу үһүйээннэри үксүн Омуоруйа быһаччы сыдьаана, этнограф, учуонай Сэһэн Боло хомуйбута. Үһүйээннэргэ Болугур Айыытын дьүһүнэ-бодото бу диэн ойууламматаҕын иһин, кини кэрэ мөссүөннээҕэ, быһыылааҕа-таһаалааҕа, киһини тугунан эрэ бэйэтигэр тардар ураты күүстэҕэ уонна туох эрэ аптааҕа балай
эмэ ахтыллар. Болугур Айыыта билиҥҥитэ Чурапчы Одьулуунугар Сутуруолаах диэн алааска төрөөбүт. Аҕата Тумарча баай уола Омуоруйа баай. Ийэтэ – Чакыр ааттаах баайа Уоҕалаах Логлойо кыыһа, Кыпчытыын ойуун балта Айылҕа (сорох ардыгар Айылгы) хотун. Сыыдам Сыҥалаабыт олус мааны, чэбэр, уоттаах тыллаах, дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө эбит. Кини оҕо эрдэҕиттэн олус дьиибэтик үөскээбит. Ол курдук кыра сааһыттан чугас эргиннээҕи 8-9 саастаах кыргыттары (12 кыыс) мунньан, Сутуруолаах, Дьаҕырыма, Тумуһахтаах, Билиистээх, Тоҥус Кыыһа, Куому, Саһыл Уйалаах, о.д.а. алаастары кэрийэ сылдьан уот оттон, ураһа туруоран, чэчир анньан, суорат-кымыс астаан, сир дойду иччилэрин аһатан, маанылаан, ити кэннэ солко таҥаһынан, солоҥдо, кырынаас, саһыл түүтүн сыыһынан оонньуур эбит. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, кини оонньуурун бэрэмэдэйгэ хаалаан анал аттаах киһи батыһара үһү. Сыыдам Сыҥалаабыт бииргэ оонньуур оҕолорун араастаан соһутар эбит. Ол курдук, үөһэнэн хоҥор хаастар көтөн иһэллэрин көрдөҕүнэ: “Оҕолоор, хайаларыгар ымсыыраҕыт?” – диэн ыйытар. Онтон оҕолор сөбүлээн ыйан биэрбиттэрин көмүс биһилэҕинэн ытан түһэрэр. Ол хаас өлөн түстэҕинэ, оҕолор үрдүгэр түһэн аһыыллар-сииллэр, били биһилэхтэрин хаас быарыттан булан ылаллар. Уопсайынан, Болугур Айыыта маанытык улааппыт. Кини көрдөһүүтүнэн, ийэлээх аҕата кыыстарыгар ааттаах ууска куттаран уута суох көмүһүнэн олорор оҕо саҕа көмүс сыахай оҥортороллор. Аны, ол оҕотун таҥаһа-саба, иһитэ-хомуоһа эмиэ араас көмүстээх, кэрэ киэргэллээх буолар. Болугур Айыыта 15 сааһын туолуута, ийэлээх аҕата кыыстарын Аччаҕар Хатылы киһитэ Хатырык Баҕарынньа (сорох ардыгар Баҕарыынньа Күлүнчүүн) уола Куһаҕаллай Киргиэлэй диэн, эмиэ төрүт-уус баай дьон оҕотугар эргэ биэрэллэр. Кыыс ону сөбүлээминэ, сүктэн тиийэн баран иккитэ быаланар эрээри, дьон таба кэлэн өрүһүйэллэр. Ол гынан баран үһүс сырыытыгар өлөр. Күөх Кэтириинэ Күөх Кэтириинэ 19-с үйэ саҥатыгар, Дүпсүн улууһун Баатаҕай нэһилиэгин (билиҥҥи Уус Алдан) Ньэгэркээйи алааһыгар олохтоох Кусаах Хаппытыан (Капитон Слепцов) диэн чаччыына дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Номоххо кини бэйэтиттэн лаппа балыс биир балтылааҕа кэпсэнэр. Кэтириинэ 22-23 сааһыгар огдообо буолан баран, ийэлээх аҕатыгар кэлэн олордоҕуна, хаайыыттан күрээн кэлэ сылдьар Манчаары Баһылай күрэтэн баран норуот номоҕор киллэрбитэ (1832 с.). Аҕата уонна убайдара ол кэмҥэ Өлүөнэ арыытыгар атыы-тутуу, от-мас боппуруоһун быһаарсыһа барбыт буоланнар, дьиэҕэ оҕо-дьахтар эрэ баар кэмэ эбит. Сорох дьон кинилэр уруккуттан болдьоһон, таптаһан ити курдук тэриммиттэрин-дьаһаммыттарын кэпсээччилэр эрээри, Манчаарыга итинтэн чугас олохтоох Киппирийээн диэн бэрт муударай, сылык киһи “итиннэ биир иллэҥ, үтүө дьахтар баар” диэн сүбэлээн ыыппыт курдук үһү. Быһата, ити күрэтии иннигэр кинилэр бэйэ бэйэлэрин букатын билсибэтэх дьон буолаллара чуолкай. Кинилэр бииргэ икки эрэ нэдиэлэ курдук сылдьыбыттара. Билиҥҥи Майаттан чугас баар Чааппаҥа тыата диэн сиргэ кинилэр арҕах хастан кыстыырдыы оҥостон олордохторуна, бэрт элбэх сэбилэниилээх хаһаах, олохтоох дьон тахсан тутан ылбыттара. Ол саҕана, Манчаары 27, Кэтириинэ 22 саастаахтара. Саҥа тыллан эрэр күөх мутукча курдук кэрэтин,
намчытын, үтүөтүн иһин Күөх диэн ааттаммыт Кэтириинэ ити быһылаан кэнниттэн бэрт кылгас кэм иһигэр билиҥҥи Өймөкөөн сиригэр кийиит буолан барбыта. Онно баран баай ыалга кийиит буолан, оҕо-уруу бөҕөтүн төрөтөн, толору дьоллоох олоҕу олорон ааспыта. Кини Бүөтүр диэн ааттаах бастакы уолун сорох дьон Манчаарыга күтүрүүллэрэ үһү да, ол букатын кэлин төрөөбүт киһи. Ону таһынан, Манчаары тутулуннаҕын утаа, Кэтириинэ дьоно оччотооҕу отоһут-эмчит дьону ыҥыран, кыыстарыттан Манчаары оҕотун илбийтэрэн түһэртэрэн кэбиспиттэрэ кэпсэнэр. Күөх Кэтириинэ кырдьан 80-ча сааһыгар да тиийэн баран олус дуоспуруннааҕын, үтүө дьүһүннээҕин, ис иһиттэн сырдаан көстөр толомон маҥан ньуурдааҕын кэпсииллэр. Кини кэлин Манчаары туһунан кэпсэтии барда да олус кыбыстан тэйэн биэрэрэ үһү эрээри, хара өлүөр диэри кинини хаһан да куһаҕан тылынан ааттаабатаҕа, үөхпэтэҕэ үһү. Бэрт Маарыйа Бэрт Маарыйа Мэҥэ улууһун Тараҕай нэһилиэгэр, Куталаах алааска олорон ааспыт, эмиэ Манчаары Баһылай көмөтүнэн номоххо киирбит дьахтар. Манчаары соҕурууҥҥу хаайыыттан күрээн кэлэн баран, аатын ааттаан, сыал-сорук оҥостон, бастыҥ майгытынан, үтүө дьүһүнүнэн аатырар-сураҕырар Бэрт Маарыйа диэн дьахтарга ыалдьыттаабытын туһунан номохтор олус элбэхтэр (ол чопчу хас сыллаахха буолбута биллибэт). Кини ол сырыыта табыллыбатаҕа, Бэрт Маарыйа номоххо киирбит үтүө дьүһүнүн кэлгиллэ сытан эрэ көрбүтэ. Манчаары ол тиийиэн иннинэ олус элбэхтик “Бэрт Маарыйа үрдүк-үтүө аатыгар ыар ыалдьыт буола баран иһэбин” диэн сэрэппит буолан, дьахтар дьиэтигэр нэһилиэк кинээһэ Уйбаан Сысыыгын салайааччылаах анаан бэлэмнэммит дьон кэлэн хоно сыппыттара. Манчаары түүн аан олуурун тосту тэбэн киирэригэр, маныы сыппыт дьон бары өлө куттанан утарылаһар кыахтарыттан тахсыбыттара, түүҥҥү хоноһону Хачыкаат Уйбаан диэн күүстээх күтүөт эрэ көмөтүнэн тутан кэлгийбиттэрэ номохторго кэпсэнэр. Бэрт Маарыйа бэйэтэ, үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, Боотуруускай улууһуттан (сороҕор Тааттаттан, сороҕор Чурапчыттан дииллэр) кэлбит кийиит эбит. Кини элбэх сыл аҕа бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Тараҕай нэһилиэгэр Чыкыйаас Быладьыымар (Владимир Слепцов) диэн киһини кытта ыал буолан олорон алта оҕолонон баран ыалдьан өлөөрү сытан, эригэр: “Элбэх оҕолоох эрэйгэ-буруйга хаалан эрэҕин. Атын дьахтары ойох ыллаххына, оҕолорбун сүгүн көрүө, чугастык саныа биллибэт. Онон бииргэ төрөөбүт балтыбыт Маарыйаны ойох ыллаххына эрэ анараа дойдуга туох да хос санаата суох барыам”, – диэбит. Инньэ гынан, Бэрт Маарыйа саҥа ыал буолар сааһын ситээт “бэлэм” алта оҕолоох, аҕатын саҕа саастаах кырдьаҕас киһиэхэ ойох буолар дьылҕаламмыт. Ол эрээри, кини ити эбээһинэһин олус бэркэ толорбута, эрин олус маанылаан көрөн-харайан олорбута, эдьиийин алта оҕотун кытта бэйэтин икки оҕотун үтүө дьон гына улаатыннарбыта кэпсэнэр. Итини тэҥэ, илин эҥээр улуустарыгар барыларыгар аакка-суолга киирэр гына байбыт-тайбыт, дириҥ өйүнэн, үтүө майгытынан улаханнык сураҕырбыт. Маарыйа хотун Бүтэйдээх таҥаратын диэтигэр таҥараҕа тиксэ улахан бырааһынньыктарга тиийдэҕинэ, онно кэлбит улуустар кулубалара, кинээстэрэ киниэхэ сиргэ тиийэ бокулуон биэрэн көрсөллөрө үһү. Ол да иһин Манчаары кинини анаан көрө
тиийээччи буолан быстардаҕа. Бэрт Маарыйа Суһуохтаах Мааркап (төрүөҕүттэн өлүөр диэри кыргыллыбакка үүннэрбит уһун суһуохтааҕа үһү) диэн кыра уолуттан киин Саха сиригэр барытыгар сураҕырбыт “Баай Мааркабыстар” диэн улахан баай дьон үөскээн ааспыттара.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан