Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьаппыыска, тирээксэ, сааппы

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьаппыыска, тирээксэ, сааппы

K
18.05.2018 17:21
Былырыын “Кыым” ыам ыйын 30 күнүнээҕи нүөмэригэр “Дьаппыыска” диэн дьоҕус суруйуум бэчээттэммитэ. Онно түмүккэ маннык диэбитим: “Дьэ, дьаппыыска туһунан билэрбит итинник буолла. Баҕар, ааҕааччыларбыт ситэрэн-хоторон биэриэхтэрэ”. Ситэрии-хоторуу силигин сиппитэ, ити суруйууну сэҥээрии суруктар эрэдээксийэҕэ утуу-субуу кииртэлээн барбыттара. Тиһэх сэҥээрэр сурук “Кыымҥа” атырдьах ыйын 8 күнүгэр бэчээттэммитэ. Ол киирбит суруктары барыларын түмэр сыаллаах бу матырыйаалы суруйдум. Дьаппыыска Былырыын олунньуга чөл олох биригээдэтин кытта сылдьан Таатта улууһун саамай кытыы нэһилиэгэр Хара Алдаҥҥа биир күн таарыйан ааспыппыт. Онно оскуола түмэл балаҕаныгар дьаппыыска диэн ынах тириититтэн оҥоһуллубут атах таҥаһа баара. – Дьаппыысканы сүрүннээн ынах төбөтүн тириититтэн оҥороллоро, – диэн кэпсээбитэ оскуола учуутала, түмэл үлэһитэ Татьяна Новгородова. – Арыт тайах да тириитэ барсара. Тириини атаххыттан улахан гына тэлэ быһаллара уонна кытыытын дьөлүтэ үүттээн баран кылынан эбэтэр туох көстөрүнэн (холобур, быанан) тиһэн кэбиһэллэрэ. Нууччаларга “лапти” диэн баар дии, ол курдук быатын сотоҕор таһааран баайан кэбиһэҕин. Урут өбүгэлэрбит кэтэ сылдьыбыт атах таҥастарын биһиги быһаччы этэрбэс дии үөрэнэн хааллахпыт дии. Иҥэн-тоҥон билэр киһи арай ынах этэрбэс, саппыйаан этэрбэс, сарыы этэрбэс, баһырҕас, түнэ этэрбэс, тыс этэрбэс эҥин диэннэри этиэ эбитэ буолуо. Бэл, сахалар олохторун анаан-минээн чинчийбит Ричард Маак уонна Вацлав Серошевскай үлэлэригэр өбүгэлэрбит атахтарын таҥаһын итинтэн ордук эридьиэстээһин суох. Ол иһин атах таҥаһын “дьаппыыска” диэн ааттааһын миэхэ олус интэриэһинэйдик иһиллибитэ. Ньомуос “Бу атах таҥаһа Таатта Хара Алданыгар эрэ тэнийбитин курдук суруллубутун дьиктиргээтим, – диэбит этэ, ити матырыйаал тахсаатын кытта тута баттаһа Бүлүү куоратыттан суруйбут Семен Иванов. – Дьиҥинэн, ити атах таҥаһа Саха сиригэр барытыгар да маассабайдык тэнийэ сылдьыбыт буолуон сөп эбит. Бука, кыаммат-түгэммэт, кыра-хара дьон таҥастара буолан эрдэҕэ”. Оннук бөҕө буоллаҕа дии, дэлэҕэ да куһаҕан этэрбэһи өбүгэлэрбит: “Олооччуга дылы”, – диэхтэрэ дуо. Семен Иванов Орто Бүлүүгэ итинник атах таҥаһын “ньомуос” диэн ааттыылларын суруйбута. Кырдьык да, санаан көрдөххө өбүгэлэрбит бары ынах, сылгы, таба, тайах тириилэриттэн, тыстарыттан атах таҥаһа тиктэллэрэ, оҥостоллоро кимиэхэ барытыгар өйдөнөр. Итиннэ сыһыаннаах маннык өс хоһооно баар: “Сэттэ ыт тыһа биир олооччу буолбатахтарыгар дылы”. Топонимика, антропонимика хараҕынан Аны ытыктабыллаах Багдарыын Сүлбэ дьаппыыска туһунан суруйуубун сэҥээрбитэ: “Суруйууну олуһун диэн сонургуу аахтым. Тоҕо диэтэххэ, бу тыл дэҥ эриэккэскэ көстөр эбит. Ол курдук “Саха тылын диалектологическай тылдьытыгар” (М., “Наука”, 1976) маннык быһааран суруйбуттар: “Дьаппыыска (эргэр.) Т. (Таатта) Сайын ситиинэн бүүрэ тардан атаҕы сууланар сатаҕай тирии (легкая обувь из куска кожи, стянутая вокруг ступни шнуром)” (95 с.). Дьаппыыска картотекабар баар эбит. Ол үөртэ. 1980 с. Таатта Уолбатыгар К.С.Неустроевы (1927 с. төрөөбүт), С.С.Ивановы (1932 с. төрөөбүт) кытта кэпсэтэн Уолба сирдэрин суруйбутум. Онно Дьаппыыска Ырыната диэн сир баар. Дьонум ити Дьаппыысканы киһи хос аата
диэбиттэрэ (антропоним). Дьаппыыска диэн киһи да, сир да ааттарын ити кэннэ ханна да түбэһэн суруйа иликпин. Онон бу сэдэхтик көстөр таатталар тыллара антропоним, топоним буола үйэтийэн хаалбыттарын булбуппунан өссө киэн туттабын”. Итиннэ эбии дьаппыыска Эдуард Пекарскай тылдьытыгар баарын өссө төгүл бэлиэтиэххэ: “Дьапыыска = чапыыска, туфля – түүпүлэ” (789 сир.); “Чапыыска = дьапыыска, то же, что түүпүлэ” (3575 сир.). “Ньомуос” диэн тылга бэйэтин санаатын Багдарыын Сүлбэ санаатын эмиэ суруйбута: «Туһугар эмиэ дьикти буолла. Бу боп-боростуой атах таҥаһа эмиэ киһи аата буолар эбит”. Кини Кэбээйи Мукучутугар Ньомуос Маарыйа диэн баарын бэлиэтээбитэ. Өссө Ньомуос диэн үрэх баар эбит. Тирээксэ, тирэҥсэ Аркадий Алексеев “Саха үҥкүүтэ” диэн бэртээхэй ырыатын билбэт киһи суох буолуохтаах: “Үрүмэччи үөрүн курдук, арыы дьэҥкир халлаан курдук Көөнньөрүүлээх кымыс курдук, көҥүл санаа кыымын курдук Дьоллоох саха кыргыттара чороон тутан таҕыстылар Ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр оһуор үктээн киирдилэр”. Тирэҥсэни биһиги биир үксүн таба сарыыттан тигиллибит оҕуруонан киэргэтиллибит этэрбэс курдук өйдүүбүт. Оттон ааҕааччыбыт Вера Федорова Өлүөхүмэ Куду Күөлүгэр дьаппыыскаҕа маарынныыр атах таҥаһа баарын туһунан суруйбута: “Ону “тирээксэ” эбэтэр “тирэҥсэ” диэн ааттыыллара. Үчүгэйдик имиллибит уонна түнэлэммит тириини (таба, тайах) атаххар сөп гына быһан баран сотоҕо тиийэр халыҥ соҕус таҥаһынан (үксүгэр куул таҥаһа) иилии тутан бүүрүктүү тигэллэр. Тириитэ атаххар лип курдук сөп түбэһэр, оттон таҥаһынан сотоҕун чороччу суулаан баран тирии быанан кэлгийэн кэбиһэҕин. Олус чэпчэки, илийдэҕинэ да тута кууран хаалар, куурбат-хаппат атах таҥаһа буолара. Тыаҕа булка сылдьарга чэпчэкитэ, тыаһа суоҕа, табаны миинэн айанныырга табыгастааҕа чахчы үтүө таҥас буолара. Сайыны быһа оннук тирээксэнэн сылдьарбыт. Кэлин биллэр ырыаҕа “...ойуу-дьарҕаа тирэҥсэлэр оһуор үктээн киирдилэр...” диэни истэ-истэ олус муодаргыырым. “Ол биһиги былыр кэппит тирээксэбит эмиэ мааны таҥас буолар эбит дуу” дии саныыбын. Ол эрээри Сунтаар Кириэстээҕиттэн суруйбут Анна Тимофеева “тирэҥсэ” мааны таҥас буоларын бигэргэппитэ: “Үөһээ Бүлүүгэ дьахталлар тирэҥсэни ыһыахха кэтэллэрэ. Быһата, мааны таҥас этэ. Таба тириитин түүтүн дэлби кыһыахтаан сымнаҕас сукуна курдук оҥороллоро. Ол сарыы диэн ааттанара. Бу сарыынан дьон кыанар өттө тумсун оһуордаан-дьарҕаалаан “сахалыы түүппүлэ” – тирэҥсэ – тиктэн кэтэллэрэ. Маны түбэһиэх күҥҥэ-дьылга буолбакка, улахан мааны түгэннэргэ эрэ кэтиллэр буолара”. Баһымыкы, сааппы Оттон дьаппыыскаҕа майгынныыр атах таҥаһын сунтаардар хайдах ааттыылларын туһунан Анна Тимофеева бу курдук суруйар: “Ынах эбэтэр тайах имиллибэтэх, хоччорхой тириитин атахтарыгар кэмнээн баран төгүрүччү элийэн ылбыт, тула өттүн дьөлөн баран тирбэҕэнэн үүйбүт атахтарын таҥаһын биһиэхэ “баһымыкы” диэн ааттыыллара. Ону эр дьон хара үлэҕэ, уу эҥин диэн тумнубакка кэһиллэр түгэҥҥэ кэтэллэрэ. Холобур, оннук “баһымыкыны” от үлэтин былаһын тухары кэтэллэрэ. Куурбатын-хаппатын диэн мэлдьи инчэҕэй илдьэ сылдьар, ууга хоннорор быһыылаахтара”. Томпо Мэҥэ Алданыттан Пантелеймон Дарбасов кинилэр эҥээр итинник атах таҥаһын “сааппы” дииллэрин
туһунан суруйбута: “Сибиэһэй ынах тириитин бысталаан, кытыытынан быһаҕынан үүттүүллэр. Ол үүтүнэн биир синньигэс соҕус ситиинэн тилэҕин өттүттэн, иккис ситиинэн киһи атаҕын илин өттүнэн бүүрэ тардан баран, атах бэрбээкэйигэр баайаллар. Оннук атах таҥастаах отчуттар хонууга, уулаах, оннооҕор кыра муустаах, тымныы муохтаах сирдэргэ иҥнибэккэ оттууллара үһү. Урут эрэһиинэ атах таҥаһа суох эрдэҕинэ, сааппы ууну-хаары ортотунан сылдьарга, хаамарга чэпчэкитэ – үтүө таҥас. Сааппыны түүтүн таһыгар гыналлар, сорохтор от угунньалыыллар. Түүтэ сотору соролонон түһэр”. Дьэ, уопсай хартыына тахсан кэллэ быһыылаах: Тааттаҕа – дьаппыыска, Томпоҕо – сааппы, Бүлүүгэ – ньомуос, Сунтаарга – баһымыкы, Өлүөхүмэҕэ – тирээксэ, тирэҥсэ. Былырыын Хара Алдан учуутала, 58 саастаах Татьяна Новгородова дьаппыысканы олохтоохтор ааспыт үйэ 60-с сылларын ортотугар диэри кэппиттэрин кэпсээбитэ. Ол да иһин дьон өйдүүрэ бэрт эбит, оттон биһиги төһө да “аҕамсыйа бардыбыт” дэннэрбит, итинник атах таҥаһын кэппэтэх дьон буоллахпыт. Олооччу, баһырҕас Бүлүү уокуругун сахаларын XIX үйэ ортотугар чинчийбит Ричард Маак кинигэтигэр: “Сахалар атахтарын таҥаһын арааһа аһара элбэх. Улаханыттан, кыратыттан, ханнык матырыйаалтан тигиллибититтэн көрөн ааттара да араас”, – диэбит. Онон, атах таҥастарын ырыппычча, аҕыйах атах таҥаһын аатыгар тохтуу түһүөххэ. Кини ити үлэтигэр: «Невысокие летние сапоги – олоччу, зимние – эмчирэ», – диэбитэ баар. Эдуард Пекарскай тылдьытын көрдөхпүтүнэ олооччу икки араастаах буолар эбит: түүтэ таһыгар сылдьар кыһыҥҥы олооччу (тыс этэрбэс) уонна cарыы тирииттэн оҥоһуллубут бэрт кылгас остоох сайыҥҥы этэрбэс. Итиннэ сайыҥҥы олооччуну бочуоттаах академик: «Ровдужные торбасы тунгусского покроя», – диэбит. Ол гынан баран олооччу дьаппыыскаҕа майгыннаабат, уллуҥун түүлээх тирииттэн ойо быһан ылан оҥороллор эбит. «Традиционная одежда народов севера Якутии» (2013) кинигэ ааптара Валентина Акимова: “Эбээннэр күннэтэ кэтэр “олочи” диэн атах таҥастаахтара. Бу кыра остоох, биир лоскуй тирииттэн оҥоһуллар атах таҥаһа. Кини тирbиттэн оҥоһуллубут уһун баҕайы курдаах буолар. Олочи – элбэх хотугу омуктар кэтэр атах таҥастара. Бу атах таҥаһын куурдарга олус табыгастаах, тоҕо диэтэххэ сайын уллуҥаҕар уу сүүрэн түстүн диэн дьөлөҕөстүүллэр.” Сахалары XVIII үйэҕэ биир бастакынан чинчийбит Яков Иоганн Линденау сахалар сотолорун бөтөҕөтүгэр эрэ тиийэр basargas-sarui диэн сарыыттан эбэтэр түүтэ кырыллыбыт тирииттэн оҥоһуллубут сайыҥҥы атах таҥастаахтарын туһунан суруйбута. Бу атах таҥаһа оҕуруонан киэргэтиллэр эбит. Манна даҕатан биһиэхэ сэлээр дьахтары: “Барар баһырҕаһа, кэлэр кэтинчэтэ, хонор угунньата буолбут” диэн сиилиир өс хоһооно баарын санаан ааһабыт. “Дьаппыыска”, “ньомуос” курдук сэдэхтик көстөр тыллар син биир устуоруйабыт, култуурабыт өйдөбүнньүктэрэ. Дириҥник үөрэтэн, чинчийэн бардахха, элбэҕи кэпсиэхтэрин, силистэнэн-мутуктанан барыахтарын сөп. Федор РАХЛЕЕВ.
kyym.ru сайтан