Кэпсээ
Войти Регистрация

Аҕам кэпсээннэрэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Аҕам кэпсээннэрэ

K
17.05.2018 15:38
Мин аҕам Семен Петрович Колосов (1912-2008 сс.) былыргы сэһэннэри, төрөөбүт норуотун сиэрин-туомун олус бэркэ билэр, интэриэһиргиир киһи этэ. Кини оҕолоро, ыччаттара аҕабыт, эһэбит суруйан хаалларбыт ахтыыларыттан 2012 с. “Алаас кистэлэҥнээх кэпсээннэрэ” диэн кинигэни таһаартарбыппыт. Бу сырыыга ол кинигэҕэ киирбэккэ хаалбыт кыракый кэпсээннэри эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабын. Кини бу номохтору 1988 с. кулун тутар ыйыгар суруйан хаалларбыт. Иччитин туппатах алаас Биһиги 1918 с. кыһынын оройугар Эмис Көлүйэҕэ (сороҕор “Бухатыыр Алааһа” дииллэр) олохтоох Петр Касьянович Григорьевы-Бүөччээни кытта дьуккаах олорбуппут. Оччотооҕу былыргы ыал, дьыл хонугун барыы сатаан буоллаҕа буолуо, хас киэһэ аайы арааһы сэһэргэһэн, ардыгар остуоруйалаһан-таабырыннаһан, табылыннаҕына, биир эмэ олоҥхоһут хонноҕуна олоҥхолоһон тахсарбыт. Ол үчүгэйин эриэхсит. Ол курдук, биир киэһэлик күнүс ыалбыт 10-ча саастаах иитиэх уола Көстөкүүн биллэрик ороҥҥо быстах утуйа сытан ыстанан турда. Ол кэннэ, наһаа күүскэ оттуллан турар оһох холумтанын таһыгар кэлэн, чарапчылана-чарапчылана уот иһин көрөр уонна “ол уот түгэҕэр күөх таас сиэлиҥсэ сытар, ылан кулуҥ да, ылан кулуҥ” диир. Ону истэн, сап хата олорбут ийэм туран көрө сатаата, тимир сыпсынан чоҕу ытыттаран таһаара-таһаара “бу дуо?” диэн ыйыталаһар да, уолбут “атын” диэн иһэр. Ол курдук, уолбут балай эмэ баллыгыраан, булумахтанан баран, уһугунна, өйдөннө быһыылаах. Саҥата суох биллэрик оронугар баран хаалла. Түлэкэдийбит эбит. Бу киэһэ ыалбыт Бүөччээн оҕонньор уот иннигэр тымтык тыыра олорон айаҕа аһыллан кэпсээн барда: – Аны кэлэн, мин эппиттэн-хааммыттан оҕо үөскээн ааппын ааттатыа дии санаабаппын. Ити халдьаайы сыырын үрдүгэр сытар чардааттаах киһи аҕата бу алааска киһи үөскээбэт төрдүн дьөлө кыраан барбыта үһү... Хайа үөдэн, Арҕаа Хаҥаластан кэлэн олохсуйбут соҕотох уоллаах баай киһи, аатын истибэт этим, билбэппин. Саас буолан, сайылыкка эрэ тахсыах иннинэ бадахтаах, бу баай сааһын сиппит эдэр уола ыыр биэлэрин чугастыы Хаҥылга ыыта барбыт. Биирдэ, дэҥнэниэн быатыгар, биир кындыа, өрө тура сылдьар биэни суларыттан бэйэтигэр ыга курдаммыт, сымнаҕас, кырдьаҕас биэни сиэппит уонна хааман истэҕинэ, куулаттан сүүллэрэ киирбит икки атыыр саба сырсан кэлбиттэр. Ол кэннэ сиэтиллэн иһэр биэлэри былдьаһан, моҕойдорунан (ууһатар уорганнарынан) хайыта анньан таһыйбыттар. Ону тулуйумуна, сиэтиллэн иһээччи кырдьаҕас биэ быатын төлө тардан баран ойон хаалбыт, оттон киһиэхэ баайыллан испит биэ, киһини синньигэс биилиттэн соспутунан, Хаҥыл диэки ыстаммыт. Ол курдук, дэлби соһон, ибили тэбэн-тэпсэн Хаҥыллыыр сыыр үрдүгэр таһааран хатыҥҥа сөрөөн эрэ баран тохтообут. Дьоно тиийэн кэлбиттэрэ, киһилэрэ көбүөхтүүр эрэ үһү. Баар эрэ күҥҥэ көрбүт соҕотох уолларын сор суолугар былдьаппыт ийэлээх аҕа ый ытыыны ытаан, сой соҥууну соҥоон, оҕолорун уҥуоҕун ити ынырык дьүһүннээх чардаат оҥорон эргийбиттэр. Ол көмнөхтөрүн күн, күн киириэҕиттэн нөҥүө сарсыарда күн тахсыар диэри, ити кус түөһүн курдук тумуһахха халлааҥҥа тиийэр кутаа уот оттубуттар. Онно ол өлөрбүт биэлэрин
хаанын кута-кута, киһи киһиэхэ кыайан ыатарбат аньыылаах кырыыс тылынан кыраабыттар. Оҕонньор уһуктаах сулумах ох оҥостон, ити күөл эмпэтин суптурута ытыалаабыт уонна: “Кэлэр да өттүгэр кэлбити-барбыты мин оҕом кутун-сүрүн туппакка сор суоллаабытыҥ курдук суох оҥоро тур. Иэҕэйэр икки атахтааҕы иччи оҥостума, кубарыйа куур... Алааһыҥ сабылыннын, өтөҕүҥ бүөлэннин, күнүҥ күөрэйбэтин, дьэбиннээх ыйыҥ киирбэтин. Кый-хай, түҥнэрбит буор күөс, дьөһөгөйүҥ төнүннүн, иэйэхситиҥ эргийдин, олорбут эрэ омуһахтаннын...” – дии-дии сир сирэй, халлаан харах буолбута үһү. Ол кэннэ ыаллар мантан көһөн баран хаалбыттар. Онтон кэлин, бу түбэлтэ умнуллан-тэмниллэн эрдэҕинэ, манна биир ыал кэлэн олохсуйбут. Кинилэр икки уоллаахтарыттан биирдэстэрэ Бүөччүгэ хаһааҕа баттатан өлбүтэ үһү. Бэйэҕит да көрөргүт буолуо, ити былыргы чардаат илин өттүгэр ойуччу, ампаар эргидэһиннэээх киһи уҥуоҕун. Онно хараллан сытар. Былыргы киһи буоллаҕа, бухатыыр курдук охтоох-саалаах дииллэрэ. Кырдьык, дьааһык эргидэһинин иһин көрдөххө, охтор сытар буолаллар. Оҕолор, ону тыытар эрэ буолаайаҕыт. Дьэ, онтон мин аҕам Хоту Мөҥүрүөнтэн кэлэн олохсуйан баран, ол кырыыс туһунан кэлин эрэ истибит. Ол да иһин буолуо, бэйэтин уҥуоҕун атын алааска уурдарбыта. Онон, биһиги аймах эстэн, бүтэр уһукпутугар тиийэн, оттубут уоппутун эрэ суулуурбут хааллаҕа буолуо... Мин аҕам Хаһыйаан курдук күрэммэппин, ити халдьаайыга доҕорум Мотуруона аттыгар куустуһан сытыам... Ити курдук диэн баран Бүөччээн оҕонньор дириҥник өрө тыынан ылбыта. Оҕонньор кэпсээбитин кэннэ сотору буолан баран, сааскы Былаҕачыанайап эрэ иннинэ биһиги дьиэбитигэр көспүппүт. Дьиктитэ диэн... Дьукаах олордохпутуна Бүөччээн оҕонньор Бороскуобуйа диэн бэргэһэтэ суох дьаһыыкка ойохтооҕо. Иитиэх уоллара Көстөкүүн хас киэһэ аайы аҕатын улаҕатыгар хоонньоһон утуйаары ытыырын, Бороскуобуйа туох иһин чугаһаппат. Биирдэ ийэм Көстөкүүн уолтан тоҕо аҕатын хоонньун былдьаһарын кистээн ыйыппытыгар, уол: “Биллэриккэ ороммор соҕотоҕун сыттахпына, өлбүт ийэм улаҕабар сытар буолар. Онтон эмискэ өлбүт киһи кубарыйан хаалбыт, хараара оҥойбут харахтаах дьардьамата буолан хаалар. Онтон наһаа куттанабын”, – диирэ үһү. Кэлин ол балаҕан баҕаналара эрэ хороһон туралларын көрөбүн. Биирдэ эмэ бултуу сылдьан таарыйдахпына, ол биллэрик орону санаан дьик гынабын. Бүөччээн оҕонньор ас барбат буолан өлбүтэ ыраатта. Кинини, баҕатын кэһэн туран, Мотуруонатын уҥуоҕун таһыгар буолбакка, ыраах Кугас Биэҕэ барар суол таһыгар харайбыттара. Оттон бэргэһэтэ суох ойоҕо Бороскуобуйа Ньарбагыанап диэн Нөөрүктээйи оҕонньоругар эргэ тахсан көһөн барбыта. Билигин ол халдьаайыга биир да киһи уҥуоҕа суох, уонтан тахса сыллааҕыта тыа уота тугун да ордорбокко салаан ааспыта. С.Колосов, 10.3.1988, “Кэбэс” алаас.
kyym.ru сайтан