Кэпсээ
Войти
Регистрация
Суруктаах сэргэлэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Суруктаах сэргэлэр
K
kyym.ru сайтан
Номох
09.05.2018 17:25
Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэ Таатта улууһун кытта быысаһар. Бу – элбэх алаастаах үтүөкэн дойду. 2009 сыллаахха биллэҕим Василий Коркин “сылгыһыттар дьиэлэрин тутуһа кэлэҕин дуо?” диэбитигэр үөрүүнэн сөбүлэһэн, уолбун илдьэ тиийбитим. Чурапчыттан Кытаанахха Иван Пономарев бортобуой УАЗ массыынатынан туттар тэриллэрбитин, тутуу бытархай матырыйаалларын тиэйэн сылгы базатын тутуохтаах сирбитигэр айаннаатыбыт. Сиэри-туому тутуһан бастаан уот оттон, сир-дойду иччилэриттэн көҥүл көрдөһөн алҕаан хоннубут. Сарсыарда эрдэ икки суор саҥатыттан уһуктаат, солуур ылан күөлгэ уу баһа киирдим. Уубун баһан отууга төннөн иһэн арай, от быыһыгар сытар эргэ маска кэтиллэ биэрдим. Сытар маспын сыныйан көрдүм – сэргэ эбит. Төрдө эмэҕирэн сууллубут. Олуона суона сөхтөрдө. Көҕөрүмтүйэ хаппыт. Оһуорун болҕойон көрөөрү кыҥастаспытым, сурукка майгынныыр быһыылар бааллар эбит. Аны туран, ону ааҕар түбүгэр түстүм. Отууга тиийэн, чэй оргутан уолаттарбын уһугуннардым. Чэйдээн баран, акылаат буолар маһы талан хатырыгын суллаатыбыт. Күнүс бөлөрүүс тыраахтардаах, тутуллуохтаах базабыт хаһаайына Николай Григорьевич Владимиров Сэмэн Новгородовтыын кэлэн, акылааппыт маһын состорон биэрдилэр. Ити күн дьиэбит акылаата түһэн, чуумпуран турбут Иэһэрдээх алаас үлэ-хамнас тыаһыттан сэргэхсийэ түспүтэ. Мин нөҥүө киэһэ били сэргэбин хаттаан баран көрдүм уонна уолаттарбын ыҥыран көрдөрдүм. Бу сырыыга сэргэбитин бары көмөлөөн эргитэн, ойоҕос өттүгэр кэм-кэрдии арыый ордорбут суругун булан аахтыбыт. Ити сылдьан, онтон чугас өссө биир сэргэ от быыһыгар сытарын булан, ол сэргэҕэ туох сурук баарын эмиэ эргитэ сылдьан көрдүбүт. Төһө да сыралҕан күн уота кубарыттар, самыыр-хаар хаарыйдар, сэргэбит суруктарын сороҕун аахтыбыт. Бу сэргэлэри саха буолбакка, кэлии сыылынай суруйбут, оҥорбут диэн сылыктаатым. Оччотооҕуга үөрэхтээх да аҕыйах кэмэ буоллаҕа. Оттон кытыы сир былыр сыылка дойдута буоларын устуоруйабыт бигэргэтэн эрдэҕэ. Бастакы сэргэҕэ “1890” уонна “МБ” диэн дириҥник оҥо хаһыллан икки буукуба-инициал суруллубута арылхайдык көстөр. Иккис сэргэҕэ “1895” уонна “МП” диэн, эмиэ бастакыга курдук, инициал буукубалара баар эбит. Онон сэргэлэри биэс сыл быысаһан туруорбуттар. Кэлин илимнии баран иһэн сэргэстэһэ турар Орто сайылык диэн алааска, сэргэ турарыгар, баҕар, суруктааҕа буолуо диэн уонна Иэһэрдээх сэргэлэригэр майгынныырын иһин, чуо тиийэн көрдүм. Арай үрдүгэр кириэстээҕэ саха сэргэтэ буолбатын итэҕэттэ. Бу сырыыга суруга чуолкайдык көстөр: “МБ-13л”, “МП-15л”, “23 июня 1900”. Хомолтолооҕо – икки буукуба ким инициала буолара биллибэт. Дьиҥэр, сыылынайдар ааттара-суоллара биллиэн сөп этэ. Төһөтүн да иһин, бу сири булалларыгар анал ыйааҕынан кэлэн сорохторо букатын хааллахтара, сорохторо – болдьохторун толорон дойдуларын буллахтара. Онон архыып докумуонун хасыһар буоллар, бу дьон кимнээҕэ биллиэн сөп этэ. Андрей Константинов.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан